Сылаабык
Киһи хараҕа ыларынан байыаннай балааккалар кэккэлэспиттэр. Олор кэннилэригэр таас, олорор дьиэлэр көстөллөр. Ыраах муннуктарга араас сэймэк буолбут, умайбыт байыаннай тиэхиньикэ сыбаалката көстөр. Миинэҕэ эстибит, хампы ытыллыбыт тиэхиньикэни барытын манна соһон аҕалаллар. Федеральнай сэриилэр бары мантан салаллар, араас сэрии көрүҥэ бары манна түмүллэр буолан араас массыына, бронетехника, бөртөлүөт тыаһа күнүстэри түүннэри куп-куугунас. Ханкала бөһүөлэгэ эргиччи хас да хос хатыылаах боробулуоханан тардыллан, ол таһынан ыраахха дылы быыһа суох миинэ иитиллэн турар. Дэриэбинэ иһин, таһын уонна онно киирэр айан суолларын күнүстэри- түүннэри күүстээх сэбилэниилээх байыаннай харабыл чаастара манаан тураллар. Ханкала тулатын боевик киириэҕинээҕэр кутуйаҕы да киллэрбэттии тэрийбиттэр.
Бөртөлүөттэн түспүт уолаттары чаастара баар балааккаларыгар сирдээн аҕаллылар. Манна сааһыланан, олохсуйуҥ, мээнэ онно-манна быгыалаабакка, бирикээс кэлиэр дылы олоруҥ диэн хамаандалаатылар.
Нэдиэлэ курдугунан, олохтоох балаһыанньаҕа үөрэммиттэрин кэннэ, роталарын биир күн тревоганан туруоран сүүрэр-хаамар ыккардынан, боевиктар Дагестан диэки ааһыахтара диэн сэрэппит хайаларыгар илдьэн тоһуур оҥордулар. Хайаҕа окуопа хастан хас да күн, түүннэри- күнүстэри тыҥааһыннаах кэтэһэн сытыы кэннэ, хата туох да биллибэккэ чаастарыгар төннөн кэллилэр. Боевиктар кэлиэхтээх сирдэрэ хайаны кытыылаан кэлэр кыра ыллык суол этэ. Бу ыллыгынан төһө киһи кэлиэ, хайдах туох балаһыанньа, хайдах ытыалаһыы буолуо биллибэт.
Уолаттар бастакы сырыылара буолан бары куттаналлар. Учебкаҕа биир сэрии бөҕөтүн ааспыт аппыһыар: “Өлөртөн акаары эрэ киһи куттаммат. Кутталы санаа күүһүнэн саба тутар киһи сэриигэ тыыннаах сылдьар”, - диэн кэпсээн турар. Онон бары ол туругу “в порядке вещей” дэһэллэр. Боевиктары манаан сытан уолаттар арааһы бары кэпсэтэллэр. Дьиҥэ эрдэттэн да истэр, тэлэбииһэргэ көрөр этилэр, билиэн түбэспит саллаакка боевиктэр сыһыаннарын... Тула өттүлэригэр өлүүттэн -сүтүүттэн киһини аһынар майгы сүппүт дьоно билиэн түбэстиҥ да бараан курдук баскын быһаллар эбэтэр дириҥ оҥкучахха уган, муҥнаан-сордоон өлөрөллөр. Кинилэри Спецназ ГРУ ВДВ саллаата диэн биллилэр да сонно тута кэпсэтиитэ суох өлөрөллөр. Онон хастыы да гранаталаахтар, биирдии гранатаны сэрэххэ, бүтэһикпитигэр туттуохпут диэн түөстэригэр иилинэн кэбиспиттэрэ барыларыгар эйэҥэлии сылдьар.
Хас да хонук ханна да барыҥ-кэлиҥ диэн дьаһал кэлбэтэ, онон Сылаабыктаах эрчиллэ-эрчиллэ балааккаларыгар таах сыттылар. Биир күн стройдааҥ диэн хамаанда бөҕө буолла. Ротаттан уонча уолга “сухой паек” диэн хас да хонуктаах астарын биэрдилэр. Камаз массыынаҕа олордон газтаан кэбистилэр. Ханна, туохха баран иһэллэрин ким да билбэт, бу операцияны салайыахтаах хамандыырдара, капитан тугу да саҥарбат.
