08.03.2023 | 21:00

ТҮӨРЭХ

Иккис чааһа.
ТҮӨРЭХ
Ааптар: Александра Жулева
Бөлөххө киир

Кыыс аҕата ынчыктыырын истэ сытта. Бу түүн аҕам эрэйдээх эмиэ кыайан утуйбат буолбут эбит диэн сэрэйдэ. Тугу даҕаны көмөлөһөр, аҕатын ыарыытын мүлүрүтэр кыаҕа суоҕуттан, сыттыгар умса түһэ сытан кыра оҕолуу ытаан барда. Ытаан да диэхтээн, мунньуллубут хараҕын уута эрэ сүүрэр,  түөһүгэр хам хатана сылдьар курдук ыар баттык санаа ыгыллан тахсыбата. Саатар саҥа таһааран маккыраччы ытыыра буоллар, көхсө кэҥиэ эбитэ буолуо. Лиза хаайыы ыар олоҕуттан босхолонон кэлбитэ аҕыйах ый буолла. Ийэтэ эрэйдээх кини "түбэспитин" кэннэ сыл буолан баран күн сириттэн бараахтаабыт эбит, кыра убайа аармыйаттан кэлэн, ол үөрүүтүн "сууйа" сылдьан ууга былдьанаахтаабыт, улахан убайа хайдах барбытынан, баарын-суоҕун ким да билбэт. Эдьиийдэрэ сылтан сыл оҕолонон, дьиэ-уот түбүгэ, куруук тиийбэт хамнас хабалатыгар ылларан, бэйэлэрин эрэ нэһиилэ  көрүнэн олороохтууллар. Аҕата бу саас мас кэрдэ сылдьан, тииккэ баттатан сиһин тоһутан, орон-тэллэх киһитэ буолбута сыл аҥаара буолбут. Дьэ, Лиза хаайыы курдук сиртэн дойдутугар кэлбитэ, манна өссө дьулаан көстүү күүтэрин онно сылдьан сэрэйэн да көрбөт этэ. Арай хам-түм, сыл баһыгар-атаҕар кэлэр суруктарга барыта этэҥҥэ курдуга.

Аҕатын кистииллэригэр чугас ыалларын кытта бииргэ үөрэммит Бааска диэн уола олус да абыраатылар. Эдьиийдэрэ бааллара да, урут кыра сырыттаҕына атаахтаан ымманыйар эдьиийдэрэ буолбатахтар этэ. Иккиэн тимир тириилэрин кэтэн, быһыта-орута саҥаран, туох куһаҕан барыта бу киниттэн, Лизаттан эрэ буолбутун курдук туттан-хаптан, бэйэтэ да хараҥа-ыар күннэри хараардыбыттара. Аҕаларын көмөөт, тиһэх остуолугар олорон иһэн бүтэ да илигинэ ойон туран дьиэлээбиттэр этэ.

Киэһэ хоһугар киирэн уйа-хайа суох ытыы олордоҕуна Бааска тиийэн кэлбитэ. Кыыс ытыырын быыһыгар, кыратык тугу эрэ кэпсэттэ быһыылааҕа. Онтон Бааска кыыһы эрчимнээх илиитинэн бэйэтигэр ыксары кууһан ылбыта. Оо, аата үчүгэйин ньии, миигин аһынар киһи бу орто дойдуга баар эбит диэн санаатыттан Лиза уолга өссө сыстан биэрбитэ. Ол курдук уһуннук да уһуннук олорбуттара.

