Тамара Торокова: «Сибэккини олордорго дууһам ыҥырар»
Ааспыт нэдиэлэҕэ кэллиэгэлэрбит, «Эхо столицы» хаһыат үлэһиттэрэ, бэйэлэрин телеграм-ханаалларыгар Пушкин аатынан библиотека таһыгар сибэкки олордо сылдьар саастаах кэрэ аҥаары таһаарбыттара. Ааҕааччылар сонун дьоруойа Тамара Торокова буоларын билэр буолан, «кини туһунан хаһыакка да таһаарыа этигит» диэн этии киллэрэн, бу күннэргэ «Куорат олоҕо» рубрикабытыгар куораппыт биир көхтөөх, кырдьаҕас олохтооҕун кытта көрсөн кэпсэттибит.
Тамара Никаноровна Торокова Дьокуускай куоракка 1964 сыллаахха Өлүөхүмэ улууһуттан көһөн кэлбит. 1965 сыллаахха СМУ-3 тэрилтэҕэ үлэҕэ киирэн, Саха сиригэр дьахталлартан бастакынан каменщик идэтин баһылаабыт. Сайыҥҥы өҥүрүк куйаастары, кыһыҥҥы кыыдаан тымныылары, ыарахан таас кирпииччэлэри таһары кыһалҕа оҥостубакка, оччотооҕу Дьокуускай биллэр-көстөр дьиэлэрин дьэндэтиһэр: ХИФУ Мединститута, военкомат, “Самородок” бассейн, Саха тыйаатыра уо.д.а.
Дьахтар киһиэхэ ыарахан таас тутуу эйгэтигэр 33 сыл усталаах-туоратыгар үлэлээн, биһиги дьоруойбут «Саха сирин үтүөлээх тутааччыта» үрдүк ааты ылан, бочуоттаах сынньалаҥар тахсар. Үлэһит киһини үлэ батыһа сылдьар диэн мээнэҕэ этиллибэт. Биэнсийэҕэ тахсыаҕыттан Тамара Никаноровна өссө бокуойа суох барар... күһүн-саас куораты көҕөрдүүнэн дьарыктанар. Тус баҕатынан, тус харчытынан суох-соҕотоҕун сибэкки, мас арааһын атыылаһан олордор. Сайын устата онтун бүөбэйдиир.
— Сэбиэскэй сойуус ыһыллыбытын кэннэ Национальнай медицинэ киинигэр муоста сууйааччынан үлэлии сылдьыбыттаахпын. Онно өйдөөн көрбүтүм, балыыһа палисадниктара кубус-кураанахтар, туох да олордуу суох. Ыарыһах, доруобуйаларын чөлүгэр түһэринэр дьон күүлэйдиир сиригэр ханан да сөп түбэспэт. Аан бастаан онно сир түөрэн, буор оҥорон, арассаада атыылаһан, сибэкки, мас олордубутум. Билигин ол иһиттэрбин кырааскалыыбын эрэ. Үбүлүөйдэригэр оҕолорго хачыал бэлэхтээбитим. Мастарым билигин да үүнэ-чэчирии туралларын көрөн үөрэбин. Итинтэн саҕалаан куоракка сибэкки олордор буолбутум.
Сибэкки олордорбун сөбүлүүбүн, дууһам ыҥырар курдук. Уопсайынан, дьарыга суох быар куустан олорору сатаабаппын даҕаны. Көҕөрдүүнэн дьарыктанарбар туох наадатын көрөн бэйэм биэнсийэбиттэн атыылаһабын — сибэккилэрбин, туттар тэрилбин, оннооҕор сибэкким иһитин. Ити курдук харах балыыһатыгар, Оҕо дьиэтигэр сибэкки иһиттэрин бэлэхтээбитим, сыл аайы кырааскатын саҥардабын уонна сибэкки олордобун, салгыы үлэһиттэр бэйэлэрэ көрөллөр. Бу барыта олорор куоратым кыраһыабай көстүүлээх буолуон баҕарарбыттан тахсар. Бэйэм куорат киинигэр олорор буоламмын, сарсыарда, массыына аҕыйах кэмигэр, дьиэм таһын, сылаас тохтобулу хомуйар үгэстээхпин. Преображенскай таҥара дьиэтин аттыгар — икки, Медкииҥҥэ сэттэ ыскамыайканы бэлэхтээбитим уонна эмиэ көрө-харайа сылдьабын. Билигин Национальнай библиотека, Бэчээт дьиэтин аттыларыгар уонна Хатыҥ Үрэххэ олордубут сибэккилэрбэр уу кутабын, олорпут мастарым сыыс отторун ыраастыыбын.
