Түргэн сокуускалар
Сорох бырааһынньыкка, араас фуршеттарга ол-бу канапелар, рулеттар, тарталеткалар “былааһы ылаллар”. Маннык түргэн сокуускалары киһи дьиэҕэ да астаныан сөп. Иһиккит көрүөх бэтэрээ өттүгэр кураанахтаммыта эрэ баар буолуо.
Лаваштан рулет
Туох наадата:
лаваш – 1 устуука,
туустаах оҕурсу – 3 устуука,
кытаанах сыыр – 75 г,
сымыыт – 3 устуука,
куурусса түөһүн этэ,
майонез – 2 ост. нь.,
чеснок – 4 тиис,
мэлиллибит биэрэс – бэйэ сөбүлүүрүнэн.
Бэлэмнээһинэ:
Сыыры түөркэлиибит. Сымыыты бүтэйдии буһарабыт, хахтыыбыт, түөркэлиибит. Куурусса түөһүн этин туустаах ууга буһарабыт, сойутабыт. Туустаах оҕурсуну бөдөҥ гына түөркэлиибит. Лавашпытын остуолга тэлгэтэн баран, майонеһынан чараастык сыбыыбыт. Чесногу илдьиритэбит, биэрэстиибит.
Лавашпытын 4 гына үллэрэбит. Бастакы сурааһыҥҥа туустаах оҕурсуну, иккискэ түөркэлэммит сыыры уурабыт. Үһүскэ – куурусса этэ, төрдүскэ – түөркэлэммит сыыр. Начыыҥкатын хайдах баҕарар бэрээдэгинэн ууруоххутун сөп.
Лавашпытын рулет курдук эрийэбит. Анал пленканан суулуу тутабыт уонна 1 чаас холодильникка туруорабыт. Остуолга рулет курдук быһан уурабыт.
Үс мүнүүтэлээх “Мимоза”
Туох наадата:
кыра туустаах сёмга балык – 50 г,
1 буспут сымыыт,
50 г кытаанах сыыр,
30 г творожнай сыыр.
Бэлэмнээһинэ:
Сыыры, сымыыт үрүҥүн уонна уоһаҕын түөркэлиибит. Балыгы бытархай гына кырбыыбыт. Барытын булкуйабыт уонна кыра төкүнүктэри оҥоробут (бу ырысыабынан 5 устуука тахсар).
Үрдүгэр сымыыт уоһаҕын табыгынатабыт.
Күөх луугунан, укуруобунан киэргэтиэххэ сөп.
Ветчинаттан рулет
Туох наадата:
ветчина – 150 г,
творожнай сыыр – 100 г,
минньигэс биэрэс (кыһыл уонна араҕас) – 100 г,
күөх луук.
Бэлэмнээһинэ:
Биэрэһи уонна укуруобу бытархай гына кырбыыбыт, творожнай сыыры кытта булкуйабыт. Ветчина куһуогун начыыҥкабытынан сыбыыбыт, эрийэбит уонна икки гына аҥаардыыбыт. Хас биирдии рулеты шпажканан анньабыт уонна тэриэлкэҕэ уурталыыбыт, күөх луугунан (эбэтэр укуруоп буолуон сөп) киэргэтэбит.
Сонун ”Рафаэлло”
Туох наадата:
сыыр – 200 г,
сымыыт – 4 уст.,
чеснок – 3-4 тиис,
крабовай палочка – 200 г,
майонез – 3 ост. нь.
салаат лиистэрэ (остуолга уурарга).
Бэлэмнээһинэ:
Буспут сымыыты бытархай гына түөркэлиибит. Онно эмиэ бытархай гына түөркэлэммит сыыры, чесногу илдьиритэн эбэтэр кыра гына кырбаан баран кутабыт. Майонезтыыбыт уонна үчүгэйдик булкуйабыт. Бу маассаттан “Рафаэлло” сакалаат саҕа бөкүнүктэри оҥоробут уонна бытархай гына түөркэлэммит крабовай палочкаҕа төкүнүтэбит. Улахан тэриэлкэҕэ эбэтэр бодунуоска салаат сэбирдэхтэрин тэлгэтэн баран, онно “рафаэллоларбытын” уурталыыбыт.
Тэллэйдээх “чөҥөчөктөр”
Туох наадата:
сибиэһэй багет,
шампиньон тэллэй – 250 г,
эриэппэ луук – 1 уст.,
минньигэс биэрэс – 1 уст.,
кытаанах сыыр – 50-100 г,
мас арыыта – 3-4 ост.нь.,
туус,
күөх үүнээйи (киэргэтиигэ)
Бэлэмнээһинэ:
Бастаан начыыҥкабытын бэлэмниибит. Эриэппэ луугу, минньигэс биэрэһи уонна сибиэһэй шампиньону бытархай гына кырбыыбыт. Хобордооххо ыһаарылыыбыт, туус кутаргытын умнумаҥ.