Ханкала Грознайы кытары субу кэккэлэһэ, көстөн турар буолан куорат иһигэр сотору-сотору күөдьүйэн, сороҕор күүһүрэн кэлэр ытыалаһыылартан уолаттар сэрии ис туругар киирэн, барыга бары бэлэм сылдьаллар. Бронежилеттэрин, каскаларын, астаах, араас наадалаахтарын бары укта сылдьар рюкзактарын ылыҥ диэбиттэрэ, онон эмиэ да улахан операцияҕа баран иһэр курдуктар, арай аҕыйахтара токкуйдатар. Өр айаннаамахтаан баран Камаз биир сиргэ тохтоото. Икки суол быһа охсуһар сиринэн ааһар араас массыыналары тохтотон докумуоннарын, массыына иһин бары дьэгдьийэн көрөр соруктаах кэлбиттэрин дьэ биллилэр. Суол кытыытыгар окуопа хастан бүлүмүөт туруоран бэлэмнэннилэр. Үстүү буолан симиэнэнэн турарга быһаарыстылар. Ол кэннэ ааһар массыыналары тохтотон бэрэбиэркэлээн бардылар. Хамандыырдара сэрэххитин отой сүтэримэҥ, ханнык баҕарар түгэҥҥэ араас бары буолуон сөп диэн сотору-сотору сэрэтэ турар. Бастакы күннээх-түүн этэҥҥэ ааста. Сарсыныгар күнүс суолга маҥан өҥнөөх икки өттүгэр иккилии фаралаах жигули массыына куһууран иһэрэ көһүннэ. Бу кэмҥэ Сылаабык калаш бүлүмүөт аттыгар турар буолан бүлүмүөтү тутааччы кини буолла. Шестерка жигули эбит диэн санаа уол төбөтүгэр охсуллан ааста. Жигули иһигэр үс киһи, инники миэстэҕэ суоппары кытары биир киһи, кэннигэр биир киһи көстөр. Капитан суолга тахсан илиитин көтөҕөн массыынаҕа тохтооҥ диэн хамаанда биэрдэ. Бүгүн Сылаабыгы кытары дьуһуурустубалыы турар икки саллаат уолаттар тарбахтара аптамааттарын элбэрээгэр субу төлүтэ тыытардыы бэлэм тутан тураллар. Сылаабык массыыналаах дьон сирэйдэригэр-харахтарыгар сөбүлээбэтэх туруктар көстөллөрүн тэйиччиттэн да буоллар көрөн турар. Субу туох эрэ буолуохтааҕын сүрэҕэ сэрэйэн күүскэ тэбиэлээн, элбэрээк тардарга бэлэм турар тарбахтара көлөһүннүрэн бардылар. Туох барыта күүрдэ, тыҥаата. Капитан тохтообут массыынаҕа тиийэн докумуоҥҥутун көрдөрүҥ диэн саҥата иһиллээтин кытары массыына иһиттэн ааны курдары ытан, эстибит бэстилиэт тыаһа бас гына түстэ. Искэ ытыллыбыт аппыһыардара охтон эрэрин көрөөт Сылаабык массыынаны туһаайан турар бүлүмүөтүн элбэрээгин хам тутан кэбистэ. Ону батыһыннара икки аптамаат ытыалыыр тыастара таһыгырастылар. Кылгас кэмҥэ уу чуумпутук турбут икки суол холбоһуга бүлүмүөт, икки аптамаат баһыгырас тыастарынан туолан ылла. Субу сибилигин ып-ыраас, мап маҥан, кылбайан турбут шестерка жигулига биир да өстүөкүлэ ордубакка бытарыс гынна, ааннара, крылота дэлби курдарыта, хайыта, сиидэ курдук ытыллан кыл түгэнигэр дьэллэс гынан хаалла. Иһигэр тыҥаан олорбут үс бытыктаах омук дьоно киһи аатыттан ааһан массыыналарын сидиэнньэтигэр хаан-сиин бөҕө буолан, тэһитэ-хайыта ытыллан сууллан хааллылар.
Ити кэннэ уолаттар охтон өйө суох сытар апыһыардарыгар сүүрэн тиийдилэр. Бэрэбээскилии охсоот ааһан иһэр массыынаны тохтотон Ханкала госпиталыгар ыытан кэбистилэр.
Өлөр өлүүгэ төбөлөрүн хоҥкуппакка утары көрбүтүнэн киирэн биэрбиттэриттэн, саа-сэп бөҕө утары көрөн, бэлэм турдаҕына хайдах мүччү туттараары капитаны ыттылар диэн Сылаабык бу омук дьонуттан салынна. Бу кэлэн өлбүт чеченнэр массыыналарын иһигэр хас да аптамааты, бэстилиэти булбуттара. Онон боевиктар буолаллара көстө сылдьара. Ити дьон тутуллан оһуобай отделга тиийдэхпитинэ ыйаахпыт син биир биллэр, бүтэһикпитин сэриилэһэн хаалыах диэн итинник быһаарыныы ыллахтара. Баҕар буруй суҥха кинилэргэ кэннилэригэр ат сыарҕатыгар баппат хара баһаам, хас да “пожизненно” болдьох буолуо, ону туох билиэй... Капитаны массыына аанын курдары ытыллыбыт бэстилиэт буулдьата иһин курдары баран сиһин тоҥоҕоһун тосту көппүт диэн сурах кэллэ.
