Үтүө саҕалааһын, үтүө дьыала, үтүө үөрүйэх
Дьокуускайдааҕы медколледжка ааспыт нэдиэлэҕэ икки дьоһун аахсыйа түмүктэннэ. Олохторун медицина курдук уустук эйгэни кытта ситимниир санаалаах үрүҥ халааттаах устудьуоннар үтүө саҕалааһыннарын ааҕыҥ, сэргээҥ.
Устудьуоннар туохха барытыгар өрүү көхтөөхтөр. Ол курдук, колледжка биллэриллибит экологическай аахсыйаларга ким да туора турбата.
Бу туһунан библиотекарь Екатерина Егоровна Томская сэһэргээтэ:
– Былырыын алтынньы 20 күнүттэн 2022 сыл муус устар 14 күнүгэр диэри колледжпыт иһигэр «Собираем крышечки – спасаем жизни» уонна «Сдай батарейку – сохрани планету» диэн аахсыйалары биллэрбиппит. Ол курдук, кыттааччылар «Волонтеры в помощь детям-сиротам» пуонда «Добрые крышечки» диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы экологическай аһымал бырайыакка кыттыстылар.
Аахсыйаҕа колледж Устудьуоннарын сэбиэтин уонна 10 үөрэнэр бөлөх устудьуоннара хабылыннылар. Барыта холбоон 32,60 кг хаппах уонна 15,15 кг батарыайка туттарылынна. Тэрээһин түмүгүнэн “Хаппаҕы хомуйууга бастыҥ бөлөх” уонна “Батарыайканы хомуйууга бастыҥ бөлөх” диэн икки номинацияҕа СД21-5 бөлөх (куратор Александрова А.А.) эрэллээхтик кыайда. Кинилэр 19,1 кг хаппаҕы уонна 10,95 кг батарыайканы мунньубуттар. Кыайыылаах бөлөх дипломунан уонна 1000 солк. харчынан наҕараадаланна. Аахсыйаҕа кыттыбыт бөлөхтөргө Туоһу сурук туттарыллар.
Манна СД21-5 бөлөх көхтөөх устудьуоннарын Кристина Степанованы, Екатерина Васильеваны, Нюргуяна Софронованы ордук чорботон бэлиэтиэхпитин баҕарабыт. Кинилэр билэр дьонноруттан, ыалларыттан хомуйбуттар, подъезтарыгар аахсыйа биллэрбиттэр, онон үтүө холобуру саҕалаабыттар, дьону экологическай үөрүйэххэ үөрэппиттэр.
Хомуйбуппутун барытын Дьокуускайдааҕы экологическай хампаанньа иккис сырьену тутар пуунугар илдьэн биэрдибит. Бу тэрилтэ хаппаҕы переработкаҕа, оттон батарыайканы сөптөөх утилизацияҕа Арассыыйа куораттарыгар ыытар.
Хас биирдии кыттааччыбытыгар махтанабыт! Ийэ айылҕабытын харыстыырга бэйэҕит кылааккытын киллэрдигит, маладьыастар!
Устудьуон уонна ийэ – бастыҥ холобур
Нюргуяна Николаевна Софронова, СД-21-5 бөлөх устудьуона:
– 8,5 кг хаппаҕы уонна 1,5 кг батарыайканы хомуйан туттардым. Барытын Дьокуускайдааҕы экологическай хампаанньаҕа тиэрдэбит. Иккис сырье хомуллубут уонна туттарыллыбыт харчыта аһымал пуондаҕа киирэр. Онон инбэлиит оҕолорго кэлээскэ уонна наадалаах тэрил атыылаһыллар.
Биһиги бөлөхпүт маннык тэрээһиннэргэ мэлдьи олус көхтөөх. Бэйэм элбэх оҕолоох ийэбин. Бу курдук аахсыйаларга төһө кыалларынан үөрэ-көтө кыттыаҕым. Үтүө дьыаланы оҥорор саныырга да үчүгэй.
Устудьуоннар – уопсастыба тутаах чилиэннэрэ. Мин санаабар, устудьуон бэйэтин холобурунан дьоҥҥо-сэргэҕэ иккис сырьену туттарыы туһалааҕын көрдөрөр. Оттон ийэлэр оҕолоругар холобур буолаллар. Оҕолор төрөппүттэрин көрөн үтүөҕэ үөрэнэллэр.
Холобур, мин кылгас кэм иһигэр бачча элбэҕи дьон көмөтүнэн хомуйдум. Билэр дьоммор кыттыһыҥ диэн эппитим, оттон билбэт дьоммун социальнай ситим нөҥүө булбутум. Хаппах эбэтэр батарыайка мунньубут буоллаххытына, дьиэҕитигэр тиийэн ылыахпын сөп диэн биллэрии таһаарбытым.
***
Арай маннык тэрээһини хас биирдии тэрилтэҕэ, үөрэх кыһатыгар көҕүлээн ыытарбыт буоллар, киин куораппыт, тулалыыр эйгэбит төһөлөөх ырааһырыа этэй? Тиһигин быспакка, бу курдук күргүөмүнэн.
Ханнык баҕарар үтүө дьыала бэйэбит испититтэн, чугас дьоммутуттан саҕаланара ордук. Ону колледжка биллэриллибит аахсыйа өссө төгүл бигэргэттэ.
Пластиковай хаппахтар 100-500 сыл тухары тулалыыр эйгэбитин сыыһырда сытыахтарын сөп. Оттон биир батарыайка 400 лиитирэ ууну уонна 20 кв. миэтэрэ кырыс буору киртитэр. Туттуллубут батарыайка састаабыгар сибиниэс (организмҥа мунньуллар, бүөрү, ньиэрбэ систиэмэтин уо.д.а. сүһүрдэр), кадмий (тыҥаҕа, бүөргэ куһаҕаны оҥорор), ртуть (мэйиини уонна ньиэрбинэй систиэмэни кэбирэтэр), никель уонна цинк (дерматиты көбүтүөхтэрин сөп), солохтор (салыҥнаах бүрүөнү уонна тириини тэһэ сииллэр) уонна да атын киһиэхэ уонна тулалыыр эйгэҕэ кутталлаах бэссэстибэлэр бааллар.