30.07.2023 | 10:00

Түүҥҥү уоттаах Дьокуускай!

Репортаж
Түүҥҥү уоттаах Дьокуускай!
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

«Хаачыстыбалаах уонна куттала суох суоллар» национальнай бырайыак иитинэн 2019 сылтан Дьокуускай куорат суолларын 66 % нуормаҕа сөп түбэһэр гына оҥоһулунна. Ол иһигэр быйыл Ленин проспегын Хабаров уулуссатыттан Краснояров уулуссатыгар диэри 2 км 946 м усталаах кэрчигин хапытаалынай өрөмүөнэ түмүктэнээри турар.
Бэҕэһээ киэһэ куорат киин уулуссатыгар тахсан, өрөмүөн үлэтэ хайдах бара турарын көрдүбүт.

Бу Олохтоох дьаһалта дьиэтин иннэ. Саҥа аспаал тэлгэммит, сатыы дьон ааһарыгар киэҥ да киэҥ тротуар ууруллубут.
Куорат дьоно үлэтиттэн дьиэлээн иһэр: ким — бэлисипиэтинэн, ким самокатынан айанныыр.
«Московскай» атыы-эргиэн киинин тиэргэнин номнуо оҥорон бүтэрбиттэр. Мэктиэтигэр болуоссата кэҥээбиккэ дылы, туох-ханнык маҕаһыыннар бааллара дьэ көстөр буолбут.
Сорох суол бэлиэлэрэ хам баайыллан тураллар, бу төһө сөбө эбитэ буолла? Ханныгын да иһин, киин уулуссанан тырааныспар да, сатыы дьон да күннэтэ сылдьаллар эбээт.
Куорат киин ууллуссата буолан, ырааһа эриэккэс. Ол эрээри бөх быраҕар баахтар суохтара дьикти. Биир эмэ баара уулусса уһугар турар. Эмиэ даҕаны, биир өттүнэн ылан көрдөххө, бөх иһитэ суох буоллаҕына, баҕар, бэйэ бодобутун тардыныахпыт буолаарай?
Хомойуох иһин, маннык үчүгэй өрөмүөннээх киин уулуссабыт биир истиилгэ киирэ илигэ уопсай хартыынаны буортулуур эбит. Онон урбаанньыттар тас барааннарын дизайн-кодка олоҕуран тупсардаллар бэрт этэ.
Орджоникидзе болуоссатын уонна ЛОРП дьиэтин таһыгар оруобуна  аспаал кута сылдьалларыгар түбэстибит. Прорабтан тиийэн сураһа сатаатыбыт да, суруналыыстары кытта кэпсэппэппин диэн аккаастаата. «Сөрүүҥҥэ үлэлиир быдан ордук”,— эрэ диэн хардарда.
Суол үлэтигэр тиэхиньикэ арааһа үлэлиир. Ол да буоллар ханнык да баараҕай бырайыак илии үлэтэ суох сатаммат. Кэлии омук дьоно тиритэ-хорута үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Уулусса кытыытыгар уу түһэр лотуоктара баар буолбуттар!
Сайыҥҥы сөрүүн киэһэҕэ ханна да ыксаабат, аа-дьуо хаамса сылдьар дьон элбээбитэ хараҕы сымнатар. Урукку оллур-боллур тротуарынан хаамыах оннугар дьиэҕэ олорбут быдан ордук курдуга.
Киин уулуссаҕа ыскамыайка диэн суоҕун кэриэтэ. Уу, гаас, уот ситимнэрин уларытыы, от-мас олордуута, саҥа ыскамыайкалары туруоруу – бу барыта кэлиҥҥи, түмүктүүр үлэлэр.
Суолбут кэҥээбитэ тыынарга кытта ордук курдук буолбут. Ленин проспега – киин уулусса, онон суол үлэтэ үйэҕэ биирдэ ыытыллар.
Ленин проспега аны күһүн аһыллара былааннанар. Силигэ ситтэҕинэ, үлэ барыта түмүктэннэҕинэ, чахчы даҕаны, бука бары «ама, бу биһиги куораппыт дуо?!» диэн үөрүөхпүт эрэ! Бэл билигин букатын атын дойдуга сылдьар курдук сананаҕын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...