29.11.2024 | 10:00

Төрөппүт эрэ «ийэ» диэн үрдүк ааты сүкпэт…

(Историческай проза)
Төрөппүт эрэ «ийэ»  диэн үрдүк ааты сүкпэт…
Ааптар: Мария Поскачина, Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, СӨ Оҕо саас сылларыгар
Бөлөххө киир

... «Аҕаа, барымаа! Аҕаа, мин барсабын!» – диэн улаханнык уйуһуйбут, ытыы-ытыы сүүрэн иһэр уончалаах уол оҕо ардах кэнниттэн ат туйаҕыттан түһэн суолга лоппоччу хаппыт бөлтөгөртөн иҥнэн умса баран түстэ. Ол ытабыллаах хаһыыттан Өлүөнэ өрүс кытылыгар хоммут бэс ыйынааҕы айылҕа барахсан тупсан турар кэминээҕи сандаарбыт сарсыардааҥҥы наҕыл чуумпута биирдэ бытарыс гыммыт курдук буолла, чыычаах күйгүөрэ, кэҕэ этэрэ –  барыта хайдах эрэ бу аймалҕантан куттаммыт дуу, кыбыстыбыт дуу курдук, ах баран ылла. Охтубут уолчааны кытары урут-хойут түсүһэн тэбинэн испит кинилиин араа-бараа саастаах икки кыыс, биир уол оҕолор соһуйан хорус гына түстүлэр. Ааһа сүүрэ турбут уоллаах кыыс төттөрү сүүрэн кэлэннэр уолчааны туруору тардан таҥаһын тэбээбитэ буоллулар. Онтон эмиэ салгыы өрүс диэки тэбиннилэр.
Субу түгэҥҥэ өрүс кытылыгар уу чуумпуга налыйбыт Өлүөнэ өрүс килэгир ньууругар биллэр-биллибэт эрдии суолун хаалларан, тыылар араҕан эрэллэрэ. Бүтэһик, биэрэктэн араҕа илик тыыга бурдуктаах куулу көтөҕөн ууран эрэр эдэрчи киһи, оҕо хаһыытын истэн «дьик» гынан баран, ол хаһыы диэки сүүрүөхтүү бүтүн бэйэтэ таласпытын, аҕам саастаах тыыга олорор киһи: «Киир, олор. Бардыбыт!» – диэн кытаанахтык эппитигэр, хайдах эрэ эмискэ кырдьан хаалбыт курдук көхсө нүксүс гынан хаалла уонна тыыны биэрэктэн ууга анньан кэбиһэн баран бэрт чэпчэкитик ыстанан тыыга олоруста. Уонна биирдэ даҕаны кэннин хайыһан көрбөккө, умса туттан хараҕын уутун кистии сатыы-сатыы эрдиспитинэн барда.
Оҕолор, тыылары баттаспакка, дьонноро көрдөрбүтүнэн баран эрэллэрин ситэри итэҕэйбэккэ, ытаспытынан кытылы кыйа сүүрэкэлии сырыттылар.
... Бу, Өлүөхүмэ эрэ уокуругар, сайынын быстах да буоллар ардаан, күһүнүн хаһыҥ түспэккэ, бурдук син үчүгэйдик үүммүт сылын эһиилги сайына этэ. Ааспыт сылга атын уокуруктарга, ордук Бүлүү эргин, сааскыта тымныы, тыаллаах, сайыҥҥыта кураан уонна күһүөрү эрдэ хаһыҥ түһэн, бурдук ыһыытыттан туһамматахтар. Ол былырыыҥҥы куһаҕан дьыл дьиппиэр салгына быйылгы дьылга охсуута улахан этэ. Дьон ыһар бурдуга суох буолан ыксаабыттара, аймаммыттара. Оччолорго аҥаардас айылҕа эрэ бэрсибитинэн аһаан-таҥнан олорор дьоҥҥо сут дьыл эстиигэ-быстыыга, өлүүгэ-сүтүүгэ тиэрдэр, бүтүн норуот иэдээнэ буоллаҕа. Бүлүү бөлөххө олорор саха дьонугар улахан аччык сыллар үөскээннэр, киһи эрэ сүрэҕэ ытыыр-айманар кэмнэрэ кэлбиттэрэ. Ол курдук, дьон дьиэ кэргэттэрин өлөр өлүүттэн быыһаары, оҕолорун Өлүөхүмэҕэ киллэрэн бурдукка атастаһарга тиийбиттэрэ. Кырдьаҕастар ахталларынан, атастаһыкка кэлбит оҕолор барахсаттар дьоннорун сайыһан ытаһыылара Өлүөнэ өрүс кытылыгар өргө диэри турбута үһү. 
