12.09.2024 | 18:00

Таптал уйаламмыт ыала

Таптал уйаламмыт ыала
Ааптар: Вера КАНАЕВА
Бөлөххө киир

Уопсастыба тутулун дьиэ кэргэн оҥорор. Бигэ олохтоох ыал олохпут уйгутун, үгэһин тутан олорор. Хаһыат бүгүҥҥү нүөмэригэр талыы-талба Таатта ыала Татьяна, Егор Неустроевтары кытта ирэ-хоро кэпсэттибит.

– Татьяна Дмитриевна, ыал буолуу ийэ-аҕа алгыһыттан саҕаланар. Икки киһи сүрэх сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харах харахтарынан хайҕаһан олохторун холбууллар. Эһиэхэ хайдах этэй? Сэһэргэһиибитин онтон саҕалыах.

– Бу ыйытыыга эргитэ хоруйдуум. Сэрии кэннинээҕи оҕолор төрөппүттэрбитин кытта оччотооҕу ыарахаттары тэҥинэн билбиппит. Ийэбит Анна Васильевна Соколова бастакы кэргэнэ Ойуунускай эргимтэтигэр үлэлээбит эбит. Биир түүн 1938 с. кэргэнин тутан илдьэ барбыттар, ийэбитин 10 уонна 12 саастаах кыргыттарыныын бадыбаалга симпиттэр. Нэдиэлэ буолан баран,  икки киһи кэлэн ким ханна куотарынан куоттарбыттар. Оҕолор барахсаттар, хабараан тымныыны тулуйбакка төннөн,  ийэбит ытыс соттон хаалаахтаабыт.  Бэйэтэ ыарахан кэмҥэ хаҕыс сыһыантан күүстээх санаалаах буолан  өрүттүбүт. Ийэм барахсан, биһиги кэлэр быабытыгар, иккистээн ыал буолар. Аҕабыт Дмитрий Федоровтыын куоракка билсэллэр. Аҕабыт дьаамсык этэ. Бүөтүр Сенькин кинини Тааттаҕа почтаҕа үлэҕэ ыҥыран, мин үс саастаахпар күһүн кэлэбит. Ийэбит Ытык Күөл балыыһатыгар поварынан, бэкээринэҕэ килиэп астааччынан үлэлээбитэ. Аҕабыт эрдэ олохтон туораабыта.  Аны ыйытыыгар төннөн хоруйдуум. Кырдьык, икки киһи олоҕун суола үтүө тылларынан саҕаланар, урут даҕаны, билигин даҕаны. Биһиги ыал буолуубут аҥаардас ийэм Аана алгыһынан саҕаламмыта. Икки өттүттэн чугас дьоммут холбоһорбутун утарбыттара. Онон ийэм алгыһа биһиги олохпут дьоллоох суолун тэлбитэ.

– Бастакы билсиһиигитин өйдүүгүн?

– Олох умнубаппын, бу баардыы өйдүүбүн. Олорбут өтөхпүт Таатта үрэх үрдүгэр турара. Ыалларбыт Маайа, Уйбаан Михайловтар. Кинилэргэ биһиги, Михайловтар кыргыттара, Кычкиннар оҕолоро мустан оонньуурбут. Уоллара Уйбаан Промҥа хачыгаардыыра, киниэхэ куудара баттахтаах практикант уол кэлэрэ. Бары бииргэ кэпсэтэрбит, күлэрбит-үөрэрбит. Ол сайын Гоша аармыйаҕа барбыта. Сыыйа аармыйаттан сурук кэлэр буолбута. Ону ааҕарым да, хоруйдаабат этим. Биирдэ Уйбаан оҕонньор: “Уолга тоҕо суруйбаккын, табаарыстыы бэрээдэгинэн суруйсуохха сөп”, – диэбититтэн ыла суруйсар буолбуппут.  Аармыйаттан кэлээт,  1967 с. сэтинньигэ биһиэхэ көһөн кэлбитэ.  Нөҥүө сайын от ыйыгар чэйдии олордохпутуна ийэм: “Сыллыый, эһиги ыал хаһан саахсаланаҕыт?” – диэн ыйыппыта.  Ол саҕана саахса диэни  билбэппин, ол курдук ийэбит сүбэтинэн Сэбиэккэ барбыппыт. Онон сокуонунан  1968 с. от ыйын 10 күнүгэр  Неустроевтар диэн ыал аатын сүкпүппүт.

