ТҮӨРЭХ
«Уччуу, тугун баҕас тымныытай бу, ээй, ким баарый? Тоҥнум дии, тоҥнум” – дии-дии, дьахтар саҥата тимир эрэһиэккэлээх ааны тоҥсуйда. Ханна эрэ ыраах: –“Тоҥо түс, баҕар өйдөнүөҥ. Тоҥсуйума, сүгүн сыт!” -диэн бардьыгыныыр саҥа иһилиннэ.
- Встать, суд идет!
- На основании ст. 69 семейного кодекса РФ гражданка Л. Елизаветы П. за уклонение от выполнения обязанностей родителя, а также ... лишение родительских прав, - ханна эрэ бу тыллар ой дуораана буолан Лиза кулгааҕар сүтэн кэлэ-кэлэ иһиллэргэ дылылар ...
Сып-сырдык хос иһигэр, туус маҥан суорҕаны бүрүнэн, Лиза утуйа сытар. Аттыгар ким да суох. Онтон сиэстэрэ киирэн сарсыардааҥҥы уколун биэрдэ: "Бүгүн обход буолар, эрдэ туран суун, аһаа, баҕар, бүгүн таһаарыахтара", – диэн баран, тахсан иһэн: "Жениҕын турбута ыраатта, эйиигин күүтэн көрүдүөргэ олорор", – дии-дии, үөннээх баҕайы хараҕынан көрө-көрө тахсан барда. Лиза чаһыыны көрбүтэ сэттэни ааспыт эбит. Бу балыыһаҕа киирбитэ икки ый буолла быһыылаах. Ханнык эрэ үтүө санаалаах киһи, уулуссаҕа тоҥон өлүөх киһини, скорай ыҥыран бу кэлэн сыттаҕа. Сахалар бэрт сөбүлээбэт сыыппаралара этэ даҕаны, Лиза түөрт уон сааһын табаарыстарын кытта эмиэ аһыы утаҕынан бэлиэтээбит содула бу буолан сыттаҕа. Икки тарбаҕын быспыттар, кулгаахтара үлүйэн, тустууктар тостубут кулгаахтарын курдук, имиллэн хаалбыт. Иэдэһэ үлүйбүтэ, хап-харанан хаҕылыйан, чоххо үтүллүбүт хортуоскаҕа майгынныыра.
Оронуттан туран балыыһа биэрбит халаатын кэттэ, баттаҕын тараанна уонна суунар сиргэ бараары сотторун ылан палаататыттан аргыыйдык, тыаһа суох үктэнэн таҕыста. Көрүдүөргэ кини палаататын аттыгар баар ыскамыайкаҕа, кырдьык, Мэхээлэ олорор эбит. Лиза тахсыбытын көрөн, истиҥ баҕайытык мичээрдээбит уоһун үмүрүччү туттан, утары кэлэн дорооболосто, хайдаҕын туоһуласта. Кыыс эмиэ дорооболосто, онтон хайдах эрэ, сиэстэрэ эппитин санаан кэлэн, симитиннэ. Хаамыытын түргэтэтэн суунар хос диэки сулбу ааһа турда.
Бу күн, кырдьык, Лизаҕа балыыһаттан тахсар кумааҕытын суруйан биэрдилэр, кыра тымныйыытын салҕыы дьиэҕэ эмтэнэр гына эттилэр.
Кыыс үөрүөн дуу, хомойуон дуу билбэккэ палаатаҕа киирэн түннүгүнэн одуулуу турда. Таһырдьа бүгүн тымныйбыт быһыылаах, онно эбии тыаллаах эбит. Ыаллар оһохторун буруота араастаан субуллар.
«Бээ эрэ, ханнык эдьиийбэр барарым буолла? Бу балыыһаҕа сыппытым тухары хайалара даҕаны кэлэн билсибэтэ. Ол аата ким да наадыйбат киһитэ буоллаҕым”, – дии санаан, кыыс аны саҥата суох ытаан көхсө дьигиҥнии турда.
Бу турдаҕына ким эрэ тыаһа суох кэлэн санныгар таптайда. Кыыс эргиллэн көрбүтэ Мэхээлэ эбит: “Тоҕо ытыыргын мин билэбин. Миигин кытта барсыаххын сөп. Дыбарыас да буолбатар дьиэлээхпин, соҕотохпун. Куттаныма, атаҕастыам да, атаҕастатыам да суоҕа. Миигин хайдах ылынаргын бэйэн быһаараар”, – диэт, тоҕо эрэ, хардатын да истибэккэ, киирбитин курдук тыаһа суох, палаататтан тахсан барда. Кыыс истибитин итэҕэйбэккэ, кытылга быраҕыллыбыт балык курдук, айаҕын атан, тугу эрэ хардарыах киһилии, Мэхээлэ тахсыбыт аанын диэки одуулуу турда.
Кырдьык, балыыһаҕа сытан Лиза элбэҕи эргитэ санаата. Урут да дьиҥэр саныырга бириэмэ элбэх этэ да, хаһан да бу курдук, олорбут олоҕун түөрэ эргитэн санаабыта, ырыппыта суоҕа буолуо.