Дьэ, бу тустаахха олус ыарахан түгэнтэн саҕаламмыта биһиги сиргэ төрөөн, оҕо-уруу төрөтөн, төрүттэрбитин ахтан-санаан олоруохтаах икки үйэни ситимниир дьылҕабыт суола. 
... Били аҕатын эккирэтэн ытыы-ытыы сүүрбүт уончалаах Борокуоппай диэн ааттаах уолу кытары өссө икки кыыһы уонна биир уолу Бүлүү диэкиттэн аҕаланнар бурдукка атастаһан, Марфа Егоровна Мокрощупова диэн бэйэтэ төрөппүт оҕото суох баай дьахтарга биэрбиттэр. Бу иитийэххэ кэлбит оҕолор дьоллоругар көстүбүт, тыыннаах аанньал буолбут эр санаалаах, хорсун-хоодуот майгылаах дьахтар уопсайа сүүрбэччэ оҕону ииппит диэн үһүйээн курдук кэпсииллэр. Сүрдээх кыахтаахтык олорор дьахтар элбэх иитэр ынах, сылгы сүөһүлээх, хаһаайыстыбатыгар туттарыгар ат косилкалаах, кыраабыллаах, үлэһиттэрин дьаһайан, тиэргэнин тэринэн, оҕонон итэҕэһин суох гынан, оҕо бөҕөнү ииппит. Барыларыгар бэрт сымнаҕастык сыһыаннаһан, кими да тулаайахсыппакка иитэлээбит...
Борокуоппай уол бэрт сытыы-хотуу, бэйэтин кыанар буола улааппыт. Уон тоҕус сааһын туолан баран Мааппа эмээхсиҥҥэ үлэлиир бэйэтиттэн икки сыл аҕа, сырдык хааннаах, тэтэркэй имнээх Мааса диэн кыыһы сөбүлээн кэргэн ылан ыал буолаллар. Эдэрдэр ийэлэригэр олорон оҕо-уруу төрөтөннөр, Мааппа эмээхсин сиэн минньигэс сытын билэр. Дьэ ити курдук, эмээхсин уолаттарын бэйэтин оҕолорун курдук иитэлээн, араспаанньатын биэрэн, ыал оҥортообут, сиэн оҕо көтөхпүт. 
Элбэх сүөһүлээх буолан, эти-арыыны, бурдугу эргинэригэр уолаттарын атын атыыһыттардыын кыттыһан бэдэрээккэ ыытар эбит. Маачанан, Бодойбонон эргинэннэр, таҥас-сап, саҥалыы иһит-хомуос ылынан, кыһалҕа диэни билбэккэ олорбуттар. Борокуоппай үс кылаас үөрэхтээх, ааҕар, суоттуур буолан, эргиэннэрэ бэркэ табыллан, дьиэтигэр таһаҕас бөҕөнү тиэнэн кэлэрин дьоно улаханнык үөрэ-көтө көрсөллөрө. Бэдэрээккэ Кыыллаах Арыыттан биир дойдулаахтар, бары даҕаны кус быһый уолаттар мустан сылдьыбыттар. Былыргы сыарҕа суола кыараҕаһа бэрт буоллаҕа, ол иһин суолга харгыс үөскээтэҕинэ, кэннинээҕи сыарҕалаах аттаах дьон хомураҕы кэһимээри аттан акка ыстанан обуос иннигэр бараллара үһү. Аттарын туйаҕын иһэҕин ыраастыыр өтүйэлэрин курдарыгар иилинэ сылдьалларын иһин «Өтүйэлээх Өлүөхүмэлэр» диэн аатырбыт бэдэрээччиттэр сылын аайы кыһыҥҥы суолунан сылаалаах айаны айанныыллара. Саас кэллэҕинэ сир оҥоруута, бурдук ыһыыта, сайынын Кэрбиилэ арыыга киирэн оттоон сүөһүлэригэр кыстыыр от бэлэмнээһинэ барыта Мааппа эмээхсин уолаттарын, илии-атах үлэһиттэрин харытынан оҥоһуллара. Быһата, саха ыалын сиэринэн уһун тымныы кыһыҥҥа бэлэмнэнэн бары саба түһэн үлэлииллэрэ.