Итинник бииртэн биир алдьархайдаах күннэр ааһан истилэр. Сылаабыгы бойобуой уоппуттаах диэн уонна боростуой пехота, аптамаат тутуурдаах саллаат буолбатах, спецназ ГРУ ВДВ байыаһа, снайпер диэн мантан ыла уустук операцияларга ыытар буоллулар. Онон сотору-сотору элбэх өлүүлээх-сүтүүлээх кыргыһыыларга кыттар.
Атырдьах ыйын биир чаҕылхай күнүгэр сынньалаҥ биллэриллэн балаакка таһыгар табаахтыы олордохторуна Моздок диэкиттэн бөртөлүөт көтөн иһэрэ көһүннэ. Аэропортка чугаһаан бу түһээри намтаан эрдэҕинэ эмискэ Грознай куораттан ытыллыбыт ракета тахсан кэллэ, ытыллыбыт ох курдук сыыйыллан, көрбүтүнэн бөртөлүөт диэки таласта. Үөрэ-көтө, кэпсэтэ-аймана олорор уолаттар ракетаны өйдөөн көрөөт чуумпуран, эмискэтэ бэрдиттэн тылларыттан маттылар. Грознай куорат боевиктартан ыраастанан, федераллар ылан сытар сирдэрэ. Хайдах да түгэҥҥэ бөртөлүөтү итинтэн ПТУрсунан ыталлара сатаммат курдук. Өйдөөн көрүөх ыккардыгар ытыллыбыт ракета бөртөлүөтү ситэн кэллэ да саайда. Эстэр тыас лүҥ гынна. Табыллыбыт бөртөлүөт кынатын тосту ыттарбыт кус курдук эргийэ-эргийэ сир диэки сууллан барда. Сиргэ олорон лах гына түһэрин кытары Ханкаланы тула иитиллэн турбут миинэлэр эстэр тыастара иһилиннэ. Бөртөлүөт умайан күүдэпчилэнэн таҕыста, эстиэ диэн аһыллыбыт аанынан уоттан куотан, олорсон кэлбит дьон сүүрэн таҕыстылар. Ол тахсааттарын кытары кэтээн турар бэйэлэрин миинэлэрэ эстэн барыларын нимси суулларда. Ким да толору миинэ иитиллэн турар сиригэр сүүрэн киирэн дьону быыһыыр кыаҕа суох түгэнэ. Түмүгэр үс генерал уонна сүүһүнэн саллаат уонна аппыһыар ыттыы өлөн хаалла.
Сылаабык сэриигэ тохтоло суох сылдьыбыта сыл буолан эрэр. Элбэхтик сэриигэ киирэн, өлөр өлүү куттала, тыыннаах тахсыы үөрүүтэ холбоһор дьикти күүрүү алыбар ылларан уол сэрииттэн араҕыан баҕарбат турукка сылдьар. Адреналин.
Бүгүн БМП диэн пехота бойобуой массыынатын үрдүгэр олорон эмиэ бойобуой садаанньаҕа баран иһэллэр. Суолу кытыылаан үүнэн турар хойуу мастан минньигэс сливаны быһа тардан, туох да кыһалҕата суох сии олорор. Аттыгар сэриигэ сылга чугаһаан эрэр бииргэ сылдьан кэлбит табаарыстара кэпсээн бөҕө буолан эмиэ кини курдук слива туура тардан сии иһэллэр. Бэҕэһээ манан БМП-нан ааспыт сирдэрэ, федеральнай күүстэр хонтуруоллаан олороллор онон куттал суох сирэ. Эмискэ сүр улахан “баас” гынан миинэ эстэр тыаһа иһиллэн ааста. Аттыгар туох да кыһалҕата суох күлэ-үөрэ, БМП хаҥас өттүгэр олорон испит табаарыс уолаттара хаан-билик буолан сууллан эрэллэрэ хараҕар көстөн ааста уонна түҥ хараҥаҕа тимис гынан хаалла. Төһө өр оннук өйө суох сыппыта буолла, сыыйа хараҕар сырдык көстөн өйдөнөн кэллэ. Хамсыыр кыаҕа суох, бүтүннүү бэрэбээски буолан госпиталга сытар эбит.
Сылаабык манан сэриилэһэн бүппүтэ... Сылаабык курдук эдэркээн уолаттар Россиябыт ыһылларыгар тиэрдибэтэхтэрэ. Кинилэргэ махтал үтүө тылларын этиэх тустаахпыт.