12.09.2021 | 11:00

Тапталлаах куораппыт, төрөөбүт күҥҥүнэн!

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Хотун Арылы Аллан кыыһа, СӨ култууратын туйгуна, ырыа-хоһоон айааччы, ырыаһыт:

Тапталлаах Сахабыт сирин тэбэр сүрэҕэ – долгуйар Дьокуускай куораппыт мааны күнүнэн сахалыы сайаҕастык эҕэрдэлиибин! Бу күҥҥэ нохтолоох сүрэҕим сырдык-чараас ырыа куттаах иэйиитинэн, сүргэм көтөҕүллэн, үөрэн-көтөн туран урааҥхайдыы уруйдуубун!

Өбүгэлэрбит саҕаттан саха омук сайдыыта буолбут Туймаада хочобут туонатыгар былыргы быдан дьыллартан аатырбыт кус быһый бөҕөстөрбүт, киппэ хааннаах боотурдарбыт, уос номоҕо буолбут, үһүйээҥҥэ кэпсэммит ырыаһыт-тойуксут дьоммут, инники күөҥҥэ сылдьар улуу убайдарбыт, ытык суруйааччыларбыт ааттара, ыччаттара  өрүү  сайда-үүнэ турдуннар! Дьоллоох түгэнинэн, сахам дьоно! Уруй! Айхал! Мичил!

Александр Дьячковскай-Ырыа Саарын, СӨ үтүөлээх артыыһа:

Дьокуускай куораппын ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин! Мин Дубай курдук куораттаныахпын баҕарабын. Тоҕо диэтэххэ, биһиэхэ элбэх сиртэн хостонор баай баар. Ол баайы куораппыт сайдыытыгар угаллара буоллар, манна даҕаны олох таһыма үрдүө, сайдыы баар буолуо этэ. Ол да эрээри, сыыр намыһаҕынан эттэххэ, Алтаай эбэтэр Бурятия курдук чэчирии турарбыт буоллар. Аны Дьокуускай куораппытын Арассыыйа киинэ оҥороору гыналлар диэн этэллэр дии. Эмиэ куттаныы. Чэ, ол да буоллар Дьокуускай өссө күүскэ сайда, үүнэ турарыгар баҕарабын.

Лиза Васильева,  “Саха” НКИХ “Сонуннар” биэриитин ыытааччыта:

Киэҥ нэлэмэн Сахабыт сирин киинин – дьоллоох Дьокуускай куораты төрөөбүт күнүнэн эҕэрдэлиибин! Мин Дьокуускайы наһаа таптыыбын, урут оҕо сылдьан хаһан улаата охсон куоракка олорор буолабын дии саныырым. Билигин бэйэм киин куоракка олорбутум хайыы-үйэ уонча сыл буолла.   

Тапталлаах куораппар баҕарыам этэ көнө суолу, күөх маһы, үгүс үүнээйини. Киэҥ парковкалар, сквердэр, пааркалар тутуллалларын ыралыыбын. Дьон-сэргэ култууратын таһыма үрдүүрүгэр, элбэх интэриэһинэй сирдэр тэриллиэхтэригэр, куруук күөх халлаан турарыгар бүк эрэнэбин

 

Татьяна Чаранская, Эстрада театрын салайааччыта:

Тапталлаах Дьокуускай куораппын төрөөбүт күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин! Хас күн ахсын түннүкпүн арыйан, куораппын көрөн махтанабын - кини миэхэ олохпун, оҕолорбун, сиэннэрбин, сөбүлүүр үлэбин бэлэхтээбитэ. Дьокуускайым барахсан маннык сайда, үүнэ турара көрүөххэ кэрэ, киһи сүргэтин көтөҕөр, сүрэҕин долгутар. Биһиги, Эстрада театрын үлэһиттэрэ, ырыабытыгар эйигин туойабыт, хоһооммутугар хоһуйабыт, куораппыт киэркэйэрин туһугар үлэлиибит- хамсыыбыт.