Баай Баһылайаптар уоллара Бааска Лизаны  дьонугар билиһиннэрэ аҕалбыта. Кыыс төһө даҕаны симитиннэр, доҕоро «дьоммор эрдэ  эн тускунан эппиппэр олус үөрбүттэрэ» -диэбититтэн эрдийэн, Баһылайаптар ааннарын модьоҕотун  атыллаабыта. Бааската кырдьык Лизатын иннигэр-кэннигэр түһэ сылдьан, хайдах да буолуон билбэтэ, туораттан көрдөххө киһи күлүөн даҕаны курдуга. Лиза эмиэ,  таптал нарын иэйиитигэр ылларан, күнтэн-күн саҥа тыллан эрэр сибэккилии тубустар –тупсан испитэ. Уп-уһун хоп-хойуу хара баттаҕын оройун үрдүгэр эрэһиинкэнэн хороччу туттарбыта бэйэтигэр олус бассара.  Кыра бэйэтэ уһаан көстөргө дылыта. Ыйаастыгас хараҕын кытыытын хара харандааһынан соттуннаҕына олох киинэҕэ көстөр артыыскалары санатара. «Хаһан эрэ, ама, бу  кыыс хаайыыга сыппыта дуо?” диэн мэлдьэһэн, дьолунан тырымаан, саҥа ыал  олоҕо саҕаламмыта.

Лиза  ийэ буолар дьолун билэн, кып-кыра киһини эмтэрэ олорор. Кэргэнэ Бааска үлэлээн бүтэн, аны дьонугар кэлэн хотон көрөн эрдэҕэ. Аҕата аастымата бэргээн, хотон үлэтин ыарырҕатар буолбут үһү. Хачыгаардыыр буолан биир хонук устата дьиэтигэр кэлбэт. Аны дьэ өрүүр күнүгэр дьонугар көмөлөһөн күнүн онно атаарар. Лиза, саҥа ыал буолбут киһи, доҕорун чаас да суох буоллаҕына суохтуура ханна барыай. Ыал буолбут сылларыгар олох ырайга олорбут эбит. Бааската күн аайы ырыанан астара сылдьара, үлэтин даҕаны күнүгэр киэһэ сүүрэн кэлэн сыллаан барара. Хас бырааһынньык аайы араас бэлэх оҥорон бэлэхтиирэ . Онтон хат буолбутун истээт, көтөҕөн ылан, сып-сылаастык сыллаан ылбыта, уохтаахтык уураабыта.

Бааска дьоно Лизаны сөбүлээбэтэхтэрин кыыс тута сэрэйбитэ. Ордук ийэтэ кийиитин бэйэлэригэр тэҥнээбэтэ таһыгар да биллэрэ. Сырыы аайы сылтах көһүннэ эрэ сэмэлиирэ, биирдэ эмэ Бааскатынаан кэллэхтэринэ киниэхэ эрэ ас куппут тэриэлкэтин остуолга тыастаахтык талыр гына уурара. Итини барытын Лиза олус ыарыылаахтык ылынар этэ да, хайдах да гынан ол туһунан доҕоругар эппэт этэ. Бааската ийэтэ кэргэнигэр тоҥуйдук сыһыаннаһарын өйдөөн көрбөт да курдуга.

Лиза  кэнники кэмҥэ кэргэнэ киниэхэ сыһыана уларыйбытын билбитэ. Дьиэтигэр кэллэҕинэ даҕаны урукку курдук үөрбэт-көппөт, бэл диэтэр кэпсэппэт да буолбута. Кыыс баҕар оҕобут улааттаҕына көтөхтөҕүнэ, кинини сыллаатаҕына, таптаатаҕына санаата уларыйан, уруккутун курдук буолуоҕа дии санаан, күнүн барыыра.

        Кыыстара бүгүн биир сааһа. Лиза бэрэски астаата, салаат оҥордо, хотуоскалаах этинэн соккуой буһарда. Хата, бүгүн аҕаларын өрөбүлэ. Сотору дьонугар сылдьан баран кэлиэҕэ. Кини кыыһын сааһын тоҕо умнуоҕай дии саныы-саныы Лиза иһитин тардан, чааньыгын оргутта. Аҕалара суоҕун курдук суох. Астаммыт ас сойор аакка барда, оттуллубут оһох бүтэн, сабылынна. Түүн үөһэ Бааска биир атаһынаан итирик тиийэн кэллилэр. Киирээт, бэрт киэбирбит куолаһынан: "Дьахтаар, аскын тарт, биһигини аһат!. Бүгүн оҕобут төрөөбүт күнэ дии!"

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...