09.06.2021 | 09:56

“Сырдык киин куорат”: үлэ үгүс, былаан киэҥ

Быйыл киин куоракка уулуссалары сырдатыы үлэтэ киэҥ далааһыннаахтык ыытыллыаҕа. Маныаха өрөспүүбүлүкэ уонна куорат бүддьүөтүттэн эбии үп көрүллүбүт.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Тирээбиллэри тутууга уонна светильниктэри туруорууга 78, 6 мөлүйүөн кэриҥэ солкуобай туттуллара былааннанар. Онтон 8, 6 мөлүйүөн солкуобай куорат бүддьүөтүттэн, СӨ Ил Дарханын Ыйааҕынан эбии 70 мөлүйүөн солкуобай өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн тыырыллыбыт.

Быйыл киин куоракка уонна кытыы нэһилиэктэргэ барыта 551 тирээбил уонна 592 светильник туруоруллуоҕа.

Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа иһитиннэрбитинэн, 23 тирээбил уонна 48 светильник бу аадырыстарга туруорулунна: Короленко уул., 19, Стадухин уул., 63, Лонгинов уул., 38, Кеша Алексеев уул., 13/3, Семен Данилов уул., 4/1, Кузьмин уул., 29, Заимка уул., 4а, Три Сосны уул., ону таһынан Кангалаас микрооройуонугар Молодежнай уонна Комсомольскай уулуссаларга.

«Бу күннэргэ Севернай микрооройуоҥҥа сырдатыы үлэтин ыытабыт», – диэтэ  «Горсвет» МУТ дириэктэрэ Максим Машков. Манна 4, 5 мөлүйүөн солкуобайга 33 тирээбил уонна 33 светильник туруоруллуоҕа.

Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн эбии көрүллүбүт үп 19 бөдөҥ эбийиэги сырдатыыга, 495 тирээбили уонна 511 светильниги туруорууга туттуллуоҕа.

Куорат дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, маны сэргэ Өктөөп 50 сыла Автострада, Чайковскай, Пушкин, 8 марта, Сэргэлээх суолун 8-10 км, Кульбертинов, Кольцевой, Речевой оскуолаҕа диэри Покровскайдыыр суол сорох өттө сырдатыллыахтара. Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 нүөмэрдээх балыыһа таһыгар уот линията саҥардыллыаҕа.

Кытыы нэһилиэктэргэ үлэ күөстүү оргуйуоҕа. Ол курдук, Капитоновкаҕа Подгорнай уул., Тулагыга оптуобус тохтобулуттан Молодежнай уулуссаҕа диэри, Пригороднайга Шестаковскай проезд, Марха микрооройуонугар Интернациональнай уонна Набережнай уулуссалар, Владимировкаҕа Березовай Роща уонна Сиэллээх уул., Маҕаҥҥа Брусничнай уулусса сырдатыллыахтара. Мархаҕа 32 №-дээх оскуола таһыгар уот линията саҥардыллыаҕа.

Бэлиэтээн эттэххэ, “Куттала суох, хаачыстыбалаах суоллар” национальнай бырайыак эбийиэктэригэр  суол ситимин сырдатыы үлэтэ эбии ыытыллар.

«Уулуссалары сырдатыы – куорат биир сытыы кыһалҕата. Маны быһаарарга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн эбии үбүлээһин көрүллүбүтэ», – диэн иһитиннэрбитэ бу иннинэ куорат баһылыга Евгений Григорьев.

Бүгүҥҥү күҥҥэ куорат уокуруга 64 % сырдатыллан турар, силигэ ситэригэр эбии 7 тыһыынча тирээбил наада. Дьаһалта киин куорат уонна кытыы нэһилиэктэр 100 % сырдыылларын туһугар үтүмэн үлэни ыытар.  

Санатан аастахха, 2020 сылга Дьокуускай куоракка уонна кытыы нэһилиэктэргэ 189 тирээбил уонна 261 светильник туруоруллубута. Бу сыалга куорат бүддьүөтүттэн 20 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүтэ. Былырыын барыта 9 км суол сырдатыллыбыта.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....