31.10.2023 | 15:00

Сымыйа кафелары бэрэбиэркэлээһин салҕанар

Сымыйа кафелары бэрэбиэркэлээһин салҕанар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, ааспыт нэдиэлэҕэ «наливайкалары» бас билээччилэргэ сыһыаннаах 11 административнай  боротокуол оҥоһулунна.

Урбаан департаменын информациятынан, бүгүҥҥү күҥҥэ 24 сымыйа кафе сабылынна, 14 – уларытан оҥоһуллар, 13 тэрилтэ техпааспардарыгар 75 кв. миэтэрэттэн тахса иэннээх диэн сурулла сылдьар, 30 эбийиэк үлэлии турар.

Бэлиэтээн этиллибитинэн, урбаанньыттар 2000 сыллардааҕы техпааспардары көрдөрөллөр, онон араастаһыы тахсыбыт буолуон сөп. Евгений Григорьев докумуоннары үчүгэйдик бэрэбиэркэлииргэ, РЦТИ дааннайдарын кытта тэҥнииргэ сорудахтаата.

«Нэдиэлэ аайы хаалбыт 30 эбийиэктэринэн полиция уорганнарын кытта үлэлэһиҥ», - диэн куорат баһылыга управалар салайааччыларыгар туһаайан эттэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...