22.08.2021 | 10:00

Табаҕа дьоно-сэргэтэ: “Куорат салалтата биһигини умнубат”

Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Аҕыйах хонуктааҕыта киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Эргэ уонна Саҥа Табаҕа олохтоохторун кытта көрүстэ, куорат сайдыытын стратегиятын билиһиннэрдэ. Маны сэргэ, нэһилиэнньэни уонна уопсастыбаннаһы кытары киин куорат социальнай-экономическай сайдыытын туһунан СӨ Ил Дарханын Ыйааҕын туһунан кэпсэтии, дьүүллэһии буолан ааста. 

Көрсүһүүгэ Табаҕа олохтоохторо олус көхтөөхтүк кытыннылар. Кинилэр баһылык куорат уопсай былааныгар эрэ тохтообокко, нэһилиэк боппуруостарыгар болҕомто уурбутун, ымпыгар-чымпыгар диэри сиһилии кэпсээбитин бэлиэтээтилэр. 

Көһөрүү, сырдатыы, суол

Хаарбах дьиэлэртэн олохтоохтору көһөрүү бырагырааматыгар хапсар дьон ханна көһөллөрүн токкоолостулар. Бу хаһан баҕарар дьону долгутар боппуруос.

Каландаришвили, 7, дьиэ олохтооҕо: “Ханна да атын сиргэ буолбакка, манна, Табаҕаҕа, хаалыахпытын баҕарабыт”, – диэтэ. Салгыы Эргэ Табаҕаҕа уулуссаны сырдатыы суоҕун кэриэтэ, онон бу хайысханан үлэни үчүгэйдик ыытыҥ диэн көрдөстө.

Манна даҕатан эттэххэ,  2023 сылга Табаҕаҕа Каландаришвили (1 км), Комсомольскай (0,531 км)  уонна Лесной (2,2 км) уулуссалар өрөмүөннэниэхтэрэ. Бүтэһик ааттаммыт уулуссаҕа “Сырдык киин куорат” муниципальнай бырагырааманан сырдатыы үлэтэ ыытыллыаҕа.     

“2023 сылга Покровскай тракт 25 килэмиэтириттэн Эргэ Табаҕаҕа киирэр суолга диэри учаастакка (2,348 км) саҥардан оҥоруу үлэтэ ыытыллыаҕа. Онон “Умнас” суолуттан Өлүөнэ эбэни туоруур муостаҕа тиийэр учаастак саҥардан тутуутугар бэлэмнэнии үлэтэ саҕаланыаҕа”, – диэн иһитиннэрдэ киин куорат баһылыга.  Онуоха сорох олохтоохтор хапытаалынай өрөмүөн, саҥардан оҥоруу диэн тугун-ханныгын, онно туох үлэ барарын, сырдатыы үлэтэ киирэрин-суоҕун чуолкайдастылар. Маныаха куорат салалтата “Сырдык киин куорат” муниципальнай бырагыраама үлэлиирин эттэ.

Санатан аастахха, быйыл нэһилиэккэ элбэх оҕолоох ыаллар кыбаарталларыгар киирэр суол тутуута (2, 5 км) түмүктэнэн эрэр. Маны сэргэ, сквердэри тутуу үлэтэ күргүөмнээхтик ыытыллар. 

 

Уопсастыбаннай тырааныспар

Маны таһынан, нэһилиэк олохтооҕо этэринэн, “Norway Park” пааркаҕа, “Ленские зори” сынньалаҥ баазатыгар барааччыларга оптуобус тохтобула ыраах. Кырдьаҕас, кыаммат дьон хаамарыгар ыарахан, 101 нүөмэрдээх оптуобус киирэн тахсара буоллар диэн баҕа санаалаахтарын тиэртэ. “Барар киһи суох буоллаҕына, суоппар ыйытан баран киирбэтин ээ”, – диэтэ.

Уопсайынан, көрсүһүүгэ Евгений Григорьев куорат кытыы нэһилиэктэригэр сылдьар уопсастыбаннай тырааныспар маршруттара уларыйыахтааҕын туһунан эттэ. Айанньыттарга табыгастаах буолуохтаахтар диэтэ. 

Светлана Михайловна диэн Эргэ Табаҕа олохтооҕо: “Массыыналаах дьон олус түргэнник айанныыллар. Хааччахтыыр бэлиэлэргэ кыһамматтар. Оҕолор кыһыҥҥы тымныыга туманнаах кэмҥэ, хараҥаҕа сылдьалларыгар кутталлаах”, – диэн туран, кытаанах миэрэни ыларга көрдөстө.

