26.09.2020 | 18:13

ТАПТАЛ ДА АРААСТААХ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Оо, барахсан, бу көрөн-истэн чоҕулуйан турарын көрүөххүт этэ. Куруук киһи иннигэр-кэннигэр эккэлээн, дьэ уол оҕото! Сордооҕум сыыһа, албыннаһара сүр. Аһылык чугаһаата да, кини аҕай буола түһэр. Туох да тулуйбат үлүгэрэ. Хайаан да бастаан киниэхэ эрэ ас кутуохха наада. Дьиэҕэ, дьиҥинэн, аһыыр айахтаах хара баһаам. Аны туран, бу сүрэҕэ суоҕа, аһаата, тотто да тэлэбиисэр көрө-көрө утуктаабытынан барар. Эн кэлэҕин эрэ, бараҕын эрэ, дуостал кыһаммат.

Дьүһүнүнэн киһи ымсыырбат да буоллар, син мээнэ тойомсуйар. Сорох ардыгар киһиэхэ ыстаҥалыах да курдук буолан ылаттыыр. Бу кыһыытын көр. Ээ, оччоҕуна мин кыһыйабын да, тэбэн саайабын, көр, син өрөлөспөт, утуйар сирин диэки дьылыс гынан хаалар. Хайыай, аһатар-сиэтэр киһитэ мин буоллаҕым дии.

Сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри кинини эрэ бүөбэйдээн, кинини эрэ көрөн-истэн, аһатан тахсабын. Тотор аата суох. Иккистээн, үһүстээн да куттахха, өссө да ылардаах курдук ып-ырааһынан киһини уун-утары көрөн баран олорор. Ол аайы билиҥҥи олоххо ас кырыымчык — дууһа аайы аспын ааҕан-суоттаан буһарабын. Хойутаабыт ыалдьыт кэллэҕинэ, бэйэтин буруйа — астан матар. Билиҥҥи ыалдьыт дьиҥинэн илии тутуурдаах, өттүк харалаах кэлиэхтээх буоллаҕа дии. Ону сорох-сорохтор улаханнык оройдоппоттор да быһыылаах...

Сарсыардабыт кинини бүөбэйдээһинтэн саҕаланар. Таһырдьа хайаан да иккиэн тахсыахтаахпыт, киһитэ суох тахсан да бэрт. Аны наадатын эрдэ бүтэрэн баран, эмиэ киһини күүтэн чолойон турар буолар. Киэһэ утуйарбытыгар эмиэ тутуспутунан тахсан киирэбит. Хата, икки аҥыы утуйабыт. Кини аан хоско, мин хотун киһи быһыытынан сымнаҕас бэриинэлээх ороҥҥо харахпын тымнытабын. Сороҕор үтүө санаам киирдэҕинэ, атахпар утутабын. Оо, бу сылааһын эриэхсит, киһини итиитинэн илгийэн кэбиһэр.

Ол сытан сүгүн сытыа дуо, таһырдьа ол-бу тыаһаатаҕын, дьон саҥардаҕын аайы, тута оронтон ыстанан кэбиһэр да, аан диэки сүүрбүтүнэн барар. Ол аата кини миигин харабыллыыр дьүһүнэ. Туох да наһаа күнүүһүт. Ким эмит ааммытын тоҥсуйдаҕына, аан бастаан кини ыстанан тиийэр. Эгэ, дьиэҕэ киирдэхтэринэ дуо, хараҕынан куһаҕан баҕайытык көрө-көрө, төттөрү-таары кэлэр-барар, сөбүлээбэтэх курдук тутгар. Онуоха мин бэрт түргэнник оннун булларабын, эмиэ хос диэки тэбэн саайабын.

Тэҥнэһиэ дуо, хотунун тылыттан тахсыбат, киэһээ аһылыгын өйдүүр буоллаҕа дии. Инньэ гынан ыалдьыттары сырытыннарымыам үһү дуо? Сороҕор этиһэбит, улаханнык кыыһырсабыт. Оччоҕуна мин киэһээҥҥи менюттан кинини сотон кэбиһэбин уонна аһаппакка эрэ утутабын. Туох да диэн биир тылы утары саҥараахтаабат. Мин кинини «чыып» да дэттэрбэппин, «ытаама-ыйылаама!» диэн сарылаан эрэ кэбиһэбин. Дьэ, онон дьиэҕэ муҥур хотун буола сылдьар туох да наһаа үчүгэй эбит.

