Сынньана барыаҥ иннинэ толкуйдан
Туристыы барар дьон араас майгылаах, үгэстээх буолаллар: ким эрэ барыан биир нэдиэлэ инниттэн чымыдаанын хомунан барыа, ким эрэ күн сарсын айанныар диэри аа-дьуо сылдьыа уонна эмискэ сүпсүлгэҥҥэ түһүө. Ол гынан баран, сынньалаҥҥын төһө сөптөөхтүк былааннаабыккыттан уонна сүрүн быраабылалары билэргиттэн олус элбэх тутулуктаах. Дьэ, онон, барыах-кэлиэх иннинэ билсиэҕиҥ эрэ.
Айаҥҥа үчүгэйдик бэлэмнэнэргэ:
Тиийиэхтээх сиргит олохтоох сокуоннарын билсиҥ. Омук сиригэр тиийэн, киһи санаатын түһэрэр кыра да түгэннэргэ түбэспэт туһугар бу дойдуга багааһы киллэрэр уонна таһаарар усулуобуйаларын, уопсастыбаннай миэстэлэргэ сылдьыы нуормаларын эрдэттэн билиҥ. Сэрэххэ олохтоох полиция уонна суһал көмө нүөмэрдэрин чопчулааҥ (араас буолуон сөп).
Саҥа айанныыр туристарга
Үгүс дьон эмискэ айаҥҥа туруналларын сөбүлүүллэр. Ол эбэтэр үлэттэн-хамнастан, дьиэттэн-уоттан босхолоннулар да, харахтара хайа диэки хайыһарынан бараары-кэлээри ыксыыллар, биир сиргэ кыайан олорбот турукка киирэллэр. Итинник айаннар кутталлаах буолуохтарын сөп.
Онон, уоппусканы эбэтэр сынньалаҥ кэмнэрин эрдэттэн былааннааҥ. Бэлэмнэнии олус улахан суолталаах. Холобур, айылҕаҕа сынньана барарга похуот усулуобуйатыгар наада буолар олус элбэх малы-салы ылыахха наада.
Онно киирсэллэр:
Балаакка, утуйар мөһөөччүктэр, утуйар таҥас, хомуллар устууллар уо.д.а. Атыннык эттэххэ, утуйарга, сынньанарга, ас астыырга наадалаах мал-сал барыта.
Бородуукта уонна иһэр уу. Похуокка сүрүннээн холодильнига суох буорту буолбат астары: оҕуруот астарын уонна куруппаны ылыллар.
Харыстанар маллар. Булгуччу аптечка баар буолуохтаах. Онно үөн-көйүүр ытырарыттан харыстыыр сириэстибэлэр эрэ буолбакка, антисептиктар, ыарыыны мүлүрүтэр, вируһу утарсар, кыраадыһы түһэрэр препараттар баар буолуохтаахтар. Ону сэргэ куртах-оһоҕос уонна сүрэх-тымыр үлэлэрин тупсарар медикаменнар туһалыыр кэмнэрэ кэлиэн сөп.
Үнүстүрүмүөннэр. Ойуурга барарга лаппаахыны, эрбиини, сүгэни уо.д.а. ылар наада. Кыаллар буоллаҕына, мангал, гриль сиэккэтин, өрүс кытылыгар сынньанар буоллаххытына, балыктыыр тэриллэри ылыы мэһэйдээбэт.
Ичигэс таҥас. Айылҕаҕа сырыттахха, күн-дьыл түргэнник уларыйар. Ардах түстэҕинэ эбэтэр түүн тоҥмот курдук сөптөөх таҥастаргытын көрүнүҥ.
Онон, уоппускаҕытын буорту гыммат курдук, сиһилии үөрэтэн, бэлэмнэнэн эрэ баран дьиэҕититтэн тахсыҥ.
