30.12.2022 | 09:00

Сыл бастыҥнара

Ааһан эрэр 2022 сыл бастыҥ спортсменнарын наҕараадалааһын “Сэргэлээх уоттара” култуура киинигэр үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Бастыҥнары СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко уонна өрөспүүбүлүкэ физическэй култуураҕа уонна спорка миниистирэ Леонид Спиридонов эҕэрдэлээтилэр.
Сыл бастыҥнара
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

2022 сыл уон бастыҥа

* Көҥүл тустуу – Европа чөмпүйүөнэ, норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара Владимир Егоров;

* Дзюдо – Арассыыйа чөмпүйүөнэ Карина Ефимова (Дьокуускай);

* Мас тардыһыыта – аан дойду чөмпүйүөнэ Семен Ануфриев (Уус Алдан);

* Бокса – Арассыыйа чөмпүйүөнэ Василий Егоров (Мэҥэ Хаҥалас);

* Самбо – Европа чөмпүйүөнэ Валерий Ергалов (Дьокуускай);

* Уһун сиргэ сүүрүүлэргэ – Арассыыйа чөмпүйүөнэ уонна үрүҥ көмүс призера Наталья Леонтьева (Сунтаар);

* Классическай оҕунан ытыы – Бүтүн Арассыыйатааҕы Күүстээх спортсменнар спартакиадаларын чөмпүйүөнэ Рената Гаврильева (Дьокуускай);

* Дуобат – Арассыыйа чөмпүйүөнэ Николай Стручков (Дьокуускай);

* Кикбоксинг – Арассыыйа чөмпүйүөнэ Михаил Иванов (Дьокуускай);

* Спортинг – Арассыыйа чөмпүйүөнэ Айаал Макаров (Дьокуускай).

Европа көҥүл тустууга чөмпүйүөнэ, тренер Александр Софроновка эрчиллэр Амма ыччата Владимир Егоров Олимпийскай оонньууларга тиийэр сыаллаах-соруктаах, аан дойду улахан түһүлгэлэригэр Македония судаарыстыбатын аатыттан ситиһиилээхтик тустар:

– Сыл үчүгэйдик ааста. Ситиһии да, үөрүү да баар. Дьиэ кэргэммититигэр эбилиннибит – кыыстанныбыт. Онон ааһан эрэр сыл дьолу-соргуну аҕалла. Саҥа дьыл кэнниттэн тута Европа чемпионатыгар бэлэмнэниэхпит. Германияҕа “Бундеслига” хамаанданан  күрэхтэһиитигэр кыттыаҕым. Дагестанынан, Хасавюртунан, үрдүк хайаларынан сбордар күүтэллэр. Ситиһии бэйэҕиттэн, бэйэ кыаҕар итэҕэйииттэн тутулуктаах. Сырыыбар-айаммар, бэлэмнэниилэрбэр Сахам сирэ, биир дойдулаахтарым  көмөлөһөллөрүгэр махталым улахан. Сыалым-соругум диэн, биллэн турар, Олимпийскай оонньууларга кыттыы. Үчүгэйдик үлэлээтэххэ, көрдөрүү кэлиэ диэн эрэнэбин уонна эрэннэрэбин. Саха сирин олохтоохторун, спортсменнары кэлэн иһэр Саҥа дьылынан эҕэрдэлиибин, олоххутугар, үлэҕитигэр ситиһиилэри, дьолу баҕарабын!

Адаптивнай спорт 10 бастыҥа

Харбааһын – Арассыыйа уонна норуоттар икки ардыларынааҕы турнирдар чөмпүйүөнэ Анастасия Диодорова;

Дьаадыраны анньыы уонна копьену быраҕыы – Арассыыйа чөмпүйүөнэ Айаал Сивцев;

Дьаадыраны анньыы уонна диискэни быраҕыы – Арассыыйа чөмпүйүөнэ Василина Иванова;

Дуобат – Европа уонна Арассыыйа чөмпүйүөнэ, аан дойду призера Александр Ефимов;

Блочнай оҕунан ытыы – Арассыыйа чөмпүйүөнэ Виктор Скрыбыкин;

Дьаадыраны анньыы уонна диискэни быраҕыы – паралимпиецтэр сайыҥҥы оонньууларын уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэһии чөмпүйүөнэ Виктория Петрова;

Тхэквондо – паралимпиецтэр сайыҥҥы оонньууларын призера, Арассыыйа боруонса призера Татьяна Белова;

Буулдьанан ытыы – Европа уонна Арассыыйа чөмпүйүөнэ Мария Егорова;

Дьаадыраны анньыы уонна диискэни быраҕыы – Арассыыйа чөмпүйүөнэ Яков Максимов;

Пауэрлифтинг – Арассыыйа чөмпүйүөнэ, армрестлиҥҥэ Арассыыйа боруонса призера Сергей Безносов.

