Төрөөбүт тыл – оҕо сайдарыгар туһалаах инструмент
Алла Ноговицына – элбэх оҕолоох ийэ:
– Биһиги улахан уолаттарбыт нуучча тыллаах оҕо уһуйааныгар иитиллибиттэрэ. Ол гынан баран дьиэбитигэр сахалыы эрэ кэпсэтэбит уонна оҕолортон сахалыы саҥаралларын ирдиибит, нууччалыы саҥаралларын бобор да этибит диэххэ сөп. Оннук эрэ гынан тылбытын тутан хаалбыппыт.
Кыралар уһуйааннара сахалыы уонна убайдарын үтүктэллэр. Кэтээн көрдөххө, оҕолор мультфильм, тэлэбиисэр, YOUTUBE көрөн, нуучча тылын кэпсэтэр ньыматын иҥэринэллэр эбит. Биһиги да көлүөнэ оҕолоро онно холобур буоллахпыт дии.
Төрөөбүт тылы билии атын тылы үөрэтэргэ мэһэй буолбатах. Бэйэбит холобурбутуттан, уу сахалыы тыллаах Айыы Кыһатыгар 6-с кылааска үөрэнэр уолбут нуучча тылын олимпиадатын муниципальнай түһүмэҕин призера буолбута.
Биирдэ аэропортка бары таксинан барбыппыт, суоппар сахалыы кэпсэтэрбитин истэн: “Хайа улуустан сылдьаҕытый?” – диэн соһуппута. Куорат оҕолоро сахалыы саҥарбаттар диэн өйдөбүл олохсуйбута киһини хомотор.
Билигин куоракка даҕаны, Саха сирин киин улуустарыгар даҕаны оҕолор үксэ нууччалыы кэпсэтэр буолбуттар. Ону батыһан, үйэлэрин тухары нууччалыы соччо кэпсэппэтэх эбэлэр, эһэлэр эмиэ нууччалыы саҥараллар.
Мин бэйэм кэтээн көрөрбүнэн, саха тыллаах оҕо наһаа сэмэй буолар. Математикаҕа алын кылаас оҕолорун үөрэтэр этибит: сөпкө суоттаан да баран, саҥарбакка олорор буолааччылар. Ити көстүү, мин санаабар, билиҥҥи кэмҥэ соччото суох, санаабыккын этинэр, ыйытартан толлубат буолар ордук. Былырыын улахан уолбут МГУ мехмат лааҕырыгар сылдьыбыта. Бастакы үс күнүн кимниин да билсибэккэ, кэпсэппэккэ атаарбыт этэ, наһаа да куһаҕан лааҕырга кэллим дии санаабыт этэ. Онтон дьэ оҕолору кытары билсэн, учууталга уруок бүппүтүн кэннэ кэлэн суоттаабытын көрдөрөн, атыннык, ордук суоттаабыккын диэн хайҕанан, лааҕырын сөбүлээн кэлбитэ.
Уопсайынан, элбэх учуутал “сахалыы толкуй” диэн баар диир. Ол курдук, Өрөспүүбүлүкэтээҕи физико-математическай оскуола бастакы дириэктэрэ Алиев Исмаил Шахбаз-оглы Новосибирскайга үлэлии сылдьан, дьикти толкуйдаах саха оҕолорун көрөн кэлбит диэн уос номоххо кэпсээн баара биллэр. Мин бэйэм биирдэ итинник курдугу көрсүбүтүм, үөрэтэ сылдьыбыт куруһуокпутугар 2-с кылааска үөрэнэр нууччалыы саҥарар оҕо биир садаачаны кыайан суоттаабатаҕа. Ону мин киниэхэ садаача усулуобуйатын уруһуйдаан көрдөрбүтүм, арай киһим, ону көрөөт, түргэн үлүгэрдик суоттаабыта. Кэлин ийэтиттэн оҕоҕут сахалыы саҥарар этэ дуо диэн ыйыппытым. Ону бастаан сахалыы саҥаран иһэн, чуолкайа суохтук саҥарарыттан сылтаан, логопед биир тылы талыҥ диэбитигэр, нуучча тылыгар көспүппүт диэбитэ.
Толкуйдааһын айылҕата – өссө да киһи аймахха арылла илик кистэлэҥ. 20-с үйэттэн саҕалаан, учуонайдар оҕо хайдах саҥарар буоларын, иккис тылы хайдах ылынарын, ол үөрэнэригэр хайдах дьайарын, о.д.а. чинчийэллэр.