Бастаан үөрэххэ баран баран тоҕо хаайыы киһитэ буолбутун сэрэйдэҕинэ, били дьүөгэтин дьыалатыгар, сахатын аанньа, биир сирэйдээҕин иһин балыырга түбэһэн сыта сылдьыбыт быһыылаах. Ону да аҕатын көмпүттэрин кэннэ Бааската ол кыыс туһунан быктаран аһарбытыгар, кыратык тугу эрэ уорбалаабыттаах. Ол эрээри оччолорго кини курдук дьоллоох киһи суох буолан уонна ол хара күннэрин эргитэ саныан баҕарбатыттан, өйүттэн киэр кыйдаабыта.
Онтон Бааската тоҕо киниттэн түргэнник хал буолбутун эмиэ сэрэйдэххэ, онно баҕас хотуна кыттыгастааҕа саарбаҕа суох. Дьонугар сылдьар кэмигэр ийэтэ үчүгэй үөрэҕи ыыппыт буолуон сөп.
Онтон оҕотун былдьыылларыгар, кырдьык, бэйэтэ буруйдаах. Бааската быраҕан барбытын тулуйбакка арыгы иһэр буолбута. Онтон сыыйа аһыы утахха ылларан, иһэр табаарыстар да көстөн испиттэрэ. Онтон олох да ускул-тэскил сылдьар буолбута. Хата, эмиэ да ыаллара тыллаан, оҕотун аҕата кэлэн ылан, ити суукка биэрэннэр ийэ быраабыттан быстахтара.
Онтон салҕыы анны ону уйбакка эмиэ арыгы эккирэтиитэ, дьону батыһа сылдьан араас сиргэ хонуу. Онтон балыыһа.
Кыыс санаатаҕына олоҕо барыта ханна эрэ аллараа, хараҥа сиргэ суккураан иһэр курдук. Арай, арай ити Мэхээлэ эрэ кинини киһи курдук көрөр быһыылаах уонна балыыһаҕа үлэлиир аҕыйах киһи. Ыарыһахтар киирдэхтэринэ даҕаны, ким да чугаһаан кэпсэппэт этэ. Уопсай палаатаҕа сыттаҕына биир дьахатар муҥурун эпэрээсийэлэтэн баран, кини сытар хоһугар кииримээри айдаан бөҕө таппыта. Кини айдаараатын кытта, син эрдэ бииргэ сыппыт дьахталлара эмиэ аллараа сыҥаах буолан, Лизаны көрө-көрө куттаналларын, түүн куттанан утуйбаттарын кылаабынай бырааска этэннэр, Лизаны соҕотох киһи сытар хоһугар көһөрбүттэрэ. Лиза, хата, бу хоско киирэн баран үөрбүтэ. Кыратык тымныы уонна аан аттыгар турар буолан, киирэр-тахсар дьон тыастара күнү быһа лиһиргиирэ. Чэ, ол туох буолуой, ол оннугар Лизаны кырыы харахтарынан көрөр киһи аттыгар суох.
Лиза ханна даҕаны барар сирэ суоҕуттан уонна Мэхээлэ массыына кэллэ, таҥын, таҕыстыбыт диэн эр киһилии быһаарыныылаах саҥатын толорон, Лиза бу дэриэбинэҕэ кэлбитэ биэс сыл буолла.
Мэхээлэтинээн тапсаллар. Син дьахтар дьахтара өтөн, ас астыыр, оҕуруот үүннэрэр. Куһаҕан үчүгэйдээх дииллэринии, хаайыыга сытар кэмигэр иистэнэргэ, баайарга үөрэммитэ. Онон, хата, арааһы бары тигэр, баайар. Кини иистэнэрин ким даҕаны билбэт этэ. Онтон ыалтан ыалга иһиллэн, бастаан үөрэтэн көрөрдүү кыра сакааһы, онтон кэлин соҥҥо тиийэ тиктэрэр буоллулар.
Лиза Мэхээлэтин батыһан бу дойдуну булуоҕуттан олоҕо тосту уларыйда. Туора дьон туох даҕаны диэн сиилээтиннэр, ол билигин кинини долгуппат. Кини аттыгар олоҕор көрсүбүт саамай күндү киһитэ, үҥэр-сүктэр таҥарата Мэхээлэ эрэ баар буоллун, барытын тулуйуо, тулуйдаҕа даҕаны. Мэхээлэ аан маҥнай балыыһаттан дьиэлэригэр кэлбиттэригэр: "Бу дьиэҥ, бу оронуҥ, уоннааҕытын бэйэҥ билсэн иһиэҕ", – диэн баран бэрт боростуой маллаах-саллаах, хаһан да дьахтар илиитэ сыстыбатаҕа тастан көстө сылдьар дьиэтин иһин илиитинэн нэлэс гыннаран билиһиннэрбитэ. Кыыс тугу гыныан билбэккэ, биир сиргэ туран эрэ дьиэ иһин одуулаата. Ханна эрэ, муннукка, уһанар мал-сал, дьыбаан ойоҕоһугар, уруккута арыгы дьааһыга быһыылаах, умса ууруллубут, олус элбэх журнал уонна түннүк аттыгар соҕотох фикус диэн улахан сэбирдэхтээх, дьиэ үрдүгэр тиийэн эрэр сибэкки адаарыйан турара.