18.02.2023 | 20:30

Сылаабык

"Киин куорат" хаһыат литературнай күрэҕэр киирбит кэпсээн. Бастакы чааһа.
Сылаабык
Ааптар: Иван Александров
Бөлөххө киир

Мин олохпор хас да сэрии буолан ааста. Элбэх, мин саастыы дьон Афган, онтон кинилэр төрөппүт уолаттара Чэчиэн сэриилэригэр кыттыбыттара, сорохтор өлбүттэрэ-сүппүттэрэ. Ордон, этэҥҥэ эргиллэн кэлбиттэр өр сэрии тыыныттан тахсыбакка эрэйи көрбүттэрэ. Сорох уолаттартан  сэрии ыар тыына төһө эмэ элбэх сыллар ааспыттарын иһин дууһаларыттан билигин да тахсыбакка олохторо бүтэн эрэр. Ол Афган, Чечня сэриитин ааспыт саха уолаттарын хорсун сырыыларыттан биир да кэпсээн суох.

 

Дьиҥэр суруйар идэлээх дьоммут кинилэр сырыыларыттан кэпсэлгэ сылдьар норуот геройдарын айан таһаарыахтарын сөп этэ. Былыргы суруйааччылар хаайыыттан күрүүр Манчаары Баһылайы cүрдээх күүстээх номох (легенда) оҥорбуттара билигин да кэпсээнтэн кэпсээҥҥэ сылдьар. Бүтүн норуот киэн туттар дьоруойа буолбута. Билигин буола турар спецоперацияҕа саха норуотун элбэх бастыҥ уолаттара кытта сылдьаллар. Кинилэр хорсун сырыыларын кумааҕыга суруйан, уолаттарбытын күүстээх номох (легенда) оҥорор суруйааччы саха дьонугар көстүө дуо? Сорох уолаттарбыт өлүөхтэрэ-сүтүөхтэрэ, ол да гыннар суруллубут кэпсээннэргэ норуоппутугар умнуллубакка халлаан сулуһун курдук күлүмнүү сылдьыах этилэр. Сыллар, күннэр ааһыахтара, олох тупсуо. Ол кэмҥэ,  маннык саха уолаттара олохторун толук ууран туран дойдуларын көмүскээбиттэрэ. Кинилэр үтүөлэринэн бу үтүө олоххо кэлбит эбиппит диэн оччотооҕу дьон өйдүүллэрин курдук ыраас кумааҕыга суруйан хаалларыаххайыҥ эрэ.

  Кэпсээн героя Сылаабык суруйааччы айан таһаарбыт геройа буолбатах. Дьиҥ олоххо баар киһи.

 

 

 

Сылаабык

 

Сылаабык уҥуоҕа кыратынан уонна ыйааһына да тиийбэккэ армияҕа барымаары ыксыы сылдьар. Ыйааһыммыт баара суоҕа түөрт уон алта киилэ, үрдүкпүт диэн балтараа миэтэрэни кыайар кыайбат. Таҥаһын уһулла да ойоҕосторун уҥуоҕа адаарыһа түһэр. Туораттан омос көрүүгэ киһи да бөҕөтө. Бу дьүһүннээх киһини ким армияҕа ылан эрэйи көрүөй диэбит курдук уол. Ити да буоллар уол сытыыта, кыанара сүрдээх, эрбэх үрдүгэр сэттэтэ эргийэр эр бэрдэ.  Биир уол сүбэтинэн икки лиитэрэлээх кока-коланы ыйааһыҥҥа киирэригэр иһэн киирбитэ мүччү-хаччы түөрт уон аҕыс киилэни үктээтэ. Уҥуоҕунан балтараа миэтэрэни кыайыа суох эбит, ону атаҕын төбөтүгэр өгдөс гынан үрдүгэ арыычча хабыста.  Дьэ, уонна уол баҕалаах армиятыгар бара турда. Ити 2000 сыл, Чечен иккис сэриитэ саҕаламмыт сыла этэ.

           

Чечня икки сэриитин кыттыылаахтарыгар, өлбүттэргэ уонна тыыннаахтарга ананар.