Спорт эбийиэктэрэ

Ыччат сылы эргиччи үлэлиир спорт комплексын туруоруста. Онуоха Евгений Николаевич бөдөҥ комплекс тутуллара ыараханын, элбэх үбү эрэйэрин аһаҕастык эттэ. “Ол оннугар чэпчэки конструкциялартан түргэнник тутуллар спорт саалата хайдаҕый?” – диэн этии киллэрдэ.

Кырдьык, киин куорат кытыы нэһилиэктэригэр спорт эбийиэгэ аҕыйаҕа сытыы кыһалҕа буолар. Дьаһалта ону өйдөөн, быһаарар суолу тобулан, муус устар 1 күнүттэн куорат кытыытыгар олорор оскуола үөрэнээччилэрэ бары бохсо айанныыр кыахтаммыттара. Онон Оҕо спортивнай оскуолатыгар, куоракка баар секцияларга, куруһуоктарга дьарыктанар оҕолор уопсастыбаннай тырааныспарынан көҥүл кэлэллэр-бараллар.        

Бэлиэтээн эттэххэ, быйыл Саҥа Табаҕаҕа воркаут зоналаах баскетбол балаһаакката тутуллар. Оттон эһиил Эргэ Табаҕаҕа аныгылыы тупсаҕай спорт балаһаакката оҥоһуллуохтаах, былааҥҥа ыйылла сылдьар.

 

Биэрэги бөҕөргөтүү үлэтэ

Уу ылар сирдэригэр дьиэ-уот туттубут дьон бас билии быраабын хайдах оҥортороллорун интэриэһиргээтилэр. Баһылык эппитинэн, бу – киин куорат бүттүүнүн кыһалҕата. 8 тыһыынча 970 сир учаастага уу ылар уонна ууга барар зонаҕа киирсэр диэн эттэ.

“Маны биэрэги бөҕөргөтөр тутуу быһаарыахтаах. Бу хайысхаҕа дьаныһан туран үлэлиибит, чуолаан Табаҕа нэһилиэгэр биэрэги бөҕөргөтөр үлэ ыытыллыахтаах. Итиэннэ чуолкайдааһыны киллэрэбит, федеральнай таһымҥа бырайыак-смета докумуоннарыгар ирдэбиллэри хос көрөр туһунан этиилээхпит”, – диэтэ Евгений Григорьев.

Баһылык өскөтүн дьиэ уу ылар зонатын салайар сокуон олоххо киирэ илигинэ тутуллубут буоллаҕына,  бас билээччилэр дьиэлэрин “даача амнистиятын” чэрчитинэн судургутутуллубут бэрээдэгинэн докумуоннаһыахтарын сөбүн быһаарда.  

Дьаһалта дьон санаатын иһиттэ

Нэһилиэнньэ, уопсастыбаннас сүөһү өлөрөр сыах тутуутун сөбүлээбэтин аһаҕастык эттэ. Виктория Николаевна диэн олохтоох урут сибиинньэ иитэр хотону утаран тохтоппуттарын кэпсээтэ. 

Маны таһынан, былырыын сэтинньи ыйга аһыллыбыт саҥа биэлсэр-акушер пууна икки эрэ ый үлэлээн баран, үлэһитэ суох буолан, сабыллан турарын үҥүстүлэр. “Саҥа пуун аһыллыбытыгар олус үөрбүппүт, онтубут билигин пааматынньык курдук турар. Биир укуолу ылар туһугар куоракка киирэбит-тахсабыт”, – диэн муҥатыйдылар. Үлэһит кэлэригэр сөптөөх усулуобуйаны олохтуохха, дьиэ-уот боппуруоһун быһаарыахха диэн туруорустулар. 

Инникитин нэһилиэккэ оҕуруот аһын харайар сир тутуллара былааннанар. Ол туһунан олохтоохтор иҥэн-тоҥон ыйыталастылар. Аны туран, Өлүөнэ эбэни туоруур муоста тутуута ханнык түһүмэххэ тиийбитин сурастылар.

Көрсүһүүгэ үгүс ыйытыы ОДьКХ боппуруостарыгар туһаайылынна: канализация ситимин өрөмүөнэ, гаас киллэриитэ, сайыҥҥы өттүгэр уу турбата.  

 

Табаҕа сэлиэнньэтин дьаһалтатын салайааччыта Виктория Константиновна Паланычка түмүк тылы эттэ. Кини – “Куорат биһигини өйүүр”, – диэтэ. Онуоха олохтоохтор туран, салалтаҕа туһаайан: “Биһиэхэ болҕомто уураргытыгар, биһигини умнубаккытыгар махтанабыт”, – диэтилэр.

“Нуучча общинатын” бэрэссэдээтэлэ Александр Подголов нэһилиэк сайдыытыгар чахчы сыһыаннаах ыйытыылар киирбиттэрин, онуоха олохтоохтор быһаччы интэриэстээхтэрин  бэлиэтээтэ.  

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....