28.01.2023 | 18:00

Сылаас сыһыан — бастыҥ эмчит

Сылаас сыһыан — бастыҥ эмчит
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Дьокуускай куораттааҕы “Абырал” санаторийга сылга ортотунан 1300 киһи сынньанан, доруобуйатын көннөрүнэн ааһар.

Аламаҕай, үтүө санаалаах кэлэктииби, хайа да соҕуруу дойдулар курортарыттан итэҕэһэ суох үрдүк таһымнаах эмтиир ньымаларын, киэһэ ахсын ыытыллар саахымат, дуобат, лотуо, бильярд оонньуулары, кэнсиэртэри сыппыт, сынньаммыт эрэ барыта астына-дуоһуйа кэпсиир, сүргэлиин көтөҕүллэн тахсаллар.

Үгүһү, элбэҕи суруйа барбакка, сынньана сытааччылар санааларын истиэҕиҥ.

Светлана Деомидовна Атастырова, 78 саастаах, Өймөкөөнтөн төрүттээх, 50 сыл ыстаастаах, үрдүк категориялаах химия учууталынан үлэлээбит:

– Санаторийга урут сыта сылдьыбытым. Манна киһи сынньанарыгар бары усулуобуйа барыта баар, ону үлэһиттэр биһиэхэ анаан барытын толору тэрийэллэр. Кэлэктиип наһаа түмсүүлээх, эйэлээх, биир сомоҕо буолан үлэлиир. Сиэстэрэлэр бары миэстэлэригэр, наһаа эппиэтинэстээхтэр, хас биирдии үлэһит бэйэтин эбээһинэһин суобастаахтык, хаачыстыбалаахтык, чиэһинэйдик толорор, сыһыаннара элэккэй, иһирэх, дьиэтиҥи. Ол иһин манна киирбит, сынньанан тахсыбыт дьон бары астынан, сөбүлээн бараллар. Процедуралара да элбэх, астара да минньигэс, тотоойу. Тастан эбиммэппит, кинилэр бэлэмнээбит аһылыктарыгар сөп буолабыт. Остолобуой үлэһиттэрэ олус элэккэйдэр, эйэҕэстэр. Сөпкө этэллэр ээ, ханнык да эмтээҕэр үтүө сыһыантан доруобуйаҥ тупсар, көнөр. Култуурунай киэһэлэр олус тэрээһиннээхтик ыытыллаллар. Аналлаах үлэһит Мария Николаевна Амыдаева наһаа кыһамньылаах, дьону бэйэтигэр тардар талааннаах, эйэҕэс, элэккэй, дьон санаатын таба тайанан ыытар тэрээһиннэрэ куруутун өрө көтөҕүллүүлээхтик, интэриэһинэйдик ааһаллар, онон сынньанааччылар процедура кэнниттэн ону кэтэһэбит. Аҕыйах хоноот, биир улахан дьиэ кэргэн курдук буолан хаалаҕын, тута билсиһии биэчэрин тэрийэллэр, онно бэйэҥ тускунан, туох талааннааххын кэпсиигин. Маннык санаторийдар өссө элбэхтэрэ буоллар, сынньаныан баҕалаах баһаам, бары ыйыталаһаллар, уочаракка тиксиэхтэрин наһаа баҕараллар.

Наталья Егоровна Кузьмина, 81 саастаах, Норуот үөрэҕириитин туйгуна, үлэ бэтэрээнэ, “Үлэ албан аата” мэтээл хаһаайына:

– Манна эмтииллэрэ-томтууллара, аһаталлара-сиэтэллэрэ үчүгэй, мин астарын сирбэтим, хара ааныттан олус эйэҕэстик көрсөллөр. Биһиги, кырдьаҕас дьон, дьиэҕэ соҕотох олоруохтааҕар манна кэлэн дьону кытта билсэн, лотуолаан, оонньоон, кэнсиэр көрдөрөн, олус бэккэ сытабыт. Баҕам диэн, “Абырал” өссө тупсара буоллар, тоҕо диэтэххэ бу миэбэлэ эҥин олох былыргы, этэргэ дылы, сэбиэскэй саҕанааҕы. Доруобуйа харыстабыла, куорат, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтэ кыратык да буоллар харчы тэбэн, үллэрэн, бу наһаа үчүгэй, саха киһитэ, өрөспүүбүлүкэ олохтооҕо барыта киирэн эмтэнэр санаторийын тупсаран оҥордоллор, наһаа да бэрт буолуо этэ. Манна ханна да суох бадарааммыт, тууспут барыта бэйэбит киэнэ. Өрөспүүбүлүкэ тас да өттүттэн кэлэн эмтэниэхтэрин сөп. Онуоха усулуобуйа, үп-харчы наада. Сытар дьон бары даҕаны соҕуруу бардахха оччолоох харчы айаҥҥа, эмтэниигэ барар дииллэр, ол иһин бэйэбитигэр баар санаторийга киирбиппит быдан ордук буоллаҕа. Санаторийбыт сайда, тупса турдун. Бары этэҥҥэ буоллуннар, өссө да киирэ туруохпут этэ.

