Төрөөбүт сирим-буорум туохтааҕар да күндү!
Тыа сиригэр олорор эр киһини билигин тутар уустук. Ким бултуур, ким мастыыр, ким дьиэ ис-тас үлэтигэр сылдьар. Быар куустан олорор, дьыбаан киэргэлэ буолан сытар эр дьон онно суохтар!
Онон мин тыҥ хатыыта туран баран киэһэ хонугар эрэ кэлэр Степан Киприяновы нэһиилэ тутан кэпсэттим.
— Степан, үтүө күнүнэн, бастатан туран, дьонуҥ-сэргэҥ, хантан силистээх-мутуктаах буоларыҥ туһунан кэпсиэҥ дуо?
— Мин 1980 сыллаахха муус устар 12 күнүгэр Хаҥалас улууһугар Хачыкаакка күн сирин көрбүтүм, оччолорго төрөтөр балыыһа баар эбит. Киприяновтар дьиэ кэргэҥҥэ иккис уолунан төрөөбүтүм, убайдаахпын, икки бырааттаахпын. Ийэбит Киприянова-Павлова Калиста Степановна аптекаҕа үлэлээбитэ, билигин биэнсийэҕэ олорор, аҕам Киприянов Вячеслав Романович сопхуоска үлэлээбитэ, билигин эмиэ бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор.
Оччолорго биир сүөһүлэрин элбэтэн, ону көрөн, онтон аа-дьуо кэтэх хаһаайыстыбаларын улаатыннаран, кэҥэтэн, тыа ыалын сиэринэн бэйэбит үүттээх-астаах этибит. Ити 90-с сылларга, билигин эспиттэрэ, сылгылаахпыт эрэ. Дойдубар дьоммун кытары бэйэм баарбын, уолаттар кэлэ-бара сылдьаллар, окко-маска көмөлөһөллөр. Бэйэм дойдубуттан тэйбэккэ, харыс халбарыйбакка олоробун, үлэлиибин, төрөөбүт төрүт буорбун ханна эмит бардахпына улаханнык ахтан, суохтаан кэлэбин, ол курдук таптыыбын, ытыктыыбын.
— Билигин эр дьон, уолаттар бултуур, сааланар кэмнэрэ, эн да тыа сирин оҕото, бука, кыраҕыттан бултаатаҕыҥ буолуо?
— Аҕабыт кадровай булчут этэ, онон биһигини булка сыһыарбыт киһибит буолар. Төрдүлэрбит, эһэбит Буотамаҕа паарка буола илигинэ бултуур сирдээх этилэр, онно барарбыт.
Оҕо сырыттахпытына сопхуос эрдэҕинэ хортуоппуй ыһаллар этэ, аҕабыт биригэдьиирдиирэ, онно барсар-кэлсэр буоларбыт, куска сылдьаһарбыт. Онно сылдьан бастакы куспун өлөрдөҕүм буолуо, ытарга да онно үөрэммитим. Оччолорго дэриэбинэ уолаттара бары да бултуур буоллахтара. Оскуоланы бүтэрэрим саҕана аҕам уонна таайым саа бэлэхтээбиттэрэ, оо, улахан үөрүү-көтүү онно этэ. Бастакы саам ТОЗ-34, вертикалка. Дьиэбит таһыгар Эбэбит күөлэ баар, оҕо сылдьаммыт онно киирэр этибит, күөл уҥуор тиийэн оҕолор мустаммыт кустааччыбыт. Доҕордуулар күргүөмүнэн, оҕо сааспытыгар омуннаахтык ороһуйан тутуспутунан баран кустуурбут билигин санаатахха наһаа үчүгэй, сырдык өйдөбүллэр буоллахтара.
Дьоммут, аҕаларбыт булт сиэрин-туомун үөрэтэллэр, онно аа-дьуо ылсан, үөрэнэн иһэр буоллахпыт, кинилэр сүбэлэрин-амаларын барытын ылынан, күн бүгүн да тутуһан кэллэхпит.
Урут кус сезонугар эрэ кустуугун, бүттэ даҕаны киирбэккин, быраабыланы, сокуону күүскэ тутуһуннараллар этэ. Онон, ордук хос, илин-кэлин түһэн браконьердаабыт суох. Анды кэмигэр оруобуна үлэм сезона саҕаланар, онон куска эрэ сылдьабын.
