07.06.2024 | 18:00

Төрдүбүтүн биллибит, уруккубутун буллубут

(Хатас нэһилиэгэ 379 саастаах!)
Төрдүбүтүн биллибит, уруккубутун буллубут
Ааптар: Наталья РУФОВА, Хатас
Бөлөххө киир

Бу дьыл ыам ыйын бүтэһик күнүгэр Хатас нэһилиэгэр өтөрүнэн буолбатах дириҥ ис хоһоонноох, уруккулуун уруулаһар, ааспыттыын аймахтаһар, билиҥҥини билинэр, кэлэр кэми кэрэһилиир үтүөкэн тэрээһин буолан ааста.

Ол курдук Дьокуускай куорат хонноҕор сайдар-үүнэр, кэҥиир-тэнийэр аналлаах Хатас нэһилиэгин төрдүн-төбөтүн үөрэтэн-чинчийэн, баар чахчыларга, докумуоннарга олоҕуран, нэһилиэкпит устуоруйатын биир аанын сэгэттибит уонна быйыл 2024 сылга нэһилиэкпит баарын биллэрэн сурукка-бичиккэ киирбитинэн (ахтыллан ааһыытынан) 379 сыла эбит диэн бүтэһиктээх быһаарыныыны ылынныбыт.

Дьэ, саас-сааһынан кэпсиир-ипсиир, сэһэргиир эбит буоллахха, биһиги дьолбутугар Хатаспыт салайааччылара анаабыт курдук анал историк үөрэхтээх буоланнар (Евсеева Е.Г., Баишев П.А, Козлова П.А, Пермяков Е.П), нэһилиэкпит устуоруйатыгар болҕомтолорун ууран үлэлэһэн кэллилэр. Ол курдук араас сылларга нэһилиэк аныгы кэм хардыытыгар айанын туһунан “Дойдум миэнэ Хатаһым” (Нохсорова Л.У. бэлэмнээһининэн), устуоруйа чахчыларын сэгэтэн “История села Хатассы” (Захарова В.Г суруйуутунан), “Хатаспыт сайдар-үүнэр саҕахтарын арыйсыбыт сылларбыт” (Баишев П.А), “Тускул” КК иһинэн тэриллибит “Хатастардыын алтыһыахха” бырайыак 1,2,3  кинигэлэрэ таҕыстылар, Хоро, Өрсүт, Баҕарах холбоһоннор, күн бүгүҥҥү Хатаспыт төрдө-ууһа буолбуттарыгар махтанан, нэһилиэк түмэлин тэлгэһэтигэр мэҥэ таас турбута.

Ол да буоллар, көрөрбүт курдук, барыта бэтэрээ сыллар буоланнар, дириҥник эҥсэн үлэлэһэр хайаан да наадалааҕын өйдөөн, 2019 сыллаахха бу боппуруоска интэриэстээх, үлэлэһиэн сөптөөх нэһилиэкпит патриот дьоно мустан, барыта сүүрбэччэ киһилээх бөлөх тэриллибитэ – салайааччы Евгений Петрович Пермяков, Петр Анатольевич Баишев, Парасковья Афанасьевна Козлова, Клара Васильевна Калачева, Руслан Иннокентьевич Жирков, Елизавета Григорьевна Евсеева, Татьяна Александровна Павлова, Татьяна Дмитриевна Афанасьева уо.д.а. Түмсэн мунньахтаан, сүбэлэһэн баран, үлэлэһиэххэ баҕа санаа, күүс-уох баарын билбиппит, ол эрэн, хамсааһын, сыралаах үлэ халтайга буолбатын туһугар, бу хайысхаҕа уопуттаах, дириҥ билиилээх, үтүөкэн түмүктэрдээх учуонай дьоно суох табыллыбат эбит диэн, СӨ “Култуурунай нэһилиэстибэ харалтатын департаменын” салайааччыта Николай Афанасьевич Макаровка сибээскэ тахсан, кини өйөбүлүн ыламмыт, санаабыт бөҕөргөөбүтэ. Ити курдук кэскиллээх үлэ үөрэ-көтө, өрө көтөҕүллэ саҕаламмыта уонна биллэр биричиинэнэн 2020-21 сылларга бытаарбыта эрээри, саха дьонун быһыытынан ылсыбыты ыспакка, саҕалаабыты бырахпакка, болҕомто кииниттэн түспэтэҕэ.