– Онтон ыла 56 сыл номнуо ааспыт. Уһуннук олоруу кистэлэҥэ туохха сытарый?

– Биһиги сыбаайбалаабакка холбоспуппут. Ол эрээри оҕолорбут үрүҥ көмүс, кыһыл көмүс сыбаайбаларбытын тэрийэн,  үөрдэн тураллар. Ол олохпут саамай күндү бэлэҕэ. Ыал буолан хайдах олороруҥ киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах. Манна улахан оруолу бэйэ-бэйэҕэ сыһыан ылар. Уһун олох устатын туоратыгар ыал элбэҕи көрсөр. Киһи кыыһырсан ылара кэмнээх буолуо дуо? Бэйэ-бэйэни өйдөөн, утары баран, сороҕор саҥата суох хаалан, өйдөһүүгэ тиийиэхтээххин. Ол иһин ыал буолан, бииргэ олорорго быһаарыныы ылыннахпыт дии. Олох даҕаны биир нуураллык ааспат, кэмигэр үөрдэн, кэмигэр санаарҕатан, ытатан ылар буоллаҕа эбээт. Ыал аҕата, ыал ийэтэ диэн ааттары үрдүктүк туттахха, ыалга дьол олохсуйар, уйаланар.

– Эһиги нэһилиэкпит биир бастыҥ тиэргэннээх ыала буолаҕыт. Тиэргэҥҥит иһэ сайынын араас өҥнөөх сибэккинэн симэнэр. Аҕаҕыт Егор Степанович туппут тутуулара кичэллик да оҥоһуллубуттар. Хаһааҥҥыттан бу сиргэ дьиэ туттан, тэринэн  олороҕут?

– Аҕабыт Егор Степанович дэгиттэр уус. Ыраас туттуулаах уус. Кини оҥорбута, туппута барыта лоп-бааччы буолар. Үйэтин тухары “Бойобуой” промартыалтан саҕалаан Промкэмбинээт сабыллыар диэри столярынан үлэлээбитэ. Промкэмбинээт улууспут биир тарбахха баттанар тэрилтэтэ этэ. Кини илиитинэн ааҕан сиппэт дьиэ миэбэлэ, туттар мал, уо.д.а оҥоһулуннаҕа. Билиҥҥэ диэри үлэҕинэн тугу барытын оҥорор. Аҕабыт тэрилтэ тутаах үлэһитэ, настаабынньык, хомуньуус ааттааҕа, нэһилиэк дьокутаата этэ. Паартыйа кэмитиэтин сэкирэтээринэн талыллан үлэлээбитэ, хас да төгүл Соцкуоталаһыы кыайыылааҕа буолбута, тэрилтэ Бочуотун кинигэтигэр киирбитэ. Бу уһаайбабытын аҕабыт тэрилтэтэ 1970 с. анаан биэрбитэ. Урукку промартыал турбут сирэ буолан, эргэ кыра дьиэлээҕэ. Оҕо сааһым тиэргэнин курдук, Таатта үрэх аттыгар турар сир. Ийэбитин сиэппитинэн, оҕолорбутунуун эргэ дьиэҕэ көһөн кэлбиппит. Аҕыс уонус сыллар саҕаланыыта аҕабыт саҥа дьиэ тутан, күн баччаҕа диэри сылаастык олоробут.

– Татьяна Дмитриевна, бэйэҥ ханна үлэлээбиккин сырдата түс эрэ.

