13.02.2023 | 16:00

Төрөөбүт тылбыт педагогтарыгар бириэмийэ олохтонно

Дьокуускай оскуолаларын саха тылын, литературатын уонна национальнай култууратын бастыҥ педагогтарыгар анал бириэмийэ олохтоммутун туһунан куорат баһылыга Евгений Григорьев иһитиннэрдэ.
Төрөөбүт тылбыт педагогтарыгар бириэмийэ олохтонно
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүн, олунньу 13 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэҕэ СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев ыйааҕынан 1996 сыллаахха олохтоммут Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн бэлиэтиибит. Куорат баһылыга, бырааһынньыгынан эҕэрдэлээн туран, бастыҥ учууталларга 100 тыһыынча солкуобайдаах анал бириэмийэ олохтоммутун биллэрдэ.

«Убаастабыллаах куорат олохтоохторо, күндү биир дойдулаахтарым, эһигини ис сүрэхпиттэн кэрэ-бэлиэ бырааһынньыгынан – Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн эҕэдэлиибин! Педагогтарбытыгар, учуонай-чинчийээччилэргэ, култуура деятеллэригэр, төрөөбүт тылбытын уонна элбэх араас омуктаах өрөспүүбүлүкэбит норуоттарын төрөөбүт тылларын харыстыырга, сайыннарарга кылааттарын киллэрээччилэргэ сыралаах үлэҕит иһин махталбын тиэрдэбин.  Итиннэ сүрүн оруолу дьиэ кэргэн, төрөппүттэр толороллор диэн эрэллээхпин: биһиги оҕолорбут төрөөбүт тылларынан үөрэнэ, саҥара, толкуйдуу, айа-тута сатыыр дьулуурдарын өйүөхтээхпит», — диэн эҕэрдэлээтэ социальнай ситимнэргэ куорат баһылыга.

Евгений Григорьев иһитиннэрбитинэн, саха тылын, литературатын уонна национальнай култууратын бастыҥ педагогтарыгар 100 тыһыынча солкуобайдаах анал бириэмийэни олохтуур туһунан Уураахха Педагог уонна настаабынньык сылын чэрчитинэн илии баттанна. Бастакы бириэмийэлэр хаһаайыттара, куонкурус түмүгүнэн, Өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсө, 2023 сыл муус устар 27 күнүгэр диэри биллиэхтэрэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....