Түмсүүлээх аҕа ууһа — Хатаспыт кэскилэ
Бэс ыйын 18 күнүгэр Хатас нэһилиэгин ыһыаҕар ыҥырыылаах ытык ыалдьыттарбытын, күүтүүлээх күндү, убаастанар убай дьоммутун бастыҥ, маанылаах түһүлгэбит бас олоҕор олордон, күндүлээн, аат ааттаан туран, аҕа ууһун айхаллаары, аймах дьону алтыһыннараары, «Мин аҕа ууһум» диэн тэрээһин ыытылынна.
Тоҥтон толлубат, тымныыттан чаҕыйбат, тостубат санаалаах эр бэртэриттэн бэйэтигэр ханыылаах, хаанынан тардыһыылаах, санаатынан далаһалаах, ис-тас туруктуун, быһыылыын-таһаалыын, көстөр көрүҥнүүн бииргэбит ээ диир көлүөнэ дьон ситимэ тахсар. Оттон үүнэр көлүөнэ дьон бас баттах барбакка, хоһууну хоргустан арааран, сөптөөҕү-сыыһаны ырытан, кэдэргини көннөрөн толору дьоллоох олоҕу туталларыгар аҕа ууһун бас-көс киһитин суолтата сүдү.
«Мин аҕа ууһум» тэрээһиҥҥэ үс аҕа ууһа кытынна: Баишевтар, Соболевтар, Чемезовтар.
Аан бастаан Баишевтар таҕыстылар. Петр Баишев-Кыламан диэн киһиттэн силис тардар бу киэҥ аймах төрдүн-ууһун үтүө үгэстэрин сүтэрбэт, көлүөнэ ситимин быспат туһугар күүскэ үлэлэһэр. Ол курдук 2022 сыллаахха анал кинигэ таһаарбыттара, аймах-билэ дьону ситимниир ыһыах ыспыттара. Аҕа ууһун салгыыр аналлаах дьонтон-сэргэттэн чахчыта да чаҕылхай, көрөрдүүн-истэрдиин сэргэх, турбут-олорбут, кэлбит-барбыт, талаан-дьоҕур бэриллибит, туруу үлэһит үтүөкэн дьон үүнэн-сайдан тахсыбыттар. Элбэхтэн аҕыйаҕы ааттаан ааһар буоллахха, Хатас олохтоохторо бары даҕаны Яков Яковлевич – Капитан Яша аҥаардас биир баржаны 39 сыл биир да сылы көтүппэккэ бэйэтэ өрөмүөннээн, көрөн-истэн үлэлэппитин күндүтүк саныыбыт, уос номоҕо оҥостобут. Ефим Яковлевич сыдьааннара норуот хаһаайыстыбатын араас хайысхатыгар ситиһиилээхтик айа-тута, үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Гавриил Баишев аҕа ууһун салҕааччылара күн бүгүҥҥүгэ диэри сыспай сиэллээҕи иитэн, үөрү хаҥатан, саха төрүт дьарыгын илдьэ сылдьаллара кимиэхэ баҕарар холобур буолуон сөп. Бүөтүр Баишев оҕолоро, сиэннэрэ бары орто дойдуга олох олоро кэлбит ытык иэстэрин чиэстээхтик толорон, оҕо-уруу төрөтөн, дьиэ-уот туттан, силис-мутук тардан, төрөөбүт төрүт сирдэрин сайдыытыгар-үүнүүтүгэр бэйэлэрин кылааттарын киллэрэ сылдьаллар. Ол туһунан бу аймах бүгүҥҥү бас-көс киһитэ, биһиги нэһилиэк тумус туттар киһибит Петр Анатольевич Баишев бэрт сэргэхтик, тиийимтиэтик кэпсээтэ, сэһэргээтэ.