Бэчээт дьиэтин иннигэр үс сыллааҕыта мас олордубутум. Тэрилтэ завхоһун кытта сүбэлэһэн баран, кыһыл мастары талбыппыт. Онтум күрүөтэ суох буолан, оҕолор тэпсэллэр; ону кыһыл лиэнтэнэн эргиппитим да, көмөлөспөт. Бу саас хаары күрдьэр тыраахтыр отой да тосту үктээн кэбиспитэ. Ол иһин проспекка баар тротуар саҥа күрүөтүн курдугу туруоруохпун баҕарабын да, харчылара суох. Быйыл сетканан оҥоруохпут дииллэр да, сайыммыт бүттэ...
Кэпсэтиибит ортото Тамара Никаноровна төлөпүөнүн таһааран, Александр диэн күрүөнү туруорар киһиэхэ эрийэр. Александр нүөмэрин чехолугар сыһыарбыт.
— Александр, дорообо!
— Дорообо.
— Хайа, күрүөҕүтүн хаһан оҥороҕут?
— Күрүөнү ыллыбыт, билигин оҥоруохпут...
— Бүгүн оҥороҕут дуо?
— Суох, бүгүн аҕаллыллар эрэ, бу күннэргэ туруоруохпут.
— Чэ, үчүгэй, абырыа этигит, бэйэҕитигэр да үчүгэй буолуо этэ.
— Оннук,— диэн кэпсэтии түмүктэнэнэр.
— Баран көрүөм этэ, төһө үчүгэй тимири аҕалбыттарын. Туруордахтарына, маһым дьэ үүнүө этэ. (Сарсыҥҥы күнүгэр Тамара Никаноровна күрүөнү туруора сылдьалларын үөрэ кэпсээбитэ. - Аапт).
Салгыы Тамара Никаноровна төлөпүөнүгэр хаартыскалары көрдөрөр: сибэккигэ уу кута турара, атыыласпыт арассаадалара. Арассааданы СХТ-тан, ырыынактан атыылаһан, биирдии илиитигэр 20-чэлии сибэккини тутан, оптуобуһунан айанныыр эбит. Хас биирдии арассаадаҕа 80 солкуобайы барыыр...
Чопчу ханнык сибэккини ордороҕун диэн ыйытыыга хоруйа биир — ханнык баҕарар, кыраһыабай эрэ буоллун! «Биэнсийэбиттэн дьиэбин, аспын төлүүбүн, хаалбытын көҕөрдүүгэ уурабын»,— диир куорат хамнаһа суох көҕөрдөөччүтэ.
Дьокуускайга бары билэллэр
— Тулабын киэргэтэри, ыраастык туттан олорору, хомуна-дьаһана сылдьары дууһам ирдиир. Хатыҥ Үрэххэ элбэх маһы олорпутум, сотору-сотору онтум сыыс отун ыраастаан кэлэбин. Мэрияттан уу кутар массыына көрдөөн, саатар биирдэ уу куттарыам этэ. Биэдэрэнэн уу кута сылдьарбын ааһан иһэр массыыналар суоппардара куруук көрөллөр, киһи барыта билэр буолуохтаах.
Бу сыллар тухары барытын бэйэм көрдөөтөхпүнэ эрэ оҥороллор, биир да киһи бэйэтин баҕатынан көмөлөһө илик. Мин наадыйар көмөм диэн, буор аҕалыыта, ууну чэпчэкитик кутарга усулуобуйа тэрийии буоллаҕа дии. Оччоҕуна үөрэ-көтө өссө элбэҕи үлэлиэм этэ.
Библиотека таһыгар олордубут сибэккилэрбэр 40 биэдэрэ ууну таһар этим. Ону: «Аллараа уу кыраанын туруорбаттар дуо?» — диэн мэрияҕа сурук суруйаммын, хата, ааспыт ыйга шланга холбоон биэрбиттэрэ. Библиотекалар «биһиги учаастакпыт буолбатах» дииллэр.
