ТҮҮЛ БУОЛБУТ ОЛОХ (Мистика)
ТИҺЭХ СЕАНС. ЭБЭЭ БИЭРЭ КЭПСЭЭНЭ
Бу кэпсэнэр түбэлтэ Дьокуускай куоракка ХХ үйэ 30-c сылларыгар буолбут. Биһиги кырдьаҕас дьиппиэн эйгэлээх куораппыт биир дьикти сэһэнэ. Оччолорго Сэбиэскэй былаас саҥа атаҕар туран эрэр кэмэ этэ. Ол да буоллар куоракка баай-талым олохтоох, кулуттаах-чаҕардаах, маҕаһыыннардаах, көстүүнэй дьиэлэрдээх, араас дьону саататар тэрилтэлэрдээх ыаллар үгүс этилэр.
Саха сирин эргийэр киинэ буолбут куорат араас муннуктарыгар аатырар-суолурар бандьыыт баандалара айбардыыллара. Дьон-сэргэ үгүс өттө кутталга, кэтэбилгэ-манабылга олороро. Куорат кытыы сирдэригэр, Сайсаарга, Күөх хонууга, Залогка ынырыктаах өлөрсүүлэр, охсуһуулар-хапсыһыылар буолуталыыллара. Дьокуускай улахан аҥаарын Бааска Кырбаһааҥкын баандата бас билэн олороро, бэрээдэги олохтуура уонна көрөрө-истэрэ. Бааска Кырбаһааҥкын туһунан уостан түспэт араас дьикти үһү-бадах курдук номох үгүс этэ. Эҥин эгэлгэни дьон-сэргэ кэрэхсэнэр кэпсээн гынан кэпсиирэ, сиэдэрэй сэһэн гынан сэһэргиирэ. Бааска үксүн үтүө өттүн өрө тутан кэпсииллэрэ. Ол эрэн кини хантан төрүттээҕин, кимтэн кииннээҕин ким да билбэт этэ, дьүһүнүн-бодотун да бу диэн ким да илэ, чуолкай көрбүтэ иһиллибэтэ, эдэрин да, эмэнин да этэр киһи суоҕа.
Кырбаһааҥкын баандата Буор Сирэй Ньукулай-Ээбиристэп Ньукулай диэн хаста да Сибиир хаайыытыгар олоро сылдьыбыт уоруйах уонна өлөрүөхсүт хаайыылаахтары мунньан тэрийбит баандатын кытта сотору-сотору кыргыһаллара-кыдыйсаллара.
Биир үтүө нуһараҥ сайыҥҥы киэһэ Бааска Кырбаһааҥкын пааркаҕа барарга санаммыта. Нэдиэлэ бүтүүтэ онно куруук духовой оркестр тыаһыгар доҕуһуоллатан үҥкүү буолара. Ардыгар эдэр хоһоонньуттар айымньыларын ааҕаллара.
Бааска ыскааптан сиэрэй көстүүмүн таһаарбыта, биллэ-биллибэт үрүҥ сурааһыннардаах халлаан күөҕэ өҥнөөх ырбаахытын кэппитэ, сиэрэй кэтит хаалтыс бааммыта, сырдык сиэрэй сэлээппэтин ылбыта, хараҥа сиэрэй уһуктаах тумустаах хобулуктаах бачыыҥкатын килбэччи ыраастаан кэбиспитэ. Сиэркилэҕэ көрүммүтэ. Сиэркилэттэ утары үрдүк соҕус уҥуохтаах, хара бараан, ис киирбэх дьүһүннээх, мичээрдиир эйэҕэс киэҥ хара харахтардаах эдэр киһи көрөн турара. Бааска бэйэтин көрөн, астына санаабыта уонна хара хойуу, килбэчигэс баттахтарын өрө анньыммыта. Иһигэр сонньуйа санаабыта, өрүү мичээрдии сылдьар харахтардаах, эйэҕэс, ис киирбэх, мааны таҥастаах-саптаах киһини ким да суостаах-суодаллаах Кырбаһааҥкын дии санаабата буолуо. Ити санаатыттан уол хайдах эрэ өрө көтөҕүллэн кэлбитэ, үөрүөн-көтүөн баҕарбыта.