 Бу таас дьиэни боевиктартан ыраастыыгыт диэн бирикээһи толорон биир квартираттан иккис квартираҕа, биир хостон иккис хоско көһөн, аа-дьуо этээстэн этээскэ тахсан иһэллэр. Бакаа барыта уу чуумпу, биир да саа тыаһыы илик.

Тыаһа суох аһаҕас аанынан биир хоско киирэн кэлбитэ биэс адаарыспыт бөдөҥ, бүтүннүү бытык буолбут, байыаннай спецтаҥастаах, саа-сэп бөҕөтүн иилиммит, калаштарын бэлэм тутан турар боевиктар түннүгү уонна кини киирэн кэлбит аанын кэтээн тураллар эбит. Көрдөхтөрүнэ быыкаа, хаҥас илиитигэр бэстилиэт тутуурдаах, уҥа санныгар бэйэтинээҕэр уһун, оптикалаах СВТ харабыыннаах, хараҥа хоско бэйэтэ хара уол, күлүк курдук субу иннилэригэр тыаһа суох биирдэ баар буола түстэ. Боевиктар төһө да чуумпутук, барыга бары бэлэм турдаллар, кини киирэн кэлбитэ соһуччута бэрдиттэн хаһыытаһа түстүлэр. Сылаабык бу дьиэҕэ төһө уу чуумпу сатыылаан турдар, тардыллыбыт, коноплялаах табаах буруотун хабархай сытыттан манна, саалаах-сэптээх, өлөрсөргө бэлэм дьон турарын сэрэйэн, барыга бары бэлэм, тыҥаан аҕай испитэ. Кини төһө да бэлэм истэр бу кыараҕас хоско, субу маннык хас да толору сэбилэниилээх киһини кытары ыы муннубунан утары көрсүөм дии санаабатаҕа. Соһуйан, утары тутан бэлэм испит бэстилиэтин чыыбыһын тардан кэбистэ. Бэстилиэт тыаһа, соһуйбут дьон хаһыытын даҕаспытынан хатаннык бас гына түстэ. Ол эстибит бэстилиэт буулдьатыгар табыллан охтон иһэр боевик калаш аптамаатын чыыбыһын тардан кэбистэ. Кыараҕас хоско баһыгырыы түспүт аптамаат тыаһын кытары кыыл барбыт буулдьалар уол үрдүнэн истиэнэҕэ түһэн баһыгырастылар. Уол буулдьаттан куотан умса ыстанан иһэн субу чугас турар иккис киһини ытта. Табыллыбыт, табыллыбатах дьон хаһыыта, сыыһа-халты ытыллыбыт аптамаат буулдьалара истиэнэҕэ түһэн бачыгырыыллара, аптамааттар эстэн баһыгырыыллара уу чуумпутук иһийэн турбут дьиэҕэ эмискэ оргуйа түстэ. Табыллыбатах үс боевик аһаҕас хос аанынан, бу дьиикэй, быыкаа киһиттэн куотан таһырдьа ыстаннылар. Сылаабык муостаҕа ойоҕолуу түһэн иһэн, бүтэһик ойон эрэр киһини кэнниттэн сырыһыннара ытан хаалла. Хаҥас ойоҕоһунан кирдээх муостаҕа төкүнүйэ түһэрин кытары төкүнүк, лимонка граната быраҕыллан кэлэн аттыгар түһэн кулахачыйда. Уһуну токкуйдуу барбакка сонно аһаҕас аан диэки төттөрү тэбэн кээспитэ анараа баран эстэн бурҕайар тыаһа иһиллэн ааста. Муостаттан өгдөйбөккө сытар уол үрдүнэн сыалларын булбатах граната оскуолактара истиэнэттэн тэйэннэр аһаҕас турар аанынан киирэн, сиирэ- халты көтөн иһиирэн ааһан нөҥүө истиэнэҕэ түһэн табырҕастылар. Ити барыта чыпчылыйыах түгэнэ этэ.  Сылаабык чыпчылҕан түгэнигэр элэс гынан ааспыт үлүгэрдээх ытыалаһыыттан, гранататтан кыл-мүччү тыыннаах хаалбытыттан үөрэн, кирдээх муостаҕа тыын ылан сыта түстэ. Боевиктартан биирдэрэ ситэ тардыбакка мүччү туппут табааҕа аттыгар буруолуу сытарын өйдөөн көрөн салҕалас илиитинэн нэһиилэ таба тутан ылла. Аа дьуо өгдөйөн истиэнэҕэ өйөнөн олордо.

