Табахсыттарга COVID-19 куттала суох дуо?
Бү күннэргэ бассаапка, буоларын курдук, дьикти сонун тилийэ көттө: “Табахтыыр дьоҥҥо COVID-19 куттала суох үһү. Табахтыыр киһи ыалдьыбат үһү!”
Дьиҥнээҕэ хайдаҕын Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин штаты таһынан кылаабынай психиатр-нарколога Евгений Брюн бу курдук быһаарар:
– Кэнники кэмнэргэ СМИ-лэргэ уонна социальнай ситимнэргэ итинник сонун киэҥник тарҕанна. “Коронавирус табахсыттары хоппот үһү” диэтилэр. Бу сымыйа сурах. Буолаары буолан, тыҥа ыарыыларыгар табахсыттар ордук бэринэллэр диэм этэ.
Табахсыттар уонна табаҕы тардыбат дьон бу ыарыыны хайдах аһаралларын туһунан тэҥнээн көрөр чинчийиилэр билигин суохтар. Ол эрэн никотин буортутун дакаастаабыт чинчийии элбэх. Табахсыт иммунитета мөлтөх буолара эмиэ дакаастаммыт көстүү. Онон коронавирустан арыгы иһэн да, табахтаан да быыһаммаккыт.
Табаҕы тардыы доруобуйаҕа олус улахан буортулаах. Тыҥаны көрбүтүнэн киирэр пандемия кэмигэр, табахсыттар олус улаханнык эмсэҕэлиэхтэрин сөп.