22.03.2023 | 14:42

Сырдыкка тахсар туом оҥоһулунна

Кулун тутар 21 – күн түүнү кытта тэҥнэһэр бэлиэ күнүн саха төрөөбүт күнэ дииллэр, сырдыкка тахсар туом оҥоһуллар.
Сырдыкка тахсар туом оҥоһулунна
Ааптар: Маргарита Степанова (Акимова)
Бөлөххө киир

Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр бу күҥҥэ аналлаах улахан тэрээһин буолан ааста.

Тэрийээччилэр Кулан Хаан салайыытынан кулун тутар 21 күнүгэр сарсыарда 06:00 чааска мустаммыт, Туймаада хочо ытык сиригэр Чочур Мырааҥҥа тахсаммыт саҥа күнү көрсөн, тэрээһин этэҥҥэ буоларыгар  алгыстанан, арчыланан, сир-дойду иччилэриттэн көҥүл, көмө ылан, буор куппутун бөҕөргөтөн кэлбиппит.

Сарсыарда 09.00 чаастан "Билиибин-көрүүбүн – бар дьоммор" тэрээһиҥҥэ кэлбит хас биирдии киһини арыылаах алаадьынан, кырылыы сылдьар кымыһынан тыыннаах доҕуһуол – кырыымпа тыаһынан көрсөн, ураты сахалыы эйгэ түстэннэ.

Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан дьиэ иккис этээһигэр сарсыардаттан ньиргиччи үлэлии турар быыстапка көрүстэ. Манна саха киһитэ үүнэригэр-сайдарыгар араас хайысханан үлэлии сылдьар уһуйааннар, түмсүүлэр, кулууптар  бэйэлэрин билиилэрин бар дьоҥҥо билиһиннэрдилэр. Кут-сүр чөллөнүүтүгэр үлэлэһэр “Алгыстаах аартык» (Алгыс Уйбаан), Байдам Сыдьаайа уһуйааннара, Күн Боотуровна "Эрэл" бырайыага, эти-сиини чөллүүр, чэбдигирдэр "Чысхаан" Киин (Егор Кирсанов), "Отшельник" кулууп (Айаал Акимов), тоһоҕоҕо туруу дьарыктара (Владимир Маччасынов), «Эргис” аппараатынан Күннээх Ымыы Хайбаана, "Чөмчүүк саас" оҕо сайдар киинэ кыттыыны ыллылар. Быыстапка кыттааччылара практиканан көрдөрөн, дьон интэриэһин тартылар, ыйытыыларга хоруйдаатылар, сүбэ-ама биэрдилэр.

Төһө да үлэ күнэ буоллар, сарсыарда эрдэттэн дьон-сэргэ тоҕуоруһа мустан, тэрээһин өрө көтөҕүллүлээхтик саҕаланна. Улахан кэнсиэртиир саалаҕа дьон баппакка, ким туран, ким муостанан олорон Кулан Хаан Байаҕантай, Алгыс Уйбаан алгыстарын ылан, ыраастаныы, арчыланыы, ол кэннэ оһуохай ыытылынна.

Эбиэт кэнниттэр үс сиринэн хайдыһан, ким баҕатынан саалаларга тарҕастылар. Тэрээһин "Билиибин-көрүүбүн бар дьоммор аныыбын" диэн аата да этэринии, бар дьоннорун туһугар үлэлии-хамсыы сылдьар дьоммут бэйэлэрин билиилэрин үллэһиннилэр. Икки сааланан өркөн өйдөөхтөрбүтүн, саха үүнэрин-сайдарын туһугар үлэлии-хамсыы сылдьар дьоммутун мустубут дьон утаппыттыы иһиттилэр. Быыстапка саалатыгар "Чыпчаал" тренажеру, "Эргис" аппараты, тоһоҕоҕо турууну сөҕө-махтайа көрдүлэр-иһиттилэр. "Отшельник" чэй иһии кулууба мустубут ыалдьыттары бэйэтин минньигэс чэйинэн күндүлээтэ.

Бу улахан тэрээһин Александр Протодьяконов, Альбина Аммосова, Егор Кирсанов, Маргарита Степанова (Акимова), "Отшельник" кулуупка, "Чыпчаал" эти-сиини чэбдигирдэр кииҥҥэ сылдьар, дьарыктанар ыччат дьон улахан көмөлөрүнэн тэрилиннэ. Тэрээһини сүрүннээбит, сүбэлээбит, муоһатын туппут киһинэн Кулан Хаан Байаҕантай буолар.

Бука бары биир санаалаахтар мустаммыт, аҕыйах кэм иһигэр бэйэ-бэйэбитин ситэрсэн, толорсон, сүбэлэһэн, бар дьоммутугар чахчы да наадалаах саҕалааһын буолбутуттан астынныбыт, үөрдүбүт. Тэрээһин биир уратытынан ыччакка өбүгэ муудараһын, кут-сүр өйдөбүллэрин, эти-хааны чэбдигирдии ньымаларын, бэйэ ис дьиҥин булунуу муудараһын тиэрдии буолар.

Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин дириэктэрэ А.Н. Корякина бу тэрээһин сыл аайы кулун тутар 21 күнүгэр тэриллэ туруоҕар баҕа санаатын биллэрбититтэн күүспүтүгэр өссө күүс эбилиннэ.

Бука бары  кыттыыны ылбыт дьоммутугар, ыалдьыттарбытыгар тэрийэр бөлөх аатыттан махталбытын тиэрдэбит.

Бу күн билиилэрин-көрүүлэрин үллэстибит дьоммутунуун аһаҕас кэпсэтиилэр, маастар кылаастар, уһуйааннар иилэринэн үлэ салҕаныаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...