Дьэ ити курдук Мааппа эмээхсин улахан дьиэ кэргэн ийэтэ, эбэтэ буолан, оҕо ииппит дьолунан дуоһуйан олорбута. Ол олордохторуна хаҕыс, алдьархайдаах, сэриилээх, хаан тохтуулаах 1922 сыл үүммүтэ. Ол саас Өлүөхүмэ улууһугар саҥа тэриллибит Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин утарар баай-тойон өттүттэн сэбилэниилээх баанданы тэриммит үрүҥ бандьыыттар тобохторо Кыhыл Аармыйа күүстэриттэн үлтү сынньыллан, Алексеев уонна Васильев хамандыырдаах Дьокуускай куорат, Амма, Чурапчы диэки туhаайыыттан Томмотунан куотан, биhиги оройуоммутугар Чаараҕа кэлэн, олохтоох дьону сороҕун албыннаан, сорохтору өлөрүнэн куттаан, сорохтору тоҥ умуhахха хаайан сордоон, бэйэлэрин кэккэлэригэр киллэрбиттэр. Кинилэр элбэх саалаах киhини мунньан, Даппарай дэриэбинэтинэн Бүрүк диэки ааhаары бэлэмнэммиттэр, онон олохтоох дьоҥҥо кутталлаах быhыы үөскээбитэ. Бу кэмҥэ эр дьон өттө арыыга оттуу сылдьар буоланнар, оҕо-дьахтар эрэ дьиэҕэ хаалбыт кэмэ этэ. Ол да буоллар куттанныбыт диэн ханна куотуохтарай, кутуйах иинин кэҥэтэ олороохтообуттара. 
Олохтоохтор сэбиэскэй былаас диэки санаалаах ревком үлэһиттэрин, эдэркээн комсомолецтары кыыллыы өлөртөөбүттэрин истэ-билэ олорбуттара.  Аны ол кыыллыйбыт бандьыыттар илиилэриттэн икки эдэркээн комсомол уолаттар – олохтоох оҕо Егор Винокуров уонна Иван Герасимов Даппарайтан Токолуур суолга бандьыыттары чуҥнуу барбыттарын уонна ытыалаһыыга дьоруойдуу өлбүттэрин туһунан соһумар сурах кэлбитэ. Егор Винокуров уон түөрт саастаах Кыыллаах Арыыга олорбут уолчаан сааһын эбинэн, уон аҕыстаахпын дэнэн, комсомолга киирбит этэ. Ол курдук комсомол билиэтин илиитигэр туппакка да сылдьан сиэмэх буулдьаттан өлбүтэ. Олохтоохтор биир дойдулаах билэр оҕолоро бандьыыттар илиилэриттэн өлбүтүн истэннэр эбии аймаммыттара, куттал бу суоһаан кэлбитин илэ-чахчы итэҕэйбиттэрэ. Маннык быһыы буола турдаҕына от оттуур, мас мастыыр сэрэхтээх буолбута.