Мария Иннокентьевна Моисеева, 83 саастаах, нуучча тылын учууталынан үлэлээбит:

– Манна хаста да сыта сылдьыбытым. Үлэһиттэрэ уруккуттан үчүгэйдэр, аламаҕайдар, астара-үөллэрэ минньигэс, ол иһин сүргэбит көтөҕүллэн тахсар. Кэнники сылларга өссө тупсубут. Бу сырыыга биир көлүөнэ дьон элбэхпит, сэбиэскэй кэмҥэ хомсомуоллаабыт, үлэни өрө туппут ыччаттар буоллахпыт. Ырыанан-тойугунан субуотунньуктарга сылдьарбыт, чиэс, бочуот, хайҕал ыларбыт. Ол иһин биир саастыылаахтар киирэн бэйэ-бэйэбитин көрсөн, үөрүү-көтүү буоллубут. Эр дьон да, дьахталлар да бары ырыаһыттара, талааннаахтара сөхтөрөр эрэ. Онуоха эбии “Байаан тула” диэн ансаамбыл истиҥ, иһирэх кэнсиэрэ, Кыталык Уйбаанныын көрсүһүү өссө сэргэхситтилэр. Талбыт курдук дьон мустан, убайдыы-бырааттыы, аҕастыы-балыстыы курдук сыһыаннастыбыт. Онон быйыл хаһан да сылдьыбатахпын сэргэхтик сынньанным, бирээмэ уйадыйдыбыт, ааттаах үчүгэй көрсүһүүлэр буоллулар. Ону иилээн-саҕалаан, салайан ыыппыт эдэрдэргэ махтал. Астынан, долгуйан туран бары дьиэбитигэр тарҕаһыахпыт. Түмүкпэр үтүө суобастаахтык үлэлии сылдьар кэлэктиипкэ, асчыттарга ис сүрэхпиттэн махтанабын. Бу курдук иллээхтик, өссө күүстээхтик үлэлээҥ, үөһэттэн, өрөспүүбүлүкэттэн, Бырабыыталыстыбаттан өйөбүллээххит буоллар, өссө сайдыа, тупсуо этигит.

Владимир Иванович Халабышев, 75 саастаах, Ньурба Маалыкайыттан төрүттээх, араас салайар үлэҕэ сылдьыбыт:

– Мин манна бастакы киириим. Наһаа үчүгэй эбит, бу атахпын массаастаттым, уокка сырыттым, сүрэҕим тыастаах буолан, бадарааҥҥа сылдьыбатым. Атаҕым мөлтөөн киирбитим, икки атаҕым иккиэн кыаммат курдук буолбуттара. Билиҥҥи туругум үчүгэй, бастакы киирбиппиттэн атын киһи буоллум. Икки кэнсиэргэ ыллаатым. Бастакыбар долгуйбутум, иккиспэр быдан тупсан, куолаһым да арыллан кытынным. Туох да ааттаах үчүгэйдэр, үлэһиттэр, сиэстэрэлэр да буоллуннар, бары сымнаҕастык тутан-хабан, үөрэн-көтөн көрсөллөр. Үүнэ, сайда, биһиги курдук саастаах, доруобуйалара мөлтөөбүт дьону ыла, эмтии туруҥ. Туругура турдун, “Абырал”!

Татьяна Ивановна Жондорова, биэнсийэлээх, Дьокуускай-дааҕы киин балыыһа баклабораториятын үлэһитэ:

– Уоппускабар “Абырал” санаторийга эмтэнэ, сынньана сылдьабын. 2020 сыллаахха улаханнык ковидтаабытым, ол кэннэ реабилитация барбытым. Манна наһаа үчүгэй, туһалаах процедуралар бааллар эбит, “Алма” аппараакка сырыттым, олус үчүгэйдик массаастанным. Алена Николаевна Иванова салайааччылаах “Абырал” санаторий үлэһиттэригэр үрдүк ситиһиини, саҥа сылга саҥа, үрдүк үктэллэри, киирбит дьон махталларын ыла туруҥ, уһун кэмнэргэ өссө таһаарыылаахтык үлэлээҥ диэн баҕа санаабын тиэрдэбин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
Саҥа үөрэх дьылыгар туох уларыйыылар баар буолуохтарай?
Сонуннар | 29.08.2024 | 16:00
Саҥа үөрэх дьылыгар туох уларыйыылар баар буолуохтарай?
Саҥа үөрэх дьыла саҕаланара аҕыйах күн хаалла. Балаҕан ыйын 1 күнүттэн оскуолаҕа туох уларыйыылар киирэллэрий? Ол туһунан бүгүҥҥү нүөмэргэ бэлэмнээбит тэттик матырыйаалбытын ааҕыҥ.   Учуутал үөрэнээччитин сэмэлиэн сөп “Үөрэҕирии туһунан” сокуон оскуолаларга быһыы-майгы быраабылаларын уонна кылааска бэрээдэк ирдэбиллэрин олохтуурга көҥүл биэрэр. Сокуон үөрэнээччилэр бу быраабылалары тутуһалларын ирдиэҕэ, оттон учууталлар уруок кэмигэр...