Таатталар күүстэрэ - сомоҕолоһууларыгар, түмсүүлэригэр
Быйыл Таатта улууһугар барыта 14 баһаар тура сырытта. Онтон 3 бара турар. Хаарыан хампа күөх тыабыт көрдөрбүтүнэн умайда, күл-көмөр буолла. Ыарахан буруонан тыынан, олохтоохтор да доруобуйалара айгыраата, эмсэҕэлээтэ.
Улууспут киинигэр уот киирэрэ суоһаан, ыксаллаах быһыы-майгы үөскүү сырытта. Атын да нэһилиэктэрбит сирдэригэр-уоттарыгар уот күүскэ туран, түүннэри-күнүстэри уоту кытта күүстээх охсуһуу, кэтээһин түмүгэр, баһаар умуруорулунна. Билигин Дьохсоҕон сирэ-уота уокка былдьамматын, улууспут киинигэр иккистээн суоһаабатын туһугар, түүннэри-күннэри үгүс үлэ бара турар.
Киһи уонна айылҕа быстыспат ситимнээхтэр. Киһи айылҕата суох олорбот. Айылҕа киһиттэн алдьаныан да, киһиттэн силигилиэн да сөп. Ардыгар айылҕа күүһэ дьоҥҥо утары баран, көмөлөһөрө эмиэ баар. Ону ааспыт, былыкка саспыт дьыллар-хонуктар, туман буолан сүппүт кэмнэр сэһэннэригэр сэһэргэнэр, номох буолан кэпсээҥҥэ кэпсэнэр. Бу буола турар уустук кэмҥэ Таатта олохтоохторо, бары биир киһи курдук, уоту утары бииргэ охсустулар. Улууспут, нэһилиэктэрбит баһылыктарын сөптөөх дьаһалларынан, туһааннаах тэрилтэлэр, олохтоохтор күүстэринэн, турбут улахан уот бохсулунна. Норуот сомоҕолоһуута, норуот түмсүүтэ бу иэдээни тохтотто. Мээнэҕэ “Норуот күүһэ-көмүөл күүһэ” диэн этиллибэт. Туох үлэ барбытын суһал ыстаап, баһылыктар бэйэлэринэн куйаар ситиминэн, тэлэбиисэр, хаһыат нөҥүө сырдата олордулар. Бу ыксаллаах күннэргэ ситим бөлөхтөрүгэр биллэриилэр, кэпсэтиилэр тохтуу сырыттылар. Сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри баһылыктар, баһаары утары үлэ иһитиннэриилэрэ кэлэллэрин эрэ долгуйа кэтэстибит. Оннук ыгым, уустук күннэр буолан аастылар. Биир да холуннарыы, туора тыл этиллибэтэ, барыта “Норуот күүһэ-көмүөл күүһэ!”, “Бука бары – бииргэ!”, “Таатта күүһэ – сомоҕолоһууга” диэн тылларынан салайтарылынна.
Таатта нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччыта Константин Мончурин күүстээх уоту кытта охсуһуу туһунан уонна түүннэри-күннэри сындалҕаннаах үлэни сырдатарыгар көрдөстүм: “Быйыл кураан сайын турда. Ону кытта тэҥҥэ ойуур баһаардара буоллулар. Бэс ыйын 24 күнүттэн 7А нүөмэрдээх баһаар туран, 70-тан тахса киһи мобилизацияланан, 3-4 күн солбуйса-солбуйса үлэлээбиттэрэ. Бу баһаар от ыйын ортото тохтотуллубута. Баһаардар бары кэриэтэ ойуур үөһэтинэн бардылар. Уот эмискэ күлүмнүү түһээт, хас да сиринэн куотан, сүүрэн хаалар. Манныкка утары уот эрэ ыыттахха тохтотуохха сөп. Атырдьах ыйын 4-5 күннэригэр турбут уокка утары уот ыытыллыбыта куотар. Түүннэри-күннэри күүстээх мобилизация саҕаланар. Таатта үрэх нөҥүө тыаттан чугас олорор ыалларга сэрэтии үлэтэ барар. Атырдьах ыйын 6 күнүгэр киэһэ 10 чаас диэки суһал ыстаап Ытык Күөлгэ уот 2,5 км чугаһаабытын иһитиннэрэр. Ытык Күөл тулатын бэйэ тэрилтэлээх Чербоев Ю.