Айхал Габышев, Саха сирин Аҕаларын түмсүүтүн бэрэссэдээтэлэ, Саха сирин тутааччыларын түмсүүтүн салайааччыта:

Көрсүө дьонноох, саҥа тутуулардаах, күөстүү оргуйар олохтоох тапталлаах куоратым, өрүү дьоллоох буол, үйэлэр тухары үүнэ-сайда тур!

Дьоллоох Дьокуускай куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын куораппыт төрөөбүт күнүнэн ис сүрэхтэн эҕэрдэлиибин!

Таптыыр Сахабыт сирин киин куората төрүттэммитэ төрдүс үйэтигэр чугаһаата. Бу сыллар тухары сүүһүнэн омук буолан,  бэйэ-бэйэбитигэр эйэ дэмнээхтик сыһыаннаһан, биир санаанан салайтаран дьоллоохтук олорон кэллибит. Ол тухары куораппыт тэтимнээхтик сайдан иһэрэ хас биирдии киһи сүргэтин көтөҕөр. Дьон-сэргэ олохсуйарыгар куорат олоҕо күннэтэ тупсан иһэрэ харахха арылхайдык быраҕыллар. Өссө да сайдыа турдаҕа мааны куораппыт, өссө да түмсүүлээх буолуохпут турдаҕа куорат олохтоохторо! Хас биирдии киһиэхэ элбэх ситиһиини, сиэрдээх майгыны, кырдьыгы өрө тутууну, ыраас тапталы уонна иллээх олоҕу баҕарабын!

Саргылана Савватеева, “Сахаэнерго” пресс-сулууспатын үлэһитэ:

– Мин Дьокуускай куоракка төрөөбүтүм, национальнай гимназияны үөрэнэн бүтэрбитим, СГУ суруналыыстыка салаатыгар уһуйуллубутум, билигин идэбинэн  үлэлии-хамсыы сылдьабын. Куораппыт үүнэн-сайдан иһиэн баҕарабын. Саҥа дьиэлэр дьэндэйэн истиннэр, үөрэх кыһалара арыллан, оҕолору, эдэр ыччаты кэрэҕэ, үтүөҕэ сирдээтиннэр. Дьиэлэрбит куруук сылаас, сырдык буоллуннар. Бу сайын баһаартан сылтаан куораппыт хара буруонан бүрүллэн турбута олус хомолтолоох этэ. Аны хаһан да маннык күннэр хатыламматыннар. Үрдүк мэҥэ халлааммыт, тыынар салгыммыт, тулалыыр эйгэбит ыраас буоллуннар!

Мирослав Бочкарев, Москва куоракка inDriver хампаанньа digital-маркетолога:

— Төһө да дойдубуттан ыраах сырыттарбын, олордорбун син биир эдэр сааһым ааспыт куоратын олус истиҥник ахтабын уонна суохтуубун!

Куораппар баҕарыам этэ өрүү маннык курдук чэчирии, киэркэйэ турарыгар! Олус элбэх эдэр ыччаты сырдыкка, кэрэҕэ угуйарыгар!

Суохтуубун, ахтабын! Төрөөбүт күҥҥүнэн, тапталлаах Дьокуускай куоратым!

Виктория Оленова, маассабай тэрээһиннэр режиссера:

— Мин бу куоракка киһи быһыытынан бэйэбин сайыннардым, үөрэх ыллым, таптыыр идэбин толору баһылаатым, дьиэ кэргэммин тэринним.

Дьокуускай куорат хас биирдии киһи тус баҕа санаатын олоххо киллэрэригэр олус сүҥкэн суолталаах. Төһө даҕаны тымныы, тыйыс сиргэ олордорбут, биһиги куораппытыгар олох чэчирии устар, сайдыы балысхана түргэнник кэлэр.

Туохха барытыгар болҕомтолоох буолуоҕуҥ, айылҕабытын харыстыаҕыҥ, куораппытыгар ыраастык сыһыаннаһыаҕыҥ. Төрөөбүт куораппытын таптыахха!

Елена Аммосова, куорат тупсарыгар бэйэтин кылаатын киллэрэр блогер:

— Тус бэйэбэр куоратым олус элбэҕи биэрдэ. Манна бастыҥ доҕотторбун, тапталбын көрсүбүтүм, үөрэхпин бүтэрбитим.

