«Талаан» эрэ диир тутах, айылҕа биэрбит ураты күүһэ диэххэ сөп!
Николай Николаевич Попов 1976 сылтан күн бүгүҥҥэ диэри А.С. Пушкин аатынан Нуучча судаарыстыбаннай драматическай тыйаатырыгар кылаабынай худуоһунньугунан үлэлиир. Кини – «Хотугу Сулус», «СӨ Бочуоттаах гражданина» курдук Саха Өрөспүүбүлүкэтин үрдүкү Судаарыстыбаннай наҕараадаларын эскиһин ааптара. Ону сэргэ, Дьокуускайга А.С. Пушкин аатынан Нуучча судаарыстыбаннай драматическай тыйаатырын скверин ааптара.
Быыстапка көрөөччүгэ Николай Попов өр сыллаах үлэтин билиһиннэрэр, кини ураты истиилин, хатыламмат буочарын арыйар. Худуоһунньук араас тиэхиньикэни баһылаабытын, бииртэн биир уустук жанрга хорсуннук ылсарын көрдөрөр. Манна барыта 89 айымньы турда.
Влада Тимофеева, СӨ Национальнай ойуулуур-дьүһүннүүр түмэлин генеральнай дириэктэрэ:
– Биһиги ураты быыстапканы арыйдыбыт. Тоҕо диэтэххэ Саха сирин олохтоохторо тыйаатыр худуоһунньуктарын айар үлэлэрин күн аайы көрбөттөр. Сыанаҕа үксүн артыыстар оонньуулларын кэтиибит, режиссердар үлэлэригэр сүгүрүйэбит, оттон худуоһунньуктар кинилэр күлүктэригэр хаалаллар диэххэ сөп.
Николай Николаевич дэгиттэр талааннаах, кини айар үлэтэ элбэх араҥалаах. Модун күүстээх, ис хоһооннорунан, символларынан толору айымньылардаах. Николай Николаевич – дэҥҥэ көстөр пастель маастара, билиҥҥи кэмҥэ бу тиэхиньикэнэн үлэлиир киһи аҕыйах, – диэн худуоһунньук маастарыстыбатын үрдүктүк сыаналаата.
Галина Неустроева, Арассыыйа уонна СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, түмэл сүрүн научнай үлэһитэ, быыстапка куратора:
– Тыйаатыр худуоһунньуктара – дэгиттэр маастардар. Бу тыйаатыр киэҥ эйгэтин сатаан көрөр, хайдах буолуохтааҕын толкуйдаан таһаарар, испэктээк ис хоһоонун байытар, музыканы сатаан истэр, режиссер сүрүн санаатын олоххо киллэрэр дьон. Кинилэр – бэртээхэй живописецтар, талааннаах графиктар.
Николай Николаевич быыстапкатыгар сценографияҕа үлэлэрэ, макеттара, тыйаатырга айбыт көстүүмнэрэ эрэ буолбакка, живописька, графикаҕа айымньылара, мааскалара турдулар.
Быыстапка үөрүүлээх аһыллыытыгар ойуулуур-дьүһүннүүр искусство, тыйаатыр чаҕылхай бэрэстэбиитэллэрэ, Николай Попов биир дойдулаахтара ыалдьыттаатылар, худуоһунньук айар үлэтигэр сүгүрүйэллэрин биллэрдилэр, киниэхэ махтал мааны тылларын анаатылар.
Бу сыллар тухары Николай Николаевич араас жанрдаах 120 испэктээк сценографиятын айбыта, 50 режиссеру кытта «эн-мин» дэһэн үлэлээбитэ элбэҕи этэр. СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) култуураҕа уонна СМИ-гэ кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Виктор Губарев эҕэрдэлииригэр: «48 сыл биир тыйаатырга худуоһунньугунан үлэлиир диэн бэйэтэ туспа хорсун быһыы», – диэбитэ олус бэргэнник иһилиннэ. Оттон СӨ норуодунай артыыһа, Арассыыйа үтүөлээх артыыһа Анатолий Николаев: «Николай Николаевич – киһи тэҥнэспэт киһитэ. Санаан көрүҥ, биир худуоһунньук 120-тэн тахса испэктээги киэргэппитэ, 50-тан тахса режиссеру кытта үлэлээбитэ диэн эттэххэ дөбөҥ. Маны «талаан» эрэ диир тутах, арааһа, айылҕа биэрбит ураты күүһэ диэххэ сөп!» – диэн сөҕөрүн-махтайарын биллэрдэ.