— Сокуону кэһэн бултааһын, ыстараапка түбэһии, сааны былдьатыы билигин син биир тахсыталыыр дии.
— Итинниги убаастаабаппын, ханнык баҕарар эр киһи тулуйан сокуону тутуһуохтаах, сиэри-туому эмиэ барытын билиэхтээх. Баай Байанайбыт өһүргэннэҕинэ, хомойдоҕуна, булдуттан кинилэргэ эрэ буолбакка, атыттарга эмиэ бэрсимиэн сөп. Онон бэйэ эрэ иннин көрүнэр сыыһа дии саныыбын. Билиҥҥи сааһыт алааһыгар, үүтээнигэр барарыгар олох сүктэр кыыс курдук элбэх маллаах, бырысыап муҥунан көһөн тиийэр. Биһиги үрүсээкпитигэр кус ылар быа, туус, испиискэ угуннубут да, киирэн түһэ турарбыт. Аҕаларбыт хайдах сылдьалларынан, судургутук, боростуойдук, кинилэри көрөн үтүктэр, холобур оҥостор буоллахпыт. Оччолорго кус ыҥыттарар эҥин суох, маногу баран иһэн оҥостор этибит, ытыллыбыт ботуруон гильзатынан, булт маҕаһыына эҥин дэлэйэ илик буоллаҕа. Онтон дьэ мончууктар дэлэйэн киирэн барбыттара, бастаан пластмасс кус курдуктар этэ, онтон кэнники хааска профиль диэн дэлэйбитэ. Билигин кусчуттар анаан ох курдук оҥостон, уоппуска эҥин ылан сыталлар. Оттон, этэргэ дылы, саха эр киһитигэр уһун кыһын кэнниттэн сааскы айылҕаҕа баран сынньаныы, бастакы куһу ытыы, амсайыы туһунан эмиэ ураты дьайыылаах. Уонна көҥүл сылдьыы, утуйуу, туруу туохха да бэриллибэт ээ.
— Сааһыттар туох эрэ уура сылдьар кэпсээннээх буолааччылар.
— Киһи ылбычча этэрэ уустук курдук, арай ууга түһэн ылыы диэн баһаам буоллаҕа. Биир түгэни билигин да өйдүүбүн. Биһиэхэ, Хачыкааттан чугас, Булуус баар дии. Онно таһыгар күөллээх, кутталлаах соҕус сир. Биирдэ оҕо сылдьан күһүҥҥү куска бардыбыт, киирэн миэстэбитин булан олортоотубут, кус ытааччы буоллубут. Куспун ытан баран онтубун ылаары күөлбэр киирэн кутатыгар түһэн хааллым, дьэ, ыксаллаах быһыы-майгы буолбута, уута тымныыта да бэрт этэ, муустаах эҥин. Түгэҕин булбакка, син хатаастан, оттон-мастан тардыһан тахсыбытым. Ол кэннэ ити күөл диэки киирбэт буолбутум, оннук сүрэҕим хайдан турардаах.
— Эн, арааһа, бүтэһик пионер буолуоҥ дуу. Пионериябыт күнэ чугаһаата.
- Оннук да буолуон сөп. 90- сылларга пионерга киирдэҕим. Кулуһун отторбутун, турслеттары эҥин өйдүүбүн. Пионерга да киирбит күммүн умнубаппын. Улахан кылаас оҕолоро хаалтыспытын баайбыттара, долгуйуу бөҕөтө этэ. Аны туран сатаан бааммакка эрэй буолар этэ. Аны өтүүккэ сиэтэн кэбиһэн эҥин, улахан айдаан буолааччы, мөҕүллүүлээх эҥин. Ол хаалтыспытын аҕыйахта да бааммыппыт буолуо, дойдубут эстэн, пионерия тохтоон хааллаҕа.
— Урукку уонна билиҥҥи кэм, эн санааҕар, хайата ордугуй. Сэбиэскэй кэмҥэр төннүөххүн баҕараҕын дуу?
