02.03.2023 | 18:00

Таас куорат быыһыгар күөрэгэй ырыалаах алаас

Төрөөбүт төрүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр аналлаах тэрээһиннэр салҕаналлар. Ол чэрчитинэн, Дьокуускай куорат 7 №-дээх орто оскуолатыгар саха тылын учууталларын уонна «Алгыс» фольклор куруһуогун салалтатынан үгэс буолбут «Төрүт тыл – сайдар кэскилбит» нэдиэлэ Олоҥхо киэһэтинэн түмүктэннэ.
Таас куорат быыһыгар күөрэгэй ырыалаах алаас
Ааптар: Жанна Барашкова, СӨ “Сайдыы” саха тылын, литературатын, култууратын учууталларын түмсүүтүн салайааччыта
Бөлөххө киир

Маҥнайгынан 4 «а» кылаас үөрэнээччилэрэ (сал. Саввинова Н.П.) «Эр хаан Боотур» диэн (ааптар, туруорааччы Антонова Е.Г.) театрализованнай олоҥхону үрдүк  таһымнаахтык көрдөрдүлэр. Салгыы 8 «а» кылаас үөрэнээччитэ Владимир Антонов (сал. Антонова Е.Г.) Көһөҥө Бүөтүр «Күөнэ көҕөччөр аттаах күүстээх-уохтаах Күндүлү Бухатыыр» олоҥхотун соҕотоҕун толордо. Эдэр олоҥхоһут инникитин толорор дьоҕура уонна куолаһын араас өрүтэ сайдарыгар кыах баарын бэлиэтии көрдүбүт.

Ол кэннэ Былатыан Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” (туруорааччы Петрова Ж.Н.) олоҥхотуттан быһа тардыыны оҕолор, учууталлар бары биир тыыҥҥа киирэн олорон, көрөөччүлэр болҕомтолорун тардар гына толорбуттара бу оскуолаҕа олоҥхо тыына олохсуйбутун чахчы итэҕэттэ.

Дьоро киэһэ устата 6 «а» кылаас үөрэнээччитэ Родион Кириллин Сорук-Боллур уол буолан кыттааччылары атынан көтүтэ сылдьан биллэрбитэ бэйэтэ туспа уобарас, омуннаах олоҥхо эйгэтигэр көрөөччүнү тута сиэтэн киллэрэр сонун көстүү буолла.

Ити курдук, таас куорат быыһыгар күөҕүнэн чэлгийбит, күөрэгэй ырыалаах алааска сылдьыбыт курдук сананныбыт.

С.Н. Федорова, оскуола дириэктэрэ:

– Дьокуускай куораттааҕы 7 №-дээх оскуолаҕа 1700 тахса              оҕо үөрэнэр. 60 кылаастан бүгүҥҥү туругунан 1 – 9 кылаастарга 15 саха кылааһа баар. Сыл аайы I кылааска 5 – 6 кылаас аһыллар, ол иһинэн төрөппүт баҕатынан сахалыы кылааһы хаһы баҕарар тэрийиэхпитин сөп этэ. Ол эрээри кэнники сылларга оҕотун сахалыы кылааска үөрэтиэн баҕалаах төрөппүт ахсаана аҕыйыы турар. Кэнники икки сылга биирдии эрэ кылаас аһыллар буолла. Омугунан ыллахха, үөрэнэр оҕо 70% – саха. Нууччалыы үөрэнэр кылаас оҕолоро да үксүлэрэ сахалыы өйдүүллэр, сорохторо холкутук саҥараллар.

Итинник быһыыга-майгыга оҕолор туспа омук быһыытынан бэйэлэрин билинэллэригэр, силистэрин-мутуктарын, уратыларын өйдүүллэригэр, онон киэн тутта үөрэнэллэригэр сөптөөх эйгэ баар буолара олус суолталаах. Ону өйдөөн, ити хайысхаҕа оскуолабытыгар араас өрүттээх үлэ ыытыллар. Ол иһигэр сахалыы тылынан сайдар тыйаатыр, литературнай биэчэрдэр, олоҥхо, фольклор куруһуоктара, оһуохай тула түмсүү, сурук-бичик күннэрэ, сахалыы спорт көрүҥнэрин күрэҕэ былааннаахтык, тиһигин быспакка ыытыллаллар.