Улахан уулусса устун син балай да баран баран туораабыта уонна пааркаҕа тиийэн кэлбитэ. Сүрүн суол устун үҥкүүлүүр сир диэки баран испитэ. Арай хараҕын кырыытынан көрдөҕүнэ, сэргэстэһэ ааһар ыллык устун эдэр дьылыгырас бэстэр быыстарынан сырдык сайыҥҥы көстүүмнээх эдэркээн кыыс оҕо оргууй аҕай хааман дугулдьуйан иһэрэ. Бааска бу кыыһы манна куоракка хаһан да көрө илигэ. Тохтоон билбэт кыыһын сыныйан көрбүтэ. Ортону үрдүнэн уҥуохтаах, толору эттээх-сииннээх, хара хойуу кыргыылаах эриллэҕэс баттахтаах, суптугур нарын ис киирбэх сирэйдээх, чочуллубут курдук көнө муруннаах, хап-хара киэҥ, кыратык ыйаастыгас харахтаах, оҕолуу толору тэтэркэй уостаах, хара хойуу сыыйыы хаастаах, кыһаан хааннаах, сиртэн-буортан тэйбит курдук, ис-иһиттэн сырдык-ыраас, дьикти кэрэ бэйэлээх кыыс буолан биэрбитэ. Таҥаһа-саба да олус тупсаҕайа: уһун маҥан моонньун тэтэркэй чөмчүүк оҕуруо киэргэтэрэ, кыргыылаах баттаҕын анныттан чөмчүүк ытарҕалар субуруйан көстөллөрө, сырдык тэтэркэйдиҥи өҥнөөх солко көстүүмнээҕэ, үрүҥ баайыы сэлээппэлээҕэ, дьоҕус нарын илиитигэр эмиэ үрүҥ баайыы куруһуба бэрчээккэ кэппит этэ, кыракый маҥан тирии суумкалааҕа.
Маннык мааны, кэрэ кыыһы Бааска Дьокуускайга көрө илигэ. Онтон сэрэйбитэ, арааһа, били Сэмиэнэптэр диэн кыахтаах ыал соҕурууттан, Иркутскайтан, үөрэҕин бүтэрэн кэлбит кыыстара, быһыылаах диэн.
Уол мас быыһынан кыыс иһэр ыллыгар туораан тахсыбыта, кыыска утары хаампыта, мичээрдээбитинэн утары тиийбитэ:
- Үтүө күнүнэн. Баарысына, билсиһиэххэ син дуо? – диэбитэ, тоҥхох гынан, сэлээппэтин сэгэтэн баран.
- Син, - мичээрдээбитинэн хардарбыта кыыс.
- Мин – Бааскабын.
- Мин Инесса диэммин.
- Хайа диэки хаамтыҥ?
- Үҥкүүлүүр сир диэки, онно оркестр оонньуур, өссө эдэр бэйиэттэр хоһооннорун ааҕаллар диэбиттэрэ.
- Мин эмиэ ол диэки баран иһэбин. Хата аргыстаһыах.
Онтон Бааска оонньоһуох санаата киирбитэ:
- Маннык кэрэ кыыс тоҕо соҕотох сылдьарый? Биир да кавалер арыаллаабат эбит дии.
- Мин өссө кими да кытта билсэ иликпин ээ. Икки күн буолла дойдубар кэлбитим, төрөөбүт куораппар сылдьыбатаҕым аҕыс сыл буолла, - Инесса дуоспуруннаахтык эппиэээбитэ.
- Үөрэххин бүтэрэн, ыраах сиртэн кэллиҥ дуо?
- Уон алта саастаахпар Иркутскайга убайым аахха олоро, үөрэнэ барбытым. Оскуоланы онно бүтэрбитим, оттон университеты быйыл саас бүтэрдим уонна ахтылҕаннаах дойдубар, Дьокуускайбар, эргиллэн кэллим. Манна наһаа да үчүгэй, барыта сахалыы истиҥ, бэйэ киэнэ.
- Чэ, хата аргыстаһан, үҥкүүлүүр сир диэки хаамсыах, - Бааска эйэ дэмнээхтик эппитэ.
- Барыахха, - мичээрдии-мичээрдии хардарбыта кыыс.
Уоллаах кыыс ону-маны сэһэргэһэ-сэһэргэһэ суол устун хаамсыбыттара. Кэпсэтиилэрэ олус истиҥ, эйэҕэс, хайдах эрэ урут-уруккаттан билсэр дьон курдук, олус тапсан, ирэ-хоро кэпсэппиттэрэ.
