10.03.2023 | 21:00

ТҮӨРЭХ

Төрдүс чааһа.
ТҮӨРЭХ
Ааптар: Александра Жулева
Бөлөххө киир

- Чэ, хаһаайка киһи чаанньыккын өр, мин тахсан дьиэ таһын хаарын күрдьүөм, били уол, оһох оттубутугар даҕаны махтал, – диэт таһырдьа тилир гынан хаалла.

Лиза, киһитэ эппититтэн дьаахханна, өссө биир киһи баар буоллаҕа дуу, туохха-туохха кэллим буолла диэн санаалар өссө да тугу даҕаны өйдүү илик өйүгэр элэс гынан аастылар. Кыыс этиллибит сорудаҕы толорордуу, тас таҥаһын да устубакка, чаанньыгы ылан, уу кутан уокка холбоото. Онтон дьэ таҥаһын устан аан аттыгар ыйаата. Саҥата суох кэлэн остуол аттыгар турар олоппоско олордо. Бу олорон эмиэ дьиэ иһин үөрэтэрдии одуулаата. Сотору Мэхээлэ киирдэ, чаанньык оргуйда. Мэхээлэ суумкатыттан килиэп, саахар, кыра халбаһы хостоото, хантан эрэ муннукка муостаҕа турар миискэттэн арыы аҕалан остуолугар уурда. Дьэ, ити курдук Лиза Мэхээлэтинээн биир дьиэҕэ баар буолбута. Кэлин билбитэ, дьиэлээх хаһаайын суоҕар, оһоҕун ыала уол отто сылдьыбыт эбит.

Кыыс аҕыйах күн үүтүн тохпут оҕо курдук саҥата суох сылдьыбыта. Мэхээлэ да тугу да ыйыппат, тугу да соруйбат этэ. Түүн да утуйарыгар таҥаһын устубакка сытара. Кини ороҥҥо, Мэхээлэ дьыбааныгар утуйаллара. Күн дьыл бэйэтин кэминэн устан испитэ. Лизалаах Мэхээлэ иккиэн бэйэ-бэйэлэригэр дьахтардаах эр киһи сыһыаннарыгар хайдах тиийбиттэрин кэпсээбэппин. Бу кинилэр олохторо. Ол эрэн, дьиҥнээх таптал биир туоһулара кинилэр диэхпин сөп.

Мэхээлэ Лизаттан отучча сыл аҕа, аҕатын кэриэтэ киһи. Оттон Лизаны эрдэ көрбөтөх киһи, аата эрэйдээҕи, дьэ таҥара киһини атаҕастаан маннык дьүһүннүүр эбит буоллаҕа дуу, дии саныыр буолуохтаах. Ол эрэн Лизаны хаһан даҕаны дьахтар диэни билбэтэх Мэхээлэ, уол оҕолуу таптаан, кини курдук кэрэ, кини курдук минньигэс, кини курдук сатабыллаах, кини курдук истиҥ дууһалаах  дьахтары  көрсүбүтүттэн саамай дьоллооҕунан ааҕынар. Оттон Лиза Мэхээлэни көрсүбэтэҕэ буоллар, билигин олоҕо  ханна түҥнэстиэ эбитин санаатаҕына куйахата күүрэр. Билигин кини туспа дьиэлээх хаһаайка,  Мэхээлэтэ кэпсэтэн тыа хаһаайыстыбатын кооперативыгар ыанньыксыт. Онон өссө үлэ киниискэлээх, улахан хаһаайыстыба тутаах үлэһитэ.

Бааскатын икки сыллааҕыта улуус киинигэр балыыһаҕа медосмотр бараары киирэ сылдьан, ыраахтан көрбүтэ. Киһитэ билиҥҥи кэргэнин кытта сылдьара, аттыларгар кини кыыһа, чороччу улаатан эрэр, бэрт ыраас хааннаах кыыс улахан салапаан суумканы тутан, тугу эрэ астыммыттыы кэпсии-кэпсии дьонун иннилэригэр иһэрэ. Лиза бастаан  көрөөт наһаа үөрбүтэ, тута сүүрэн тиийиэн санаабыта, онтон эмискэ уокка оҕустарбыт киһи курдук буолбута. Хаама сатыыр даҕаны, атаҕа харыс да сири хамсаабакка, биир сиргэ тоһоҕоломмут курдуга. Дьоно уун-утары хааман, чугаһаатар-чугаһаатылар. Лиза аны сүрэҕэ көптө, уу чаккырас гына тириттэ, тыына хаайтарыах курдук буолан, чугас турар остоолбоҕо нэһиилэ өйөннө. Ол кэмҥэ Бааската кэргэнинээн, кыыһынаан аттынан кэлэн аастылар. Лиза эргиллэн көрөөтүн кытта, кыыһа аны төттөрү, киниэхэ утары  кэллэ: – "Дядя, эн ыарыйдын дуо, мэ, бу тымныы уу баар", – диэт, муос бытыылкалаах ууну туттараат, дьонун эккирэтэн сүүрэ турда.

Оо, оҕом барахсан, сүрэҕэ таайдаҕа дуу...  Лиза кыыһын, ити курдук, кып-кылгас түгэҥҥэ көрөн ааспытын Мэхээлэтигэр кэпсээбэтэҕэ.  Дьиҥэр, Мэхээлэ кини оҕолооҕун билэр этэ. Өссө биирдэ “Оҕоҕун ылыаххын баҕарбаккын дуо?” диэн ыйыта сылдьыбыта. Онно Лиза, тоҕо эрэ, куттаммыта, төһө да оҕотугар сүрэҕэ чугаһын иһин, оҕом мин курдук ийэлээҕин биллэҕинэ кыбыстыа, ол кэриэтин билбэтин диэн санаатыттан: "Суох, доруобайдык эрэ сырыттын, кэлин баҕар... " – диэн баран, санаатын толору эппэккэ, хараҕа уунан туолаат, төттөрү хайыспыттаах. Онтон ыла ити туһунан кэпсэппэт этилэр.

Икки киһи аргыыйдык ботур-ботур кэпсэтэ-кэпсэтэ, тоҥолохторуттан тутуһан, ып-ыраастык күрдьүллүбүт тэлгэһэ иһигэр киирдилэр. Эриэн дьүһүннээх ыт иччилэрин көрөн эйэҥэлээн кэлэн, хардары-таары атаахтаан өрүтэ ыстаҥалаата. Сотору буолаат оһох оттуллубут буруота унаарыйан халлаан диэки харбаста.

 Төлкөлөөх түөрэххит тэхтиргэ тэптэрбэтин!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...