15.12.2022 | 15:00

Талааннар талааннары көрдүүллэр

Сахабыт сиригэр талааннаах оҕолору кытта үлэҕэ улахан болҕомто ууруллар. Онуоха РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин уонна СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Ыйаахтара сүрүн ыйынньык, төһүү буолаллар.
Талааннар талааннары көрдүүллэр
Ааптар: Баһылай Посельскай Сунтаар – Үөһээ Бүлүү - Бүлүү
Бөлөххө киир

Ахсынньы ый 4-11 күннэригэр Сунтаар, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү улуустарынан 14 киһилээх үөрэхтээһин экспедиция үлэлээтэ. Экспедиция 21 нэһилиэккэ икки тыһыынчаттан тахса кэриҥэ оҕону хапта, ону таһынан учууталлары, төрөппүттэри кытта кэпсэтиилэр буолуталаатылар. Улуустар сэҥээрэннэр, үчүгэйдик тэриммиттэр. Киин нэһилиэктэргэ үстүү-түөртүү кырыы нэһилиэктэр оҕолорун аҕалтаан, былааннаммыт дьаһаллары олоххо киллэриигэ табыгастаах усулуобуйалар үөскэтилиннилэр. Сүрүн сыал-сорук: наука, култуура уонна спорт эйгэлэригэр эдэр талааннары көрдөөһүн уонна салгыы сайыннарыы.

Наука

Математикаҕа, физикаҕа, химияҕа, биологияҕа олимпиадалар ыытылыннылар. Ахсааҥҥа дьоҕурдаах оҕолор 2,5-3 чаас устата сорудахтары толордулар, садаачалары суоттаатылар. Наука дьоҕус академиятын математикаҕа преподавателэ, Бүтүн Арассыыйатааҕы олимпиада Саха Өрөспүүбүлүкэтинээҕи түһүмэҕин дьүүллүүр сүбэтин чилиэнэ, “Туймаада” норуоттар икки ардыларынааҕы математика олимпиадатын дьүүллүүр сүбэтин чилиэнэ уонна сэкирэтээрэ Тиит Павлов, физик Алексей Иванович Григорьев, методист Анна Николаевна Протодьяконова оҕолору, учууталлары кытта утарыта олорон кэпсэтэн, тылларын-өстөрүн истэн, өйдөрүн-санааларын билистилэр. Улуустар аайы ааҕар-суоттуур, наукаҕа дьоҕурдаах оҕолор бааллар. Холобур, садаачалары ис туругун өйдөөн, баар халыыпка хаайтарбакка, сиһилии, толору эппиэттэри биэрэллэр. Академия үлэһиттэрэ учууталларга семинардары ыыттылар, оҕону үөрэтии уонна иитии үлэтин сүрүн хайысхаларын кэпсээтилэр. Ыытыллыбыт дьаһалларга оскуолалар педколлективтара көхтөөхтүк кытыннылар, үлэлэригэр наадалаах ыйытыылары биэрдилэр, сөптөөх хоруйдары ыллылар.

Наука дьоҕус академиятын иитээччитэ Элли Михайловна Баишева оҕолору кытта “Игро-практика” диэн хайысхаҕа үлэлээтэ. XXI-с үйэҕэ ханнык идэлэр баалларын, интэриниэт ситиминэн үлэлээһини билиһиннэрдэ, оҕолор бэйэлэрин тылларынан кэпсээн, уруһуйдаан, быһааран, ырытыылар оҥоһулуннулар, ардыгар мөккүһэн да ылаллар.

Искусство

Музыка үрдүкү оскуолатын преподавателлэрэ, норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустар лауреаттара Александра Яковлевна Спиридонова, Музыка үрдүкү оскуолатын 3-с кууруһун устудьуона Мичилиинэ Кириллина оҕолор музыкаҕа дьоҕурдарын сыныйан көрдүлэр. Хайдах ыллыылларын, фортепиано, флейта, скрипка курдук инструменнарга сыһыаннарын, тарбахтара  имигэһин бэрэбиэркэлээтилэр. Нэһилиэктэр аайы музыкаҕа дьоҕурдаах оҕолор баалларын бэлиэтээтилэр.

