06.07.2023 | 15:55

Сыл саҕаланыаҕыттан 5 433 кырачаан күн сирин көрдө

Сыл саҕаланыаҕыттан 5 433 кырачаан күн сирин көрдө
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Быйылгы Туймаада ыһыаҕын күнэ историяҕа Саха сирин нэһилиэнньэтэ мөлүйүөҥҥэ тиийбитинэн өйдөнөн хаалара саарбаҕа суох. 
Оттон Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, сыл саҕаланыаҕыттан өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтэ 5433 киһинэн элбээбит: 2761 уол уонна 2672 кыыс. Ол иһигэр аҥаардас бэс ыйыгар 640 кырачаан күн сирин көрбүтүттэн 312 — уол, 327 — кыыс. 
Оттон ЗАГС управлениетын чахчытынан, бэс ыйыгар төрөөбүт оҕолору сүрүннээн Александр, Артём, Богдан, Вячеслав, Давид, Дамир, Марк, Максим, Тимур, Эркин уонна Эрхан, кыргыттарга Алиса, Виктория, Дарина, Ева, Милана, Мия, Оливия, Сайаана уонна София диэн ааттаабыттар.

Санатар буоллахха, Ил Дархан Айсен Николаев былырыын Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылынан олохтоммут 100 тыһ. солк. кээмэйдээх тус сыаллаах төлөбүрү биэс сылга диэри уһатан биэрбитэ. Төлөбүр кээмэйэ индексация суотугар билигин 105 тыһ. солк. тэҥнэһэн турар. 
Төрөппүттэр анаммыт үбү сүрүннээн олорор усулуобуйаны тупсарыыга (316,4 мөл. солк. кээмэйдээх 3 913 сайабылыанньа) уонна тырааныспар атыылаһыытыгар туһаҕа таһаараллар (110,9 мөл. солк. суумалаах 1 233 сайабылыанньа), маны сэргэ 33 ыал анаммыт харчыны оҕо аатыгар счет арыйан укпут, 31 ыал кэтэх хаһаайыстыбатын кэҥэтиигэ туһаммыт, 18 ыал оҕоҕо үрдүк технологиялаах көмөнү оҥорууга ороскуоттаабыт, 8 ыал Арассыыйа иһинэн күүлэйдээн кэлбит, 8 ыал — оҕо үөрэҕэр туһаҕа таһаарбыт. Быйылгыттан бэриллэр харчыны дьиэҕэ гаас киллэртэриигэ туһаныаха сөп. 


СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспатын хаартыската

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...