Ю., Бочоруков А.К., Бурмистров И.И. (МАУ “Техресурс”) тиэхиньикэлэрин тута биэрэннэр, Ытык Күөл тулатыгар минполоса оҥорон, 20-30 тахса миэтэрэ кэҥэтиллэр. Бу түүн куораттан уу кутар емкостаах бөртөлүөтүнэн Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта, өрөспүүбүлүкэ баһаарыгар сыһыарыылаах Садовников Д.Д. уонна Босиков Р.З., ону тэҥэ 15 ЫБММ байыастара кэлэллэр. Эбии чугас сытар улуустартан 6 баһаарынай массыыналар, Чурапчыттан “Хатан” тэрилтэттэн биир “Шантуй” тыраахтар көмөҕө кэлэллэр. Сарсыарда 7 чаастан минполоса үлэтэ Ытык Күөл түгэҕиттэн Дача эҥэртэн, Хадаайыга диэри хас да күн устата ыытыллар. 7 чыыһылаҕа баһаар умулларыытыгар 100-тэн тахса киһи тахсар. Аҥаардара утары уот ыытыытыгар, сорохторо тыа солооһунугар хайдыһан барбыттара. Бу күн айылҕа биһиги диэки буолар. Тыал хайысхатын уларытан, уот бытаарар. Нэһилиэк олохтоохторо баһаары утары охсуһааччыларга анаан харчынан, аһынан көмө оҥоруулара саҕаланар. Бастаан “Кэнчээри” уһуйааҥҥа, онтон Алампа аатынан 1 №-дээх орто оскуолаҕа, салгыы “Сулусчаан” уһуйааҥҥа түүннэри ас астааһына тэриллэр. Биир астааһыҥҥа 200 киһиэхэ тиийэр ас бэлэмнэммитэ. Сылаас аһынан хааччыйыы баһаартан куттал суох буолуор диэри тэриллэн үлэлээбитэ. Бу күн АО “Тааттаавтодор” салайааччыта Бочонин И.И. улахан “Шантуй” тыраахтары эбии көмөҕө биэрэр. Ытык Күөл тула баһаарынай массыыналары кытары биирдии водовоз массыыналары туруортуубут. 6-7 түүн минполоса оҥоһуута бүтэр. 8 чыыһылаҕа икки сиринэн Харбалаахтыыр суолунан уонна Хадаайынан уот кэлэр. Олору утары уот ыытыллар. Ол эрээри туһата суох буолан биэрэр. Салгын үөскээһинин түмүгэр, уот өссө күүһүрэр, тарҕанар. Миэхэ 12 ч. эрийэн Хадаайыга эмиэ үөһэнэн барар уот турда диэн биллэрии киирэр. Утары уоттар көрсө түһэллэр. Уоту кытта охсуһууга Д.Д. Садовниковтаах тэҥҥэ сылдьыбыттара. Киэһэ 8 чааска уоту умулларыыга нэһилиэнньэ олохтоохторугар бүттүүнүгэр мобилизация биллэриллэр. Дьон бэйэтин баҕа өттүнэн киин болуоссакка мустан, мунньахтаан, 5 этэрээккэ арахсан, бэйэлэрин тиэхиньикэлэринэн хоруу хаһа, түүннэри уоту кытта охсуһа барбыта. Сарсыарда 5 чааска уоту кыайан тохтотумаары гынныбыт диэн биллэрэллэр. Манна баҕа өттүнэн Тарабукин В.В., Собакин Н.Н. “Сокол” диэн вездеходунан, Кондаков О.В. квадроциклынан тахсаллар. Улуус баһылыгын солбуйааччыта Потапов И.