01.08.2023 | 10:47

«Сырдык киин куорат» муниципальнай бырагыраама ситиһиилээхтик үлэлиир 

«Сырдык киин куорат» муниципальнай бырагыраама ситиһиилээхтик үлэлиир 
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бэҕэһээ, от ыйын 31 күнүгэр, «ВКонтакте» социальнай ситим нөҥүө быһа эпииригэр баһылык Евгений Григорьев уулуссалары сырдатыы боппуруоһун эмиэ таарыйда. Ол курдук, бүгүҥҥү күҥҥэ киин куоракка үлэлиир «Сырдык киин куорат» муниципальнай тосхол иитинэн 15 тыһыынча уот остуолбата туруоруллубутун иһитиннэрдэ. 
Икки сыл иһигэр бу бырагырааманан уулусса уотун тардыы бырыһыана 64-тэн 68-ка диэри үрдээтэ. Быйыл «Горсвет» муниципальнай тэрилтэ 152 остуолбаны туруорда, 164 лаампаны ыйаата, эбэтэр 5 км усталаах ситим тардылынна, бэдэрээтчиттэр 259 остуолбаны, 268 лаампаны туруордулар, ол эбэтэр 8,5 км усталаах ситими оҥордулар, диэтэ Евгений Григорьев. 
«Онон уулуссаны сырдатыыга 70 мөл. солк. кэриҥэ кээмэйдээх үп туһаҕа тахсыаҕа»,– диэтэ Евгений Григорьев.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...