Үтүө санаам киирдэҕинэ өрөбүл күн баанньыктыыбын. Дьэ, онно үөрэрин көрүөххүт этэ, киһиэхэ сэлээннээн бэйэтэ да сууммат, барытын мин аалан, сууйан-сотон биэрэбин. Ол аата биһиги саамай иллээх чааспыт үүнэр. Суунан, кууран бүппүтүн кэннэ аны баттаҕын тарыыбын. Ол кэмҥэ олох да сылаанньыйан хаалар. Бирээмэ сирэйбин эрэ салаабат. Аны баттаҕа диэн, оргулаат курдук куудара. Бэйэм да ымсыырабын. Наһаа иилистибит буоллаҕына арыт кыыһырар, сүгүн тарааттарбакка эрэ куотан хаалан, эмиэ айдаан тахсар.

Хайа, ымсыырдыгыт дуо? Туох ааттаах хотун дьахтар эбитэй диэн? Биһиги да итинник сымнаҕас, киһи тылын истэр эрдээхпит буоллар дии санаатыгыт дуо? Ону баара, ити мин эрим да, оҕом да буолбатах. Ити мин ытым. Быыкайкаан, алта эрэ ыйыгар сылдьар түөрт атахтаах доҕорум.

«МИСС СЭМЭНЭП»

Сэмэнэп үлэтиттэн аа-дьуо даадаҥнаан кэлэн, атаҕын таҥаһын устан, остуолга кэлэн дьоһуннаах баҕайытык ыраас кумааҕы уонна уруучука ылан суруйан барда.

Онтон кумааҕытын кнопканан дьөлө баттаан худуоһунньук Федотов «Завтрак аристократа» диэн хартыынатын анныгар ыйаан кэбистэ. Кэргэнэ Сэмэнэбэ Елизавета Гаврильевна үлэтиттэн икки илиитигэр тобус-толору астаах суумкатын сыһан-соһон, сылайан-элэйэн киирэн куукуна диэки ааста. Хас да маҕаһыыны кэрийэн атыыласпыт астарын холодильникка уурталаата.

  • Елизавета Гаврильевна, баһаалыста, бирикээһи кытары билис эрэ, — диэн Сэмэнэп саалаттан дьыбааҥҥа тиэрэ түһэ сытан үөгүлээтэ.
  • Оо, эмиэ дуо? — диэхтээтэ Сэмэнэбэ уонна истиэнэҕэ ыйаммыт кумааҕыны ылан аахта:

«Квартира иһинэн бирикээс. Квартира олохтоохторун культурата үрдүүрүн, дьиэ-уот өрө тардылларын туһугар бирикээстиибин: квартира иһинэн кырасаабыссалар куонкурустарын тэрийэргэ, кыайыылааҕы быһаарарга уонна киниэхэ «Мисс Сэмэнэп» диэн үрдүк ааты иҥэрэргэ. Куонкуруһу бүгүн киэһээҥҥи аһылык кэнниттэн, «Бириэмэ» сонунун иннинэ ыытарга. Эппиэттээх Сэмэнэп М.П.».

  • Боппуруос баар дуо? — диэн ыйытта Сэмэнэп Сэмэнэбэттэн.
  • Баар, — диэтэ Сэмэнэбэ.
  • Оччоҕо ыйыт, — диэн көҥүллээтэ Сэмэнэп.
  • Эн кимтэн талаары гынаҕыный? Мин манна соҕотох дьахтарбын эбээт... Эбэтэр өссө атын дьахтарданныҥ дуу?
  • Куонкуруска дьиэ ордерыгар киирбит, пропискалаах эрэ дьахталлар киирсэллэр. Оттон атын кандидаттар суохтара куонкурус балаһыанньатын син биир уларыппат. Соҕотох буоларыҥ, хата, төттөрүтүн бэлэмнэнэргэр, эйигин тус бэйэҕин эрэ бэрэбиэркэлииргэ, атын дьахталлары кытары куоталаһаргыттан көмүскүөхтэрэ.
  • Дьэ, тугу бэрэбиэркэлээри гынаҕын, бэрэбиэркэһит?
  • Мин манна араас миэтэттэри барытын ааҕан-суоттаан көрдүм. Куонкуруһу бэлэмнээһиҥҥэ «Мисс Прибалтика», «Мисс Балыксыт күнэ», «Мисс Саха сирэ», «Мисс Хаас Быарыттан Паштет» барыта үөрэтилиннилэр...
  • Эн бирикээстэриҥ мин быарбар хайыы-үйэ түһэн сыталлар! — диэн Сэмэнэбэ хаһыытаан, киһитин этиитин сороҕун хаҥыннаран кэбистэ.
  • Кэпсэтэргэр куруубайдыырыҥ иһин ассыаҥкаҥ түмүк таһаарарга түһүөн сөп, — диэтэ Сэмэнэп.
  • Кэбис, кэбис, — Сэмэнэбэ, куттаммыттыы көрдөстө.
  • Чэ, көрүллүө, — Сэмэнэп кэргэнин уоскутта, — дьиэҕин-уоккун ыраастык хомуй, минньигэс аста буһар, оччоҕо бырастыы гыныахха сөп.
  • Киэһээҥҥи аһылыкка сосисканы кытары кекстээх чэй. Сөп дуо? — Сэмэнэбэ ыйытта.
  • Барсыбат, бэйэ айыыта наада, ассыаҥкаҥ...
  • Оччоҕо илии лапсата уонна чебуреки, — түргэн баҕайытык Сэмэнэбэ эппиэттии оҕуста.
  • Кыайыыга эрэл кыымын бэйэҥ сахтыҥ, — диэн Сэмэнэп үөртэ.

