13.04.2023 | 13:30

Таҥара сэрэҕи таптыыр

Олох аҕыйах кэминэн Сахабыт сиригэр өрүстэр эстиилэрэ, халаан тиэмэтэ биир сүрүн кыһалҕанан буолуоҕа. Онуоха бу ый ортотуттан халаантан сэрэтии үлэлэрэ, төһө уу кэлиэй, ханнык дэриэбинэлэр кутталга олороллоруй диэн сабаҕалааһын тустаах тэрилтэлэртэн киириэхтээх.
Таҥара сэрэҕи таптыыр
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Быйылгы халаан этэҥҥэ аастар ханнык

Маннык көрдөһүүлэри өрүс кытыытынааҕы дэриэбинэлэр олохтоохторо эрэ буолбакка, бүтүн Саха сирин олохтоохторо сылын аайы этэр буолуохтаахтар. Саатар быйыл түспүт хаар хаһааҥҥытааҕар да халыҥын, элбэҕин киһи эрэ барыта соһуйа, сөҕө кэпсэтэр, улахан халаан буолуон сөп диэн тойоннуур.

 

Куорат барыта ууанныгар барбыта

YakutiaMedia интэриниэт сайт суруйарынан, саамай улахан уу кэлиитэ 1863 сыл ыам ыйын 11 күнүгэр буолбут. Архыыпка хараллан хаалбыт докумуон кэпсииринэн, куорат барыта ууга барбыт.

Ол курдук, бастаан куорат соҕуруулуу-арҕаа уонна илин өттүн уу ылбыт. Аппа уҥуор (Залог) намыһах сиригэр дьиэлэр кырыыһаларыгар диэри тимирбиттэр. Нөҥүө күнүгэр киинтэн ураты куорат бүтүннүүтэ кэриэтэ ууга барбыт. Халаан биричиинэтинэн Дьокуускай алын өттүгэр 10 килэмиэтирдээх сиргэ муус харыыта буолбут. Хоромньу  3 523 солкуобайынан ааҕыллыбыт.

Маннык улахан, күүстээх халаан өссө 1894 уонна 1913 сс. буолбут.

1848 сыллаахха сааскы халаан уута Боҕоруоскай таҥара дьиэтин Аппа оройуонун уонна куорат икки ардынан киирэн хотооллору барытын толорон, Дьокуускай үрдүк сирдэригэр кытта тиийбит. Аччыгый ырыынагы (Куруһаала), Боҕоруоскай таҥара дьиэтин, Российскай-Американскай хампаанньа дьиэтин (кэлин реальнай училище, Ярославскай уонна Кулаковскай уулуссалар муннуктара) халаан уута ылбыт.

1999 с. халаан уутуттан Дьокуускайга ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллибитэ. Аллараа тардыынан харыы тахсан, өрүс таһыма эмискэ үрдээбитэ. Оччолорго олохтоох былаас байыаннай лүөччүктэртэн көмө көрдөөбүтэ. Харыы тахсыбыт сиригэр буомба бырахпыттара. Онуоха Хабаровскай авиадивизиятын биэс СУ-24 сөмөлүөтэ үлэлээбитэ. Дьокуускай кытыыларыгар 300-тэн тахса дьиэни уу ылбыта.

Билигин да сылын аайы намыһах сиргэ олорооччулар дьиэлэрэ ууга барар. 2020 сыллаахха Даркылаах дьоҕус оройуонугар 52 даача дьиэтин уу ылбыта.

Саас кэллэ да бэлэмнэнэн барабыт

Бүгүн Өлүөнэ эбэ кытыытыгар олорор, сыл аайы халаан кэлиитигэр бэлэмнэнэр, барытын бэйэтин этинэн-хаанынан билбит ааҕааччыбыт кэпсээнин истиэҕиҥ:

“Өйдөөн хаалбыппынан, бастаан утаа саҥа сиргэ, улуу Эбэбит кытылыгар турар дэриэбинэҕэ үлэлии кэлбиппэр, ийэм сэрэппиттээх, ийэ буолар кыыс-дьахтар өрүс эстэрин көрүө суохтаах диэн. Былыргылар халааҥҥа Эбэ долгунун сүүрүгүн сүүрүк аттаах да киһи кыайан сиппэт түргэнэ дииллэрэ. Халаан уута оннук омуннаахтык, түргэнник  тахсыан сөп үһү.