Сити курдук ситимнээх үлэ дьон-сэргэ болҕомтотун, махталын ылбыт биир саамай улахан түмүгүнэн “Соҕуруу Туймаада төрүт олохтоохторун нэһилиэстибэтэ” диэн ааттаах улахан научнай үлэлэр ааптардара кыттыылаах, улахан быыстапкалаах научнай-практическай конференция уонна ону тэҥэ “Тускул” КК ютуб ханаалыгар быһа эпииргэ биэриини устуубут буолбута. Манна үлэ хайа өттүгэр күүскэ барыахтааҕа, кимнээҕи кытта чуолкай сибээскэ тахсыы дьэҥкэтик көстөн, хардыыбыт сэниэлэммитэ, тус хайысхаламмыта, этэргэ дылы, кэм дьоруойдара тахсан кэлбиттэрэ. Онон Дьокуускай куорат, Хатас олохтоохторо сирбитигэр-уоппутугар олорон ааспыт өбүгэлэрбит суолларын хаһыспыт, үөрэппит өркөн өйдөөхтөрбүтүгэр туһулаан туран кимиэхэ махтаныах тустаахпытын күн бүгүн ааттарын ааттаан туран этиэхпитин сөп.

Устуоруйаны билии омук олорон кэлбит олоҕун умуннарбат, муннарбат буолуутугар сирдьит сулус буолар. Ойууһут, уһуйааччы, тимир ууһа, айанньыт, бөлүһүөк Б.Ф.Неустроев-Мандар Уус кыра омуктар этэҥҥэ олороллоругар өбүгэттэн тардыылаах төрүт итэҕэл олус улахан суолталаах, оттон төрүт итэҕэли билэргэ төһөнөн устуоруйаны урукку өттүттэн сомсоҕун даҕаны, соччонон силиспит-мутукпут дириҥиир, харыстанар диир. Силиспит-мутукпут чэгиэн буолла даҕаны, куруҥ маска кубулуйбакка, сириэдийэ үүнэр турукка киирэрбит чуолкай. Устуоруйа кэрдиис кэмнэрэ уларыйдаҕын аайы уопсастыбаны үөскэтэр, салайар, тутар, көмүскүүр күүс суолтата эмиэ уларыйар, ол кэминээҕи бэйэ киэбин ылынар. Онон төһөнөн дириҥ силистээххин да, соччонон көмүскэнэр күүһүҥ туруга дьиппиэн, хамсаабат туруктаах, уларыйыыларга, араас элбэх дьайыыларга бэринимтиэтэ суох буолар. Бу үөһээ суруллубуту дьиҥ-чахчы сүрэҕэр-дууһатыгар илдьэ сылдьар салайааччыбыт – Хатас нэһилиэгин дьаһалтатын үлэтин-хамнаһын урууллаан илдьэ сылдьааччы Евгений Петрович Пермяков силистээх-мутуктаах, Аал Луук мастаах буолар туһугар туруулаһан туран үлэлиир-хамсыыр хамаанданы тэринэн, сөптөөх хайысханы тутан, нэһилиэк үөскээбит күнүн-дьылын эбэтэр маҥнайгы ахтыллан ааһар докумуонун туһунан ыспыраапканы булууга РНА СС гуманитарнай чинчийиилэрин уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар устуоруйаларын үөрэтэр үнүстүтүүтү кытта сөбүлэҥи түһэрсэн, Москуба, Санкт-Петербург куораттарга тиийтэлээн, тыһыынчанан докумуону үөрэтэн, ырытан, көрөн-истэн, дьиҥ-чахчы докумуонунан дакаастабыллаах иһитэннэриини оҥорон, “Хатас нэһилиэгин эрдэтээҥҥи устуоруйата” диэн ааттаан-суоллаан нэһилиэнньэни кытта төгүрүк остуол ыытылынна. Бу тэрээһин олус күүтүүлээх, күндү сонуннаах буолан, хайдах эрэ биллэрии тахсыаҕыттан туох эрэ дьикти, кэрэ, долгутуулаах салгыннаах, ис-иһиттэн ураты туруктаах этэ.