Иккиһинэн Соболевтар таҕыстылар. Аҕа ууһа Иван Павлович Соболевтан саҕаланар. Киниттэн Соболева — Игнатьева Наталья Ивановна, Соболев Савва Иванович, Соболев Егор Иванович, Соболев Владимир Иванович, Соболева – Игнатьева Ольга Ивановна, Соболев Афанасий Иванович күн сирин көрбүттэр. Соболевтар аҕа ууһа Дьөһөгөй Айыыга чугас, ол курдук сылгыны иитиигэ, көрүүгэ-истиигэ ураты талааннаах-дьоҕурдаах дьоннордоохтор. Иван Павлович үлэһит бэрдэ, тулуурдаах-дьулуурдаах уонна олус булугас өйдөөх, билиитин-көрүүтүн сатабылга кубулутан, айар-тутар да түгэннэрэ баара, умсугуйан туран атыы-эргиэн эйгэтигэр сылдьара уонна дьоҥҥо-сэргэҕэ бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйатын аһаан-сиэн эрэ кэбиспэккэ дохуот таһаарынар ордугун өйдөппүтэ. От охсор, мунньар тиэхиньикэни булаттаан дойдутугар аҕалтаабыта. Салгыы кэҥээн-тэнийэн, миэлиҥсэ тутан, олохтоохтор бурдуктарын тартаран, илии үлэтин чэпчэтэн, махталы ылыан ылбыта. Иван Павлович өссө биир үтүө өрүтүнэн салайар, угуйар, бэйэтин батыһыннарар дьону булар талааннааҕа, дьоҕурдааҕа буолар. Ордук үлүһүйэн туран сылгыны иитиинэн дьарыктанар, үрдүк ситиһиилэрдээх. Ол курдук сүүрүк аттары баайыыга таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Карька диэн сылгыта күн бүгүҥҥүгэ диэри уос номоҕор сылдьар. Карька саха боруодата эрээри, араас анал сүүрүк боруода аттары иннигэр түһэрбэккэ уонунан сылга тренерэ Иван Павлович аатын уонна кининэн сибээстээн Хатас нэһилиэгин дойду үрдүнэн дорҕоонноохтук ааттаппыта. Ат сүүрдүүтүгэр көлүөнэ ситимин быстыбат туоһута уола Владимир Иванович баайааччы уонна сиэнэ эбэтэр Владимир уола Иван Владимирович сүүрдээччи буолаллар. Аны сылгы иитиитигэр, сыспай сиэллээх үөрэ элбииригэр күн бүгүн кини сыдьааннара Егор Иванович уола Владимир Егорович, Владимир Иванович оҕолоро, сиэннэрэ таһаарыылаахтык үлэлэһэллэр. Егор Иванович Соболев уостан түспэккэ кэпсэниллэр төрүөтэ – Аҕа дойду сэриитин хонуутугар аты кытта ситимнээх чаастарга сылдьыбыта. Иван Павлович маны тэҥэ сүөһү иитиитигэр кэпсээҥҥэ сылдьар ситиһиилэрдээх, үрдүк кирбиилэрдээх. Күн бүгүн кини сыдьааннара анал орто, үрдүк үөрэҕи бүтэрэннэр – учууталлар, эмчиттэр, тутуу үлэһиттэрэ, тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэрэ, механизатордар, ювелирдар, юристар – норуот хаһаайыстыбатын араас хайысхатыгар ситиһиилээхтик үлэлииллэр.
Үсүһүнэн Чемезовтар кэллилэр. Чемезовтар эмиэ аҕа ууһун төрдүттэн үөрэтии аймах-билэ дьоҥҥо олоххо тирэхтээх буоларга күүс-көмө буоларын чуолкайдык өйдүүллэр. Чинчийии, үөрэтии үлэтэ сөптөөх хайысханы туппутун дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ Николай Афанасьевич Макаров тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Талаан-дьоҕур талба тыынын мүлчү туппакка, харах халтарыйар кэрэтин, сүрэх өрүкүйэр үтүөкэнин, дууһа манньыйар нарынын-наскылын көрүү түһүмэҕэр ырыа ылбаҕай эйгэтигэр, добун дорҕоонугар уйдардыбыт. Бары да ааттаах-суоллаах, ырыа эйгэтигэр доргуччу ааттанар эбэтэр тахсан иһэр кэрэчээн ырыаһыттардаах буолан биэрдилэр. Көрөөччү ахтыбыт-суохтаабыт куолаһын истэн дуоһуйда. Бу тыллар дэлэй-холой, дириҥ, хойуу, ыраас киэҥ диапазоннаах куоластаах, ханнык баҕарар хайысхаҕа (классика да буоллун, норуодунай, фольклорнай, эстраднай уо.д.а.) кыайа-хото тутан ыллыыр Айыллаана Семеноваҕа ананаллар. Онтон оскуола үөрэнээччитэ Нелли Соболева холкутук, үөрүйэхтик, эрэллээхтик ыллаабыта барыбытын да үөртэ. Николай Андросов буруолуу сылдьар саҥа ырыатын бэлэхтээтэ.