Оҕолор уон сыл анараа өттүгэр сахалыы таҥнартан, оһуокайга кыттартан кыбыстар буоллахтарына, билигин, таҥастарын кэттилэр да, олус дьоһуннаахтык тутталлар, бэл, олоҥхону толорорго холонон көрөр буоллулар. Бу араас хайысхалаах үлэни оскуолаҕа саха тылын учууталлара иилээн-саҕалаан ыыталлар, тэрийэллэр. Ол курдук, олоҥхо, фольклор хайысхатынан уһуйууга Ж.Н. Петрова, Е.Г. Антонова (эбии үөрэхтээһин педагога), дорҕоонноохтук ааҕарга үөрэтэргэ А.М. Осипова, литературнай биэчэрдэри, түмсүүлэри тэрийэргэ С.И. Сорокоумова ордук табыллан үлэлииллэр. Саха тылын учууталларын холбоһугун үлэтин аттаран, былааннаан, методическай көмөнү оҥорон, үрдүк бэлэмнээх, таһымнаах учуутал К.С. Белолюбская салайар. Үөһэ ааттаммыт учууталлар көҕүлээһиннэринэн сахалыы тылынан тыйаатырга учууталлар бөлөхтөрө тэриллэн, сыл аайы саха суруйааччыларын айымньыларынан оҕолорго, кэллиэгэлэригэр испэктээк туруоран биһирэнэллэр. Бөлөххө араас предметтэр учууталлара дьарыктаналлар. Ол курдук, П.В. Васильев (информатика), И.Н. Алексеев, П.М. Илларионов (физкультура), Н.Е. Шестакова (нуучча тыла литературата), П.А. Осипов (технология) араас оруоллары ситиһиилээхтик оонньууллар. Кинилэр оҕолорго холобур, көҕүлүүр күүс буолаллара саарбаҕа суох.

Көрөөччүлэрбит, көннөрү истээччилэрбит да, тэҥҥэ сайдаллар эбит диэн быйыл «Олоҥхо тула түмсүөҕүҥ» киэһэҕэ чаас устата олоҥхону оҕолор, учууталлар толорууларыгар саалаҕа мустубут 150 тахса оҕо олус чуумпуран, болҕойон истибитин көрөн, санаатым.

Тус бэйэм кэтээн көрөрбүнэн, бэйэтин омук быһыытынан уратытын өйдүүр, сайыннарар оҕо олох үгүс хайысхатыгар ситиһиилэнэр, атын омук оҕолоругар, дьонугар ытыктабыллаах, болҕомтолоох сыһыаҥҥа үөрэнэр.

Сулгачана Кириллина, 6 «а» уонна 8 «а» кылаас үөрэнээччилэрин төрөппүтэ:

– Оҕону иитии төрүт тылтан саҕаланыахтаах диэн толкуйтан сахалыы хайысхалаах уһуйаантан саҕалаабыппыт, билигин уолаттар иккиэн саха кылааһыгар үөрэнэллэр. Эдик олоҥхону уһуйааҥҥа саҕалаабыта, «Хотугу сулус» күрэс лауреата. Радик убайын көрө-истэ сылдьар буолан, олоҥхоҕо сыһынна. Уолаттар алын кылаастан учууталларын көмөлөрүнэн фольклор устуудьуйатыгар сылдьыбыттара. Быйыл иккиэн улахан олоҥхоҕо кытыннылар. Мин санаабар, уһуйааччы оҕолору сөрү-сөпкө оруолларга арааран, ис турукка киллэрэн, сүрдээх интэриэһинэй олоҥхону туруорбуттар. Уолаттар сахалыы иитиилээх буоланнар, толлубакка кытыннылар. Бу төрөппүт эрэ буолбакка, учуутал Жанна Николаевна улахан сыралаах үлэтин түмүгэ.

Надежда  Николаевна Никифорова, алын кылаас учуутала:

– Биһиги оскуолабытыгар тѳрѳѳбүт  тыл уонна  литература нэдиэлэтэ үрдүк  таһымнаахтык уонна дириҥ ис хоһоонноохтук ыытыллар. Саха тылын учууталларын методическай холбоһуга ахсаан ѳттүнэн аҕыйах да буоллар, сыллата кыайа-хото тутан ыыталлар. Быйыл нэдиэлэбит олоҥхоҕо ананна. Мин  7 «а»  кылааска үѳрэнэр сиэним Сияна Татаринова, хаһан  да  оһуохай тылын эппэтэх оҕо, салайааччыта, саха тылын  учуутала Ж.Н. Петроваҕа дьарыктанан, оһуохай таһаарда. Ону сэргэ куорат, өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа таһымнаах күрэстэргэ ситиһиилээхтик кытынна. Онон мин билиҥҥи дьалхааннаах кэмҥэ тѳрѳѳбүт тылбыт сүтэн симэлийбэтин туһугар  айымньылаахтык ылсан үлэлии сылдьар саха тылын учууталларыгар ситиһиини баҕарабын.

Аина Иванова, 11-с кылаас үөрэнээччитэ:

– Төрөөбүт тыл күнүгэр аналлаах тэрээһиннэргэ сылын ахсын учууталлыын, оҕолуун бука бары оллоонноон олорон олоҥхолуубут. Быйыл Жанна Николаевна: «Олоҥхоттон быһа тардан тойуктуугун дуо?»– диэбитигэр тута сөбүлэспитим. Ис дууһабыттан астынан туран туойбутум, онтон олус үөрбүтүм уонна дуоһуйбутум. Учууталларым хайгыыр тылларын истэммин наһаа долгуйбутум. Төрөөбүт  тылбыт, олоҥхобут салгыы сайдыан баҕарабын!