Үҥкүүлүүр сири тулалыы турар ыскамыайкалартан арыый ойуччу, бөдөҥ бэс анныгар турар ыскамыайкаҕа тиийэн, олорбуттара. Бааска хараҕа кыыстан арахпата. Маннык кэрэ сэбэрэлээх, истиҥ ис киирбэх майгылаах, үтүө санаалаах, аһаҕас дууһалаах, дуоспуруннаах, лоп-бааччы саҥалаах кыыһы кини хаһан да көрсө илигэ. «Бу айыы аанньала, таҥара табата киниэхэ анамматаҕа чахчы. Туох үтүөтүн-өҥөтүн иһин айыылар маннык дьолу тосхойуохтарай?» - уол сүрэҕэр курус, курас санаалар өрө көбөн, дууһатын тууйан, хам тутан киирэн барбыттара. Итинник саныы олордоҕуна, кыыс кини диэки олус истиҥник унаарыччы көрөн ылбыта, бэрт эйэҕэстик мичээрдээбитэ. Бааска сүрэҕэ мөҕүл гыммыта. Онтон уол дууһатыгар күүстээх санаа өрө көтөҕүллэн тахсыбыта, арай бу маннык бэйэлээх, дьикти кэрэ кыыс кинини таптаатаҕына, Бааска урукку олоҕуттан араҕыа, үлэлээн-хамнаан, киһи хара буолуо этэ, Инессаны кэргэн ылан, күндү биэбэйин сир симэҕин курдук симиэ, илиитин үөһэ илдьэ сылдьыа этэ. Аан дойдуга көрсүбүт соҕотох уонна бүтэһик таптала – бу кыыс буоларын, уол хайдах эрэ дьэҥкэтин өйдүү биэрбитэ. «Оттон Инесса таптыа дуо бу кинини, Басска Кырбаһааҥкыны? Ону ким да билбэт... Ол эрэн олох араас, дьол хараҕа суох дииллэр... », - диэн бөҕөх санаа уол төбөтүгэр күөрэйэн кэлбитэ.
Сайын устата уоллаах кыыс куруук көрсөр буолбуттара, пааркаҕа, Күөх хонууга күүлэйдииллэрэ, боротуокаҕа киирэн, тыынан хатааһылыыллара. Дьикти да сайын этэ, ол кэрэ сайын. Бу маннык сайын уонна Бааска Кырбаһааҥкын олоҕор хаһан да буолбатаҕа...
Күһүөрү хас өрөбүл аайы Инессалаах Бааска ити билиҥҥи Центральнай кинотеатр турар сирин аттыгар оччолорго баар Горкино диэҥҥэ тиһэх сеанска киинэҕэ сылдьар этилэр.
Бааска бандьыытын олоҕуттан тэйбитэ, абаҕатын көмөтүнэн, үөрэхтээх буолан, үчүгэй сиргэ үлэҕэ киирбитэ. Инесса реальнай училищеҕа нуучча тылын учууталынан ананан, үлэлээн барбыта. Олус дьоллоох да этилэр.
Онтон кыһыары күһүн Инесса барахсан суорума суолламмыта. Биир сарсыарда ыар сурах кыра куораты тилийэ көппүтэ. Сарсыарда Горкиноҕа муоста сууйааччы эмээхсин, киинэ көрдөрөр сир хараҥа муннугар ыйанан турар кыыс өлүгүн булан, өйүн сүтэрэ сыспыт этэ. Өлөрүөхсүтү булбатахтара. Баай кыахтаах Сэмиэнэптэр туһааннаах дьону атахтарыгар туруорбуттара да, буруйдаах көстүбэтэҕэ. Бааска Кырбаһааҥкын эмиэ ууга тааһы бырахпыттыы сүппүтэ. Билэр дьон, Буор Сирэй Ньукулай оҥоһуута буолуо дииллэр этэ да, Буор Сирэй эмиэ ханна да барбыта биллибэтэҕэ. Ити быһылаан оннук туга-ханныга арыллыбакка, биллибэккэ хаалбыта. Ол иһин соторутааҥҥа дылы араас сурах-садьык үөскүү турбута...
Онтон ыла бастаан Горкиноҕа, онтон кэлин тоҕо эрэ Центральнай кинотеатрга, тиһэх сеанска, Инессаны илэ көрөр буолбуттара. Инесса барахсан сырдык ыраас кута Бааскатын көрдөөн, хас өрөбүл аайы тиһэх сеанска кэлээхтиир диэн, дьон-сэргэ сибигинэһэн кэпсэтэр буолан барбыттара. Билигин да арыт Центральнайга былыргылыы мааны таҥастаах, кэрэ намчы кыыс көстөн ааһар диэччилэр, - эбээ Биэрэ уһун-киэҥ кэпсээнин түмүктээтэ.
Оҕолор кырдьаҕас куорат дьикти номоҕун тыыммакка да олорон, иһиттилэр. Бары да чочумча саҥата суох олордулар, хас биирдиилэрэ киһи чөл өйүнэн өйдөөбөт дьиктилэр баалларын туһунан толкуйга түстэхтэрэ. Онтон дьикти ураты нэгирдээх чуумпуну Костя хотугулуу унаархай куолаһа уйгуурта:
- Дьикти дии... Мин олох итэҕэйбэт этим ээ. Онтон бу бэҕэһээ билэр уолбут Тима эмиэ киһи өйүгэр баппаты миэхэ кэпсээн соһуппута. Ама киһи өлөн баран, туох эрэ науканан быһаарыллыбат ньэгир, көстүү буолан, бу Күн сиригэр көстөн ааһара буолуо дуо?
Эбээ Биэрэ оргууй аҕай намыыннык хардарда:
- Костяя, оттон олоххо, бу Күн сиригэр араас дьикти-дьиибэ дьэ баар быһыылаах ээ. Мин үөрэхтээх, наукаҕа сыһыаннаах этим да буоллар, бу уһун олоҕум устата элбэҕи иһиттим, илэ эрэ көрө иликпин.
Ньургун дьиктитик таайтарыылаахтык доҕорун диэки көрдө уонна эттэ:
- Араас дьикти баар быһыылаах.
Костя:
- Ньургун, эн тугу эмит итинник курдугу илэ бэйэҥ көрбүтүҥ дуу?
Ньургун тохтуу түһэн, баран:
- Ээ, суох буоллаҕа дии. Ол эрэн тоҕо эрэ сороҕор итэҕэйиэх санаам кэлэр. Син ону-маны дьиктини түһүүбүн ээ.
Костя соһуйбуттуу ыйытта:
- Тугу түһүүгүн? Туох дьиктини?
Ньургун соччо кэпсиэн баҕарбатын биллэрэн, биир тылынан, хайдах эрэ быһа баттаан, эттэ:
- Былыргыны...
Вера Филипповна истэ олорон баран, оргууй саҥарда:
- Түүл диэн атын эйгэ. Оттон илэ сылдьар сибиэн дуу, туох эрэ биллибэт көстүү дуу, олох атын буоллаҕа. Түүл – бэйэҥ санааҥ оонньуута дуу, баҕар, үөһээҥҥи күүстэр илдьиттэрэ эбитэ дуу, эбэтэр нууччалыы эттэххэ, подсознаниеҥ этэрэ, көрдөрөрө эбитэ дуу.
Өр саҥата суох олорон баран, Таайа симиктик:
- Мин эмиэ итэҕэйэбин араас дьикти баарын. Эмиэ түүл түһүүбүн былыргыны, былыргы олорон ааспыт олохпун. Олох илэ буолбут курдук көрөбүн, бары ымпыгын-чымпыгын... Урукку олоҕум буолуо диэн бүк сэрэйэбин...
Ньургун кыыс диэкки соһуйбуттуу да, дьиктиргээбиттии да көрөн ылла. Уол тонолуппакка көрөрүттэн, Таайа өссө симитиннэ.
Эбээ Биэрэ сонньуйбуттуу:
- Бары да дьиктигэ, киһи өйө соччо өйдөөбөт эйгэтигэр ыкса сыһыаннаах дьон мустубут эбиппит дии...
Онтон Костя:
- Оо, бириэмэ да ыраатта быһыылаах. Вера Филипповнаны сынньаппакка, наһаа тардыллаары гынныбыт дуу.
Вера Филипповна:
- Мин үлэлээбэт да, үөрэммэт да киһи туохха ыксыамый. Сарсын күн оройугар да дылы утуйуохпун сөп. Хата эһиги уопсайгытыгар хойутаары гынныгыт быһыылаах. Оҕолоор, кэлэн, хата дэлби сэргэхситтигит.
Итинник сэргэх, эмиэ да таайтарыы таайбараҥнаах кэпсэтии кэннэ, оҕолор остуолу хомуйсан, иһит дьаһайсан баран, аан хоско тахсан, таҥнан бардылар. Вера Филипповна ыалдьыттарын атаартыырыгар, барылан сыллаан ылла:
- Чэ, оҕолор, махтал кэлэн, билсэн, көрсөн барбыккытыгар. Этэҥҥэ сылдьыҥ, үчүгэйдик үөрэниҥ. Киирэ сылдьар буолуҥ.
Таайалаах Костяҕа бэрэски уонна алаадьы суулаан, биэртэлээтэ:
- Бу кыра ас оҕото - уопсайгытыгар хоскут оҕолорун. кытта чэйдииргитигэр.
Костялаах Таайа тэбис тэҥҥэ:
- Вера Филипповна, баһыыба. Наһаа да үчүгэй киэһэ ааста.
Ньургун:
- Эбээ, мин сарсын өрөбүлбэр кэлиэм дии, - уонна эбэтин кууста, иэдэһиттэн сыллаата.
Эбээ Биэрэ:
- Чэ, кытаат, тоойуом. Доҕотторгун автобуска олордон баран, дьиэлээр. Күн да лаппа киэһэрдэ.
Оҕолор таһырдьа тахсан, автобус тохтобулун диэки барыах курдук буолан истэхтэринэ, Таайа:
- Уолаттаар, мин мантан чугас, ити Юбилейнай маҕаһыын үрдүгэр олорор таайым аахха, хоно барыахтаах этим. Олох да умна сыстым дии. Сарсын өрөбүлгэ саҥаспар дьиэ хомуйсуохтаахпын уонна балтыбар, таайым кыыһыгар, английскайыгар көмөлөһүөхтээхпин. Олох киинэттэн алааран хаалан, таһы быһа умнубуппун.
Костя:
- Чэ, Ньургун, Таайаны атаарар инигин дии. Мин биир уолга реферат суруйарыгар көмөлөһүөхтээх этим. Кэтэһэрэ буолуо. Эрэннэрэн баран, хойутаатахпына, хобдох буолуо. Онон автобуска сүүрдүм. Оҕолор, покааларыҥ, - дии-дии, суол туорааһынын диэки сүүрдэ.
Ньургуннаах Таайа иккиэйэх туран хааллылар. Тугу саҥарыахтарын билбэтилэр:
- Покаа, - эрэ диэтилэр.
Онтон саҥата суох Ленин проспегын устун хаамсан истилэр. Ураты эйгэлээх сааскы киэһэ кинилэри сылааһынан угуттуурга дылы. Кыыс да, уол да тугу кэпсэтиэхтэрин булбатылар. Онтон Ньургун син эр киһи буолара өтөн, кэпсэтиини саҕалаата:
- Таайа, эн ханнык кинигэлэри сөбүлээн ааҕаҕыный?
- Ардыгар фантастиканы, үксүн историческай романнары, - диэтэ кыыс.
- Мин эмиэ итинник хабааннаах кинигэлэри сөбүлүүбүн, өссө история дьиктилэрин туһунан ааҕабын, - бэйэтин туһунан эттэ Ньургун.
- О, интэриэспит биир эбит дии, - Таайа саҥа аллайда.
- Оннук эбит, - мичээрдии-мичээрдии хардарда Ньургун.
- Мин билигин Стефан Цвейгы ааҕа сылдьабын, - диэтэ кыыс.
- Цвейг биир эрэ кинигэтин аахпытым, Мария-Антуанетта туһунан.
- «Три певца своей жизни» ааҕабын. Дьикти айымньы... Казанова, Стендаль уонна Толстой туһунан. Ааҕаар эрэ, киһи сөҕөрө элбэх эбит, - диэн санаатын үллэһиннэ Таайа.
- Кырдьык, уустук айымньылары сөбүлүүр эбиккин дии, - диэн сөхпүттүү хардарда, онтон эбэн эттэ:
- Ааҕыам хайаан да.
Итинник кинигэлэри ырытыһа иһэн, Таайа кэлиэхтээх сиригэр кэллилэр.
Кыыс:
- Ньургун, махтал. Наһаа үчүгэй киэһэ ааста, элбэх дьиктини биллим, өйдөөтүм. Көрсүөххэ диэри.
- Таайа, эйиэхэ эмиэ махтанабын, бу ураты киэһэни бэлэхтээбиккэр.
- Сарсын өрөбүлгэ, библиотекаҕа көрсөбүт дуо, дьарыктана таарыйа? – диэн Ньургун эрдийбиччэ ыйытта.
- Киэһэлик библиотекаҕа көрсүөххэ сөп буоллаҕа дии. Сарсыарда уонна күнүс мин солом суох ээ. Киэһэ биэс кэннэ хайдаҕый диэн? – диэтэ Таайа симиктик.
- Оччоҕо киэһэ биэскэ мин эйигин Пушкинкаҕа кэтэһиэм, - уол үөрэн, чаҕылыйа түстэ.
Итинник көрсүһэргэ болдьоһон, уоллаах кыыс араҕыстылар. Ньургун автобуска олорон, дьиэлээтэ. Уол хайдах эрэ сүргэтэ өрө көтөҕүллүбүт, өйүттэн-санаатыттан Таайа хап-хара, дириҥ, истиҥник тырымныыр харахтара арахпаттар. Бу харахтары уол уруккаттан дьикти түүллэригэр куруук көрөрө, кинилэргэ курдаттыы тартарара.
Ньургун бу киэһэ дьиэтигэр соҕотох. Дьоно бииргэ үлэлиир киһилэрин дьоро киэһэтигэр, саҥа дьиэ малааһыныгар барбыт буолуохтаахтар. Сарсын Таайалыын көрсөрүн санаан, хайдах эрэ долгуйар.
Дьиэтигэр тиийэн, суунан-тараанан баран, кинигэ ылан, утуйардыы сытта. Кындыл «Хара кыталыгын» хаттаан ааҕа сылдьар. Оҕо сылдьан, аахпытынааҕар олох атыннык ылынна, айымньы сонун өттүттэн аһылынна, кинигэ бөлүһүөктүү хабааннааҕын, элбэх таайтарыылаҕын дьэ сыныйан көрдө.
Кинигэтин ааҕа сытан, уол утуйан киирэн барда. Утуйан иһэн, эмиэ атын кэмҥэ, эриэккэс эйгэҕэ умсан хаалла. Эмиэ куруук түүлүгэр көрөр мырааныгар кэллэ. Ыраахтан, сыыр сирэйигэр эдэркээн удаҕан кыыс Тыаһааны охтубут мас үрдүгэр кинини кэтэһэн, олорорун көрдө. Кыыс көхсүнэн олорор, уһун, күһүҥҥү түүннүү хап-хара, суһуоҕа сиргэ дылы субуруйар. Кини үөһэттэн хочотун көрөр уонна ардыгар курус санааҕа куустарар, ардыгар эмиэ да үөрэн мичилийэр.
Уол тыаһа суох сыбдыйан тиийэн, кыыс харахтарын ытыһынан саба тутта, онуоха:
- Номоҕоон, эн сылаас, эрчимнээх илиилэргин мин сүүһүнэн да сыллар аастыннар, син биир таайыам этэ, кинилэр ураты истиҥ ньэгирдэрин син биир билиэм этэ, - диэт кыыс уолга эргилиннэ. Уол тобуктуу түһэн, Тыаһаанытын ыга кууста, кыыс төбөтүн уол түөһүгэр ууран, хам сыһынна. Итинник балачча уһуннук олордулар, онтон кыыс:
- Номоҕоон, доҕорум барахсан, мин биири этээри, бу эйигин кэтэһэн олоробун. Киһи кута-сүрэ диэн дьикти, таайыллыбат таайбараҥ. Оттон бу олорор эйгэбит хас уон хаттыгастаах, ол хаттыгастарга кэм биир тэҥник бара турар. Мин кутум дьолу, олоҕу билээри Күн сиригэр өссө да иккитэ эргийиэҕэ. Бу олохпутугар эн биһиги дьол диэни билэрбит саарбах, ону мин өтө көрөбүн, иккис эргиллиибитигэр эмиэ уһун олоҕу олорботохпут. Үһүс көрсүһүүбүт үйэлээх буолуо. Онон, Номоҕон, дьолгун мүччү тутума...
- Тыаһааны, көмүс далбарайым, кэлиҥҥи кэнэҕэс үйэлэргэ эн Таайа диэн буолан, мин олохпор көстүөҥ дуо? Иккис кэлиигэр ким этигиний?
- Доҕоруом, бэйэҥ да сэрэйэрбитиҥ буолуо. Мин Инесса диэн ааттанан, биир ытык ыалга күндү кыыс оҕо буолан, өссө Күн сиригэр кэлэн ааспытым...
- Оччоҕо мин бандьыыт Бааска этим дуо?
- Оннук этэ... Ол кэмҥэ эмиэ дьылҕа-хаан кытаанах этэ. Ити мин удаҕан буолан, эриирдээх-мускуурдаах аартыктаах олохтоох буолбуппун..., - диэн баран, кыыс уол баттаҕын нарын илиитинэн оргууй имэрийдэ. Уол кыыс дип-дириҥ, улаҕата биллибэт харахтарыгар умсарга дылы буолла, уонна уһуктан кэллэ.
Халлаан номнуо суһуктуйбут, сааскы ылааҥы, чаҕылхай күн күөрэйэ ойоро чугаһаабыт. Ньургун дьикти түүлүн саныы сытта.
Ама да, дьиҥ олоххо итинник буолара буолуо дуу, Таайа билэрэ буолуо дуо урукку олоҕун? Эбэтэр бу мин бэйэм санаам, өйүм оонньуута эбитэ дуу, - диэн араас санаалар биир-биир уол төбөтүгэр күөрэйэн ыллылар.
Ньургун эрдэ туран, стадиоҥҥа сүүрэн, дьарыктанан кэлэн баран, аҕатын кытта даачаҕа баран, үүнээйи олордор теплицаларын, оҕоруот сирин бэлэмнээтилэр. Даачаттан кэлээт, сып-сап аһаат, библиотекаҕа ойдо. Таайалыын көрсөрүттэн, эмиэ да долгуйар, эмиэ да олус үөрэр, ол быыһыгар дьикти түүлүн санаан ылар.
Пушкинкаҕа кэлбитэ, Таайа номнуо кэлэн, ааҕар саалга дьарыктана олорор эбит. Ньургун Таайаҕа тиийэн сибигинэйэ былаастаан дорооболосто:
- Таайаа, үтүө күн буоллун. Хайаа, эрдэ баҕайы кэлбиккин дии.
- Үтүө күнүнэн, Ньургун. Ээ, дьарыгым, сорудаҕым элбэх, ол иһин арыый эрдэлээтим, - диэн үөрэ-көтө хардарда кыыс.
Уол сорудахтарын оҥороругар сөптөөх кинигэлэрин ылан баран, кыыс аттыгар тиийэн олордо. Ону-маны отур-ботур кэпсэтэ-кэпсэтэ, сорудахтарын толордулар, конспект оҥоһуннулар. Онтон библиотека сабыллыан аҕай иннинэ, дьиэлиирдии хомунан, таһырдьа таҕыстылар.
Таһырдьа сып-сылаас, сааскы нуһараҥ киэһэ, киһи эрэ салгыҥҥа сылдьыах айылаах үтүө кэмэ.
Ньургун:
- Таайа, проспект устун кыратык дьаарбайа түһэбит дуо?
Кыыс сааскы чэбдик салгыны оргууй эҕирийэ-эҕирийэ:
- Наһаа да үчүгэй киэһээ. Мин маннык борук-сорукка хаамарбын олус да сөбүлүүбүн.
Сааскы сылаас сайаҕас киэһэ санньыар санааны кый ыраах кыйдыыр, туох эрэ дьиктини түстүүр, кэрэни кэрэһэлиир. Уоллаах кыыс туох эрэ дьикти, биллибэт эйгэҕэ киирэн, хаалбыт курдук буоллулар.
Онтон Ньургун эр ылан:
- Таайа, мин былыргыны түһүүр түүлбэр эйигин көрөбүн наар. Эн атын ааттааххын. Эн биһи олус истиҥ сыһыаннаахпыт...
Таайа сибигинэйэ былаан:
- Ньургун, мин билэбин. Мин онно, ол түүлгэ удаҕан кыыспын... Уонна эйигин куруук мыраан үрдүгэр кэтэһэбин... Билигин да ол быралыйбыт дьылларга мыраан сирэйигэр охтубут маска олорон, эйигин кэтэһэн эрдэҕим буолуо...
Онтон ботугураан ылла:
- Номоҕоон...
Уол соһуйан хараҕа кэҥээтэ:
- Ама дуу, биир түүлү түһүүбүт дуо, Тыаһааны?
Кыыс сибигинэйдэ:
- Оннук... Ити биһиги уруккубут, ааспыт олохпут...
Бу дьикти түгэҥҥэ Таайа Ньургун сирэйин тонолуппакка, сыныйан көрдө, кини иннигэр ардыгар мичээринэн чаҕылыйар, сороҕор курус санаа хоммут харахтаах кини түүлүн күндү доҕоро – Номоҕон турар, илэ бэйэтинэн.
Уол кыыс диэки хардыылаата, мичээрдэтэ уонна сипсийдэ:
- Оо. Өр да кэтэстим эбиппин мин Эйигин. Эн өрүү баар этиҥ мин дьикти түүллэрбэр.
Таайа симиктик хардарда:
- Эн эмиэ...
Уол кыыс илиитин олус нарыннык тутта, харахтара дьол уотунан кытыаста кыыстылар. Илии илиилэриттэн сиэтиспитинэн, уоллаах кыыс сулус суһумун аннынан хааман истилэр хараҥарбыт куорат устун.
Үөһэттэн ыраах-ыраах ыҥыра угуйар сырдык сулустан дьикти уот кутулларга дылы буолла...
Ханна эрэ биллибэт дьикти эйгэҕэ, Үөһэ Халлаан ханнык эрэ хаттыгаһыгар эдэркээн удаҕан кыыс дьолломмуттуу мичээрдэ уонна курус санаа былаастаах сипсийдэ:
- Дьоллоох буолуҥ. Кэрэ Кыыс, дьоллоох буол, мин ситэ олорботох олохпун олор...
