25.07.2024 | 18:00

Төрөөбүт дойдутун ис сүрэҕинэн дириҥник таптыыра

Төрөөбүт дойдутун  ис сүрэҕинэн дириҥник таптыыра
Ааптар: Саргылана Семеновна Лебедева, СР үөрэҕириитин туйгуна, үлэ бэтэрээнэ,“Саха” НКИХ “Хотугу сулус” академиятын эрэдээктэрэ
Бөлөххө киир

Бу күннэргэ Арассыыйа, Саха сирин улахан патриота, биллиилээх учуонай, уопсастыбаннай диэйэтэл, ХИФУ кырдьаҕас профессора Карл Георгиевич Башарин олохтон барбыта биир сыла буолла.

Олоҕу чөл мындыр өйүнэн-дууһатынан таптаабыт, төрөөбүт норуотугар, Ийэ дойдутугар дириҥ бэриниилээх улахан учуонай, профессор, медицинскэй наука доктора Карл Георгиевич Башарины кытта чугастык билсибитим балачча кэм буолла.

Өссө оскуолаҕа үөрэнэр сылларбар сахалартан бастакы наука доктора, профессор Георгий Прокопьевич Башарины Суоттуга «Доҕордоһуу» аатырбыт музей бастакы төрүттэниитигэр норуодунай суруйааччы Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон уонна таптыыр, ытыктыыр учууталым Раиса Реасовна Кулаковская ыҥыран, бастакы «История уруогун» ыыттарыахтарыттан өйдүүбүн.

Кэлин бэйэм улаатан ону-маны ырыҥалаан толкуйдуур, дьаныһан туран суруллубуту ааҕар, эт кулгаахпын иччилээн истэр буолан баран оҕо сылдьан истибит учуонайым Георгий Прокопьевич Башарин уонна биир дойдулааҕым, саха биллиилээх поэта, олоҥхоһут-суруйааччы, судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай деятель Сергей Степанович Васильев-Борогонскай ис сыһыаннарын өйдөөн, икки өртүттэн кинилэр оҕолорун  кытта С.С. Васильев-Борогонскайга аналлаах араас тэрээһиннэргэ көрсөн, билсэн, чугастык бодоруспутум, олус элбэҕи билбитим, иҥэриммитим.

С.С. Васильев-Борогонскайга П.А. Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэни анааһыҥҥа Г.П. Башарин улахан оруолун туһунан да аахтахха, киһи оччотооҕу кэм оҥкулун нөҥүө элбэҕи өйдүүр.

Карл Георгиевич Башарин кэргэниниин Зоя Константиновналыын иккиэн олох ураты куттаах-сүрдээх улахан учуонайдар, дириҥ хорутуулаах уопсастыбаннай диэйэтэллэр. Тус бэйэлэрин  билим эйгэтигэр хайысхаларын таһынан чөл олоҕу өрө тутар, ону тарҕатар, тэнитэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдэр, иҥэрэр үрдүк миссиялаахтар.

Карл Георгиевич учуонай быһыытынан ыччат дьону, үүнэр көлүөнэни кытта күүскэ ылсан үлэлиирэ. «Хотугу сулус» академия эдэр кэрэспэдьиэннэригэр Башариннар иккиэн тутуспутунан кэлэн лиэксийэлэри ааҕаллара, көрсүһүүлэри оҥороллоро. Үөрэнээччилэрбитин илдьэ Севастополь куоракка аан дойдутааҕы чөл олоххо уһуйар конференцияҕа дириэктэрбиниин Татьяна Афанасьевна Гоголевалыын эдэр кэрэспэдьиэн оҕолору илдьэ тиийбиппитигэр, Карл Георгиевич уонна Зоя Константиновна бааллара. Бу аан дойду таһымнаах конференцияҕа Александр Николаевич Маюрову уонна Карл Георгиевич Башарины сэргэ дойду биллиилээх учуонайдара элбэх лиэксийэлэри аахпыттара, дьарыктары көрдөрбүттэрэ.    Карл Георгиевич чөл олоххо аналлаах кэскиллээх үлэтэ бу тэрээһиннэргэ улахан суолталааҕын өйдөөбүтүм. 

Дьокуускай куорат М.П. Бубякина аатынан 14-с №-дээх орто оскуолатыгар дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччынан үлэлиир кэммэр үөрэнээччилэргэ, учууталларга анаан Башариннар улахан аактабай саалаҕа лиэксийэлэри оҥороллоро. Лиэксийэ кэнниттэн оҕолор Карл Георгиевичка кэлэн аны хаһан да табах тардыахпыт суоҕа, элбэҕи өйдөөтүбүт дииллэрин чуо өйдүүбүн. Бу буоллаҕа профессор Башарин үрдүк маастарыстыбата, дириҥ билиитэ, олохтоох муудараһа. 

