15.10.2022 | 10:00

Төттөрү төрүөх

Төттөрү төрүөх
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Мин олоҕу наһаа таптыыбын. Хаар кыыдамныырын, ардах курулаччы кутарын, этиҥ ньиргитэн этэрин, сибэкки тылларын, чалбах тахсарын, чыычаах ыллыырын, дьэдьэн үүнэрин. Тугу барытын таптыыбын. Дьону да сирбэппин. Кыыһырбыт киһи сирэйин көрдөхпүнэ, өссө күлүөхпүн баҕарабын. Тоҕо эбитэ буолла. Ким эмит туга да табыллыбакка үөҕүстэҕинэ, олох да ыллыахпын баҕаран кэлэбин.

Урут ийэм мөхтөҕүнэ, дэриэбинэм дьонун хос ааттарын субурутан хоһуйан барарым. Онтон ийэм күлэн хаалан миигин мөҕөрө тохтуура. Хата, салгыы истээри, ол хара соро буолара. Кини кыыһыран бүттэ да, ол хоһуйбутум барыта өйбүттэн көтөн хаалара. Уруокка учуутал кэтэххэ саайдаҕына эбэтэр укааската тостуор диэри оройго оҕустаҕына, собус-соруйан ымайан баран олорорум. Ийэм эмээхсин этэринэн, “төттөрү төрүөх” үһүбүн. Ол аата дьон курдук төбөм оройунан бу күн сиригэр күөлэһийбэккэ, атахтарбын адаарыппытынан төрөөбүт үһүбүн. Арааhа, ол иһин барыны-бары төттөрү оҥоробун быһыылаах.

Оҕо сылдьан бэтиэхэни олус сөбүлүүрүм, билигин да онтум батарбакка, тэһитэ кэйиэлээн ылааччы. Дьон саамай сөбүлүүр бырааһынньыктара Сана дьыл, Дьахтар күнэ, төрөөбүт күннэрэ эбит буоллаҕына, миэнэ миэнин курдук, таптыыр, ахтар бырааһынньыгым (мин эрэ бырааһынньык диибин) - Муус устар 1 күнэ. Дьэ, бу күн мин быарбын тарбыыр, анаан-минээн төлөпүөн аттыгар олорон доҕотторбун дьээбэлиир түгэним үүнэр. Маннык күнү мин, кыахтааҕым буоллар, хас ый бастакы күнүн аайы оҥоруом этэ. Инньэ диэн этии киллэрдэхпинэ, дьонум миигин төбөбүн көрдөрөрбөр сүбэлээччилэр. “Билиҥҥи олоххо атын да кыһалҕа элбэх, эн ол биhигини дьээбэлииргин, сүрэхпитин хайытаргын хаспыт тулуйуо буоллаҕай”, - дэһэллэр.

Ол курдук, былырыын, муус устар түүнэ үүнээтин кытта, төлөпүөн үрдүгэр түстүм. Үс табаарыспар эрийэн хачыгыраттым. “Хоту барар буоллум, атын дьахтары таптаатым, онон кэргэммиттэн арахсан эрэбин, сүбэлээҥ”, - диибин. Онуоха бастакы киһим: “Доҕоор, хата, тоҥ балыкта ыыта тураар, бултуу да тиийиллиэ, олохтоохтук оҥостон баран ыҥыраар”, - диэтэҕэ үһү. Иккис киһим: “Хайдах дьахтарый, тоҕо мин билбэккэ сылдьыбыппыный, бэйэтин курдук атын эрдэри иирдэр дьүөгэлээҕэ буолуо, хата, миигин билиһиннэрээр”, - диэннээх. Үһүс киһим букатын даҕаны: “Оччоҕо, хата, Клавушкаҥ соҕотохсуйууһук дии, мин кэмиттэн-кэмигэр доҕор буоллахпына, туорайдаспат инигин”,- диэн киһини ууга-уокка түһэрэ сырытта. Дьэ, мин, итинник буоллаххытына диэн баран, аны атын доҕотторбор эрийдим. “Доҕоор, аһара аһаан кэбиһэммин “эбисийээнньиккэ” түбэһэн сытабын, солуокта төлөөҥҥүт быыһааҥ эрэ”, - диибин. Дьэ, бу кэннэ дьонум туох диэбиттэрин эһиэхэ тиэрдэбин. Бастакы киhим: “Доо, ол ханна тиэрэ аһаатыҥ, тоҕо миигин ыҥырбатыҥ, ханна да сырыт, икки аата икки. Хайдах эмит өйөһүө этибит буоллаҕа”. Иккис киһим: “Оо, дьэ, харчым оруобуна бүтэһигин кылайа сытаахтыыр. Минуска баран, тобуктаан эрэбин. Хайыыр да кыах суох. Биир нэдиэлэ үлэлээн баран тахсыаҥ буоллаҕа. Көрсүөххэ диэри”. Үһүс киһим: “Харчым мэлигир, “гостиницаларын” төлөбүрэ ботуччу диэбиттэрэ. Хата, уһуур буоллаххына, ас илдьиэхпин сөп. Эрэһээҥки түннүгү эрбииргэр килиэп иһигэр кыракый тимир эрбиибин уган ыытабын дуо?”