Оччоттон-баччаҕа диэри дьиэ кэргэнтэн саҕалаан, онтон Аҕа ууһа мэҥэ бэлиэлээх буолара үйэтитиигэ, көлүөнэ ситимин тута сылдьыыга сүҥкэн суолталаах. Бу түһүмэххэ кыттааччы аймахтар бары да эппиэтинэстээхтик сыһыаннаспыттар.
Ханнык баҕарар күрэх, көрүү дьүүллүүр сүбэ састаабыттан улахан тутулуктаах. Аҕа ууһун күрэҕин үлэни-хамнаһы кыайа туппут, ситиһиилэрдээх-кыайыылардаах, бу күрэх тиэмэтигэр быһаччы сыһыаннаах дьон астына-дуоһуйа сыаналаатылар: Макаров Николай Афанасьевич – СӨ норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэтин көрүүгэ-харайыыга, үйэтитиигэ, үөрэтиигэ-чинчийиигэ департаменын салайааччыта; Местников Николай Гаврильевич – СӨ социальнай харалтатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ бэчээтин туйгуна, СӨ ыччакка политикатын туйгуна, «Сайдыы» издательскай-полиграфическай киин салайааччыта; Галина Васильевна Спиридонова – «Киин куорат» хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ, кэккэ сылларга суруналыыстар күрэхтэрин Кылаан кыайыылааҕа, СӨ бэчээтин туйгуна.
Манна даҕатан үһүөн, Хатаһы кытта ыкса ылсан үлэлэһэр буоланнар, үөрэ-көтө сөбүлэһэн, бириэмэ булан, суолта биэрэн үлэлээбиттэригэр махталбытын тиэрдэбит.
Түмүк тылга дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрэ даҕаны, көрөөччүлэр даҕаны бу күрэх дириҥ ис хоһооннооҕун, олус наадалааҕын тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр уонна инникилээҕин эттилэр.
Манна анал бириистэри нэһилиэкпит тумус туттар ыаллара аймаҕынан мустан бэлэмнээбиттэрин бэлиэтиэҕи баҕарыллар. Хатас нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, «Үлэ Албан аата» уордьан кавалера, ЫБСЛКС «Ыччат настаабынньыга» Решетникова Р.И. уонна В.И. Ленин, «Үлэ Кыһыл Знамята» уордьаннаах РСФСР тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС ыччаты иитиигэ үтүөлээх настаабынньыга Рожь Федотович Николаев дьиэ кэргэнэ, оҕолоро, сиэннэрэ – телевизор, Хатас сайдарын-үүнэрин, кэҥиирин-тэнийэрин туһугар үлэлээбит-хамсаабыт ааттаах-суоллаах Хатас сопхуос партийнай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Прокопий Прокопьевич, учууталлар учууталлара, саха тыла сайдарын, дириҥиирин туһугар күүһүн-уоҕун биэрэн туран учууталлаабыт Матрена Ильинична Софроновтар сыдьааннара – эт-балык аһы таһырдьа астыырга туһуламмыт анал тэрили, үлэттэн дьолу булбут элбэх оҕолоох Петр Тимофеевич уонна Александра Петровна Пестеревтэр сыдьааннара эрбиини бэлэх ууннулар.