Һуу, чуут ыт буола сыстым, арыый тыаһаан биллибитим буоллар бүтэр этим диэн саныы-саныы хаста да күүскэ, хатан табаах буруотун оборболоото. Маннык түгэҥҥэ табаах буруота барахсан киһини уоскутар, санаа сааһыланарга көмөлөһөр. Уол дьэ тыын ылан, олорон эрэ бэстилиэтин обуойматыгар ботуруонун толороот табааҕын киирбит аанын диэки тыган кэбистэ. Эрчимнээхтик ойон туран  киирэн иһэн ытыалаабыт икки боевигын үрдүлэринэн атыллаан, байыаннай үлэтин толоро чэпчэки-чэпчэкитик үктэнэн салгыы бара турда. 

 

Сылаабык дьиктитик, дойду армиятын саамай муҥутуур, убаастанар чааһыгар Уссурийскайга, ВДВ-га,14 ОБрСпН спец наз ГРУ в/ч 74854 диэҥҥэ түбэспитэ. Ол аата, боростойдук быһаардахха Воздушно Десантные Войска, 14 Отдельная Бригада Специального Назначения Спецназ Главное Развед Управление диэн Россия саамай кистэлэҥ байыаннай чааһа этэ. Бу чааска мээнэ киһи түбэспэт. Үрдүк уҥуохтаах, эттээх сииннээх, кыанар уолаттар талыллан түбэһэр чаастара. Маяк лааҕырга Сылаабыктаах бүтэһик дьонунан кэлбиттэрэ. Уонча уолтан атын киһи суоҕа. Ол кэмҥэ Уссурийскайтан атыыһыт кэлбитэ. Талар киһитэ суох буолан баар уолаттары барыларын ылбыта. Онон дьиҥнээх профессиональнай сэрииһиттэри, боростуойдук эттэххэ, өлүү массыыналарын бэлэмниир чааска түбэспитэ. Охсуһартан саҕалаан парашутунан ыстанарга, сэрии араас сэбин бары баһылыырга, үөмэргэ, саһарга, киһини өлөрөр араас ньымаҕа үөрэтэр байыннай чаас этэ. Үөрэтэр инструктордар, апыһыардар, бары араас сэриини ааспыт, дьиҥ профессионал сэрииһиттэр. Манна биир дэриэбинэттэн иккиэ буолан кэлбиттэрэ. Өр буолбакка, оскуолаҕа бииргэ үөрэммит уола Денис минер үөрэҕэр туһунан барбыта. Сылаабыкка саатар чаас иһигэр суоппардаа диэн массыынаҕа права биэрэн урал массыына уруулун туттарбыттара. Кэпсэтии онно боростой, байыаннайдыы буолта:

Массыына ыыппытыҥ дуо?

Беларус тыраахтыр ыытан.

Урал да Беларус да уруула одинаковы, вот ключи, машина стоит там, - диэн буолта.

Бииргэ сулууспалыы сылдьар уолаттарын учебканы аастылар да Чечня сэриитигэр алталыы ыйга ыыталлар. Барбыттар алталыы ый сылдьан сэрииттэн төннөн кэллилэр да дьиэлэригэр бара тураллар. Табаарыһа Денис эмиэ Чечняҕа баран кэлбитэ. Кэлээтин кытары соннук дьиэтигэр ыыппыттара. Инньэ гынан Дениһэ сылтан эрэ ордук сулууспалаабыта. Учебкаттан Чечняҕа барбыт уолаттар, сэриигэ сылдьыбыт алта ыйдарыгар тосту уларыйан, эр дьон буолан төннөллөрүн сөҕө көрөр.