Өрүс эҥээр олорор нэһилиэнньэлээх пуун ыалларыгар сыллата халаантан бэлэмнэнии  үлэлэрэ эрдэттэн ыытыллаллар.  Бастакынан эрэллээх санаалаах сылдьарга дьиэҕин, олбуоргун страховкалатаҕын. Айылҕа хаамыытынан билгэһиттэр, туһааннаах уу үлэһиттэрэ быыстала суох  сэрэтэр үлэлэри, иһитиннэриилэри оҥороллор. Таҥара сэрэҕи сөбүлүүр, хас биирдии ыал өрүү буоларын курдук ууттан сэрэхтээхтик олоробут. Нэһилиэккэ баар бааһынай хаһаайыстыбалар, кэтэх хаһаайыстыбалаах ыаллар сүөһүлэрин, сылгыларын анал хааччахтарга, отторун, аһылыктарын бэлэмнээн үрдүк сиргэ көһөрөн таһаараллар. Оҕуруот  биригээдэлэрэ тиэхиньикэлэрин, малларын өрө тардаллар, анал сиргэ көһөрөллөр. Ууга барар ыалларга эвакуационнай лиис туттараллар. Олохтоох дьаһалта быстах кэмнээх анал пууннары олохтуур, улуустан көмөҕө ЫБММ, дьаһалта, тэрилтэ үлэһиттэрэ халаан күннэригэр кэлэн кэтэбил, сэрэтэр үлэлэри ыыталлар. Түүннэри-күнүстэри дьуһуурустубалыыллар. Ити курдук халаан уутун этэҥҥэ аһарарга элбэх, былааннаах  үлэ ыытыллар.

Чааһынай ыал саныыр санаата, кэпсэтэр сонуна “тугу иһиттигит, биллигит-көрдүгүт?”, “быйыл уу кэлэр үһү дуо?”,  “уу кэлбэтэ буоллар...”,  “тугу дьаһанныҥ, туоххун ханна өрө тартыҥ?”,  “хайа ыалга куотаҕын?” эҥин диэн бүппэт элбэх, хатылана турар кэпсэтиилэр буолаллар.

Халаан күннэригэр  дэриэбинэ дьоно –  оҕолуун-улаханныын утуйбат күннэрэ саҕаланаллар. Эбэҕэ киирэн муус хамсыырын, устарын кэтээһин, бырааһынньыкка курдук, биэрэккэ киһи тоҕуоруһа мустар, уу туһунан сылыктааһын буолар. Өрүс эстиэн иннинэ күн-дьыл тыаллаах, хахсаат, көмүөл мууһун тымныы салгына бүрүүкүүр, мууһу кэбирэтэн, ардаан да ылар. Онтон эһиннэҕинэ, киһи сымыйаргыах сайыҥҥы уу нуурал, чуумпу, сылаас күннэр тураллар. Уу чугаһаатаҕына, хаатыттан таһаардаҕына, аҕабыт биһигини оҕолорбунуун, кырдьаҕастарбытыныын уу ылбат ыалыгар, өйүөлээн-тайаалаан көһөрөөччү. Бэйэтэ хаһаайыстыбатын, дьиэтин харабыллыы хаалар.

