Төрөөбүт дойдубут туһугар
Бэлэмнээтилэр
Маргарита Степанова (Акимова)
Лилиана Антонова
Ньурба улууһун 1985 сыллааҕы выпускниктарын көҕүлээһининэн ыытылла турар Үтүө дьыала кубога бүгүҥҥү туругунан Сахабыт сирин 20 улууһугар сылдьан, бу күннэргэ уочараттаах 21-с улууһугар – Эбээн Бытантайга эрчимнээхтик хардыылыыр.
Санатар буоллахха, Үтүө дьыала кубогын тэрээһиннэрэ былырыын атырдьах ыйын 8 күнүттэн Ньурба улууһуттан силис-мутук тардан, Үөһээ Бүлүүнэн, Бүлүүнэн туруммута. Ол туһунан биһиги «Киин куорат» хаһыат ааспыт нүөмэригэр кэпсээн турабыт.
... Балаҕан ыйын 7 күнэ. Бүлүүттэн, Дьокуускайтан автодесант тэринэн, икки хамаанда утарыта айаннаан, Бэрдьигэстээххэ киириигэ турар аарыма Лөгөй таһыгар болдьоммут бириэмэҕэ Кубокпыт горнайдар иннилэригэр биирдэ баар буола түспүтэ. Буоларын курдук, алгыс тыл дуораһыйда, оһуохай оһуордаата, үөрүү-көтүү үксээтэ. Ити курдук тутуспутунан Бэрдьигэстээх сынньалаҥ пааркатыгар күһүҥҥү сэбирдэх көмүс ардаҕын аннынан гитара доҕуһуоллаах эдэр сааспытын санаан ырыа ылламын ыллаатыбыт, сэһэн истиҥин сэһэргэстибит. Ити күннэргэ Горнайга Инбэлииттэр уонна кырдьаҕастар дьиэлэригэр 30 куб. иэннээх кумах кутуллубута, үлэ, тыыл бэтэрээннэрэ Петровтар дьиэ кэргэттэригэр, 8 оҕолоох Акулина Федотовна Иннокентьеваҕа көмө оҥоһуллубута. Солоҕон нэһилиэгин выпускниктара ытык-мааны хатыҥнарын саҥалыы күрүөлээбиттэрэ, биир прицеп бөх тиэйбиттэрэ. Нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо Матрена Андреевнаҕа, сэрии огдообото Варвара Матвеевнаҕа, сэрии тулаайахтара Вера Игнатьевнаҕа, Елизавета Егоровнаҕа, Иван Ильичкэ сэмэй бэлэхтэрин оҥорбуттара. Күөрэлээх выпускниктара оҕо уһуйааныгар көмөлөспүттэрэ. Одуну оскуолатын бүтэрбиттэр учууталларын тэлгэһэтин күрүөлээбиттэрэ, нэһилиэк дьаһалтатын тула мас олорпуттара. Агафья Павлова Васильевтар оҕолоругар сахалыы ырбаахы тигэн бэлэхтээбитэ, Орто Сурт выпускниктара инбэлиит Ульяна Алексеевна Максимоваҕа биир куул хортуоппуй уонна атын бородууктанан көмө оҥорбуттара. Горнайдар ити курдук салгыы Бэрдьигэстээхтээҕи Реабилиационнай кииҥҥэ киирии суолга 15 куб. иэннээх кумах куттарар, Кырдьаҕастар дьиэлэригэр сынньалаҥ балаһааккатыгар көмө оҥорор былааннаах хаалбыттара.
... Балаҕан ыйын 21 күнүгэр Үтүө дьыала кубога Нам улууһугар тиийбитэ. Номнуо үгэскэ кубулуйбут Кубогы үөрүүлээх туттарсыы сиэрэ-туома улуустар кыраныыссаларыгар ыытыллыбыта. Бу күн намнар Арчы дьиэтигэр норуот маастардарын оҥоһуктарын көрдөрбүттэрэ, улуус олоҕун-дьаһаҕын кытта билиһиннэрбиттэрэ. Биһиги, ыалдьыттар, 1937 сыллаахха Платон Ойуунускай тыл эппит трибуната билигин да бэрт сэнэх көрүҥнээх турарын сэргии көрбүппүт. Библиотекаҕа олорон төгүрүк остуол чэрчитинэн Кубокпыт айанын тула санаа үллэстибиппит.