Маны таһынан С.С. Васильев-Борогонскай уонна Г.П. Башарин олохторугар уонна айар үлэлэригэр аналлаах бырайыактары оҥорбуппутугар  научнай салайааччы буолан Башариннар учуонай дьиэ кэргэннэрэ сүбэ-ама, күүс-көмө өйөбүл буолбуттара. Бу бырайыактарбыт улахан учуонайдар таһымнарыгар тирэммит буолан, ситиһиилэрэ сөҕүмэр буолбута.

Ол курдук, өрөспүүбүлүкэтээҕи, Арассыыйатааҕы «Васильевскай ааҕыыларга» чаҕылхай үөрэнээччилэрим Гран-при ылбыттара, лауреат буолбуттара. Арассыыйатааҕы «Птенец» араадьыйа биэриилэр бэстибээллэригэр дойдуга бэриниилээх буолууга анал номинацияны ылан үөрбүппүт. Оттон Г.П. Башарин туһунан суруйууларбытынан М.К. Аммосов аатынан ХИФУ межвузовскай конференциятыгар үөрэнээччилэрим учуонайдары кытта тэҥҥэ туран дакылаат аахпыттара биһирэммитэ. Бу тэрээһин Г.П. Башарин төрөөбүтэ 95 сылыгар, Г.Г. Макаров төрөөбүтэ 90 сааһыгар ананан 2007 сыллаахха муус устар ыйга ыытыллыбыта. Үөрэнээччилэрим дакылааттара «Проблемы истории и обществоведения» диэн кинигэҕэ киирбитэ. Онтон бэйэбит Г.П. Башариҥҥа аналлаах научнай салайааччыларбытын Карл Георгиевич, Зоя Константиновна, Ольга Карловна, Анна Карловна Башариннары кытта холбоһуктаах брошюра таһааран турабыт. Бу элбэхтэн аҕыйах түгэни аҕыннахха, маннык сөҕүмэр ситиһиилэр, түмүктэр барыта Башариннары кытта алтыһыыны кытта ыкса сибээстээх. 

Карл Георгиевич киһи быһыытынан олус истиҥ, дьоһуннаах этэ. Ис сүрэҕиттэн иэйэн-куойан патриотизм тематыгар хоһооннору ааҕара. Өрүү билиитин-көрүүтүн тэҥҥэ үллэстэр уратылааҕа.

Мин Ярославскай уулуссаҕа баар Башариннар дьиэлэригэр-уоттарыгар элбэхтэ сылдьан, итии чэй иһэ-иһэ истиҥник кэпсэтэрбитин куруук ахтабын. Кинилэр аһылыктара да өрүү чөл буолара. Карл Георгиевич бэйэтэ тууһаабыт хаппыыстатын элбэхтэ амсайбытым уонна билигин да кини эрэ ырысыабынан хаппыыстабын тууһуубун. Зоя Константиновна уонна Карл Георгиевич уурбут-туппут курдук кыбартыыраларыгар дьиҥ-чахчы билии эйгэтэ баһылыыра өрүү биллэрэ.  Кинилэртэн мин олус элбэххэ үөрэммитим, уһуйуллубутум дии саныыбын. Башариннар үрдүк култууралаах, дириҥ билиилээх, мааны майгылаах үтүөкэн дьон буолан, ханна да ыҥырыкка сылдьар, ыйааһыннаах тыллаах-өстөөх улахан учуонайдар.

Карл Георгиевич Башарин улахан учуонай быһыытынан төрөөбүт өрөспүүбүлүкэтин таһынан аата-суола киэҥник биллэр, научнай үлэлэрэ дириҥник сыаналар. Кини үөрэппит үөрэҕин, олорбут олоҕун утумнаан, удьуордаан,  салҕааччылардаах буолан дьоллоох киһи. Бу Орто дойдуга кэлбит олоҕор Карл Георгиевич олох бары өрүтүн билэн, ону тус бэйэтинэн ылынан, дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдэргэ туруулаһан олоҕун тиһэх күннэригэр диэри үлэлээбит киһи буолар.

Ытыктыыр киһим, чугастык бодоруспут аҕа доҕорум, ааттаах-суоллаах уһуйааччым, сүбэһитим, саха улахан учуонайа Карл Георгиевич Башарин сырдык дууһата, үтүөкэн аата, сүдү олоҕо өрүү өйбөр-санаабар тыыннаах. Кини бастыҥ идеялара, ураты көрүүлэрэ, кэскиллээх этиилэрэ дьон-сэргэ дууһатыгар, ыччаты иитиигэ ыҥыра, угуйа турар дириҥ, туллаҥнаабат акылаат буолуохтара диэн эрэнэбин.

Хаартыска: Мичил Яковлев, ХИФУ сонуннарын эрэдээксийэтэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....