1998 сылга бастакы күүтүллүбэтэх элбэх уу кэлбитэ. Ленскэй куорат ууга барыытын тэлэбиисэринэн көрбүппүт,  бэлэмнэнии, хамсаныы саҕаламмыта. Аҕабыт биригээдэтин сүөһүтүн, үлэһиттэрин сайылыкка көһөрөн, бэйэбит сүөһүлэрбитин, тиэхиньикэлэрбитин, булууспут аһын үөһэ ыалга таһааран баран, үлэтин наадатынан ыраах ыксаллаах командировкаҕа айаннаабыта. Мин эрэлим оскуолаҕа үөрэнэр оҕолорбор этэ. Көһүү күүстээх үлэтэ саҕаламмыта. Дьиэ иһинээҕи малбытын, таҥаспытын барытын дьиэ үрдүгэр хаптаһынынан кирилиэс курдук оҥорон, уол үөһэттэн, биһи аллараттан, суорҕаҥҥа суулаан состорон, үтэн таһаарбыппыт. Миэбэллэри кыайар өттүн үктэлгэ, сорох малларбытын суумкаларга симэн тоһоҕоҕо, оһохпут систиэмэтин турбатыгар иилбиппит, матараастары дьиэ өһүөтүгэр сүүрбэлээх тоһоҕолорго быалаан ыйаабыппыт. Хомунан бүтэн баран уу быһыан иннинэ оҕолорбун ыалга хас да күннээх өйүөлэрин туттарбытынан ыыппытым. Биир оҕом барахсан тылланан, күүһүнэн миэхэ доҕор буолан хаалбыта. Ол сыл улахан уу кэлбитэ. Уу кэлэн аастаҕына сылайбыт дьон аны малларбытын оннуларын булларыы үлэтэ буолар. Ол утуйбакка сылайбыт киһиэхэ сылаалаах буолааччы. Сорох сыл малларбытын таҥас өттүн массыынаҕа аҥаар кырыы симэн ыытааччыбыт. Онтон таҥаскын да булан таҥнарыҥ эрэйдээх буолааччы.

2013 сыллаахха ыам ыйын 14 күнүгэр киһи өйүгэр-санаатыгар умнуллубат улахан уу кэлбитэ. Сыллата буоларын курдук хомунан олорбуппут. Дьиҥэр, бастакыттан уу ылыахтаах нэһилиэктэринэн син этэҥҥэ ааһан испитэ. Эмискэ улахан харыы тахсан, бөһүөлэккэ начаас халыйан тахсыбыта, ити киэһэттэн саҕаламмыта. Дьиэҕэ малы-салы эбии өрө тардыы буолбуппут. Сарсыныгар күнүс өссө күүһүрбүтэ. Сиргэ маһынан аспыт бэлиэбитин көрөн турдахпытына тоҕо көппүтэ.  Аны туран сүүрүгэ күүһүрэн олбуорбутугар киирэн, дьиэбитин иилии эргийбитэ. Долгуйуу, ыксал буола түспүтэ. Кырдьаҕастары, оҕолору көһөрүү саҕаламмыта. Бөһүөлэк иһэ дьон саҥатынан, сүөһү маҥырааһынынан туола түспүтэ. Тиэхиньикэ кэлиитэ-барыыта сыыдамсыйбыта. Докумуоннарбытын, наадалаах малларбытын эрдэ ыалга уурааччыбыт. Хайа күн дьон үксэ уу ыы муннугар анньан  кэллэҕинэ биирдэ көһөрдүү көһөр буоларбыт. Тыҥааһыннаах кэмнэр саҕаламмыттара. Уу улааппытыгар кырдьаҕаспын уонна оскуолаҕа үөрэнэр кыыспын дьиэбит  кирилиэһиттэн мотуорканан кэлэн көһөрбүттэрэ. Бэйэм хаалбытым, өссө да өрө тардар баар буоллаҕа.

Уу өссө улааппыта, туох эрэ чыккырыыр тыаһын дьиибэргии истэн, умуһахпын арыйбытым, уу быччас гыммыта, муостабытыгар таһааран, ыксаан эмиэ мотуорка ыҥыртаран ыалга  көспүтүм. Ити курдук харыы буомбалыылларын да истибэтэҕэ. Уоппут эрдэттэн барбыта, аймахтарбытын кытта да сибээстэһэр күчүмэҕэй буолбута. Хонтуораҕа ыстаансыйа холбоммута,  уот онно эрэ баара. Уһун уочаратынан төлөпүөҥҥүн ииттэрэҕин. Оскуола остолобуойугар итии аһынан хааччыйбыттара, медпуун тэриллибитэ, доруобуйабытын бэрэбиэркэлэтэрбит. Уопсайа биэс күн устата харыы хамсаабатаҕа, уубут турбута. Элбэх буомбалааһын түмүгэр харыы төлө баран, уубут сыыйа түспүтэ.