Үтүө дьыала кубогын Намҥа сырыыта эмиэ бэрт чаҕылхай буолан биэрбитэ – элбэх оҕолоохторго көмө оҥоруута, Оҕо приютугар саҥа дьыбаан ылан туттарыы, кырдьаҕастар дьиэлэригэр көмө ааксыйа, Нам улууһа киэн туттар дьонноругар анаммыт паамытынньыктары сууйан, аттынааҕы бөҕү хомуйан ыраастааһын о.д.а.
... Балаҕан ыйын 28 күнэ. Үтүө дьыала кубога Намтан алтыс улууһугар – Уус Алдаҥҥа тиийэн кэллэ. Икки өттүттэн 30 выпускник сарсыарда 6 чаастан хомуллан, Кангалаастан катерынан Суотту кытылыгар үктэммиппит. Онтон дьэ күнүс 12 чаастан Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон төрүттээбит “Доҕордоһуу” музейыгар Кубогы туттарсыы үөрүүлээх церемонията музей салайааччыта Н.Я. Новоприезжая, музей үлэһиттэрэ, Саха АССР оскуолаларын 1985 сыллааҕы выпускниктарын Сүбэтин чилиэннэрэ Барахсаана Соловьева, Маргарита Степанова, Аннет Афанасьева, оргкомитеттан Лилиана Антонова, Бүлүү выпускницата Светлана Васильева кыттыылаах ыытылынна. Ол кэннэ бары тутуспутунан экскурсовод И.С. Охлопков салалтатынан музей көрбүппүт. Намтан сылдьар үөлээннээхпит Антонина Платонова музейга таба тириититтэн тигиллибит оҕо таҥаһын бэлэх уунуох буолбута. Андрей Яковлев, Мичил Бурцев эрдэ оҥорбут остуолларын, ыскамыайкаларын олохтоох уолаттар Мичил Бурцев, Василий Аммосов, Яков Бочкарев таҥан, беседкаҕа туруорбуттара. Мичил Бурцев алгыһынан ыалдьыттары уохтаах кымыһынан, арыылаах алаадьынан күндүлээбиттэрэ, Зоя Данилова бэлэмнээбит Уус Алдан улууһун туһунан монтааһын бары ааҕан, Василий Аммосов "Дойдум миэнэ Уус Алдан" гимны таһааран ыллаабыппыт. Ол кэннэ Ньурба-Үөһээ Бүлүү-Бүлүү-Горнай-Нам улуустарынан элбэх үтүө дьыаланы кэккэлээбит, үгүс дьону сомоҕолообут Кубокпытын Нам улууһун Выпуск-85 түмсүүтүн салайааччыта Дмитрий Ядрихинскай үөрүүлээх быһыыга-майгыга Уус Алдан дэлэгээссийэтин бэрэссэдээтэлэ Василий Аммосовка туттарда. Василий Аммосов "Мүрү, Мүрү барахсан" ырыатынан уус алданнар флешмобтаабыттара. Алгыс, оһуокай түмүктэниитэ музей кафетыгар повар С.Н. Румянцева минньигэс эт миинин, соккуойун, итии үүттээх чэйин, үөлээннээхпит Екатерина Стрекаловская итии саламаатын амсайбыппыт. Киин улуустар куратордара Барахсаана Соловьева бу үтүө дьыалаҕа ис сүрэхтэриттэн күүскэ көмөлөспүт Нам улууһун выпускниктарыгар "Үтүө санаа кубогын актыыбыһа" значоктары туттартаабыта: Дмитрий Ядрихинскайга, Антонина Платоноваҕа, Николай Суздаловка, Анастасия Сивцеваҕа. Бүлүүттэн Лилиана Антонова, Намтан Дмитрий Ядрихинскай бэйэлэрин улуустарыгар Үтүө дьыала Кубогын күннэригэр ыытыллыбыт тэрээһиннэри сырдаппыттара. Ол кэннэ Яков Бочкарев, Василий Аммосов, Арчыына Сындыыс тыыннаах доҕуһуолларынан дуоһуйуохпутугар диэри үҥкүүлээн, күлэн, оонньоон тарҕаспыппыт. Ыалдьыттары музей оптуобуһа биэрэккэ катербытыгар киллэрэн биэрбитэ. Кубок күннэригэр үгэс курдук элбэх оҕолоох ыалларга, инбэлииттэргэ көмө оҥоһуллубута. Дьокуускай куоракка олорор үөлээннээхтэрбит Инбэлииттэр, кырдьаҕастар дьиэлэригэр библиотекаҕа кинигэ туттарбыттара, Виктор Литвинцев илии куурдар бэлэхтээбитэ.