Сыыры түөркэлиибит. Багеты быһа холоон 2-2,5 см кэтит гына туора быһабыт. Иһин кыра ньуосканан сэрэнэн баттыыбыт. Начыыҥкабытын сойута түһэн баран, “чөҥөчөктөргө” кутабыт. Үрдүгэр түөркэлэммит сыыры табыгынатабыт. Онтон 200 кыраадыс итии духуопкаҕа 10 мүнүүтэ туруорабыт. Күөх үүнээйинэн киэргэтэбит.
Кабачоктан минньигэс сокууска
Туох наадата:
кабачок – 3 уст. (500-700 г),
помидор – 2 уст. (150 г),
петрушка – 25 г,
укуруоп – 25 г,
чеснок – 6-8 тиис,
мас арыыта (соуска) – 2-3 ост.нь.
уксус – 1-2 нь.
майонез – 2 ост.нь.
бурдук – 6-8 ньуоска,
мас арыыта (ыһаарылыырга),
туус.
Бэлэмнээһинэ:
Үс орто кабачогу ылан сууйабыт, тас хаҕын кыһыйабыт, кырбыыбыт. Кэтитэ 1,2 см буолар. Туустуубут уонна суогун таһаарар курдук, 20 мүн. туруора түһэбит. Уутун сүүрдэбит.
Хобордооххо мас арыытын кутан сылытабыт. Бурдукпутун пакекка кутабыт уонна онно кабачогу уган сахсыйабыт. Хобордооххо орто уокка саһарыар диэри ыһаарылыыбыт. Биилкэнэн анньан көрөн буспутун бэрэбиэркэлиибит. Кабачоктарбытын улахан тэриэлкэҕэ (эбэтэр икки тэриэлкэҕэ, үрүт-үрдүгэр буолбатах) биир араҥанан уурабыт. Чесногу илдьиритэбит, мас арыытын уонна уксууһу кытта булкуйабыт. Бу соуспутунан кабачоктарбытын сыбыыбыт.
Помидорбутун синньигэс гына туора бысталыыбыт. Майонеһынан араас оһуору түһэрэбит. Күөх үүнээйинэн киэргэтэбит.
Кабачогу сөпкө астыыбыт:
- хаҕын кыһыйбатаххына, амтана аһыы буолуон сөп.
- суон соҕус гына быһар ордук, оннук гымматаххына, ыһаарылыырга олус сымнаҕас буолуо уонна арыыны оборуо.
- пакет иһигэр бурдукка миккийэр үчүгэй, оччоҕо арыыта бырдаҥалаабат, хоруорбат.
Кууруссалаах уонна тэллэйдээх тарталеткалар
Туох наадата:
бэлэм тарталетка – 20 уст.,
куурусса түөһүн этэ – 500 г,
сибиэһэй шампиньон – 300-400 г,
10-20%-наах чөчөгөй (сливки) – 1 ыстакаан,
сыыр – 150-200 г,
эриэппэ луук – 1-2 уст.,
бурдук – 1 ост.нь.,
мас арыыта (ыһаарылыырга),
туус.
Бэлэмнээһинэ:
Луугу саһарыар диэри ыһаарылыыбыт, онно тэллэйи кырбаан кутабыт. Куурусса түөһүн этин буһарабыт, куубуктуу быһабыт. Тэллэйи кытта холбуубут, туустуубут, бурдугу уонна чөчөгөйү эбэбит.
Тарталеткаларга кутабыт. Үрдүгэр түөркэлэммит сыыры табыгынатабыт. 200 кыраадыс итии духуопкаҕа сыыра саһарчы буһуор диэри туруорабыт.
Балык истээх “уйа”
Туох наадата:
улахана суох эргимтэлээх үрүҥ батон эбэтэр багет – 200 г,
ханнык баҕарар балык куҥ этэ (филе) – 250 г,
эриэппэ луук – 100 г,
сибиэһэй укуруоп – 1 тутум,
майонез (бэйэ сөбүлүүрүнэн),
кытаанах сыыр – 80 г,
туус,
хара мэлиллибит биэрэс,
үүт – 1 ыстакаан,
мас арыыта – 1-2 ост. нь.
Бэлэмнээһинэ:
Луугу, балыгы бытархай гына кырбаан миискэҕэ кутабыт. Туустуубут, биэрэстиибит, укуруоп табыгынатабыт. Барытын булкуйабыт.
Батону (багеты) куһуоччуктарга арааран быһабыт. Онтон биирдии-биирдии үүккэ оймоон ылабыт. Форманы мас арыытынан сыбыыбыт. Онно батоммутун уурталыыбыт уонна иһин сэрэнэн баттыыбыт. Балыктаах начыыҥкабытын “уйаларбытыгар” кутабыт. Үрдүн майонеһынан сыбыыбыт уонна түөркэлэммит сыыры табыгынатабыт. 180 кыраадыс итии духуопкаҕа 40-45 мүн. буһарабыт