14.01.2020 | 12:14

ТАҤХА ООННЬУУЛАРА

ТАҤХА ООННЬУУЛАРА
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Аныгы кэм киһитин олоҕо дьалхааннаах, араас иһитиннэрии да элбэҕэ, киһи кутун-сүрүн ыһар, аймыыр. Кэнники кэмҥэ аан дойду үрдүнэн духуобунаска болҕомто улаатта. Итэҕэл боппуруоһа ол иһин сытыытык турар. Саха киһитэ чараас эйгэлээх диэн мээнэҕэ эппэттэр. Таҥха Хаан таайтарыылаах кэмигэр киһи тас эйгэттэн ис туругун иһиллэнэн көрөр, инникитин билиэн-көрүөн баҕата биллэ улаатар. Бүгүҥҥү нүөмэргэ таҥха оонньууларын ааҕааччы болҕомтотугар таһаарабыт.

Түөрэх быраҕыы    Былыр түөрэх быраҕыы улаханнык тэнийбитэ. Бараһыайдыыр киһи тугу эмит ыйытан баран ньуосканы, бэргэһэни, үтүлүгү, сүөһү алын сыҥааҕын, о.д.а. үөһэ быраҕара. Ити мал-сал умса эбэтэр олоро түһэринэн инники дьылҕаларын билгэлииллэрэ. Холобура, ньуосканы үөһэ быраҕан баран: «Бу сырыыга булпар баартаах буоллахпына түөрэҕим олоро түс, оттон тыаттан кураанах эргиллэр буоллахпына түҥнэри түс», - дииллэр. Ньуоска умса түстэҕинэ табыллыбат бэлиэнэн ааҕыллар уонна таайааччылар аат эрэ харата «былаҕай» диэн саҥа таһаараллар, оттон ньуоска аһыыр оттүнэн үөһэ көрөн түстэҕинэ, ити баарды билгэлиир, оччоҕо дьон «Туску!» диэн саҥа аллайан, үөрэн үөһэ ууналлар. Маннык билгэлээһиҥҥэ туттуллар мал-сал «түөрэх» диэн ааттанар.

 Түҥ былыргы уонна тарҕаммыт таайыы ньымата «Сыҥаах ойуун» диэн. Уол эбэтэр кыыс тымтыгы устатынан үс гыммыттан бииригэр диэри хайытар, онно туора эмиэ тымтыгы кыбытар. Ол кэнниттэн бу «сыҥаах ойууну» көмүлүөк оһох холумтаныгар батары анньан баран, туора маһын ортотунан уматаллар. Тымтык умайан бүттэҕинэ икки аҥы арахсан, арыый бүтүн өттө туора баран түһэр. Ити тымтык хайа диэки түһэриттэн уол кэргэн ылар кыыһа, кыыс эргэ тахсар киһитэ олорор сирин сылыктыыллар. «Сыҥаах ойууҥҥа» эрдэттэн ыйытыы биэрэн, тугу баҕарар таайыахха сөп. Холобур, «кэтэһэр киһим бүгүн кэлэр түбэлтэтигэр инники муннукка, оттон кэлбэт буоллаҕына ааҥҥа ой» диэхтэрэ.

Суол аттыгар лабаалары туруортааһын

Сүөһү уулатар ойбоҥҥо барар суол аттыгар киэһэ талах лабааларын дьиэҕэ баар киһи ахсаанынан ааҕан хаарга туруору анньаллар. Сарсыарда көрдөхтөрүнэ, ыарыыга хаптарар киһи лабаата хоҥкуйбут эбэтэр бүк түспүт буолар. Оттон чэгиэн киһи талаҕын лабаата биир кэм турар.

Хорҕолдьунунан таайыы

Ууга ууллубут хорҕолдьуну куталлар. Хорҕолдьун кытаатарыгар элбэх чааска араҕыстаҕына уулларбыт киһи өлөрүн, оттон биир кэлимсэ буола кытааттаҕына киһитэ этэҥҥэ олоруоҕун билгэлиир. Хорҕолдьун ортокута бүтүн куһуок уонна тулатыгар ооҕуй оҕустуу элбэх салаалардаах буолар түбэлтэтигэр, ол киһи ыччаттардаах буолар.

Түннүккэ хайаҕаһы үүттээһин

Түүн ыалларын дьиэтигэр тиийэн, хотонтон ынах сааҕын эһэр муус түннүккэ эриллэҕэс күлүүс тылынан дьөлө үүттээн хайаҕас оҥороллор. Ол хайаҕаска кулгаахтарын даҕайан, хаһаайыттар кэнэҕэски олохторун туһунан кэпсиир саҥаны истэллэр.

Түннүк анныгар иһиллээһин

Түүн ыалларын түннүгүн анныгар иһиллииллэр. Хаһаайын уола сотору кэминэн ойохтонор буоллаҕына, иһиллээччи бөрө улуйар саҥатын, оттон кыыһа эргэ тахсар түбэлтэтигэр ыт үрэрин истэр. Дьахтар төрүүрүгэр чыычаах ыллыыр. Ким эрэ бу дьонтон өлөр буоллаҕына, дьиэни сиппийэр эбэтэр хаптаһынынан уһанар тыас иһиллэр.

Хаары сиидэлээһин

Киэһэ сэргэни тула хаары сиидэлээн куталлар. Сарсыарда эрдэ туран ити хаары көрдөххө, араас суол-иис хаалбыт буолар. Сиидэлээбит киһи байыах буоллаҕына хаарга кулунчук, торбос туйаҕын суола көстөр. Оҕо төрөөрү гыннаҕына оҕо атаҕын суола, оттон өлүүгэ түбэһиэх буоллаҕына, хоруоп эбэтэр киһи уҥуоҕа көстөр.

Ууга сабынан таайыы

Уоллаах кыыс холбоһоллор дуу, суох дуу диэн таайаллар. Икки синньигэс иҥиир утахтарын иһиккэ кутуллубут уу үрдүгэр кэккэлэһиннэри уураллар. Утахтар бэйэ-бэйэлэригэр сыстыһан эриллэллэр, ол аата ыал үөскүүр. Оттон арахсар буоллахтарына, утахтар чиэрбэ курдук хамсыы-хамсыы тус-туһунан бараллар. Ыччаттар дьээбэлэнэн, утахтар хамсаныыларыгар уол уонна кыыс майгыларыгар, тутта-хапта сылдьалларыгар майгынната көрөн күлэллэр-үөрэллэр. Ордук дьээбэлээх тыллаах киһи баар буоллаҕына, араас бэргэн тылы быраҕан, дьону уҥа-хаҥас күлүөхтэригэр диэри саататар. Холобур: “Оойуут!... Уолбут сирэн атын сир диэки олоҥнуу, куоҕаҥныы, хончоҥнуу турда дии!... Ээйиис!... Аны кыыспыт эҥин-эҥин буолан сөрүөҥнүү, мунньаҥныы, дьибилиҥсэлэнэ сытар дии!...”.

Этэрбэс хаамара  

Балаҕан аанын утары ортоку оронтон этэрбэһи ааҥҥа диэри хаамтараллар. Ол аата этэрбэс тумсун эбэтэр тилэҕин орттуттан тутан, тилэх уһаты кээмэйинэн мээрэйдээн эргитэн, тилэҕин эбэтэр тумсун солбуһуннары  уурталаан көнөтүк аан боруогар диэри тиийэллэр. Этэрбэс боруокка тумсунан тиийдэҕинэ кэтэр киһитэ сотору кэминэн өлөр, оттон тилэҕинэн буоллаҕына этэҥҥэ хаалар. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...