Курортка барааччылар уонна гостициницаларга эбэтэр пансионаттарга олорорго быһаарыммыттар эмиэ үчүгэйдик былааннаныахтарын наада. Ханнык отельга олоруохтааххытын эрдэттэн чопчулааҥ. Нүөмэрдэргэ табыгастаахтык сынньанаргытыгар бары усулуобуйа баарын-суоҕун билсиҥ. Онно хайдах айаннаан тиийиэхтээххитин эмиэ үөрэтиҥ.
Бэйэҥ дьиэҥ усулуобуйатыгар сылдьан бэлэмнэнэр ордук. Уоппусканы былааннааһын маннык түгэннэртэн турар:
Сынньалаҥ көрүҥүттэн (айылҕаҕа эбэтэр курортка);
уоппусканы атаарар кэмтэн (сыл ханнык кэмигэр, төһө өр);
сынньанар сиргит ханна баарыттан;
– наада буолуохтаах малгытыттан-салгытыттан уонна докумуоннаргытыттан;
– харчыгытыттан;
– сынньанар дьон ахсааныттан, ону сэргэ кинилэр саастарыттан (төһө эр киһи, дьахтар баарыттан);
Доруобуйаҕыт туруга соччо үчүгэйэ суох буоллаҕына, айаҥҥа аттанымаҥ. Килиимэти уонна бастайааннай миэстэҕитин уларытыы ааһан-араҕан биэрбэт ыарыыларгыт сытыырхайалларыгар төрүөт буолуохтарын сөп. Бүрүүстүп, күүстээх ыарыы уо.д.а. содуллар үөскүүр кутталлара суоһуур. Уоппуска иннинэ мэдиссиинискэй чинчийиини ааһан, сынньана барарга ханнык да бобуу-хааччах суох буоларын бигэтик билии санааҕытыгар да чэпчэки буолар.
Ону сэргэ, үчүгэйдик билбэт дьоҥҥутун кытары айаҥҥа барар эмиэ сыыһа. Ол кэриэтэ бэйэҕит дьиэ кэргэҥҥитин уонна доҕотторгутун кытары сынньанаргыт көдьүүстээх, умнуллубат түгэннэрдээх буолуоҕа. Онуоха сыһыаҥҥыт өссө бөҕөргөөн, дириҥээн кэлиэн сөп.
Сэрэх мэһэйдээбэт
Дьиэҕититтэн тахсан бараргытыгар куттал суох буоларын туһугар куруук кыһаллыахтааххыт. Сыаналаах малгытын, докумуоннаргытын уонна харчыгытын бэйэҕитин кытта илдьэ сылдьыахтааххыт. Массыанньыктар саҥа кэлбит туристары ыраахтан билэллэр. Онон кинилэри уорар-талыыр, албынныыр куһаҕан санаалаах дьоҥҥо чэпчэки. Айанныы бараргытыгар:
Сэргэх сылдьыҥ. Докумуоннаргытын барытын болҕомтолоохтук бэрэбиэркэлээҥ, суруллубут чахчылары сиһилии көрүҥ. Айанныахтаах оптуобустаргыт, пуойаскыт, сөмөлүөккүт барар уонна төннөр бириэмэлэрин алҕаһаабаттыы үчүгэйдик көрүҥ. Наһаа ыксаабат уонна малгытын-салгытын сүтэрбэт туһугар хас биирдии рейскэ эрдэттэн эрдэ кэлэ сатааҥ.
Туристыы сылдьыбыт хаартыскаларгыт ордук интэриэһинэй буолалларыгар баҕараҕыт – оччоҕо барар-кэлэр маршруккутун уонна уоппускаҕыт былаанын кичэллик оҥостуҥ, Сынньалаҥ хас биирдии күнүн эрдэттэн толкуйдуур туһаттан атыны аҕалбат. Ити сынньалаҥҥытын үчүгэйдик атаараргытыгар уонна үбү-харчыны наадата суохха матайдаабаккытыгар абырыаҕа. Бастакы күҥҥүтүгэр кэлбит сиргитин билсэр экскурцияҕа сылдьыахха, онтон иккис күҥҥүтүгэр курорт сүрүн кэрэ-бэлиэ миэстэлэригэр, үһүс күҥҥэ СПА-ҕа уо.д.а. бэйэни көрүнэр сирдэргэ сылдьыахха сөп.