Этиллибит кэмҥэ, анаммыт чааска “Төрүт ас” түмсүү кыһаллыытынан, олохтоох дьаһалта өйөбүлүнэн сип-сибилигин буспут ип-итии алаадьы сытынан тунуйбут “Тускул” КК киэҥ уораҕайыгар төгүрүк остуол кыттааччылара биир-биир кэлитэлээн барбыттара. Эрдэ биллэриллибит испииһэгинэн кэлбит, үлэлэспит учуонайдарбыт ыытыллыбыт үлэни ким баҕарар төбөтүгэр киирэр, өйүгэр-санаатыгар хатанар гына кэпсээн-ипсээн бардылар. Үгүс научнай үлэни оҥорбут, элбэх дакаастабылы булбут уопуттаах, хорутуулаах үлэлээх историческай наука доктора, РНА СС гуманитарнай чинчийиилэрин уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар устуоруйаларын үөрэтэр үнүстүтүүт устуоруйа отделын кылаабынай научнай үлэһитэ Андриан Афанасьевич Борисов, историческай наука кандидата, РНА СС гуманитарнай чинчийиилэрин уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар устуоруйаларын үөрэтэр үнүстүтүүт устуоруйа отделын ыстаарсай научнай үлэһитэ Пантелеймон Пантелеймонович Петров, СӨ Национальнай  архыыбын дириэктэрэ Петр Васильевич Румянцев уонна Дьокуускай куорат национальнай библиотекатын сүрүннүүр библиограба Иннокентий Иннокентьевич Татаринов састааптаах хамаанда үйэлэргэ хаалар үтүө түгэни бэлэхтээтилэр. Көрөрбүт курдук аҥаардас үлэлээн-хамсаан, тиритэн-хорутан, этэргэ дылы, муннуларын хаана тохтон ылбыт ааттарын-суолларын таһыма үрдүгүнэн хайа баҕарар киһи убаастабылын ылыах дьон. Аны онно кинилэр бу биһиги нэһилиэк туһугар туруулаһан туран үлэлээбиттэрин үтүөтүн эбэн кэбистэххэ, дьэ, сүгүрүйүүнү, тумус туттууну ылыахтарын ыллылар. Ити курдук билэ-көрө, тэҥҥэ олук уурса сылдьар дьоннордоохпутунан киэн туттан тураммыт бу ааттаммыт дьон Хатас нэһилиэгин устуоруйатыгар көмүс буукубаларынан суруллалларыгар саарбахтаабаппыт. Кинилэр суолталаахтык, дьоһуннаахтык санаа атастаһан, ааспыты, бу кэми, инникини холбуу тутан, нэһилиэк дьонун, олохтоохтору кытта ырыттылар. Бу хамсааһын хара саҕаланыаҕыттан улахан тэрээһиннэрэ Валентин Азотович Чепалов салайааччылаах “Тускул” КК иһинэн үлэлиир Хатас нэһилиэгин устуоруйатын түмэлин (Баишев П.А) үлэтин чэрчитинэн барар буолан,  кумааҕыга тиһилиннилэр, аныгы сыыппара технологиянан интэриниэт ситиминэн тарҕаннылар, архыыпка угулуннулар. Кырдьыга даҕаны, уруккуну умнан улаҕа диэки ууммакка, ааспыты антах диэки аспакка, буолбуту буомурдан кэбиспэккэ, билиҥҥилиин биһирэмнээн билиһиннэрдэххэ, сайдар-үүнэр аартыктары арыйдахха, дириҥиир, кэҥиир эйгэни булуохха сөп, итинэн сибээстээн көлүөнэ ситимин чиҥэтэр суол-иис арыллар диэн туран суруйуубун түмүктүүбүн.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Сонуннар | 20.12.2024 | 18:51
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар кэлэр 2025 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнэ олорор. «Бу саалаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа дьоруойдара, «Эр санаа» уордьанын, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин...