Түөлбэнэн үлэ инникилээх
А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр буолан ааспыт «Человек труда — новые вызовы и возможности» гражданскай форум чэрчитинэн үөрүүлээх быһыыга-майгыга ыытыллыбыт наҕараадалааһыҥҥа Айсен Николаев диплому уонна кыайыылаах кубогын куорат баһылыгын солбуйааччы Георгий Гаврильевка туттарбыта.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин баһылыгын гыраана түөлбэлэри сайыннарыыга туһуламмыт бырагыраамалары үлэҕэ киллэрэргэ олохтоох бүддьүөт ороскуотун сороҕун уйунар. Итиннэ култуурунай-маассабай, чэбдигирдэр тэрээһиннэр итиэннэ төрөөбүт дойду историятын, тылын-өһүн, олохтоох историческай, култуурунай нэһилиэстибэтин, норуот үгэстэрин уонна төрүт дьарыгын үйэтитиигэ, културуунай көҕүлээһиннэргэ уонна туризмы сайыннарыыга анаммыт, ону сэргэ баҕа өттүнэн уонна мобилизациянан анал байыаннай эпэрээссийэҕэ барбыт гражданнары, байыаннай сулууспалаахтары уонна кинилэр дьиэ кэргэннэрин, аймахтарын өйүүр бырагыраамалар киирэллэр.
Ил Дархан гыраанын чэрчитинэн ыытыллар үлэ, куорат уокуругар регистрацияламмыт түөлбэлэр тустарынан Олохтоох дьаһалта Территориялары кытта үлэлиир департаменыттан ыйыталастыбыт.
Дарина Янкова, Территориялары кытта үлэлиир департамент сүрүн исписэлииһэ:
– Биһиги нэһилиэнньэни уруккунан түөлбэлэри, билиҥҥинэн ТОСтары (Территориальнай уопсастыбаннай бэйэни салайыныы уорганнарын) тэрийэргэ көҕүлүүр үлэни ыытабыт. Бэйэни салайыныыга ылсан үлэлииллэрэ гражданнарга наһаа наадалаах, муниципальнай бырагырааманан олохтоох бүддьүөккэ кинилэргэ анаан үп көрүллэр. Үүммүт 2023 сылга гыраан чэрчитинэн 2 мөлүйүөн 350 тыһыынча солкуобай көрүлүннэ. Ити үп территориялары тупсаран оҥорууга туһуланар. Куорат уокуругар, билиҥҥи туругунан, икки эрэ регистрацияламмыт түөлбэ (ТОС) баар – Гагаринскай уокуруктааҕы «Аҕа дойду Улуу сэриитин геройдара» уонна Пригороднай сэлиэнньэтин түөлбэлэрэ. Кинилэр муниципальнай бырагырааманан олохтоох бүддьүөттэн үбүлэнэллэр уонна тупсаран оҥорууга, араас тэрээһиннэргэ тутталлар. Итинник көмө оҥоһуллара дьону үлэлииргэ-хамсыырга көҕүлүүр. Гагарин уокуругар баар ТОС сыллата куонкурустарга кыттан, бастакы миэстэлэргэ тиксэр, түөлбэлэригэр наһаа элбэх үлэни ыыттылар диэн бэлиэтиэххэ наада. Ол курдук, холобур, сырдатыы, суолу грейдердээһин күүскэ барда. Өссө икки уокурукка итинник ТОСтары тэрийээри үлэлэһэ сылдьаллар.
Быйыл өрөспүүбүлүкэ баһылыгын гыраанын тыырыыга уларыйыылар киирдилэр. Ол курдук, урут сүнньүнэн тупсаран оҥоруу, көҕөрдүү, санитарнай ыраастааһын үлэтэ эрэ баар буоллаҕына, 2023 сылга саҥа хайысхалар киирдилэр – култуурунай-маассабай, чэбдигирдэр, спортивнай тэрээһиннэр, төрөөбүт дойду историятын, тылын-өһүн, олохтоох историческай, култуурунай нэһилиэстибэтин, норуот үгэстэрин уонна төрүт дьарыгын үйэтитии уо.д.а. Итиннэ быйыл баҕа өттүнэн уонна мобилизациянан анал байыаннай эпэрээссийэҕэ барбыт гражданнары, байыаннай сулууспалаахтары уонна кинилэр дьиэ кэргэннэрин, аймахтарын өйүүр хайысха эбилиннэ. Муус устар ыйга муниципальнай бырагырааманан ТОС-тарга үбү тыырыы куонкуруһа буолуоҕа.
Куорат уокуругар бастакынан тэриллибит Гагаринскай уокуруктааҕы «Аҕа дойду Улуу сэриитин геройдара» түөлбэ салайааччытыттан үлэлэрин-хамнастарын, быйылгы былааннарын туһунан кэпсэттибит.
Быйыл Олохтоох дьаһалта муниципальнай бырагырааматынан 2 мөлүйүөн 350 тыһыынча солкуобай көрүлүннэ уонна итиннэ эбии Ил Дархан Айсен Николаев гыраанын 2023 сыллааҕы III-с категориялаах куонкуруһун кыайыылааҕын быһыытынан 2 мөлүйүөн 295 тыһыынча солкуобайы ыллыбыт. Инньэ гынан уопсай суумабыт 4 мөлүйүөн 545 тыһыынча солкуобайга тэҥнэстэ.
Алексей Андросов, «Аҕа дойду Улуу сэриитин геройдара» ТОС салайааччыта:
– Биһиги 2021 сыл муус устар ыйыгар Юстиция министиэристибэтигэр регистрацияламмыппыт. Икки сылга уопсайа биэс гырааны сүүйдүбүт. Онтон иккитэ – өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын гыраана. Бастакы гыраан үбүнэн – 850 тыһыынча солкуобайынан – 120 ыалга сайыҥҥы уу ситимин киллэртэрбиппит. Эмиэ ити сыл куорат баһылыгын 3 мөлүйүөннээх гыраанын ылан, техусулуобуйаны ситиһэн, үс сиргэ – Стрекаловскай, Миронов уонна Тихонов уулуссаларыгар – сырдатыыны туруортарбыппыт, барыта 65 банаары ыйаабыппыт. 2022 сылга эмиэ өрөспүүбүлүкэ баһылыгын гырааныгар кыайан, халаан уутун оборторор насоснай станциялары ылбыппыт. Ааспыт күһүн наһаа ардахтаах этэ, онно олорор түөлбэбит ууга барар сирдэриттэн күүскэ оботторон, тиэргэннэри өрүһүйбүппүт. Биһиэхэ баар 120 тиэргэнтэн 35-һэ халаан уута ылар зонаҕа түбэһэр, ону мэлдьи оботторо сылдьабыт. Уокурукпут салалтатыгар көмөлөһөбүт, былырыын күһүн 5 600 куб. м иэннээх ууну оборторбуппут. Уопсастыбанньыктар бары тутуспутунан субуотунньук курдук тахсан босхо үлэлиибит, дьуһуурустубалыыбыт, суолбутун оҥостобут, ким даҕаны хамнас көрдөөбөт.
2 мөлүйүөн 700 тыһыынча солкуобай кэриҥэ суумалаах гырааны сүүйэммит Кыайыы пааркатын кэннигэр баар 17 га иэннээх учаастагы арендаҕа ыллыбыт уонна бырайыак оҥортордубут. Итиннэ Кыайыы аллеятын, Ытык сир пааркатын, күнү көрсөр сири, спорт уонна оҕо балаһааккаларын туттарар былааннаахпыт. Быйыл 2 мөлүйүөн 800 тыһыынча суумалаах Үп министиэристибэтин дьоҕус бизнеһи өйүүр гыраанын сүүйдүбүт. Бэйэбит көҕүлээһиммитинэн бырайыак оҥорон, бу сайын оҕо балаһааккатын оҥоруохтаахпыт. Дьону түмээри былырыын күһүн уокурукпут салалтатын кытта 195 тыһыынча солкуобайга биэс көрүҥнээх спортивнай күрэхтэһиини тэрийбиппит. Манна даҕатан «Стерх» спортивнай саала салалтатыгар саалаларын босхо уларсыбыттарыгар махталбын тиэрдэбин. Нэһилиэнньэ наһаа сэргээбитэ, 300-чэ киһи көхтөөхтүк кыттыбыта, күрэхтэһии биһигини сомоҕолообута диэтэхпинэ, сыыһыам суоҕа. Дьиэлэриттэн быкпат дьон кэлэн күрэхтэһэннэр, наһаа дуоһуйбуттара, холобур, хабылыкка уонна хаамыскаҕа 80-ча саастаах эмээхсин чемпионнаан, үөрүү бөҕө буолбута. Оҕолор эмиэ кыттыбыттара, кыайыылаахтар мэтээллээх, мэтээлгэ тиксибэтэхтэр кэмпиэттээх үөрэн-көтөр тарҕаспыттара.
Арассыыйа гырааннарыгар киирсэ сатыыбыт даҕаны, билиҥҥитэ кыайа иликпит. Быйыл «Тыһыынча тиэргэн» диэн бырагыраамаҕа хапсыбатыбыт, онон эһиил кыттар буоллубут. Былырыын уокурукпутугар 15 тиэргэн тупсарыллан оҥоһулунна.
Түөлбэнэн салайынан олорууга туһуламмыт Ил Дархан Айсен Николаев гыраанын 2023 сыллааҕы III-с категориялаах куонкуруһугар өрөспүүбүлүкэ 12 муниципальнай тэриллиитэ кытынна. Гыраан чэрчитинэн былааннаммыт бырагыраамалар олоххо киирэллэригэр кыттыгас үбүлээһин көрүллэр.
Уокурукка иккиһинэн тэриллибит Пригороднай сэлиэнньэтин түөлбэтин салайааччыта Христина Сергеевна Татарченко маннык кэпсээннээх буолла:
– Биһиги былырыын сыл иккис аҥаарыгар тэриллибиппит, онон саҥа хардыылары оҥорон эрэбит. Билигин гырааннарга кыттары былаанныыбыт. Уопсастыбаннай түмсүүлэри кытта көхтөөхтүк үлэлэһэбит, кыһалҕалаах боппуруостары чопчулуубут. Ол курдук, сэлиэнньэбит Озернай уулуссатыгар ууну ыытыыга улахан кыһалҕаны көрсөбүт. Итини сэргэ ыччат, оскуола оҕолоро иллэҥ кэмнэрин туһалаахтык атаарар уопсастыбаннай туоналара суох, ону тэрийэр баҕалаахпыт. Пригороднайга олохтоох дьаһалта уонна култуура дьиэтэ биир сиргэ, биир дьиэҕэ үлэлииллэр, ыччат онно оччо сылдьыбат. Воркаут-балаһаакканы туруорбуттарын, мин көрдөхпүнэ, оҕо аймах сөбүлээтэ. Өссө биир сытыы кыһалҕабыт – уулусса сырдатыыта, ордук чааһынай секторга, биһиэхэ үксэ чааһынай дьиэлэр. Ити сүрүн кыһалҕаларбытын ТОС чэрчитинэн быһаарар былааннаахпыт. Биһиэхэ, саҥа тэриллибит дьоҥҥо, Гагаринскай уокуруктааҕы «Аҕа дойду Улуу сэриитин геройдара» түөлбэ холобур буолар, куруук сүбэлиир-амалыыр. Муус устар ыйга буолуохтаах муниципальнай бырагырааманан ТОС-тарга үбү тыырыы куонкуруһугар кыттаары, бырайыактарбытын бэлэмнии сылдьабыт.
Үсүһүнэн Кангалаас бөһүөлэгэ ТОС тэринээри докумуоннарын бэлэмниир, түһүмэхтэрин ааһар. Ол туһунан саҥа түөлбэ салайааччытыттан кылгастык кэпсии түһэригэр көрдөстүбүт.
Бекхан Картоев, Кангалаас бөһүөлэгин түөлбэтин салайааччыта:
– Кангалаас бөһүөлэгэр 1984 сыллаахтан олоробун. Билигин түөлбэбитин регистрациялаары үлэлэһэбит, сайыҥҥа диэри бүтэрэ сатыахпыт. Билиҥҥи туругунан түөлбэбит кыраныыссатын чопчулаан, Куорат дууматыгар биэрдибит. Сүрүн кыһалҕабыт диэн, биһигинэн паромҥа ааһар чохтоох суол быыла барыта бөһүөлэккэ киирэр. Итини көннөрү уунан ыстаран эрэ хаптатыахха сөп. Бырайыактарбыт тупсаран оҥорууга, Саха сирин үгэстэригэр сыһыаннаах буолуохтара. Итиэннэ бөһүөлэкпит ураты кэрэ айылҕалаах сиргэ турарынан туризмы сайыннарыахпытын баҕарабыт. Нэһилиэнньэ өйүүр, мин түөлбэбэр 480 киһи олороруттан, ТОС тэриллэрин 8 эрэ киһи утарда.