Сылаабык ону көрө сылдьан бэйэтин кутун-сүрүн уустук, ыарахан быһыыга майгыга тургутан көрөөрү миигин Чечняҕа ыытыҥ диэн хаста да рапорт суруйан көрдөһө сатаабыта. “Аҕата суох аҥаардас ийэ оҕотоҕун” диэн командование онно чугаһаппат. Арай биир түгэҥҥэ Хабаровскайтан кэлбит инструктор Сылаабыгы таба көрөн сыал ыттарда: “Хайыы, быраат, табарыҥ сүрдээх эбит”, -   диэн ол киһи Сылаабыгы суоппартан снайпер үөрэҕэр көһөттөрбүтэ. Онон суоппарыттан көһөрөн күүстээх, эт-хаан күүһүрдэр эрчийиигэ, снайпер үөрэҕэр такайан бардылар. Сулууспалаан бүтэрэ ый хаалан, дьиэтигэр бараары бэлэмнэнэн эрдэҕинэ, биир күн билбэт прапорщига кэлэн: “Чечняттан кэлэр дьоммутугар солбук тиийбэт буолла, Чечняҕа бараҕын дуо, раньше оказывается ты просился?” - диэн ыйытта.

 

Дьэ ол курдук уол дьиэлиирин оннугар, куруук көрдөспүт, өтөр тохтуура биллибэт Чэчиэнин сэриитигэр баҕатынан барар киһи буола түстэ. Үөрэ-көтө икки сылга контракка илии баттаста. Онон  бэйэтин тургутан көрөр санаата уолга туолан дьоллоно санаабыта. Бу кэмҥэ кини, бастаан армияҕа кэлэриттэн отой атын, киппэ, ортону эрэ аннынан уҥуохтаах эр бэрдэ буолбута. Бу, дойдутун көмүскүүр контракка илии баттаһан барара кэлин бэйэтин олоҕор хайдах дьайыан эдэрэ бэрт буолан өйдөөбөтөҕө. Инники олоҕор суолун ыйан биэрэр аҕа курдук эр киһи киниэхэ суох этэ. Эһэтэ армияҕа барыан иннинэ улаханнык ыалдьыбакка эрэ эмискэ өлөн, төннүбэт сиригэр баран хаалбыта.

 

Бастакы Чэчиэн сэриитэ саҕаланарыгар Сылаабык кыра кылааска үөрэнэрэ. Ол саҕана эһэтэ Бөх Бүөтүр баар.  Ньиэмэс сэриитигэр иккис сылыттан бүтүөр дылы сылдьыбыт оҕонньор, сиэнэ уол, Чечня сэриитин тэлэбииһэргэ көрө олорон “Оо, улааттахпына ити сэриигэ барыам” диэбитин кэтэххэ биэрэн турар. Хаһан да кыйахаммат, күлэн мичийэ сылдьар оҕонньор онно сиэнин “сэрии туох эрэ үчүгэйдээҕин курдук саҥара олорбуккун үчүгэй аҕайдык чанчыккын тардыам” диэн киппэтиинньик быатынан сыыһа-халты сабаан тэлэбииһэрдээх хостон куоттарбыта.

Ардах курдук түһэр сибиниэс буулдьа, уотунан уһуурар синэрээт уотун ортотунан урут да, хойут да өлөр биир диэн куруук инники кэккэҕэ сылдьыбыт кырдьаҕас буойун, Бүөтүр оҕонньор, сиэнэ уол оннук иэдээннээх сиргэ тиийбэтигэр баҕаран эттэҕэ. Сэрии бүппүтэ түөрт уонча сыл ааспытын кэннэ оҕонньорго “Эн көмүскээбит куоратыҥ, Ленинград куорат махтанан эйиэхэ квартира биэрэр. Кэлэн ыл, кырдьар сааскар манна олор”, - диэн ыыппыт суруктара оҕонньор киһи кэннигэр сылдьыбатах сэрииһит буоларын туоһута этэ.                                                                                                                                                                                 

 

Сэрииттэн кэлээччилэри солбукка барар уолаттары массыынанан Хабаровскайга Макеевка диэн чааска аҕалбыттара. Салгыы сөмөлүөккэ, онтон бөртөлүөккэ олордон Ханкала диэн Чечня столицатын Грознай куорат таһыгар турар улахан аэропортаах байыаннай чааска аҕалан түһэрдилэр. Уолаттар бөртөлүөттэн тахсалларын кытары ыарахан сэрии бара турар тыына тута билиннэ.

 

Салҕыыта тахсыаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...