Ырааҕынан, онон-манан эргийэн нэһиилэ  дьиэбэр кэлбитим, таһыттан киһи көрөн хараастар хартыыната буолан тоһуйбута. Ама, бу мин дьиэм этэ дуо,  дьиэбэр киириэхпин да саллыбытым. Туох эрэ кэлэн үнтү ытыйбытын курдук көстүү. Дьиэм иһэ күөрэ-лаҥкы баран, муосталара кумаҕынан туолан, үөһэ-аллара барбыттар, ороннорбут, туумбаларбыт миэстэлэриттэн сыҕарыйбыттар, иһит-хомуос, мал барыта дьиэ түгэҕиттэн айаҕар тиийэ сиринэн ыһыллан онно-манна сыталлара. Кыстык оттор маспыт, саһааммыт онно эрэ оҥойон хаалбыт, биир хардаҕас, хатырык да хаалбатах. Тэпилииссэм устубут, ханна эрэ тиийэн иҥнэн тураахтыыр, парниктарым буордуун сыттара да суох. Тэлгэһэни биир гына кэлии бөх. Олбуорум  штакетнига алдьаммыт. Туохтан да саҕалаан хомунар, өрө тардар кыах суох. Сииктээх дьиэҕэ салгыы олорор эмиэ  кыаллыбат, ыалынан хоно сырыттыбыт. Кырдьаҕастары сайын устата кырдьаҕастар дьиэлэригэр, оҕолору соҕуруу лааҕырдарга ыыталаабыттара. Уоппут хойут биирдэ оҥоһуллан кэлбитэ, табаарыстарбыттан хардары-таары ыстаансыйа уларсан морозильникпытын холбоммуппут, кэлин куораттан ыстаансыйа ылларан онон олорбуппут. Биэрэк алдьанан, уубут суола хойут аһыллыбыта.

Бэс ыйын саҥатыгар куораттан аймахтарым, оҕолорум мустан, түмсэн, сүүрбэччэ буолан кэлэн улахан субуотунньук үлэтэ саҕаламмыта. Дьиэбит түннүгүн барытын ылан, малы-таҥаһы  шатердарга, тэрээһэҕэ таһааран, муостатын барытын көтүрэн сайыны быһа салгылаппыппыт. Икки бирисиэп сытыйбыт малы, таҥаһы сыбаалкаҕа ыыппыппыт. Сэнэх өттүн хаалларан, хас да түһүмэҕинэн сууйан салгылаппыппыт. “Ойуурдаах куобах охтубат” диэн норуот өһүн хоһооно баар. Аймахтарбыт, табаарыстарбыт өйөбүллэринэн сайыны быһа чөлүгэр түһэрэр үлэ буолбута.  Докумуон толорторуута, онно кэлии-барыы саҕаламмыта. Улаханнык ууга барбыттарга дьиэ сертификатын түҥэппиттэрэ. Улуустан, өрөспүүбүлүкэттэн, тэрилтэлэртэн бородууктанан, харчынан, тутуу матырыйаалынан, кирпииччэнэн  гуманитарнай көмө оҥоһуллубута.  Ити сайын уһун, ыарахан күннэр ааспыттара, былааннаах сааскы үлэбит барыта ыһыллан хаалбыта. Эһиилигэр биирдэ дьиэбит муостатын, баалкытын уларытан оҥорторбуппут. 

Ити сылтан ылата күн бүгүнүгэр диэри муостам тэллэйдэнэн сайын аайы ол үлэтин эрэйэ.

Уу содулуттан хомунуу  хас да сыл устата чөлүгэр түспэт  үлэ буолбута. Чугас дьоммут өйөөннөр санаабытын өрө көтөхпүттэрэ. Бары көмөлөспүт дьоммутугар, аймахтарбытыгар, тэрилтэлэргэ, улууспут, өрөспүүбүлүкэбит дьаһалтатыгар махталбыт муҥура суох.

Билигин үөрүйэхпитинэн саас эрэ буоллар эрдэттэн бэлэмнэммитинэн барабыт. Судаарыстыба, бырабыыталыстыба төһө да кэмнэммэт элбэх үлэ ыытарын үрдүнэн, халаан уута этэҥҥэ кэлэн ааһара, тус айылҕабытыттан эмиэ тутулуктаах буоллаҕа. Халаан уута этэҥҥэ, содула суох ааһарыгар ис сүрэхпититтэн баҕарабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...