Дьокуускай олус түргэнник уларыйар. Ол аата 90-с, 2000 сыллары уонна билиҥҥини тэҥнээн көрдөххө, үс араас «куорат” диэн өйдөбүл баар. Дьокуускайбыт дьүһүнүнэн эрэ буолбакка, ис эйгэтэ эмиэ тупсар. Нэһилиэнньэтин майгыта-сигилитэ, олоҕу көрүүтэ уларыйар.

Мин киин куораппар чэчирии сайдыыны уонна этэҥҥэ буолууну баҕарабын!

Егор Филиппов, “Дыгын оонньууларын” биэс төгүллээх кыайыылааҕа:

— Олох төһө даҕаны уста турбутун иһин, куорат сайдыыта, мин санаабар, инники күөҥҥэ тахсыахтаах. Олох-дьаһах кыһалҕаларын кытта тэҥҥэ инфраструктура, суол-иис кыһалҕалара хас биирдии куорат олохтооҕун долгутар. Биллэн турар, баар кыһалҕалар ыллыҥ да, биирдэ быһаарыллыбаттара  чахчы. Ол эрээри үүнүү-сайдыы, дьон олороругар табыгастаах куорат буоларыгар ирдэбил былаанынан туолан иһэллэригэр баҕарабын. Дьэ, оччоҕо олохтоох саха киһитэ, ыччата, кэлэр кэнчээритэ төрөөбүт сиригэр-уотугар үлэлиэ-хамсыа, быр-бааччы нус-хас олохтонон олоруо.

Туймаадабыт хочото чэчирии сайдарыгар, куорат бары олохтоохторугар чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, дьолу-соргуну баҕарабын! Ытыктабыл уонна өйөбүл  куорат уопсастыбатын бөҕөргөтүүгэ тирэх буоллун, оччоҕо ханнык баҕарар сорукпут  ситиһиилээх буолуоҕа!

Алеся Сосина, СӨ ыччатын политикатын туйгуна:

— Тапталлаах куораппын төрөөбүт күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин. Бу курдук сайда, үүнэ-чэчирии турарыгар баҕарабын. Элбэх чаҕылхай, инникигэ эрэллээх, сайдам санаалаах эдэр ыччаттаныан баҕарарбын. Саҥа, үрдүк таһымнаах баараҕай бырайыактар үлэҕэ киирэллэригэр туруулаһыах. Аҕа саастаах ытык дьоммутун ытыс үрдүгэр илдьэ сылдьан, киинэлэри таҥан, кинилэр тустарынан кинигэ суруйан таһаарарбыт буоллар диэн баҕа санаалаахпын. Кинилэр баай уопуттарын, киэҥ билиилэрин биһиэхэ, эдэр дьоҥҥо, тиэрдэллэригэр баҕарабын. Бу куоракка санаабыппыт сатаннын, баҕарбыппыт туоллун, толору дьоллоох буолуҥ!

Нюргуяна Сыроватская, ыытааччы:

– Киин куораппыт төрөөбүт күнүнэн барыгытын эҕэрдэлиибин! Хомойуох иһин, куорат күнүн бэлиэтиир тэрээһиннэр икки сыл пандемиянан сибээстээн киэҥ далааһыннаахтык ыытыллыбаттар. Ол гынан баран, санаабытын түһэрбэппит, куруук сырдыкка, кэрэҕэ эрэ дьулуһуохха. Хаһан эрэ бу аан дойдуну тилийэ тарҕаммыт ыарыыбыт ааһар ини диэн эрэнэбин.

Киһи хаһан баҕарар охтон баран турар, силлиэ кэнниттэн чуумпу кэлэр, хараҥа кэнниттэн сырдык тахсар. Онон ханнык баҕарар түгэҥҥэ санаабытын түһэрбэккэ иннибит диэки эрдэн, айаннаан иһиэххэ. Ыалдьымаҥ, доруобай буолуҥ! Куораппыт сайдарын туһугар үүнэн, үлэлээн иһиэххэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....