Төрдүс киһим (юрист): “Көмөлөһөр кыаҕым суох. Ыстатыйаҕын эрэ сымнатыахпын сөп. Тугу оҥорбуппун өйдөөбөппүн диэ. Наһаалаабатаххына, бэккэлээтэр усулуобунай биэриэхтэрэ”.

Дьэ, ити курдук. Өлөр-хаалар күммэр быыһыыр-абырыыр доҕотторум эппиэттэрэ итинник буолан таҕыста. Ол кэннэ мин кими да утутан бэт. Ити кэпсэтиилэр барыта Клавушкам утуйбутун кэннэ, ванна иһиттэн тахсыталыыллар. Тоҥоммун суорҕанынан эринэн баран, өссө эрийтэлиир санааланным.

Бу – сарсыарда диэкинэн, халлаан сырдаан эрдэҕинэ этэ. Аны маннык диэн буолла: “Доҕоор, дьиэбэр хоно кэлбэтим, урут хаһан да маннык тахсааччыта суох этэ. Клавушкабар эрийэҥҥин элэ-была тылы этэҥҥин, уоскут эрэ. Миэхэ хонно диэ, төлөпүөммүт арахсан, сатаан биллэрбэккэ хааллыбыт диириҥ дуу. Онуоха биир табаарыһым балачча буолан баран эрийбитигэр: “Күтүр ханна да сырыттын, түүн аттыбар баарга дылы этэ дии, эмиэ үөннэнэн ханна эмит хороллон олороро буолуо. Тоҥноҕуна кэлиэҕэ”, - диэтэ диэн киһини хомотон турардаах.

Онон маннык түмүккэ кэлбитим. Туохха эмит түбэстэхпинэ, бары харчыта суох аатыраллар, атын дьахтары таптаатахпына, барыстаах эрэ өттүн саныыллар эбит. Ону таһынан эмээхсиммэр ымсыырааччылар кытары баалларын сөҕөн (дьиҥинэн, киһи ымсыырбат дьахтара, мин эрэ холбор сөп курдук), хата, Клавушкабын өссө таптыах, кимиэхэ да биэрбэт инниттэн өссө атаахтатыах курдук буолбутум.

Биир табаарыһым, хоту барарбын истэн, сарсыҥҥы күнүгэр: “Доҕоор, хата, массыынаҕын миэхэ чэпчэкитик атыылаабаккын дуо, син биир ол дойдуга омук массыыната сатаан айаннаабат буолуохтаах”, - диэн өссө эбии хомоппута. Онон быйыл доҕотторум ахсаана лаппа аҕыйаата, бу сырыыга кимиэхэ эрийиэхпин, тугу дьээбэлэниэхпин наар сыта-тура толкуйдуубун. Ээ, арба теща эҥин диэн баар этэ дии, уонна, били, эмээхсиним дьүөгэлэрэ, куруук ааммытын саппат эдьиийдэрэ, балыстара, бараммат аймахтара. Олорго анаан туох эмэ үөнү-күрдьэҕэни толкуйдуохха уолдьаспыт. Хата, дьиэбитигэр сылдьыбат буолуохтара, киһини аҕыйах кэмҥэ арыый да сынньатыахтара этэ.

Итинник толкуйдаан баран, аны биэс-алта ыйынан үүнүөхтээх таптыыр бырааһынньыкпын саныы-саныы, Клавушкам барахсан сылаас хоонньугар киирэн утуйан буккураан хаалбытым.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....