Тапталлаах оскуолабыт төрөөбүт күнэ
Олунньу 1 күнүгэр биһиги оскуолабыт төрөөбүт күнүн хаһыс да сылын бэлиэтиибит. Быйыл 92 сааһын туолла.
Ону тэҥэ "Педагог уонна наставник" сылын үөрүүлээхтик аһыы тэрээһинэ үрдүк таһымнаахтык ааста. Нэһилиэкпит баһылыгын солбуйааччы А.Е. Ноговицын, оскуолабыт директора П.П. Тимофеев учууталларга, үөрэнээччилэргэ эҕэрдэ тылларын эттилэр, сэмэй бэлэхтэри туттардылар.
“Наставник – эдэр учуутал – үөрэнээччи” күрэххэ алта хамаанда кытынна. Күрэх кыттыылаахтара бары даҕаны олус талааннаахтарын көрдүбүт.
Бырааһынньыктааҕы торду оскуолабыт быйылгы выпускниктара уматтылар, минньигэс астаах бырааһынньыктааҕы эбиэт буолла.
И.Е. Винокуров аатынан Намнааҕы педколледж “Бинис” устудьуоннар этэрээттэрэ олус интэриэһинэй күрэхтэри ыыттылар.
Тапталлаах оскуолабыт өссө да үүнэ-сайда, чэчирии тур!
Тапталлаах учууталларбытыгар таһаарыылаах үлэни, туйгун үөрэнээччилэри баҕарабыт.
Кира Иванова, Айыына Федотова, М.К. Аммосов аатынан Хатырык орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччилэрэ