06.03.2024 | 09:00

Табаҕалар бөһүөлэккэ социальнай эбийиэк аҕыйаҕын бэлиэтииллэр

Табаҕалар бөһүөлэккэ социальнай эбийиэк аҕыйаҕын бэлиэтииллэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Олунньу 29 күнүгэр Табаҕа нэһилиэгин иннигэр Олохтоох дьаһалта 2023 сыл түмүгүнэн отчуотун куорат баһылыгын солбуйааччы Антон Алексеенко оҥордо. 
Табаҕа нэһилиэгэр былырыын Комсомольскай, Строительнай уулуссаларга хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыбыт. Эргэ Табаҕаҕа Центральнай уулусса хапытаалынай өрөмүөнүн бастакы уочарата түмүктэммит.
Нэһилиэк орто оскуолатыгар федеральнай бырагырааманан хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыбыт, Центральнай уулуссаҕа сылаас тохтобул тутуллубут, Лесная уулуссаҕа уот тардыллыбыт. Кэлэр сылга уочаракка Новая уулусса турар. Маны сэргэ «Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн» бырагырааманан Комсомольскай уул., 11 тиэргэн тупсарыыта ыытыллыбыт.
Быйыл олохтоох көҕүлээһиннэри өйөөһүн чэрчитинэн оҕо саадын тиэргэнигэр суол быраабылатыгар үөрэтэр балаһаакка, «Росточек» сайдыы киинин интерактивнай уонна мультимедийнай тэрилинэн хааччыйыы күүтүллэллэр. Оттон оскуола тиэргэнигэр аспаал кутуллара, дьоҕус архитектура оҥоһуктарын туруоруу былааннанар. 
«Норуот бүддьүөтэ» муниципальнай бырагырааманан «Ыра санаа музыкальнай саалата» бырайыак олоххо киириэҕэ, «Родничок» 103 №-дээх оҕо саадыгар музыка хоһун тэрийиэхтэрэ. 
Бөдөҥ эбийиэктэртэн бөһүөлэк территориятыгар өрөспүүбүлүкэ таһымнаах симиэнэҕэ 350 миэстэлээх «Хотугу сулус» Оҕо сынньалаҥ лааҕырын тутуу түмүктэниэҕэ. 
Оттон отчуот кэнниттэн олохтоохтор иһэр уу хаачыстыбатын тупсарыыга, Покровскайдыыр суол 25 км саҕалаан Табаҕа бөһүөлэгэр диэри суол алдьаныыларын абырахтааһыҥҥа, Центральнай уулуссаны тутуу болдьоҕор, уулуссаларга уоту тардыыга, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин сир учаастактарынан хааччыйыыга  сыһыаннаах ыйытыылары биэрдилэр. Хаарбах дьиэттэн көһөрүү, Өлүөнэ муостатын тутуу, халаантан харыстыыр үлэ эмиэ болҕомто киинигэр турдулар, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...