Сынньанарга былааннаммыт дойдугут сокуоннарын уонна үгэстэрин үөрэтиҥ. Ону таһынан хас күн аайы туттуллар тыллары уонна этиилэри үөрэттэххитинэ, бэйэҕит абыраныаххыт.
Сокуону билбэккит эппиэтинэстэн босхолообот, ол иһин, сыыһа-халты дьайыыларгыт иһин судаарыстыба иннигэр эппиэттээбэт уонна настарыанньаҕытын түһэрбэт туһугар наадалаах иһитиннэриини барытын билэргит наада.
Хампаанньаны таларга
Эһиги нус-хас сынньалаҥҥытын эрэннэрэр хампаанньаны таларгытыгар кэккэ сүбэлэринэн салайтарыахтааххыт. Ол эбэтэр, туристическай хампаанньаны маннык бэлиэлэринэн талыллар (маны саҥа саҕалааччы да, сылдьар үөрүйэх да турист билиэхтээх):
Аата-суола. Хампаанньаҕа килийиэннэртэн киирбит элбэх ахсааннаах хайҕабыл, махтал баар буолуохтаах. Ханнык хампаанньаны таларга чопчу быһаарыныаххыт иннинэ бэйэҕит нэһилиэнньэлээх пууҥҥутугар эбэтэр чугас сытар куораттарга туристарга өҥө оҥоруунан дьарыктанар тэрилтэлэргэ барытыгар мониторинг ыытыахтааххыт.
Үлэлэрин үөрүйэҕэ. Бу эйгэҕэ уһун сылларга үлэлээбит уонна туристар итэҕэллэрин ылбыт фирманы талар ордук. “Эдэр” тэрилтэлэр килийиэннэрин элбэх харчынан албынныыр түгэннэрэ сотору-сотору тахсар.
Каадырдар таһымнара. Исписэлиистэр эрэ килийиэн баҕа санаатыттан уонна үбүттэн-харчытыттан көрөн тууру талар кыахтаахтар. Онон, идэлээх дьоҥҥо итэҕэйиҥ.
Өҥөлөр сыаналара уонна хаачыстыбалара. Туурдар уонна курортар сыаналара сиэрдээх буолуохтаах. Үгүс туристическай хампаанньалар бэйэлэрин килийиэннэригэр чэпчэтиилэри көрөллөр. Саҥа саҕалыыр уонна уопуттаах турист мэдиссиинискэй страховкатыгар кыһаллыахтаах. Атын дойдуга барыаххыт иннинэ страховканы булгуччу толорторуҥ. Эмискэ балыыһаҕа киирэр наада буолан хааллаҕына, мэдиссиинискэй страховка эмтэнэргэ үбү-харчыны түһэрэргэ көмөлөһөр.
Саҥа саҕалыыр туристарга быраабылалар
Айанньыт мэлдьи тутуһуохтаах:
Тус гигиенаны. Хайаан да бэйэҕитин көрүнэр, суунар-тараанар малларгытын умнумаҥ. Онно туалетнай мыыла, тиис суунар пааста, суокка, шампунь уо.д.а. киирэллэр. Таҥас сууйар бороһуогу эмиэ ылыаххытын сөп.
Сөптөөх аһылыгы. Үгүстэр айан, сынньалаҥ кэмигэр тута сылдьан аһыылларын ордороллор. Сыалаах-арыылаах, ыыһаммыт, ыһаарыламмыт астартан уонна түргэнник бэлэмнэнэр бородуукталартан, фастфудтан уо.д.а. туттунуҥ.
Уопсастыбаннай миэстэлэргэ, уулуссаҕа уо.д.а. уопсай быраабылалары. Уопсай дьиссипилиинэни тутуһуллуохтаах. Олус элбэх киһи атын куоракка, дойдуга эбэтэр айылҕаҕа сылдьан сыыһа-халты туттан кэбиһэн, сэмэҕэ-суҥхаҕа тардыллар.