Д.П. Коркин бириэмийэтин лауреата

     Саха норуотун тапталлаах ырыаһыта, бэйэтин кэмин чаҕылхай спортсмена, спорт тэрийээччитэ, салайааччыта Аркадий Михайлович Алексеев физическэй култуура уонна спорт эйгэтин чулууларыгар туттарыллар Саха АССР, РСФСР уонна ССРС үтүөлээх тренерэ Д.П. Коркин аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата буолла:

85 сааспынан үчүгэй бэлиэтээһин буолла. Саамай үөрүүлээх күнүм. Спорт эйгэтигэр улахан наҕараадам суоҕа. Үлэбин сыаналаатылар диэн наһаа үөрдүм. Наар култуура өттүгэр охтон хааламмын, дьоҥҥо-сэргэҕэ үксүн наар ырыаһыт, музыкант курдук биллэбин, дьиҥинэн, анал үөрэхтээх физкултуура уонна спорт исписэлииһэбин. Сүрдээх кыахтаах өрөспүүбүлүкэ “Урожайын” 1980-87 сылларга таһаарыылаахтык салайбытым, Арассыыйа Знамятын ыла сылдьыбыппыт. Уопут атастаһыытыгар Украинанан эҥин сылдьар этибит. Манчаары Спартакиадаларын, Спортивнай оонньуулары, тыа сирин спортивнай оонньууларын ыыталыырбыт. Роман Дмитриев турнирын Эдьигээнтэн Дьокуускайга аҕалбытым. Оччолорго улахан спортивнай база суох этэ гынан баран, маассабас улахан этэ. Билигин хайыһар спорда өрө тутуллуон наада. Компьютер үйэтэ кэлэн, олоруу элбээтэ. Хамсанан, эти-сиини хайаан да эрчийиллиэхтээх. Физкултуура уонна спорт тус-туһунан хайысхалар буолалларын бэлиэтиэм этэ. Спорт диэн улахан наука, ол сайдыан наада. Билигин сир аайы тутуу, стадион бөҕө. Биһиги көрүдүөргэ уонна таһырдьа дьарыктанарбыт. Саала диэн суоҕа. Ол гынан баран биһиги дьулуурдаах этибит. Билигин усулуобуйа тупсан,  дьон үйэтэ уһаата. Баар-суох киһибит, Аҕа Баһылыкпыт Айсен Николаев кэлэр сылы Үлэ Сылынан биллэрдэ, бу сайдыылаах үйэбитигэр үлэлээн-хамсаан киһи үчүгэйдик олоруон сөп дии саныыбын. Өйү-санааны тутан, түмсүүлээх буолан, сайдыы суолугар турунуохтаахпыт. Кэлэн иһэр Саҥа дьылга сахам дьонугар, барыгытыгар, үтүө доруобуйаны, саҥа интэриэһинэй сонуннары, саҥа киириилэри, саҥа арыйыылары баҕарабын! Инники диэки хардыылыаҕыҥ!

 

Физическэй култуураҕа уонна спорка кылааттарын иһин

Буулдьанан ытыы тренерэ Анатолий Мыреев уонна өрөспүүбүлүкэ физическэй култуураҕа уонна маассабай спорка управлениетын начаалынньыга Роман Оконешников Саха сирин физическэй култуураҕа уонна спорка үтүөлээх үлэһитин үрдүк аатын ыллылар. Е.А. Габышев аатынан Уус Алдан спортоскуолатын чэпчэки атлетикаҕа тренерэ Серафим Татаринов, олимпийскай солбук боксаҕа оскуолатын тренерэ Николай Егоров “Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх тренерэ” анал бэлиэни туттулар. Дьокуускай куорат 6 №-дээх спортоскуолатын дириэктэрэ Константин Эйзнер “Гражданскай килбиэн” анал бэлиэнэн наҕараадаланна. Бүлүү оройуонун физическэй култуураҕа уонна спорка управлениетын начаалынньыга Гаврил Евсеев уонна Намнааҕы олимпийскай эрэл оҕо спортоскуолатын дуобакка дириэктэрэ Василий Куприянов РФ спорка миниистирин Махтал суругун ыллылар. 

 

Уопсастыбаннай хамсааһын бастыҥнара

Дьокуускай куорат физическэй култуураҕа уонна спорка управлениетын начаалынньыга Эдуард Ефимов, Муома улууһун дьаһалтата, Алданнааҕы олимпийскай эрэл оҕо спортоскуолатын дириэктэрэ Максим Скупой, Чурапчы улууһун Хадаар нэһилиэгин сайдыытын киинэ 100-түү тыһыынча солкуобайдаах сертификаттарынан наҕараадаланнылар.