Ол сипсиэр сөрүүн, киһи дууһатын дьэҥкэрдэр, сиккиэр тыал буолан, уоллаах кыыһы иэдэстэриттэн имэрийдэ, баттахтарын тараан ылла уонна кый ыраах дьиримниир күөх уоттаах сулустарга көттө.
Ураты кэрэ ньэгир алыбар ылларан, дьикти санаа кынатыгар уйдаран, уоллаах кыыс үйэлэри уҥуордаан, дьыллары тураан, аан бастан көрсүбүт түгэннэригэр баар буолан хааллылар.
Сарсыардааҥҥы саһарҕа суһумнуу тэтэрбит. Тыаһааны ийэтин эмтээри сарсыардааҥҥы сииги баттаһа, от хомуйа сылдьар.
Сиик көтөн, эйгэни алыптаах туманынан үллүктээбит. Сып-сырдык, сып-сылаас чэбдик сиккиэр тыаллаах сайын саҕаланыыта. Кыыс дьэрэкээн сибэккинэн бүрүллүбүт күөх хонуу устун сиккиэри утары сүүрэр... Долгунурар хара суһуоҕун тыал нарыннык тарыыр, иэдэстэрин эйэҕэстик имэрийэр, чараас сарыы таҥаһын тэллэҕин тэлибирэтэ оонньуур. Хатыҥ чараҥ быыһынан күөрэйбит күлүмнэс Күн кинини кытта тэҥҥэ сырсар. Туман көтөн, ыраах көлүйэ уута күн уотугар көмүс мөһүүрэ буолан, күлүмүрдүү долгунурар.
Сарсыардааҥы чуумпуну ынах маҕырыыра уйгуурта. Чаҕар уолаттар сарсыардааҥы ыамҥа тиэтэйэ-саарайа ынахтарын үүрэн, Һайдыыр саҥалара чэбдик салгыҥҥа дуораһыйар.
Уолаттар ортолоругар биир үрдүк уҥуохтаах, номоҕон дьүһүннээх, ааттыын да Номоҕон диэн уол баар. Номоҕон кылыһахтаах, киһи кутун хамсатар, уу сүүрүгүнүү кылыгырас куолаһынан сарсыардааҥҥы чуумпуну аймыан баҕарбаттыы, оргууй аҕай сир ийэ кэрэтин хоһуйан, туойар. Уол дьикти, киһи кутун ортотунан киирэр куолаһа, кыыс уйан бэйэтин абылыырга дылы.
Тыаһааны хатыҥҥа сөрүөстэн, уол ырыатын истэ турда. Онтон Номоҕон ырыата улам-улам чугаһаан кэллэ. Кыыс кэннин хайыспыта, уол субу кэлэн турар эбит. Харах харахтара харсан ыллылар. Кыыс кыратык симиттэн, аллара көрөн ылла, онтон уолу утары көрдө. Уол сирэйдиин-харахтыын сырдаан, хара харахтара мичээринэн тырымныы сыдьаайаллар. Уол саҥата суох мичэрдии-мичээрдии, ааһа турда. Кыыс нарын сүрэҕин биллибэт иэйии угуттаата, хомуйбут сибээккитин түөһүгэр ыга тутта, ыһыллыбыт баттаҕын көннөрүнэ, турда...
Чыычаах саҥата, күөрэгэй ырыата, от-мас дыргыл сыта – барыта олус кэрэ, ураты...
Оо, ахтыбыт да эбиттэр бу суугунуур хатыҥ чараҥнарын, алтан төбө уонна току-току ньээм оттоох көҕөрөр киэҥ сыһыыны, кыракый төп-төгүрүк ыраас уулаах көлүйэлэрин.
Дьол диэн баар бу Күн Сиригэр, Таптал диэн баар бу Аан Дойдуга. Түүл буолбут түгэн илэҕэ кубулуйар. Ити Үөһэттэн ыйыллыбыт ыйаах, анаммыт анал... Ити олох...
Бу дьикти сааскы киэһэттэн ыла Ньургун уонна Таайа истиҥ сыһыаннара дириҥээн, үйэлээх тапталга кубулуйбута. Очурдаах-чочурдаах, ол эрэн умсугутар кэрэлээх, олохторун аартыгар үктэммиттэрэ. Кинилэр олохторугар арыт туох эрэ дьикти, киһи чөл өйүнэн өйдөөбөт, көстүүлэрэ күөрэйэн кэлэллэрэ, сөҕүмэр түгэннэр көстөн ааһаллара ...