02.11.2023 | 18:00

Сыл бүтүөр диэри икки мурал оҥоһуллуоҕа

«Алеша» тааҥка экипааһа уонна Сэбиэскэй Сойуус Героя Екатерина Демина ойууламмыт мураллара сыл бүтүөр диэри киин куорат үөрэх кыһаларыгар оҥоһуллуохтара диэн Арассыыйа судаарыстыбаннай федеральнай информационнай агентствота иһитиннэрдэ.
Сыл бүтүөр диэри икки мурал оҥоһуллуоҕа
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Өрөспүүбүлүкэ Ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга миниистирэ Петр Шамаев  информациятынан, Дьокуускай куорат 21-с №-дээх оскуолатыгар «Алеша» тааҥка экипааһыгар анаммыт муралы оҥоро сылдьаллар. Муралга байыаннай массыына хамаандата – өрөспүүбүлүкэбит олохтоохторо Филипп Евсеев уонна Алексей Неустроев ойууланыахтара.

Миниистир иһитиннэрбитинэн, киин куорат медицинскэй колледжыгар Сэбиэскэй Сойуус Героя Екатерина Деминаҕа анаммыт композицияны оҥороллор.

1941 сыллаахха Екатерина Демина тохсус кылаас кэнниттэн сиэстэрэлэр куурустарын үөрэнэн бүтэрбитэ. 15 саастаах кыысчаан байыаннай комиссариакка тиийэн, сааһыгар үс сыл эбинэн, уоттаах сэриигэ барбыта. Екатерина «Красная Москва» байыаннай-санитарнай суудунаҕа сулууспалаабыта. Онтон  муора пехотатын 369-с батальоныгар санинструктордаабыта. Байыастары кытта тэбис-тэҥҥэ сэриилэһэрэ, бааһырбыттары сэрии хонуутуттан таһаартаан бастакы көмөнү оҥороро, бэйэтэ үс төгүл бааһырбыта.

Кинини үстэ Сэбиэскэй Сойуус Героя оҥорорго сурук түһэрбиттэрэ, ол эрэн 1990 сыл ыам ыйыгар эрэ, ССРС бэрэсидьиэнин ыйааҕынан, Герой оҥорбуттара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...