Бу курдук биһиги үтүө дьыалабыт төрөөбүт дойдубут сайдарыгар, кыһалҕалаах дьоҥҥо туһалаах буоларга улуустан улууска салҕанан бара турар.
Хатырыктар холобурдара
Үтүө дьыала кубога улуустан улууска бэйэ-бэйэтигэр майгыннаспат үлэлэри ыытарынан уратылаах. Ол курдук, Нам улууһун 85тэрэ памятниктарга сыһыаннарын дьыаланан көрдөрбүттэрин Хатырык оскуолатын выпускнига Леонид Слепцов кэпсиир.
- Леонид Алексеевич, Үтүө дьыала кубогын туһунан эн санааҥ?
- Үтүө дьыала Кубога биһиэхэ кэлэрэ чугаһаабытыгар, «Тугу гынабыт?” диэн боппуруос турбута. Кылааспытыттан 7 оҕо куоракка олорор, дойдубутугар Хатырыкка 5-6 киһи олорор. Толкуйдаан баран, кылааспыт оҕотун уола кыстыкка киирэр кооператив хотонунун өрөмүөнүгэр материальнай көмө оҥорорго сүбэлэспиппит. Оттон куораттар Нам улууһуттан төрүттээх улуу дьоммут пааматынньыктарын ыраастаабыттара.
- Бу биһиги кэм дьоно историяҕа сүгүрүйүүбүт, сыһыаммыт биир көстүүтэ буоллаҕа дии.
- Оннук. М. К. Аммосов, И. Е. Винокуров пааматынньыктарын сууйан, хомуйан, үтүө дьыала хамсааһыҥҥа сэмэй кылааппытынан кыттыспыппыт. Кыһыары күһүн этэ да буоллар, сайыҥҥы быылы бүрүммүт памятниктары сууйан, таһынааҕы территориятын ыраастаан, кыттыспыт эрэ дьон бары үлэбит түмүгүттэн астынан тарҕаспыппыт.
- Манна кыттыбыттары дьоҥҥо-сэргэҕэ билиһиннэриэххэ, Леонид Алексеевич.
- Биһиги бары М.К. Аммосов дойдутугар Хатырыкка орто оскуоланы 1985 сыллаахха бүтэрбиппит. Билигин даҕаны үөрүүбүтүн-хомолтобутун тэҥҥэ үллэстэбит. Ол курдук, Сардана Охлопкова (Федорова), Мария Прокопьева (Игнатьева), Татьяна Петрова, Любовь Оконешникова (Макарова), Егор Кайгородов, Василий Решетников, Николай Собакин, Леонид Слепцов диэн буолабыт.
- Үтүө дьыала Кубога инникилээх буоларыгар эрэнэр буоллахпыт дии?
- Олус бэртээхэй хамсааһын. Саамай кылаабынайа, ыччакка ис санааттан үтүө дьыаланы онорорго холобур. Оттон орто сааспытын ааспыт дьон сомоҕолуур түмсүү баар буолбутуттан үөрэбит эрэ. Инникитин да маннык үтүө дьыалалар үксүү туралларыгар эрэллээхпит.
- Леонид Алексеевич, историяҕа ытыктабыллаах сыһыаны көрдөрөр бастакы хардыыны оҥорбуккутунан өрөспүүбүлүкэ 85 сыллааҕы выпускниктарын аатыттан махтанабыт. Саҕалаабыт үтүө дьыалаҕыт салҕана турарыгар баҕарабыт!