– Мин дьыссаат эҥээр үлэлээбитим. Бастаан утаа бөлөххө сиэстэрэнэн үлэҕэ киирбитим. Оччолорго үс ыйдаах оҕолору көрөрбүт. Онтон сопхуоһунан анаабыттара. Үлэ барыта илиинэн оҥоһуллара. Тоҕус оһоҕу отторум, аспын кыһынын салаасканан, сайынын илиинэн таһарым. Эккин бэйэҥ эттиигин, оттор маскын бэйэҥ хайытаҕын. Аны “Сулусчааҥҥа” сопхуостуурбар, хачыгаардарбын солбуйан, оһоҕу оттор түгэннэр да бааллара. Ону буолуохтааҕын курдук ылынан, бары оннук үлэлээн кэллэхпит. Билигин ахтарга-саныырга олус үчүгэй. Туохтан да толлон турбакка үлэлээтэхпит.  Үлэ барыбытын киһи хара оҥорон таһаардаҕа.

– Үлэ, дьиэ кэргэн түбүктээх олоҕуттан быыс булан, ис-иһиттэн уопсастыбаннай олоххо көхтөөхтүк кыттаҕыт.

– Үлэнэн улааппыт көлүөнэ оҕолоро буолан, үлэлээтэхпитинэ эрэ табыллар курдукпут. Күн солото суох түбүгүрэбит. “Куула” түөлбэ, нэһилиэк олоҕор көхтөөхтүк кыттабыт, биир субуотунньугу көтүппэппит. Дьону кытта кэпсэтэр, тэҥҥэ сылдьар үчүгэй бөҕө буоллаҕа!

Саас кэллэ эрэ, сибэкки, оҕуруот аһын олордубутунан барабын. Улугуран олорору олох сөбүлээбэппит, дьиэ ис-тас көстүүтүн сыллата тупсара турабыт, саҥардабыт. Аҕабыт беседка, балаҕан туппута. Нэһилиэкпитигэр “Тупсаҕай  бөһүөлэк” диэн күрэскэ “Тупсаҕай тиэргэҥҥэ” үһүс миэстэни ылан турабыт. Олоҕум аргыһа Егор Степановичтыын Таатта нэһилиэгин Бочуотун кинигэтигэр үйэлэргэ сурулуннубут. Бу эмиэ элбэҕи этэр.

– Ыаллаһыы үгэһэ эһиги эҥээр олорооччуларга баар дуо?

– Төрөппүттэрим  саҕаттан ыаллаһыы үтүөтүн, көмөтүн билбиппит. Биһиги чугас ыалларбыт Михайловтар, Кычкиннар оҕолорун кытта бииргэ оонньоон улааппыппыт, кинилэр төрөппүттэрин кытта ылсан-бэрсэн, көмөлөсүһэн олорбуппут. Саахсаламмыт күммүтүгэр Маайа киирэн чэйдэспитэ, үтүө баҕа санаатын эппитэ, ону олус күндүтүк саныыбын, үтүө тылынан ахтабын. Бу уулуссаҕа хайа көһөн кэлиэхпититтэн, Сенькиннары кытта чугастык ыаллаһабыт. Сүөһүтэ суохпут да, сүөһүлээх ыал курдукпут. Этинэн, үүтүнэн, сүөгэйинэн хааччыйа тураллар. Оҕолоро, сиэннэрэ эбэ, эһэ диэбитинэн сылдьаллар. Үтүөнү оҥороллоро сүүс оччонон кэлиэҕэ турдаҕа. 

– Күн бүгүн хос эбэ, эһэ буолан олороҕут.

– Төрөппүккэ улахан дьол – оҕолоро.  Ийэ, аҕа олоҕо ыччаппытынан салҕанар. Иккиэ бэйэбит биэс оҕо, уон биир сиэн, уон сэттэ хос сиэҥҥэ тиийэ тэнийдибит. Оҕолор, сиэннэр Тааттанан, Аллараа Бэстээҕинэн, Дьокуускай, Хабаровскай, Москуба куораттарынан  олороллор. Көлүөнэбит салҕанан бара турарыттан сахалыы сэмэйдик үөрэбит, астынабыт. Ийэм барахсан төһө эрэ үөрүө этэ.

– Оҕо эрдэхтэн истиҥник саныыр үтүө дьонум Татьяна Дмитриевна, Егор Степанович! Өссө да оһоххут буруота өр сылларга унаара турдун диэн баҕа санаам бастыҥын аныыбын. Этэҥҥэ буолуҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Тапталга уйдаран
Спорт | 26.09.2024 | 12:00
Тапталга уйдаран
(1-кы чааһа)
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...