Эт-сиин тургутуута

Ураты болҕомто оҕолор эт-хаан өттүнэн сайдыыларыгар уурулунна. Тургутуулар көрдөрөллөрүнэн, үөһээ ааттаммыт улуустар оҕолоро физкультураҕа уонна спорка сыстаҕастар. Учууталлар, тренердэр спордунан дьарыктанар оҕолору кытта кичэллээхтик үлэлииллэрэ харахха быраҕыллар. “Челночнай“ сүүрүү, скакалкалаан ойуу, миэстэттэн ойуу, муостаттан анньыныы көрдөрүүлэрэ үчүгэй. Бэйэлэрин лаппа кыанар, буолуталаабыт маастар-кылаастары интэриэһиргээбит, спордунан дьарыктанарга улахан баҕалаах, Уһук Илин, Бүтүн Арассыыйа таһымнаах күрэхтэһиилэргэ ситиһиилэрдээх оҕолор бааллар. Тустууга, оҕунан ытыыга, дуобакка маастар-кылаастар, ГТО нормативтарыгар тургутуулар, тестированиелар буоллулар. Учууталларга методическай көмөлөр оҥоһулуннулар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин спорка солбугу бэлэмниир киинин спорка отделын начаалынньыга Евгений Петрович Семенов бэйэлэрин кыанар, быһый, түргэн оҕолор баалларын бэлиэтээтэ. Холобур, Үөһээ Бүлүүгэ Дүллүкү оскуолатын 6-с кылааһын үөрэнээччитэ Игорь Аталланов 105-тэ, В.Г. Румянцев аатынан Бүлүүтээҕи оҕо спортивнай оскуолатын иитиллээччитэ Яша Николаев 107-тэ сиртэн анньынан, бэйэлэрин саастарыгар өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥ көрдөрүүлээхтэр кэккэлэригэр киирдилэр. Оҕолор скакалканан сылбырҕатык ойуолууллара эмиэ үөртэ.

Греко-римскэй тустууга өрөспүүбүлүкэ сүрүн тренерэ Матвей Матвеевич Матвеев тыа сирин оҕолоро эт-сиин өттүнэн куорат оҕолорунааҕар ордуктар диэн бэлиэтиир. Үчүгэй исписэлиис үлэлээбит оҕолоро биллэллэр: сымсалар, сатабыллаахтык хамсаналлар-имсэнэллэр, үчүгэй бэлэмнээхтэрэ көстөр. Холобур, Дүллүкүттэн тренер Илья Мордовской оҕолоро толоругастарын, быһыйдарын, бэлэмнээхтэрин киһи хайгыы көрөр. Сунтаарга көҥүл тустууга Арассыыйа призера Денис Игнатьев, Бүлүү улууһун Хаҕыныгар 6-с кылаас үөрэнээччитэ Настя Семенова, убайа Святослав инникилээхтэр. Киин сиргэ барбатахтарына, хаалан хаалыахтарын сөп. Греко-римскэй тустуунан дьарыктаннахтарына, көрдөрүүлэниэхтэрин сөп.

Хапсаҕайдьыттарынан аатырбыт Үөһээ Бүлүү улууһун уолаттара хайҕаннылар. Бүлүү Хампатыгар саҥардыы үлэлии кэлбит физкультура учуутала Руслан Сивцев нэһилиэккэ тустууну таһаарбыт, “Боотур” кулуубу тэрийбит, Уһук Илин, Дагестан чөмпүйүөннэрин, призердарын таһаартаабыт.

Дуобакка өрөспүүбүлүкэ сүрүн тренерэ, аан дойду уон икки төгүллээх чөмпүйүөнэ, гроссмейстер Гаврил Гаврильевич Колесов маастар-кылаастарыгар, сеанстарыгар элбэх оҕо кытынна. Оҕунан ытыыга өрөспүүбүлүкэ оҕолорун сүрүн тренерэ, ССРС спордун маастара Надежда Семеновна Спиридонова маастар-кылаастары ыытта.