«Олохтоохтор  дэриэбинэттэн мээнэ тэйимэҥ, оҕолоргутун эмиэ дьиэттэн мээнэ ыытымаҥ, бандьыыттар хаhан баҕарар тиийэн кэлиэхтэрин сөп, мэник буулдьаҕа табыллан хаалыаххыт, ол кэрээннэриттэн тахсыбыт дьон оҕо-дьахтар диэн кэрэйиэхтэрэ суоҕа»,– диэн этэрээт хамандыыра Марков олохтоохтору кытаанахтык сэрэппитэ. Арай ол кэмҥэ Мааппа эмээхсин Борокуоппайын кэргэнэ Мааса ыарахан сылдьара эбитэ үһү, улахан уола уончалаах Мэхээлэ ыалларын оҕолорунуун оҕо-оҕо курдук суол нөҥүө ыстааптанан олорор кыһылларга тахсан барытын көрө-истэ сылдьан, саллаат буола, сэриилэһэ оонньууллар эбит. Самаан сайын ортото оҕону дьиэҕэ хаайа сытар уустук суол буоллаҕа дии, онон төһө даҕаны куттал баарын иһин, оҕолор кырыс буорга туста, сүүрэ оонньуулларын наһаа күүскэ бопсубаттара. “Ол этэрээт дьонугар аһылык наада”, – диэн оҕото эппитигэр, Мааса байыастарга лэппиэскэ таһааран биэрбитин, ыаллара Алааппыйа эмээхсин киирэн, хобулаан хотунугар дэлби мөхтөрбүт. «Хайа, оттон бандьыыттар кэлэннэр кыhыл этэрээти аhатан олорбуккут диэн турдуннар? Мааппа эмээхсин, дьоҥҥун наhаа көҥүл босхо ыыппыккын дуу, тугуй? Буойталыыhыккын!».
Бу курдук олордохторуна күһүөрү сайын бандьыыттар Токонон Даппарайга тиийэн кэлэллэр. Тыа кытыытыгар турар аҕыйах ыаллаах дэриэбинэ соҕотохто аттаах, саалаах дьонунан туола түһэр. Ыаллары түүрэйдээһин, астарын халааһын, утарыласпыкка саанан дугдуруйааһын, кырбааһын саҕаланар. Бэйэтэ даҕаны бэрт аҕыйах ыаллаах кыра дэриэбинэҕэ улахан куттал суоһаан, дьон барахсан саһарга күһэллэллэр. Мааппа эмээхсин бандьыыттар кыһылларга көмөлөспүтүн билиэхтэрэ диэн, кийиитин оҕотун Мэхээлэни кытары эрдэттэн үүт угар умуһахха саһыарбыт, оҕолорун, сиэннэрин барыларын бэйэтин дьиэтигэр мусталаан олорбут. Хайыай, ийэ барахсан оҕолорун көмүскүүр-хаххалыыр санаалаах буоллаҕа.
 Дьэ, онтон биир туманнаах, сиик бөҕөтө түспүт, күн саҥа тахсан эрэр сарсыардатыгар саа тыаһа хабылла түспүт, бааһырбыттар хаһыылара, ыттар үрэллэрэ иһиллибит, сүүрүү-көтүү саҕаламмыт. Утуйа сыппыт дэриэбинэ олохтоохторо саһар, куотар мучумааныгар түспүттэр. Ити Марков хамандыырдаах кыһыллар этэрээттэрэ бандьыыттарга соһуччу саба түһэн, харабыллары сууһартаан, куотааччылары эккирэтэн ааспыттар, ол эрээри дэриэбинэ алын кытылын диэки пулемет ытыалыырыттан иҥнэ түспүттэр. Марков бирикээһинэн үс байыас үүнэн турар бурдук быыһынан саһан киирэн, чугаһаан баран, «Бэриниҥ! Илиигитин өрө уунуҥ!» диэн соһуччу саба түһэн пулеметынан ытыалыы сытар икки бандьыыты туппуттар. Ордон хаалбыт бандьыыттар Бүрүгүнэн өрүһү туораан Бастакы Нөөрүктээйигэ куотар санаалаах тиийэн баран, тыыта суох буоланнар, курданалларыгар диэри ууга киирэн туран бэриммиттэр. Арай биир орто саастаах киһи умсан кэбиспит уонна балачча тэйиччи сиринэн күөрэйэн баран, өрүһү харбаан туораабыт. Онуоха байыастар сөҕөн эрэ хаалбыттар, сүрдээх ууһут, кыахтаах киһи эбит диэн.  Ити курдук сэбиэскэй былааһы көмүскүүр кыһыллар этэрээттэрэ 1922 сыл күһүнүгэр Өлүөхүмэ уокуругун барытын бандьыыттар тобохторуттан ыраастаабыттара. 