— Биһиги кэммит олох атын буоллаҕа, кинигэҕэ баары үөрэттибит да бүттэҕэ дии, учуутал тугу кэпсиирин эрэ истэрбит, билигин үөрэтэ сатаатахха онтон-мантан хасыһан булаҕын, оннооҕор тиэхиньикэ оҥостор буоллахха, ютубу арыйдыбыт да, барыта онно баар. Урут массыына оҥосторбутугар эбэһээт кинигэ ааҕааһын буолааччы. Миэбэл таҥыытыгар дьону ыҥыртыыгын, этибиэркэ бөҕөлөөх кэлэллэр, билигин шуруповерт үйэтэ. Билиҥҥи оҕолор солото суох сылдьаллар, онно-манна барытыгар баран кытталлар, аны биир дэриэбинэ, улуус иһинэн буолбакка, киэҥ сиринэн сылдьаллар, айанныыллар, толкуйдара да атын. Онон билиҥҥи олоҕу, кэми сирбэппин, төттөрү барбат буоллахпыт, иннибит диэки сайдыыга дьулуһабыт.
— Оскуолатааҕы сылларгын санаан ааһыахха.
— Мэник бөҕөтө этим, ортотук үөрэммитим, күлүгээнниир да этибит, мөҕүллэр да этибит. Алын кылаастарга отуттан тахса буолан үөрэммиппит, онтон тохсустан аҕыйаан 17 буолбуппут, үөрэххэ барыталаан эҥин. Сэттэ уол, уон кыыс буолан оскуоланы бүтэрбиппит. Оскуолаҕа уолаттар спордунан дьарыктанарбыт, тустуу, футбол, баскетбол. Сопхуос эдэр ыччаттарын кытта бары тэҥҥэ дэриэбинэбит саалатыгар дьарыктанар, күрэхтэһэр этибит.
Алын кылаастарга Варвара Викторовна Матвеева үөрэппитэ, билигин да оскуолатыгар үлэлии сылдьар. Биһиги киниэхэ бастакы оҕолоро буолабыт. Оччолорго үөрэҕин саҥа бүтэрэн кэлбит эдэр учуутал этэ, билигин көрсөн кэпсэтэбит, уруккуну санаһабыт. Уруок кэнниттэн дьиэбитигэр диэри атаартыыр, илдьитэлиир этэ, улдьааран, барбакка оонньуу, мэниктии сылдьар буоллахпыт. Онтон бэһис кылаастан химия учуутала Розалия Алексеевна Захарова ылбыта. Син улаатан арыый оттомурдубут да ини, аҕыйаатахпыт даҕаны дии. Онон кылааһы туппута, илиитигэр ылбыта.
Оскуола кэнниттэн икки сыллаах автомеханик идэтигэр үөрэнэ киирбитим, онтон 1999 с. үөрэхпин бүтэрэн баран икки сыл аармыйаҕа сулууспалаан, 2001 сылга дойдубар кэлбитим. Кэлэн баран мукомольнай собуокка үлэлии киирбитим. Онтон 2004 с. Юлия Юрьевна диэн учууталлыы кэлбит кыыһы кэргэн ылан дойдубар хаалларбытым, үс оҕолоохпут, улахан уол устудьуон, кыралар кыргыттар, оскуола оҕолоро.
— Чааһынай паромҥа хапытаанныыгын, үлэҥ туһунан кэпсиэҥ дуо?
— Кэргэним учуутал, кыһынын үлэлиир, сайынын сынньанар, мин речник буоллаҕым, кыһынын сынньанабын, сайынын үлэбэр тахсабын. 2005 с. үлэлиибин. Бастаан моториһынан сылдьыбытым, онтон старпом, билигин хапытааммын. Речной училищеҕа аармыйа кэнниттэн үөрэммитим.