Бэйэҕит тускутунан билбэт дьоҥҥутугар мээнэ ыһа-тоҕо кэпсии сылдьымаҥ. Ити туох да туһаны аҕалбат. Чуолаан төһө харчылааххытын, кредитнэй каартаҕыт ахсаанын уонна нүөмэрин кимиэхэ да этимэҥ.
Испиирдээх утахтары иһэргитин хонтуруолланыҥ уонна кыраадыһын билиҥ. Итирбит киһини албынныыр, уорар-талыыр уонна күлүгээннээһиҥҥэ тириэрдэр уустуга суох. Сынньанар киһи сүрүн быраабылата – доруобуйаны чэбдигирдии уонна күүһү-күдэҕи, сэниэни эбии. Арыгыны иһии, наркотигы туһаныы, табахтааһын – доруобай туризмҥа туох да сыһыана суох.
Ону сэргэ, курортка арамаанныыртан уонна билбэт киһигитин кытары эт-хаан өттүнэн сибээскэ киирэртэн туттунуллар. Билбэт киһигитин кытары биир имэҥнээх түүн бэйэ-бэйэлэрин кытары сибээстээх араас ыарыыттан эмтэнэргэ күһэллиигэ тириэрдиэн сөп.
Таксистартан сэрэниҥ
Тырааныспар. Атын куоракка эбэтэр дойдуга кэлэн баран, вокзалга (аэропортка) дьуһуурунайдыыр таксистар өҥөлөрүнэн туһаммат буола сатааҥ. Кинилэр турист айан сыанатын билбэтинэн туһанан, үксүгэр дьиҥнээх сыананы 2-3 төгүл аһарар сууманы көрдүүллэр. Ол кэриэтэ олохтоох тырааныспарынан туһаныҥ эбэтэр диспиэтчэргэ быһаартаран, төлөпүөнүнэн таксита ыҥырыҥ.
Атыылаһыы. Сувенир атыылаһаргытыгар кыраныысса таһыгар тугу уонна төһө ахсаанынан таһаарыахха сөбүн чопчулааҥ. Көҥүллэммэт табаардары таможняҕа хаалларыахтара уонна атыыласпыт суумаҕытын төннөрбөттөр. Хас биирдии дойдуга туристарга аналлаах миэстэлэргэ таҥаһы-сабы, иһити-хомуоһу уо.д.а. атыылаһыахха сөп.
Экзотическай бородуукталар уонна экстремальнай үлүһүйүү. Атын дойдуга сынньана кэлэн баран, бары да туох эрэ саҥаны-сонуну боруобалыахтарын, ол дойду үгэс буолбут үгэстэригэр кыттыһыахтарын баҕараллар. Бу доруобуйаҕа ардыгар куһаҕаннык дьайыан сөп. Онон, сэрэнэр ордук.
Олоруохтаах сиргитин эрдэттэн сайаапкалааҥ. Чуолаан уһун уонна ыарахан айаҥҥа. Тоҕо диэтэххэ, уһун айан кэнниттэн тута дууштанартан уонна ороҥҥо сытан сынньанартан ордук үчүгэй суоҕун билэҕит.
Уоппускаҕа тэриниигэ өйдөөхтүк, дьоһуннаахтык сыһыаннаһар дьон бириэмэлэрин туһалаахтык атаараллар, дууһалыын, сүрэхтиин сынньанан кэлэллэр. Оттон ээл-дээл сыһыаннаспыт дьону үксүгэр полиция отделениетыгар көрүөххэ сөп. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр докумуоннарын уонна харчыларын түргэнник сүтэрэллэр.
Уоппускаҕа ханна, хайдах сынньанары хас биирдии киһи бэйэтэ быһаарынар. Тоҕо диэтэххэ, хас биирдии киһи араас ыра санаалаах уонна баҕалаах.