Сылаас тохтобуллар бүгүҥҥү туруктара
Бу күннэргэ буола турар Олохтоох дьаһалта ааспыт сыллааҕы үлэтинэн нэһилиэнньэ иннигэр отчуоттарыгар сылаас тохтобуллар туруктарыгар уонна куорат оптуобустарын маршрутугар сыһыаннаах ыйытыы ордук элбэҕинэн, ааспыт нэдиэлэҕэ баһылык Евгений Григорьев тохтобуллар туруктарын тус бэйэтинэн бэрэбиэркэлээн турар.
... Таһырдьа - 48° C тиийэн, Сахабыт сирин аатырар тымныытын оройо. Ол эрээри тымныыга үөрэхтээх буоламмыт, күн аайы ким оскуолаҕа, ким уһуйааҥҥа, ким күннээҕи кыһалҕатынан сылдьыбыппыт курдук сылдьабыт.
“Киин куорат” хаһыат бу күннэргэ сылаас тохтобулларынан эриэйдэ оҥордо. Ол туһунан сиһилии хаартыскаларынан кэпсиибит.
Санатан эттэххэ, сылаас тохтобуллар Дьокуускайга аан бастаан 2014 сыллаахха нэһилиэнньэни уопсастыбаннай тырааныспар өҥөтүнэн хааччыйыыны тупсарар сыалтан тэриллибит «Сылаас тохтобуллар» социальнай бырайыак чэрчитинэн олоххо киирбиттэрэ. Бу уопут оччолорго бүтүн Арассыыйатааҕы бастыҥ муниципальнай быраактыка күрэҕэр «Хомуналыынай инфраструктураны сайыннарыы» номинацияҕа бастакы истиэпэннээх дипломунан бэлиэтэммитэ.
Тохтобуллар үлэлэрин графига кэһиллэр, санитарнай туруктара мөлтөх буоллаҕына, 43-33-22 нүөмэринэн эрийэн («Уопсастыбаннай туоналары салайар киин» муниципальнай тэрилтэ, дириэктэр Виктор Обутов), миэрэлэри ылары модьуйуохха сөп. Оттон уопсастыбаннай бэрээдэги кэһии, вандализм түгэннэрин полицияҕа биллэрэр ирдэнэр.
«Столичнай ырыынак»
Куорат кииниттэн 14 №-дээх оптуобуһунан биир саамай сырыылаах, элбэх киһилээх сиргэ, норуокка «кытай ырыынага” аатынан биллэр атыы-эргиэн киинин диэки айаннаатым. Мутук тостор тымныытын аахсыбакка, оптуобус иһэ толору үллэччи таҥныбыт киһи. Киһитэ элбэҕиттэн дуу, таһырдьа олус тымныытыттан эбитэ дуу оптуобуспут субу-субу суол ортотугар олорон хаалыах курдук бөтө-бөтө айанныыр. Оруобуна 22 мүнүүтэ айаннаан тиийиэхтээх сирбэр кэллим.
Манна «Столичнай ырыынак» диэн сылаас тохтобул турар. Иһирдьэ киирбитим, 7-8 киһи баар. Соһуйуом иһин, сыт-сымар буолбут итирик-кутурук дьон суох. Сырдык, ыраас, сылаас, киэҥ-куоҥ тохтобулга киирэн, дьон налыччы оптуобус төһөнөн кэлиэхтээҕин көрдөрөр таблону кэтиир. Тимир олбохтор, айан каартатын атыылыыр анал терминал бааллар.
Маргарита Николаевна, биэнсийэлээх:
— Ырыынактан таҥас-сап атыылаһан, оптуобуспун кэтэһэ олоробун. Тохтобул туһунан тугу этиэхпиний? Мин көрүүбэр, сылаас уонна, хата, итирик дьон суох эбит. Мин эһиэхэ, «Киин куорат» хаһыакка, тохтобул туһунан буолбакка, оптуобустар тустарынан этиэм. Куоракка олохсуйбутум син отучча сыл буолла да, ол тухары былыргы, сэбиэскэй кэминээҕи оптуобустарынан тиэллэн сылдьабыт. Аны кирдэрэ диибин диэн, киһитэ элбэҕэ! Ама, бу оптуобустары саҥардыы боппуруоһа тоҕо баччааҥҥа диэри кыаллыбатый? Маны куорат салалтатыгар тиэрдиэххитин наада. Син суол-иис тупсар ээ. Оттон бырайыас 40 солкуобай буолбута киһини соһуппат, олох-дьаһах барыта күн-түүн ыарыы олорор буолбат дуо?!
Күннэй:
— Бу билигин күнүс уонна үлэ нэдиэлэтэ саҥа саҕаламмыт буолан оптуобуска дьон-сэргэ аҕыйах курдук. Өрөбүллэргэ эбэтэр бээтинсэ киэһэ манна пиибэлии олорооччу элбэх буолар. Ол иһин, төһө да тымныы буоллун, куттанан киирээччим да суох. Сорох сылаас тохтобуллар, кырдьык, сыттара-сымардара олох амырыын буолар, холобура, Автовокзал уонна Киров уулуссатыгар турар поликлиника тохтобуллара. Иһээччи-аһааччы дьон ханна барыахтарай, син биир маннык ыраас, сылаас сирдэргэ хорҕойон тымныыттан быыһанан эрдэхтэрэ. Халлааммыт хаһан сылыйан сатыы сылдьар буолабыт...