Физкултуура уонна спорт эйгэтин номинацияларын лауреаттарынан  буоллулар:

“Спорка сулууспалааһын” – чэпчэки атлетикаҕа өрөспүүбүлүкэ элбэх төгүллээх чөмпүйүөнэ, СӨ спортсменнарын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Галина Сырмолотова;

“Сыл бастыҥ тренерэ” – дзюдоҕо СӨ сүүмэрдэммит хамаандатын сүрүн тренерэ Дамдиндорж Гомбодорж;

“Бастыҥ судьуйа” – Бороҕоҥҥо Саха сирин норуоттарын VIII-с Спортивнай оонньууларын сүрүн судьуйата Николай Цыпандин;

“Бастыҥ улуус” – Алексей Федотов баһылыктаах Уус Алдан улууһа;

“Бастыҥ спортивнай уопсастыбаннай тэрилтэ” – Ольга Григорьева бэрэсидьиэннээх остуол оонньуутун федерацията;

“Бастыҥ уопсастыбаннай спорду тэрийээччи” – спорт бэтэрээнэ Тихон Карамзин;

“Бастыҥ спорду ырытааччы” – “Спорт Якутии” сайт сүрүн эрэдээктэрэ Александр Посельскай;

“Сыл мецената” – “Стройград” эргиэн киинин дириэктэрэ Петр Алексеев;

“ГТО бастыҥ тэрийээччитэ” – Бүлүү куоратын физическэй култуураҕа уонна спорка управлениетын начаалынньыга Степан Федоров.

 

«Сахаада-спорт» ассоциация лауреаттара

* “Бастыҥ атах оонньооччу” – Олоҥхо ыһыаҕын, Бороҕоннооҕу Спортивнай оонньуулар абсолютнай чөмпүйүөнэ Валерия Олесова (Хаҥалас);

* “Бастыҥ мас тардыһааччы” – аан дойду чөмпүйүөнэ Дмитрий Саввин (Томпо);

* “Бастыҥ хапсаҕайдьыт” – Саха сирин бары күрэхтэһиилэрин чөмпүйүөнэ Александр Румин (Нам);

* Хотугу многоборьеҕа – Арассыыйа чөмпүйүөнэ уонна рекордсмена Алексей Созонов (Орто Халыма);

* Хабылык-хаамыска бастыҥа – Владислав Попов (Амма);

* “Дыгын оонньууларын” абсолютнай чөмпүйүөнэ – Алексей Уваровскай (Кэбээйи);

* Гиирэ спорда – Бороҕоннооҕу спортивнай оонньуу чөмпүйүөнэ, Санкт-Петербурга норуоттар икки ардыларынааҕы турнир кыайыылааҕа Егор Попов (Чурапчы);

* Саха оҕунан ытыыга – Арассыыйа чөмпүйүөнэ, Кыргызстаҥҥа норуоттар икки ардыларынааҕы турнир кыайыылааҕа Ньургустаана Сидорова (Горнай);

* Ат сүүрдүүтэ – СӨ Ил Дарханын, СӨ Бырабыыталыстыбатын бирииһин, Дерби бирииһин кыайыылааҕа жокей Семен Гаврильев (Дьокуускай);

* “Бастыҥ тренер” – гиирэ спордун тренерэ Василий Дьячковскай;

* “Бастыҥ судьуйа” – Багдарыын Кэскил Ньургун уола (Төхтүр, Хаҥалас);

* “Бастыҥ тэрийээччи” – 1 №-дээх оҕо спортоскуолатын дириэктэрин солбуйааччы Анжела Сидорова (Дьокуускай);

* “Сыл мецената” – Нөмүгүтээҕи килиэп собуотун генеральнай дириэктэрэ  Вячеслав Нестеров (Хаҥалас);

* “Бастыҥ спорду сырдатааччы” – Манчаары аатынан өрөспүүбүлүкэ киинин методиһа Максим Суханов;

* “Бастыҥ спорт федерацията” – Сунтаар улууһун сахалыы остуол оонньууларын федерацията;

* “Спорт национальнай көрүҥнэрин сайдыытыгар кылаатын иһин” – Балаҕаннаах орто оскуолатын физкултуураҕа учуутала, гиирэ спордугар элбэх үрдүк көрдөрүүлээх спорт бэтэрээнэ Сергей Спиридонов (Үөһээ Бүлүү);

* “Сыл спонсора” – “Анаабыр алмаастара” АО генеральнай дириэктэрэ Павел Маринычев;

* “Бастыҥ оҕо спордун тэрийээччи” – Манчаары аатынан өрөспүүбүлүкэ киинин методиһа Вера Федорова.

 

2022 сыл Спорка лауреаттарын баала уус-уран самодеятельность кэнсиэринэн доҕуһуолланан, үөрүүлээхтик, бырааһынньыктыы быһыыга-майгыга буолан ааста.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...