Эрдэ иккис тыл киһини бутуйар диэн санаалар баар этилэр. Бастакынан элбэх тылы билии киһи сайдыытыгар туһалаах эрэ буоларын Л.С. Выготскай 1935 с. эппитэ. 1962 с. Монреаль куоракка билингвтэри үөрэппит учуонайдар У. Ламберт уонна Э. Пол түмүктэрэ эмиэ сүрдээх сэдэх – икки тыллаах оҕолор өй-билии өттүнэн сайдыылара биир тыллаах эт саастаах оҕолоруттан үрдүк, толкуйдара быдан имигэс, айар-тутар дьоҕурдара олус сайдыылаах, садаача суоттуулларыгар икки тылынан толкуйдуур ньымаларын ордук туһаналлар диэн.
Интэриниэт, араас технологиялар сайдан, кэлэр сылларга аан дойду экономическай укулаата уларыйара чахчы. Роботтар киһини элбэх эйгэҕэ солбуйан эрэр түгэннэрэ элбээтэ. Оннооҕор атыылааччыта суох маҕаһыыннар баар буолан эрэллэр. Маннык түгэҥҥэ үлэ миэстэтэ былдьаһык буолуо. Ол иһин оҕолорбут күрэстэһиигэ хапсар буоллуннар диэн, үөрэххэ талаһыах тустаахпыт. Онно төрөөбүт тылбыт мэһэй буолбакка, олус көмөлөөх инструмент буолар диэн өйдүөхтээхпит.
Интэриэһинэй конференция
Вилюяна Никитина – “Ийэ тыл кэскилэ” уопсастыбаннай түмсүү салайааччыта:
– Татар, саха, башкир, черкес, чуваш, о.д.а. омук эдэр ыччатын көҕүлээһиннэринэн бэс ыйыгар "За языки РФ" диэн уопсастыбаннай хамсааһын тэриллибитэ.
Бу хамсааһын соругунан РФ норуоттарын тылларын сайдыыларын туһугар түмсэн үлэлэһии буолар. Ол чэрчитинэн "Арассыыйа норуоттарын тылларын харыстааһыҥҥа бастыҥ холобурдар" диэн бастакы онлайн конференция от ыйын 24 күнүгэр буолан ааста.
Конференцияҕа 9 тыл этээччи араас регионнарга тэриллибит, оҥоһуллубут бырайыактар тустарынан кэпсээтэ. Римма Гумирова (Татарстан) уонна Дьулустаан Осипов (Саха сирэ) модератордаан ыыттылар. Саха сириттэн икки киһи дакылааттаата: юрист, сахалыы суруйар блогер Сандаара Кулаковская уонна Сахалыы Бикипиэдьийэни төрүттээччи, сүрүннээччи Халан Павлов. Сандаара Кулаковская оҕолорго аналлаах юридическай өйдөбүллэри быһаарар, үөрэтэр ютуб-ханаалын, оҕолорун көрөн олорор ийэлэргэ аналлаах "Туһалаах декрет" диэн сахалыы куурустарын, оҕолорго аналлаах кинигэтин туһунан олус тэтимнээхтик, сэргэхтик сырдатта. Халан бэйэ омугун тылынан Бикипиэдьийэни тэрийии суолтатын, хардыыларын, ис хоһоонун сиһилии быһаарда.
Тылы үөрэтии сынньалаҥ лааҕырдарын туһунан Нальчик куораттан Мадина Хакуашева, Чувашияттан Александр Блинов, Кабардино-Балкарияттан Тембулат Афашагов кэпсээтилэр. Бу лааҕырдары судаарыстыбаттан үбү эрэйбэккэ, актыбыыстар бэйэлэрэ тэрийэллэр эбит. Уонна маннык үлэ тылы харыстыыр эрэ буолбатаҕын, омук үгэһин, сиэрин-туомун, өйүн-санаатын тиэрдэрин бэлиэтээтилэр.
Коми өрөспүүбүлүкэтиттэн Марина Федина Тыл саҥа технологияларын киинин үлэтин кэпсээтэ. Онно тылбаас Бюрота диэн баар. Ол бюро үлэһиттэрэ официальнай тэрээһиннэри кэрийэннэр, тута тылбаастаан иһэллэр эбит. Онон мунньахтар, төгүрүк остуоллар, конференциялар барыта икки тылынан бараллар. Онтон да атын цифровой эйгэҕэ финно-угорскай тыллар туттуллууларын кэҥэтэр үлэлэрэ баһаам.
"Карел тылын дьиэтэ" диэн тыл эйгэтин үөскэтэр эбии үөрэхтээһин көрүҥэ оҕолору төрөөбүт тылынан саҥардар ньыма быһыытынан туттулларын Наталья Антонова билиһиннэрдэ. Табрис Яруллин татардыы подкастар, Алина Крестьянинова удмурт тылынан блогинг тыл сайдыытыгар суолталарын болҕомтоҕо уурдулар.
Олус интэриэһинэй кэпсээннэри иһиттибит, элбэҕи биллибит, араас регионнар тыл туһугар үлэлэрин билистибит. Маннык конференциялар өссө да тэриллэллэрэ былааннанар.