Эбэҕэ аан бастакынан Хачыкаат парома сылдьар, тоҕо диэтэххэ муус бастаан биһиэхэ ыраастанар, онтон дьэ куораттар тахсаллар. Билигин түөрт паром сүүрэр, урут бастаан үлэлии киирэрбэр 13 паром баар этэ. Тимир суол кэлэ илик, трасса оҥоһулла илик буолан, массыына үксүтэ манан ааһар этэ. Суол оҥоһуллубутун кэннэ Бэстээҕинэн айанныыр буолбуттара, ол иһин улахан паромнар бары Бэстээххэ көспүттэрэ. Биһиги олохтоохтор хааллахпыт дии. Паромнар бары чааһынайдар, түөрт хаһаайын бары биирдии паромнаахпыт. Мин биригэдьииринэн сылдьабын. Биэрэкпит дэриэбинэттэн наһаа ырааҕа суох, уу кэллэҕинэ дэриэбинэ анныгар кэлэбит, онтон түстэҕинэ арыый аллараа соҕус көһөн биэрэбит.
Мин бастаан таайым манна үлэлиир этэ, паром сырыытын таайым аах саҕалаабыттара, бастакы паромщиктар буолаллар. Жатай собуотуттан паромнары бастаан дорожниктар аҕалбыттара, эһиилигэр Хачыкаат сопхуоска аҕалбыттара, онтон ылата үлэлээн кэлбиттэрэ. Ити 1985-86 сыллартан.
— Оччоҕо оттоспот эҥин буоллаҕыҥ.
— Аҕам, дьоннорум оттууллар, мин барытын хааччыйан биэрэбин, пароммунан туоратабын, арыыга оттуубут, тиэхиньикэлэрин эҥин барытын туораталыыбын, дэриэбинэ отчуттара бары син биир паромунан киирэн тахсаллар, урут сопхуос саҕана тыаҕа оттууллар этэ,билигин тыаҕа баар сирдэрбит хаалан тураллар.
— Кыыскыт суох буолан ийэҕитигэр барытыгар көмөлөстөххүт буолуо.
— Иһит, таҥас сууйуута, ас астааһына буоллун, барытыгар көмөлөһөрбүт. Оскуолаҕа икки сменанан үөрэнэр этибит. Барыаҥ иннинэ дьиэҕин, иһиккин сууйаҕын, улааппыппыт кэннэ үөрэнэн кэлэн баран хотон көрүүтэ эбиллибитэ. Оччотооҕу ыаллар бары да сүөһүлээхтэр, биһи саастыы оҕолор бары да көрдөхпүт дии. Ынах ыан, ынах төрөтөн. Аҕабытын кытта булка сылдьабыт, маска тахсар этибит, тыаҕа олорор оҕо эр киһи үлэтин барытын сатыыр, тугу да көтүппэт этибит.
Билигин бары ыалларбыт, сайын, билигин да бу хас да күннээх өрөбүллэргэ сиэннэр ыалдьыттаан бардылар, тэлгэһэ оҕо саҥатынан туолар, аны кинилэр эбээлэригэр, эһээлэригэр көмөлөһөллөр.
Ииппит, такайбыт күндү дьоммор ийэлээх аҕабар, эдьиийдэрбэр, билигин биһиги ортобутугар суох ийэм убайыгар, таайбар Валерий Степанович Павловка махталым муҥура суох. Кыра эрдэхпититтэн биһигини көрсөн, бодьуустаһан киһи-хара буоларбытыгар үтүөтэ-өҥөтө элбэх. Кини миигин паромҥа сыһыаран, онтон ыла речник буоллаҕым дии. Кыра сылдьан барсар этибит, өндөйөн нэһиилэ көрөбүт, наһаа интэриэһиргиибит, сатаан урууллаабакка туора-маары эргитии буолар, штурвалы сатаан туппакка.
Учууталларбар махтанабын, кинилэр иккис ийэбит тэҥэ, иитэн, үөрэтэн, үлэһит дьон буола сырыттахпыт.
Сайын кэлэн эрэринэн Сахам сирин дьонун барыларын эҕэрдэлиибин, ньургуһун сибэккибит барахсан тахсан, оппут көҕөрөн эрэр, хаарбыт уулунна. Эбэбит этэҥҥэ ааһыа диэн эрэнэбит, улахан хоромньу эрэ оҥорботор. Онон кылгас сайыммытыттан кыһыҥҥы хаһааспытын булунан, дуоһуйа сынньанан, оттоон-мастаан туһалаахтык атаарыахха диэн истиҥ санаабын тиэрдэбин.