Чурапчытааҕы физкультура уонна спорт институтугар үөрэххэ тутар хамыыһыйа эппиэттиир сэкирэтээрэ Мария Яковлевна Оконешникова үрдүкү кылаас оҕолорун кытта көдьүүстээхтик үлэлээбитин түмүгэр элбэх оҕо институкка туттарсар баҕатын биллэрдэ.

Талааннаах оҕолору кытта үлэ салҕаныаҕа

Ил Дархан Айсен Николаев 2019 с. таһаарбыт Дьаһалыгар олоҕуран, Хаҥалас улууһун Чапаево сэлиэнньэтигэр аныгы сайдыылаах үйэҕэ эппиэттиир, толору хааччыллыылаах, өрөспүүбүлүкэ талааннаах оҕолоругар аналлаах, Сочига баар Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сириус” хайысхатынан талааннаах оҕолор Саха сиринээҕи региональнай кииннэрэ аһыллан, тэтимнээхтик, көдьүүстээхтик үлэлиир.

Экспедиция түмүгүнэн талыллыбыт оҕолор аны күһүн балаҕан ыйыгар  Наука дьоҕус академиятыгар туттарсыахтара. Манна кэлэн икки нэдиэлэлээх профильнай сменаларга, спорка бэлэмнэнии түмсүүлэригэр, итиэннэ Бэрдьигэстээх, Сунтаар, Чурапчы анал Олимпийскай эрэл оскуолаларыгар үөрэххэ ыҥырыллыахтара.

Саха сирин талааннаах оҕолоро Чапаевоҕа тиийэн Арассыыйа, Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандаларын оҕолорун кытта тэҥҥэ дьарыктаныахтара, үөрэниэхтэрэ, иитиллиэхтэрэ. Бэйэлэригэр иҥэринэн сылдьар дьоҕурдарын өссө эбии лаппыйан сайыннарыахтара. Холобур, спортсмен оҕолор кэлтэйдии бэйэлэрин эрэ спортарын көрүҥүнэн  буолбакка, омук тылыгар, култуураҕа, бырайыактары оҥорууга, программированиеҕа кытта, эргиччи уһуйуллуохтара. Уһук Илин, Арассыыйа күрэхтэригэр кыттыахтара, Сочига эмиэ баран кэлиэхтэрэ.

 

Бииргэ үлэлээһин сөбүлэһиилэрэ

Үөрэх экспедициятын түмүгүнэн туһааннаах улуустарга баһылыктар таһымнарыгар мунньахтар буолуталаатылар. Өрөспүүбүлүкэ спорка солбугу бэлэмниир киинин уонна улуустар баһылыктарын кытта бииргэ үлэлээһин Сөбүлэһиилэрэ ылылыннылар. Сөбүлэҥҥэ улуустарга баар олимпийскай эрэл спортивнай оскуолаларыгар методическай көмө, тренердэри идэлэрин үрдэтэр куурустарга, төгүрүк остуоллары ыытыы, Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Дьаһалыгар олоҕуран, 2030 с. диэри оҕо спордун сайыннарыы бырагырааматын олоххо киллэрии, хас биирдии оскуола үөрэнээччитэ 90 % физкультуранан уонна спордунан дьарыктанарын хааччыйыы, спорт кулууптарын тэрийэн үлэлэтии, оҕо чэгиэн-чэбдик туруктаах буолуутун ситиһии соруктара тураллар. Сөбүлэҥи түһэрсии сүрүн сыала-соруга: хас биирдии оҕо талаанын арыйыы.

Киэҥ нэлэмэн Сахабыт сирин араас муннугар оҕолор наһаа үчүгэй аныгылыы сиэдэрэй тутуулаах оскуолаларга үөрэнэллэриттэн, онуоха дьүөрэлии үлэлэригэр олус бэриниилээх учууталлар дьоҕурдаах, талааннаах оҕолору таһаартыылларыттан киһи санаата көтөҕүллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....