Аэропорт суолун сылаас тохтобула
Бачча кэлбиччэ салгыы 4 №-дээх оптуобуһунан «Новопортовской” тохтобулга айаннаатым. Оптуобуһум бэрт сыыдамнык тигинээн кэллэ. Киһитэ аҕыйах эбит, ол оннугар оптуобус иһэ халтараана бэрдиттэн тиэрэ баран түһэ сыстым.
Суол биир өттүгэр сылаас тохтобул турар, нөҥүө өттүгэр профлииһинэн оҥоһуллубут көҥдөй тохтобул баар. Ычча да ычча! Суолу туораан, сылаас тохтобул диэки хаамтым.
Таһыттан даҕаны, иһиттэн даҕаны тупсаҕай оҥоһуулаах тохтобул эбит. Иһирдьэ саһархай таҥастаах суол үлэһиттэрэ иттэ олороллор.
Истиэнэҕэ сылаас кэмҥэ холбонуохтаах кондиционер ыйанан турар, биир муннукка устар камера баар. Саалаҕа бэрт ыраас, бөҕө-таҕа көрүҥнээх ыскамыайкалар кэчигирэспиттэр. Таһырдьа биир кыыс турар, кылгастык сэһэргэһэн ыллыбыт.
Валя:
— Сыантырга бараары 14-с оптуобуһу кэтэһэн турабын. Бу эҥэр саамай үчүгэйдик 14-с уонна 4-с оптуобустар сылдьаллар. Иһирдьэ киирбэппин, билигин оптуобуһум кэлиэ. Куораппытыгар маннык сылаас тохтобуллары туппуттара, биллэн турар, абыраллаах дьыала. Ол эрээри «биһиги дьоммут” наһаа харыстанньаҥа суохтар, уһуннук туруораллара саарбах.
Өр-өтөр буолбата, оптуобус тигинээн тиийэн кэллэ. Салгыы 1 №-дээх Оҕо спортивнай оскуолатын аттыгар турар сылаас тохтобулга айаннаатым.
Спорт оскуолатын тохтобула
Айанныырым тухары ханнык тохтобул кэлбитэ иһиллэн да ылбата. Дьэ, дьиибэ. Пассажирдар түннүгүнэн одуулуу сатыыбыт да, туох даҕаны көстүбэт, барыта туман да, кырыа буолбут түннүктэр. Кэлбит суолбунан төннөн иһэр буоламмын, бэрт сыыдамнык тиийдим.
Тохтобул иһигэр биир даҕаны киһи суох. Сирийэн көрдөххө, «сырыыны-айаны билбит» тохтобул эбит. Аана тоҕо саайыллыбыт, күн сарсын өстүөкүлэтэ үлтүрүйэн түһэр чинчилээх. Киирээккин кытта утары оптуобустар маршруттарын көрдөрөр каарта ыйанан турар, олус наадалаах каарта, киһи эрэ барыта куораты билбэт ээ. Тохтобул иһигэр илиҥҥи омуктар «төрөөбүт астара” шаурма атыылыыллар эбит. Истиэнэҕэ салгыны ыраастыыр прибор, оннооҕор сөрүүкэтэр кондиционер, банкомаат кытта баар. Сыты-сымары суох оҥорор вытяжкалаах, тимир олбохтор, аптечка уонна ыксаллаах быһыы-майгы үөскүүр түгэнигэр полиция кнопката бааллар.
Дмитрий:
— Үлэбэр бараары 18 №-дээх оптуобуһу кэтэһэн турабын. Омуктар атыылыыр шаурмаларын сыта таҥаска иҥэрин иһин иһирдьэ киирбэккэ турабын. Сахалар -50°C да тымныыга үөрэхтээх дьоммут. Һок, оптуобуһум кэллэ, мин сүүрдүм... аны хаалан ол иэдээнэ.
Салгыы утары турар сылаас тохтобул диэки туораатым.
Иһирдьэ даҕаны, таһырдьа даҕаны дьон элбэх. Истиэнэ бүтүннүү ойуу-бичик. Туох диэн суруйбуттарын, тугу рекламалаабыттарын бэйэлэрэ эрэ билэн эрдэхтэрэ. Бачча сылаас, киэҥ-куоҥ, сырдык тохтобулу номнуо киртиппиттэрэ хомолтолоох. Оҕолор «үлэлэрин» курдук. Тохтобулга оптуобус сырыытын көрдөрөр монитор суоҕа атахтыыр эбит. Бу үлүгэрдээх тымныыга омук смартфона тоҥон хааллаҕына, таһырдьа тахсан күүтэргэр тиийиэҕин. Инньэ диэбиччэ, төлөпүөнүм дэлби тоҥон, арахсан хаалла.
Уопсай хартыына маннык
Уопсайынан, тымныы дойдуга олорор дьоҥҥо сылаас тохтобуллар бааллара туох даҕаны оһуобай. Иккиһинэн, бу аҕыйах тохтобулу көрдөрдүм, куорат кытыытыгар, автовокзал да оройуонугар киһи киһиэхэ кэпсээбэт хартыыналара күннэтэ тахсаллар. Үсүһүнэн, төһө даҕаны «сылаас” буолбуттарын иһин, халлаан өссө тымныйар түгэнигэр тымныы салгын курдары үрэр эбит. Онон кэнэҕэһин сылытар туһунан толкуйдуур оруннаах буолсу.