И. буоламмыт, Ханин карьерыгар мустан, саҥа былаан оҥоробут. Картаны көрөн туран, үрэхтэринэн, үрүйэлэринэн Харбалаахтыыр суолга 6 км уһуннаах минполоса оҥоро, баһаары тохтотор утары уот ыытааһын былаанын оҥоро, сири көрө бараллар. Иккис Уранаев П.А., Собакин Н.Н. биригээдэтэ Буочаҕайы көрө бараллар уонна булуук үлэтин саҕалыыллар. И.И. Потаповтыын эбии тыраахтар, дьон булааһынын сүбэлэһэбит. Ханин карьерыгар кыра үрүйэни бульдозерынан хорутан ыраастаан, 3 баһаарынай массыына, водовоз киллэрэн туруорабыт. Иккис биригээдэ 7 км 43 м уһуннаах минполоса оҥорор. Баҕа өттүнэн мобилизацияҕа тахсыбыт дьоммут, уоту куоттарбат инниттэн, эккирэтэ сылдьан, уоту умуруорарга үлэлээбиттэрэ. 8 чыыһылаҕа “Алмазэргиэнбаан” 9-с үлэһитэ, 9 чыыһылаҕа киэһэ куораттан биир дойдулаахпыт Платонов Р.М. хомуйбут, 15-с бааҕалаах ыччат көмөҕө кэлбиттэрэ. “Алмазэргиэнбаан” Тааттатааҕы филиалын салайааччыта Аргунова М.Б. биир идэлээхтэрин тиэргэнигэр олохтообута. Маны таһынан, Майя Борисовна, бэйэтин анал каартатыгар көмө үбү хомуйан, улахан өҥөнү оҥордо.
Утары уоту ыытыы – сэрэхтээх, кутталлаах үлэ. Сорохтор утуйбакка, аһаабакка үлэлээтилэр. Киэһэтин 9 ч. уонна 11 ч. аһылык тэриллибитэ. 10 чыыһылаҕа нэһилиэкпит кэрэ аҥаардара Ирина Тарасенко, Октислава Аргунова ыҥырыы таһааран, кэрэ аҥаардары түмэ тардан, эр дьонтон хаалсыбакка, үлэлээтилэр. Бу күн Харбалаахтыыр суолга 3 км тахса минполоса оҥоһуллар. 11 чыыһылаҕа утары уот ыытыыта тэриллэр. Түүннэри кэтээһин күүһүрэр. 12 чыыһылаҕа баһаар Ытык Күөл бөһүөлэгэр кутталы үөскэппэт, суоһаабат буолар.
Нэһилиэкпит олохтоохторо Охлопков К.К., Хатылаев С.Г. бэйэлэрин тиэхиньикэлэринэн уоту умуруорууга үлэлээтилэр. “Таатта улууһа” МТ баһылыга Соров М.М., “Таатта нэһилиэгэ” МТ баһылыга Павлов Е.И. олохтоохторун кытта тэбис-тэҥҥэ сырыттылар, баһаары утары сөптөөх үлэни ыытаннар, табатык салайаннар, улуус киинин нэһилиэгэ уокка былдьаммата. Бу ыксаллаах күннэргэ нэһилиэк дьокутааттарын салайар Шарин А.И., “Куула түөлбэ” Аммалыыр аартыгын дьокутаата Кириллин С.С. олохтоохтору кытта нэһилиэк кытыытынааҕы тииттэри охторууга үлэлээтилэр, түүннэри кэтэбилгэ сырыттылар. Күн бүгүҥҥэ диэри “Куула түөлбэ” (сал. Савватеева А.М.) олохтоохторо ойууру кэтииллэр, буруолуу сытар көрдьүгэннэргэ уу ыстараллар. Төрөөбүт нэһилиэкпитигэр уот суоһуур ыксаллаах күннэригэр күүс-көмө буолбут нэһилиэкпит бар дьонугар, биир дойдулаахтарбытыгар махтанабыт. Бу курдук биир санаанан салайтарар буоллахпытына, тапталлаах Тааттабыт үүнэ, сайда-чэчирии туруоҕа”, – диэн кэпсээнин түмүктээтэ.