Остуол сервировкатын Сэмэнэп үрдүктүк сыаналаата — маҥан сабыылаах, ортотугар сибэккилээх, харыстаан серваҥҥа турар набортан биилкэлэр, ыстакааннар. Аһылык кэмигэр Сэмэнэбэ билиитин бэрэбиэркэлээһин буолла, үксэ сөптөөх эппиэттэри биэрдэ гынан баран, Лихтенштейн княжество столицатыгар ыарахаттары көрүстэ. Маннык ааттаах дойду баарын да билбэт этэ, көннөрү участковай балыыһа бырааһын араспаанньата буолуо дии санаабыта. Ааспыт нэдиэлэҕэ балыыһаҕа көрдөрүнэ барбытыгар итинниккэ маарынныыр араспаанньа кабинет таһыгар суруллан турарын уһуна бэрдиттэн ситэ аахпатаҕын өссө кэмсинэн ылбыта.

Киэһээҥҥи аһылык кэнниттэн аны Сэмэнэбэ муодаҕа сыһыанын көрүү буолла. Кылгас былаачыйаны көрдөрүүнү Сэмэнэп астыммата. Өссө сыанатын истэн баран, олох да куонкуруһу тохтото сыста. Ону, хата, бу былаачыйа сыанатыгар Сэмэнэбэ кэтэн турар саппыкыта, бэргэһэтэ уонна дубленката, суумката киирэрин истэн баран, дьиэ кэргэн бүддьүөтүн экономиялыырын иһин эбии баал ылла.

Куонкурус түмүгүн таһаарарга («Бириэмэ» сонуна чугаһаабыта) Сэмэнэп өссө төгүл аныгы киинэ, эстрада хаамыытын туһунан ыйыталаспыта, төттөрү-таары чэпчэкитик, ис киирбэхтик туттан-хаптан хаамарыгар көрдөспүтэ. Хайҕаабыта, ол эрэн дьиэ иһигэр эрэ маннык хаамыахтааххын, атын сиргэ маннык хамсанарыҥ табыллыбат диэбитэ.

Кэмниэ-кэнэҕэс куонкурус түмүктэнэн, Сэмэнэп Сэмэнэбэҕэ «Мисс Сэмэнэп» кыайыылаах үрдүк аатын иҥэрбитэ.

— Мантан атын түмүгү мин эйигиттэн күүппэтэҕим уонна мин аттыбар маннык киһи олороруттан үөрэ-көтө киэн туттуохпун эрэ сөп, — диэбитэ Сэмэнэп.

«Мисс Сэмэнэп» куукунатыгар иһит сууйа туран Сэмэнэпкэ ымсыырбыта. Сэмэнэп киһи ымсыырбат киһитэ да, хайдах курдук табыллыбытый. Киһи аайы маннык түгэн тос- хойбот. Кинини маннык куонкурус кыайыылааҕа аһаппат, таҥыннарбат, сууйбат-соппот ээ. Хата, сарсын «А ну-ка, парни!» диэбит курдук куонкурус тэрийэрэ дуу, оччоҕо, баҕар, миэхэ эмиэ табыллыа, аттыбар «А ну-ка, парень» олорор диэн киэн туттуом, маны таһынан Сэмэнэпкэ кыайыыга дьулуур да, хаачыстыба да баар эбээт диэн иһигэр саныы-саныы Сэмэнэбэ иһитин-хомуоһун хомуйан тиритэ-хорута турбута...

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....