30.09.2022 | 16:00

Табаҕа сэлиэнньэтигэр Оҕо искусствотын оскуолата аһылынна

Бүгүн, балаҕан ыйын 30 күнүгэр, Табаҕа сэлиэнньэтигэр «Култуура» национальнай бырайыак чэрчитинэн хапытаалынай өрөмүөннэммит Оҕо искусствотын оскуолата аһылынна диэн иһитиннэрдэ Култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтин пресс-сулууспата.
Табаҕа сэлиэнньэтигэр Оҕо искусствотын оскуолата аһылынна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Оскуоланы үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйыыга СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Юрий Куприянов, куорат баһылыгын солбуйааччы Владимир Аржаков, оскуола иитиллээччилэрэ, педагогтара, төрөппүттэрэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи искусство оскуолаларын салайааччылара кытыннылар.

СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Юрий Куприянов бэлиэтээбитинэн, «Култуура» национальнай бырайыак чэрчитинэн хапытаалынай өрөмүөҥҥэ федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөттэриттэн барыта 8,2 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүт.

«Быйыл, өрөспүүбүлүкэ сүүс сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир сылга, Арассыыйа Култуураҕа министиэристибэтэ бырайыактыыр-сметалыыр докумуоннаах бары бырайыактарбытын өйөөтө. Ол курдук, 10 Оҕо искусствотын оскуолатын өрөмүөнүгэр 86 мөлүйүөн солкуобай кэриҥэ үп көрүлүннэ. Ити – биһиги уопсай ситиһиибит, өрөспүүбүлүкэ салалтатын уонна муниципальнай тэриллиилэри кытта бииргэ үлэлээһиммит түмүгэ. Бырайыактыыр-сметалыыр докумуону оҥорууга бары оскуолалар 2019 сылтан тиһиктээхтик үлэлээбиттэрэ, судаарыстыбаннай экспертизаны ааспыттара, бэдэрээтчиги сүүмэрдиир куонкуруһу ыыппыттара. Искусство оскуолаларын саҥардыы – оҕолорбут үөрүүлэрэ, үүнэр көлүөнэ инникигэ туһуланыыта. Табаҕа оскуолата Муусука күнүн көрсө арылынна, иитиллээччилэрэ – 70-ча оҕо, саҥа сезону өрөмүөннэммит, кэрэ көстүүлээх дьиэҕэ көрсөллөр. 2023 сылга бу хайысханан үлэбит салҕанар», - диэн бэлиэтээтэ миниистир.

Юрий Куприянов Ил Түмэн уонна Култуура министиэристибэтин Бочуоттаах грамоталарын оскуоланы өрөмүөннээбит «Капитал М» ХЭТ генеральнай дириэктэригэр Владислав Ильиҥҥэ туттарда.

Куорат баһылыгын солбуйааччы Владимир Аржаков Оҕо искусствотын оскуолата аһыллыытынан эҕэрдэлээн туран куорат баһылыгын аатыттан оргтиэхиньикэни атыылаһар сертификаты бэлэх уунна.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....