Ити Мокрощупова Марфа Егоровна диэн эмээхсиҥҥэ иитиллибит Борокуоппай-Прокопий Афанасьевич мин аҕабынан эһэм, оттон били мөҕүллэн баран үүт умуһаҕар бандьыыттартан саспыт мин эбэм Мария Петровна Мокрощуповтар буолаллар. Кинилэр уон үстэ оҕоломмуттарыттан илиилэригэр тутан хаалбыт үс оҕолоруттан соҕотох уолларыттан төрөөбүт үс оҕо, дьылҕа хаан ыарахан ыйыытынан ийэтэ суох хааламмыт, эбэлээх эһэбит, аҕабыт уонна эдьиийбит Мокрощупова Октябрина Прокопьевна ийэлии көрүүтүнэн-истиитинэн улааппыппыт. Эбэлээх эһэм барахсаттар биир эрэ сыл быысаһан олохтон барбыттарын кэннэ саамай тумус туттар, холобур оҥостор киһибит аҕабыт уонна биһигини, убайын оҕолорун улаатыннарбыт киһибит – эдьиийбит буолан хаалбыппыт. Эдьиийбит барахсан үлэһит үтүөтэ, асчыт, иистэнньэҥ бэрдэ этэ. Кини баар буолан оҕоттон итэҕэс санаммакка, мааныланан иитиллибиппит.
Сиэр-туом, олоххо, дьоҥҥо-сэргэҕэ сыһыан, дьиэ кэргэҥҥэ иитииттэн-үөрэтииттэн саҕаланаллар эбээт. Ол курдук оҕо сүрэҕэр иҥэриллибит таптал, эйэҕэс эйгэ, уйаҕас сыһыан, хаһан да сүтэн-оһон хаалбаттар, улааттаҕын аайы тэҥҥэ улаатыһан, тэнийэн, кутаа буолан тулатын сырдаталлар, сылыталлар уонна умуллубат, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр аналлаахтар... Ол кыым биһиэхэ даҕаны, оол былыргы кэмнэртэн – Марфа Егоровна Мокрощупова уйан сүрэҕэр оҕоҕо таптал кыыма саҕыллыаҕыттан, сүрэхтэн сүрэххэ бэриллэн кэлбитин итэҕэйэбит, киниэхэ сүгүрүйэбит. Сүрэхпитигэр иҥэриммит сылаас тапталбыт кыымын билигин оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр тиэрдэн, өссө даҕаны салҕана туруоҕа диэн эрэнэбит.
Эдэр саастарыгар бандьыыттар илиилэриттэн быстыбыт хорсун уолаттар Иван Герасимов уонна Егор Винокуров ааттарын үйэтитэр бэлиэ Даппарайга уолаттар өлбүт сирдэригэр Солооһуҥҥа туруоруллубута...
Хорсун-хоодуот майгыны сэргэ, үтүө быһыы-майгы умнуллубаттара сөптөөх диэммин, Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сыллара биллэриллибитинэн, оҕону иитиигэ өйдөрүн-санааларын, күүстэрин- күдэхтэрин анаабыт, оҕоҕо сүрэхтэрин аспыт, оҕону тулаайахсыппат гына уйан дууһаларын сылааһыгар кууһан-бигээн улаатыннарбыт, төрөппөтөх эрэ буруйдаах күндү Ийэлэрбитигэр махталбытын, тапталбытын суругунан тиһэммит Өйдөбүнньүк Бэлиэ оҥордохпут буоллун!
Ол иһин этэбин төрөппүт эрэ «ИЙЭ» диэн  үрдүк ааты сүкпэт…

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....