Төрөөбүт тыл, сурук-бичик декадата саҕаланна
1996 сыллаахха, СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев ыйааҕынан, олунньу 13 күнэ Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн биллэриллибитэ. Бу күн бастакы учуонай-лингвист, уһулуччу сырдатааччы, демократ, сахалыы суругу-бичиги киэҥник тарҕатыыны саҕалаабыт, бастакы учебник ааптара Семен Новгородов төрөөбүтэ.
Өрөспүүбүлүкэҕэ олунньу 10 күнүттэн Төрөөбүт тыл, сурук-бичик декадата саҕаланна. Бу күннэргэ СӨ Үөрэҕирии уонна наука министиэристибэтин биэдэмистибэлээх уонна үөрэҕирии муниципальнай тэрилтэлэрэ төрөөбүт тылы сайыннарар араас тэрээһиннэри ыытыахтара. Өрөспүүбүлүкэ бары оскуолаларыгар кылаас чаастар, уруок таһынан дьарыктар, викториналар, флешмобтар буолуохтара. Үгэс быһыытынан, учууталлар уонна үөрэнээччилэр национальнай таҥаһы кэтэллэрэ бырааһынньык тыынын үөскэтиэҕэ.
Олунньу 13 күнүгэр «Сосновый бор» Оҕо сынньалаҥын уонна чэбдигириитин киинигэр «Күн оһуохайа» симиэнэ саҕаланна. Өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын 100-тэн тахса көхтөөх үөрэнээччилэрэ уонна лидердэрэ саха фольклорун, норуот үгэстэрин кытта дириҥник билсиэхтэрэ. Симиэнэ кэмигэр оһуохай этээччилэр маастар-кылаастара ыытыллыаҕа, «Оһуохай түһүлгэтэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи телевизионнай куонкурус тэриллиэҕэ. Итини сэргэ симиэнэ кыттыылаахтара биллиилээх дьону кытта көрсүөхтэрэ, сөпкө аһааһын туһунан лекциялэр, финансовай үөрэхтээһин куурустара, баһаатайдар тэрээһиннэрэ уо.д.а ыытыллыахтара.
Олунньу 17-18 күннэригэр СӨ Үөрэҕириигэ уонна наукаҕа министиэристибэтэ Ф.И. Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи төрөппүт сугулаанын тэрийэр. Педагогическай үлэһиттэр уонна төрөппүт кэмитиэттэрин бэрэстэбиитэллэрэ төрөөбүт тылынан үөрэтии сытыы боппуруостарын дьүүллэһиэхтэрэ уонна форум быһаарыытын ылыныахтара.
Үөрэҕирии салаатынан муниципальнай таһымҥа кэккэ тэрээһиннэр буолуохтара. Холобур, Бүлүү улууһун Тааһаҕар сэлиэнньэтин Н.Н. Каратаев аатынан оскуолатыгар Игнатий Иванович Каратаев төрөөбүтэ 100 сылыгар уонна Педагог уонна настаабынньык сылыгар анаммыт VI-с Өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай конференция, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Наахара орто оскуолатыгар нэһилиэк бастакы сырдатааччыта И. И. Платонов төрөөбүтэ 130 сылыгар анаммыт «Платоновскай ааҕыылар», Өймөкөөн улууһун Н.О. Кривошапкин аатынан оскуолатыгар «Сахам тылынан киэн туттабын» саха тылыгар уонна литературатыгар дьиэ кэргэн олимпиадата уо.д.а. кэрэхсэбиллээх тэрээһиннэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллыахтара.
Бүгүн, олунньу 13 күнүгэр, үгэс быһыытынан, Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр аналлаах уопсастыбаннас үөрүүлээх мунньаҕа, тылы үйэтитии, үөрэтии уонна сайыннарыы эйгэтигэр өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын бириэмийэлэрин туттарыы буолуоҕа.