Арассыыйа үтүөлээх артыыһа Марина Силина 2006 сыллаахха «Ньургун Боотур» операҕа Туйаарыма Куо партиятын толороругар кэппит көстүүмүнэн кэлэн эҕэрдэлээтэ. Бу Николай Николаевич айбыт уобараһа эбит.
Андрей Борисов, Арассыыйа норуодунай артыыһа, Саха АССР искусстволарын үтүөлээх деятелэ:
– Биһиги Коля Поповпут, чахчы, айар үлэтин суола уһун да уһун, ол айана билигин да салҕанар. Тыйаатыр худуоһунньугун уустук суолунан иннин диэки баран иһэр.
Уларыта тутуу ыарахан кэмнэригэр, 90-с сылларга, Нуучча тыйаатырын бастыҥ испэктээктэрин Николай Попов уруһуйдаабыта диэн куруук этэбин.
Коля мин биир үбүлүөйбэр Ньыыкан ойуун мэтириэтин бэлэхтээбитэ. Ол үлэтэ дьиэбэр ханна да сатаан турбатаҕа. Киһиэхэ олус күүскэ дьайара, хараҕа оннук уоттаах этэ. Онтон ыксаан уһулан уурбутум. Дьиктитэ баар, сүтэн хаалбыта уонна көстүбэтэ. Бу быыстапкаҕа туруон баҕарбата быһыылаах, – диэн кэпсээтэ.
Захар Никитин, Ил Түмэн дьокутаата, А.Д. Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство колледжын дириэктэрэ:
– 2024 сылга Арассыыйа үрдүнэн Дьиэ кэргэн сыла буола турар. Быйыл Николай Николаевич, Зинаида Николаевна Поповтар курдук дэгиттэр талааннаах, айар куттаах ыалы чиэстиэхтээхпит. Зинаида Николаевна – биһиги бэтэрээн педагогпут, үгүс көлүөнэ хореографтары, туруорааччы хореографтары иитэн-такайан таһаарбыт үтүө киһибит, кини туруоруулара биһиги өрөспүүбүлүкэбит хореографическай искусствотын кыһыл көмүс пуондатыгар киирбиттэрэ.
Ойуулуур-дьүһүннүүр искусство маастара Николай Попов киэҥ нэлэмэн дойдубут ытык, кэрэ сирдэрин хоһуйар үлэлэригэр төрөөбүт дойдуга уостубат таптал, киэн туттуу сүдү күүһэ көстөр. Ол онно Ангара өрүс тумаҥҥа сууланан сытар, манна үс үллэр үөстээх Өлүөнэ эбэбит очуос таас хайалара халлааҥҥа харбаһан, үрдүккэ ыҥыра, угуйа тураллар. Итиннэ Бүлүүлүүр суолга хатыҥ араҕас сэбирдэхтэрэ сиргэ таммалыы ыһыллаллар.
Көрүҥ эрэ, Саха сирин тумус туттар дьонун мэтириэттэрэ субу тиллэн кэлиэх курдуктар: режиссер Андрей Борисов тыл этэр, норуот тапталлаах артыыһа Герасим Васильев ырааҕы-киэҥи ыраҥалыы турар. Онно «Чурумчуку» балекка Ньургуйаана оруолун толорбут Саха АССР үтүөлээх артыыһа Евдокия Степанова уһун суһуоҕа субуллар. Арассыыйа норуодунай артыыһа Иван Степанов үйэлээх мэтириэтэ Ньургун Боотур уобараһын чаҕылхайдык тиэрдэр. Хомойуох иһин, биһиги кэккэбитигэр суох киэн туттар киһибит, бөлүһүөк Ксенофонт Уткин-Нүһүлгэн уун-утары көрөн олорор.
Николай Попов «тыйаатырын» ураты эйгэтин, сылаас тыынын быыстапкаҕа сылдьыбыт эрэ киһи арыйар.