Улууспутугар баһаардар туруохтарыттан нэһилиэк, улуус дьаһалталарыгар ыксаллаах быһыыга-майгыга ыстааптара тэриллибиттэрэ. Улахан уоттар тэҥинэн Уолба, Уус Амма, Орто Амма, Дьохсоҕон сирдэригэр-уоттарыгар турбута, Амма нэһилиэгэр турбут уот олохтоохтор көмөлөрүнэн умулларыллыбыта. Улуус киинигэр уот суоһуур кэмигэр Дьохсоҕон нэһилиэгин Даккы учаастагар улахан уот эмиэ тура сырытта. Олохтоохтор күүстэринэн бохсуллубута. Нэһилиэк баһылыга Захаров П.Е. баһаардар туруохтарыттан утуйар уутун умнан туран, түүннэри-күннэри баһаарга тэҥҥэ сылдьан, иһитиннэриилэри ситим нөҥүө биллэрэ, сырдата олордо. Уот ханна турбутунан, улуус нэһилиэктэриттэн көмөҕө тиэхиньикэлэр, олохтоохтор күүс-көмө буоллулар.
Баһаар хоромньута улахан. Барыта 11А баһаарга 38500 га сир, 37000 га ойуур, 13А баһаарга 22000 га сир, 21000 га сир, 14А баһаарга 22 гектар, 7 га ойуур, ону таһынан ходуһалар умайдылар, сиэннилэр. Оттоммут от уокка былдьанна, уот, сибээс остуолбалара умайда. Амма Таатта сиһэ умайа сытар. Амма эҥэр Харбалаах, Чычымах, Чымынаайы бөһүөлэктэригэр уонна Даайа Амматыгар бэйэлэригэр баар дизельнэй станциялар үлэлээн уоту биэрэ олороллор. Ону тэҥэ сибээстэрэ суох. Майа-Чурапчы уот линиялара умайан, Ытык Күөлгэ уонна атын нэһилиэктэргэ анал графигынан тыырыллан уот бэриллэ олорор.
Тус бэйэм тыл күүһүгэр итэҕэйэр, сүгүрүйэр буоламмын, Тааттаттан силистээх, тыл баайдаах, хомоҕой хоһоонньут М.А.Решетникова-Арылы Дуйдаахтан, А.П.Колмогороваттан алгыс тыллаах хоһооннору айалларыгар көрдөспүтүм. Хоһооннор тутатына айылла охсоннор, ситиминэн тарҕаммытынан барбыттара.
Таналҕаннаах таптыыр Тааттам,
Бүгүн ордук күндүгүн,
Ахтылҕаннаах кэрэ Тааттам,
Сахаҕынан сүдүгүн!
Устар үйэҥ урсунугар
Үгүһү да сүкпүтүҥ,
Өбүгэлии нүһэр, холку
Өркөн өйгөр үҥпүтүҥ.
Тулуур, дьулуур тугуҥ билбит
Талах курдаах таатталар
Бүтүн саха кимин, тугун
Санаталлар чахчыта.
Ыксыыр сахха ытыа суоҕа
Ытык Тааттам барахсан,
Көхсө кэҥээн, тыына уһаан
Тулуһуоҕа хардарсан,
Улуу кураан уотун кытта
Туруулаһар эр дьонноох,
Үгүс элбэх тылы кыырбат
Тумус туттар дьоннордоох,
Күрдьэх, сүгэ, хары күүһэ,
Эрдээх сүрэх баар эбээт,
Тыҥыыр кэмҥэ түмсэр үгэс
Кыахха кыаҕы эбиэхтээх!
Таналҕаннаах таптыыр Тааттам,
Бүгүн ордук күндүгүн,
Сахам сэмэй дьоннорунуун
Төлө көтүөҥ үрдүккэ!
Арылы Дуйдаах
Таатталар салайааччыларбытыгар табыллыбыт да дьон эбиппит. Күннээҕи түбүктэн саҕалаан, ыарахан суоһуур күннэригэр, норуоттарын кытта бииргэ буолаллар, тэҥҥэ хардыылыыллар. Кинилэр кэннилэригэр Таатта хас биирдии олохтооҕо турар.
Өрөспүүбүлүкэ хас да улууһугар баһаардар буола тураллар, тулалыыр айылҕабыт кутаа уотугар умайар. Манна үөһэттэн көмөтө суох ыарахаттардааҕын бары билэбит, өйдүүбүт. Тааттаҕа буолбут, атын да улуустарга буола турар баһаардарга Ил Дархаммыт А.С.Николаев өйөбүл, көмө оҥоро олорорун умнумуоҕуҥ.
Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ!
Вера Канаева, Таатта, Ытык Күө