Төннүбэт бэлэх
Олоххо туох-туох буолбатаҕа баарай... Күүтүллүбэтэх өттүттэн араас түбэлтэлэр, быһылааннар өрүү тахса тураллар. Ону таһынан сиэргэ-туомҥа сыһыаннаах сэрэтиилэр тустаах дьоҥҥо биллэн ааһаллар. Ол курдук, өбүгэлэрин дойдутугар айаннаабыт киһиттэн илдьит кэлэрэ баар суол. Ону биһиги кырдьаҕас омук буоларбыт быһыытынан итэҕэйиэх тустаахпыт. Орто дойдуттан барбыт бокуонньук, сирдээҕи олоххо наадалаах тэрилэ хааллаҕына, чугас аймах киһиэхэ түүлүгэр киирэн биллэрэр. Онтон айылҕаттан айдарыылаах дьоммут сорох кэмҥэ биллибэт күүстэринэн соһутар түгэннэрэ эмиэ баар буолар.
Афанасий Максимов, Дьокуускай куорат:
- Дьокуускай куоракка 70-с сыллар саҥаларыгар тыа хаһаайыстыбатын техникумугар үөрэнэ сылдьан Сэмэн Сэмиэнэп диэн табаарыстааҕым. Бииргэ үөрэнэн баран, Сахабыт сирин араас муннуктарыгар, төрөөбүт дойдуларбытынан тарҕаспыппыт. 80-с сыллар бүтүүлэригэр үлэм дьыалатыгар Дьокуускай куоракка киирэ сылдьан, алҕаска кэриэтэ, билэр дьоммуттан табаарыһым Сэмэн манна олорон өлбүт сураҕын истэн улаханнык соһуйбутум. Биллэн турар, табаарыһым тиһэх суолун атаарыытыгар сылдьан барарга быһаарыммытым.
Кини куорат кытыытыгар чааһынай дьиэҕэ олорбут эбит. Манна кэлэ сылдьан, урут биир кэмҥэ үөрэммит хас да билэр киһибин көрүстүм. Икки хоннум. Туох да улахан сонун суох. Өлбүт киһини атаарыы сиэрэ-туома хаһан да, ханна да мэлдьи биир буолар үгэстээх. Түүн күнү-дьылы уһата сатаан, кыралаан арыгы иһэбит, хаартылыыбыт, дуобаттыыбыт, хаартыска көрөбүт. Бу сылдьан киһибит тиһэх хонугар түһээтим. Арай, табаарыһым Сэмэн урут хаһан эрэ устудьуоннуу сылдьан бэлэхтээбит чаһыбын төттөрү биэрэр уонна: “Бу эн бэлэхтээбит чаһыҥ. Мин чаһыны көрөн ханна да тиэтэйиллибэт дойдуга баран эрэбин, тыыннаах хаалар киһи, бэйэҥ илдьэ сырыт, туһан”, – диир. Бу түүлү мин улаханнык баардыылаабатым. Киһибитин Бүлүүлүүр суолга баар кылабыыһаҕа таһааран көмпүппүт. Ити күһүн балаҕан ыйын саҕана этэ.
Үс дуу, түөрт дуу хонон баран, сонум түөһүгэр баар сиэптэн чаһы булан ылан, соһуйуу бөҕөтүн соһуйдум. Ким чаһыны угуон сөбүн өйдүү сатаан кэбистим да, хайдах да кыайан тобулбатым. Икки хонон баран били түүлбүн өйдөөн кэлбитим. Онно табаарыһым “эн бэлэхтээбит чаһыҥ” диэбитэ да, тоҕо эрэ урут да, хойут да кимҥэ эрэ чаһыны бэлэхтиирбин адьас өйдөөбөппүн. Ааспыт, ырааппыт дьыала буоллаҕа, бэлэхтээн да кэбиспит буолуохпун эмиэ сөп курдук. Оччолорго үөрэнэ сылдьан ону-маны бэлэхтэһэр үгэс баара. Олус улаханнык мунаарбытым, сиэппэр “төннөн кэлбит” бэлэҕи испэр абааһы көрбүтүм. Чаһыны собуоттаан үлэлиирин-үлэлээбэтин бэрэбиэркэлээн да көрбөккө, ханна эрэ быраҕан кэбиспитим. Арааһа, соруйан дьон ыллын диэн маҕаһыын айаҕар түһэрбитим быһыылааҕа. “Маяк” дуу, “Ракета” дуу диэн ааттаах судургу чаһы этэ.
Кэлин кыбыста саныыбын. Дьиҥинэн, бачча сааспар диэри тугу да “ылар” идэм суох эрээри, командировкаҕа тоҥо-хата сылдьан, онуоха эбии бокуонньукка хас да хонон сүгүн утуйбакка, арыгы иһэн баран, ханна эрэ көрбүт чаһыбын уктан кэбиспит буолуохпун эмиэ сөпкө дылы. Онтон Айыы Таҥара быыһаатын, “аны бокуонньук дьиэтиттэн кини чаһытын “сойботон” ылбытым буолуо. Бу аньыыны туох көрүөй-истиэй?” диэн санаа эмиэ киирэр. Ол тухары миэхэ, сэбиэскэй кэмҥэ улааппыт киһиэхэ, “былыр бэлэх биэрбит чаһыбын өлбүт табаарыһым төнүннэрбитэ” диэни итэҕэйэр биир да санаа кыыма биллэн ааспат. Дьэ, дьикти...