Быйыл саас подъезд аттыгар сибэкки олордуом этэ диэн Октябрьскай уокурук управатыттан 2 куул буору көрдөөн хаста да кырыммытым. «Массыына суох»,— диэн иһэллэр. Кэмниэ-кэнэҕэс бу ааспыт нэдиэлэҕэ аҕалан биэрдилэр, бүтүннүү уһун от, бөх. Аны кинилэртэн көрдүө суохпун. Оттон Хатыҥ Үрэххэ олордорбор мэрияҕа суруйбутум, онно үчүгэй, сымнаҕас буору аҕалбыттара. Тутатына клумбаларга кутан, сибэккилэрбин олордубутум. Аныгыс сылга онно үүннэрбит мастарбар эмиэ инник буору куттуннар диэн көрдөһөн көрүөм. Куттахтарына, өр сууллубакка, үүнэ туруохтара этэ.
Куораппыт кыраһыабай буолуон баҕарабын
— Урут соҕуруу сынньана бардахпына, наар сибэккилээх, күөх куораттарыгар ымсыырар этим. Биһиги Дьокуускайбыт эмиэ итинник буолуон баҕарарым. Онно көрдөхпүнэ, кырдьаҕастар бары субуотунньукка тахсан, тиэргэннэрин киэргэтэллэр аҕай, тэлэбиисэргэ да көрдөрөллөр. Биһиэхэ маннык хамсааһын суоҕа куһаҕан.
«Дом быта» аттыгар, Каландарашвили уулуссатыгар баар КПДлар тиэргэннэрэ үчүгэйкээн ыллыктаахтар, бөх да ыһылла сытара көстүбэт, сибэкки олордоллор, подъездтарын иһэ ыраас. Биһиэхэ, губинскайдарга, оннук суох. Мин үөрэхтээҕим эбитэ буоллар, сахсыйталаан биэриэм этэ, оттон билигин тылбынан эрэ быһаарабын.
Ленин проспегыттан киоскалары суох гыммыттара, ыскамыайкалары туруортаан, дьон сынньанарыгар табыгастаах оҥорбуттара наһаа бэрт. Туох да диэбит иһин, куораппыт тупсан иһэрэ харахха быраҕыллар!
Тыыннаах эрдэхпинэ, бэйэм оҥорон кэбиһиэм этэ
77 саастаах киһи Бэчээт дьиэтигэр, библиотекаҕа, Хатыҥ Үрэххэ баар үүнээйилэрбин көрдөхпүнэ да сөп буолабын. Кэрэни сыаналаабат дьон баара куһаҕан. Библиотека аттыгар яблоня атыылаһан олордубуппун суол үлэһиттэрэ тууран ылбыттара, дьиктитэ диэн, бузинаны хаалларбыттар. Ол иһин манна хайаан да биир сибэккилиир яблоняны олордор санаалаахпын. Арай буора куһаҕан, кыбыс-кытаанах, эһиил мэрияттан көрдүөҕүм эбэтэр бэйэм куулунан хара буору ылан аҕалыам. Оччоҕо эрэ сибэккилэрим үчүгэйдик үүнүөхтэрэ турдаҕа.
Бу үүнээйилэрим бары оҕолорум тэҥэ. Медкииҥҥэ олордубут маһым улаатан мас да мас буолбут, аттыгар мрамор тааһы ууран, ааппын суруйан хаалларыам этэ (күлэр). Ону ким оҥоруой? Тыыннаах эрдэхпинэ, бэйэм эрэ оҥорор буоллаҕым...
... 30 сылтан ордук каменщигынан үлэлээбит соҕотох саха дьахтара Тамара Никаноровна кырдьар сааһыгар судаарыстыбаттан көмө көрдөөбөт, төттөрүтүн, биэнсийэтинэн сибэкки, мас атыылаһан олордон, хачыал, ыскамыайка бэлэхтээн, судаарыстыбаҕа көмөлөһөр. Ол төһө сөбүй? Муҥ саатар, көрдүүр буорун, арассаадатын, уутун тиэйэн аҕаларга куорат курдук сиргэ биир массыына көстүбэтэ кыһыылаах. Куораппыт тупсарын, киэркэйэрин туһугар кимтэн да ыйыыта-кэрдиитэ суох сыралаһар дьоҥҥо саатар эрэ көх-нэм буолуох тустаах этибит.
Хаартыскалар: дьоруой тус архыыбыттан