Мотрена Николаевна Алексеева, 4 «б» кылаас төрөппүтэ:

 Быйыл учууталларбыт Наталья Петровна, Евдокия Гаврильевна «Эр Хаан Боотур» олоҥхону туруоран, «Арт Севера» бэстибээлгэ кытыннылар. Биһиги уолбут Лионель Абааһы уолун оруолун толордо, тылын-өһүн үөрэтэригэр улахан мэһэйи көрсүбэтэ. Уобараһы арыйарыгар Евдокия Гаврильевна өҥөтө улахан. Биһиги, төрөппүттэр, таҥас-сап тигэн көмөлөстүбүт. Фольклор куруһуогар уолбут олус сөбүлээн сылдьар. Элбэх киһи иннигэр толлубакка саҥарарга, туттарга-хаптарга үөрэннэ. Олоҥхо диэн, мин саныахпар, киһиэхэ тулалыыр эйгэни дириҥник анааран көрөрүгэр, үрүҥү-хараҥы быһаарарга үөрэтэр. Билиҥҥи кэмҥэ патриоттуу тыыны иитэргэ төһүү күүс буолара саарбаҕа суох. Олоҥхону ааҕар, үөрэтэр, истэр оҕо толкуйдуур дьоҕура сайдар, өйө-санаата аһыллар. Биһиги учууталларбытыгар улахан махталбытын тиэрдэбит.

Сандал Белолюбскай, 8 «а» кылаас үөрэнээччитэ:

– Биһиги кылааспытыттан аҕыс буолан П.А. Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотуттан быһа тардыыга кытынныбыт. Куруук хоһоон ааҕыытыгар, сценкаҕа оонньуурга кыттар буоламмыт, үөрэ-көтө сөбүлэспиппит. Бастаан бэриллибит тиэкиспин ааҕан баран, уустук тыллардаах дии санаабытым, онтон тыл суолтатын үөрэтэн бардахха, наһаа ыарахан буолбатах эбит. Дьиҥэр, саха литературатын уруоктарыгар сыл аайы олоҥхону билсэбит, ааҕабыт, тылын, ойуулуур ньымаларын, олоҥхо уобарастарын ырытабыт. Ол эрээри оруолларынан үллэстэн толорор интэриэһинэй эбит. Ордук олоҥхо хас биирдии уобараһа тус-туһунан матыыптаах буоларын сөбүлээтим. Бу олоҥхобутун биһиги оскуолаҕа уонна куоракка толордубут. Оскуолаҕа толорорбутугар учууталлар эмиэ олоҥхолоспуттара интэриэһинэй этэ. Куоракка «Арт Севера» Бүтүн Арассыыйатааҕы бэстибээлгэ кыттан 2-с истиэпэннээх дипломант буолбуппут, ону таһынан А.Е. Кулаковскай аатынан дыбарыаска саха тылын учууталларын “Алгыстаах сахам тыла” ассоциацияларын сүрэхтэниитигэр кыттыбыппыт. Маннык кыттыыбыт аайы элбэх саҥаны көрөн-истэн иһэбит. Уонна саха буоларбытынан, сахалыы саҥарарбытынан киэн туттабыт.

Володя Антонов, 8 «а» кылаас үөрэнээччитэ:

– Мин кыра эрдэхпиттэн сахалыы ырыаны-тойугу тэлэбиисэринэн сөбүлээн истэр этим. Иккис кылааска Ньурба 3 №-дээх орто оскуолатыгар үөрэнэ сырыттахпына учууталым Марфа Андреевна чабырҕахха уонна хомуска үөрэппитэ. Онтон А.В. Антонова, В.Н. Платонов куруһуоктарыгар тойукка, оһуохайга дьарыктаммытым, күрэхтэргэ кыттан миэстэлэһэр этим. Дьокуускайга көһөн кэлэн Е.Г. Антонова салайар фольклор куруһуогар сылдьабын. Манна туойабын уонна оһуохай тылын этэбин. Оттон олоҥхолуурга саҥа үөрэнэн эрэбин. Аан маҥнай олоҥхо ис хоһоонун ааҕан баран, тылын-өһүн, дьоруойдарын ырыппыппыт. Ол кэннэ Евдокия Гаврильевна, хас биирдии уобараһы арыйарга хайдах толоруллуохтааҕын быһаара-быһаара, олоҥхо видеоматырыйаалларын көрдөрбүтэ. Ол иннигэр хоһоон уонна олоҥхо ааҕыллыыта уратылааҕын үөрэппитэ. Олоҥхо тыла ыарахан уонна тиэкиһэ уһун буолан, үөрэтэрбэр син ыарырҕаттым. Түргэнник өйбөр киирдин диэн чааһынан арааран үөрэттим. Абааһы Уолун тойугун кыайа иликпин, онтубун көннөрүөхпүн наада.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...