25.03.2021 | 18:47

Сыдьаайа үбүлүөйдээх кэнсиэригэр ыҥырар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Мин кини илиҥҥи үҥкүүтүн умсугуйан туран көрөбүн. Хас биирдии хамсаныытыгар сөпкө тыыныы, имигэс хамсаныы барыта биир ситимҥэ дьүөрэлэһэр. Аҥаардас тараһаҕын хамсатарыҥ ис уоргаҥҥар дьайыыта сүрдээх туһалаах.

СӨ култууратын туйгуна, Илиҥҥи уонна Индия үҥкүүтүн маастара, «Сыдьаайа» айар киин салайааччыта Анастасия Иннокентьевна Габышеваны бары даҕаны илиҥҥи үҥкүүнү тарҕатааччы маастар быһыытынан билэбит.

–Анастасия Иннокентьевна, кылгастык бэйэҕин билиһиннэрэҕин?

– Мин Сунтаар улууһун Хоро, Күндэйэ нэһилиэктэриттэн силис тардыылаахпын. Кэлиҥҥи сылларга дьоҥҥо-сэргэҕэ Сыдьаайа диэн аатынан биллэбин. Куоракка «Сыдьаайа» айар киини тэрийбитим 15 сыла туолар.

–Үҥкүү кэрэ эйгэтигэр хаһааҥҥыттан ылларбыккыный?

– Төрүөхпүттэн умсугуйабын диэтэхпинэ, алҕаһаабатым буолуо. Куруук хамсана-имсэнэ, соҕотох сылдьан төбөбөр баар муусуканан үҥкүүлүү сылдьар идэлээҕим. Онтон оскуолаҕа  үөрэнэ киирээт,  сыанаттан түспэт үҥкүүһүт буолбутум. Киһи да күлэр... «Былааттаах үҥкүүбүн» үс сыл устата субуруччу үҥкүүлэппиттэрэ.

–Идэҕинэн режиссёргун. Хоббиҥ – үҥкүү. Илиҥҥи үҥкүүнэн дьарыктаммытыҥ төһө өр буолла?

– Баһылаабыт идэм элбэх. Үҥкүүһүт, режиссер, менеджер, психолог, ону таһынан кыра куурустары эмиэ үөрэнэн бүтэрбитим. Холобур, предприниматель, атыыһыт-кассир, илиҥҥи үҥкүү эмиэ. Бу көрүҥүнэн 2003 сыллаахха «Шахерезада» үҥкүү оскуолатыгар Москва маастардарыгар дьарыктанан саҕалаабытым.

–Бэйэҥ тэрийбит «Сыдьаайа» үҥкүүҥ оскуолата 15 сылын туолар. Ол туһунан билиһиннэриэҥ дуу?

Ол үөрэнэ сылдьан, манна куоракка 2005 сыллаахха баҕалаахтары  түмэн, илиҥҥи үҥкүүнэн дьарыктаан саҕалаабытым. Бэйэм Москва маастардарыгар олус баҕаран, сөбүлээн дьарыктанарым. Биллэн турар, төлөбүрэ миэхэ үрдүгэ бэрт этэ. Хата, манна баҕалаахтары дьарыктаан, ол төлөбүрбүн толуйарым. Бүгүҥҥү күҥҥэ кииммэр аҕам саастаах дьахталлар үҥкүүлүүллэр. Бары даҕаны сүрдээҕин баҕаран туран дьарыктаналлар. Таҥастарын барытын бэйэлэрэ тиктэллэр. Хас  баҕарар саастан үҥкүүнэн дьарыктаныахха сөп, онно баҕа уонна тулуур наада.

–Хас да үҥкүү бөлөхтөөххүн. Дьарыккар саастаах дьахталлар ордук сөбүлээн сылдьаллар. Саамай эдэрдэрэ уонна кырдьаҕастара төһөлөөхтөрүй?

– Үҥкүүм хайысхалара араас. Холобур, илиҥҥи, индийскэй, сахалыы, турук үҥкүүтэ. Сүрүннээн илиҥҥи үҥкүүнү өрө тутабын. Манна хас да бөлөх дьарыктанар. Олох түптээн дьарыктанааччылартан саамай эдэрдэрэ 33 саастаах буолуо. Онтон саамай кырдьаҕаспыт 84 саастаах. Көннөрү быстах үҥкүүгэ үөрэнэ диэн ааттаан ыччаттар, оҕолор кэлэллэрэ. Урут тыаҕа кулууптарга үлэлии сылдьан, оҕолорго араас үҥкүүлэри айан туруорар этим.

–Талааныҥ элбэх. Кэпсээн суруйаҕын. Куйаар ситимин нөҥүө баҕалаахтарга үҥкүүҥ хамсаныытыгар сөп түбэһиннэрэн, маастар-кылаастары ыытаҕын. Ол туһунан сырдатыаҥ буолаарай?

– Эдэр сылдьан хоһоон суруйарым, ону дьоҥҥо көрдөрбөт этим. Хоһооннорум үксэ табыллыбатах таптал, олоҕум ыар кэмнэрин сүгэһэрэ, эрэй-муҥ курдук ис хоһоонноохтор этэ. Онтукаларбын бырахпытым. Билигин ааспыты кыбыстыбакка, ытаан сордоммокко баарынан ылынабын, ол иһин буолуо, кэпсээннэрим биир тыынынан суруллан тахсаллар. Дьон ааҕан сэргиир, мин онтон үөрэбин. Бириэмэбин туһата суохха хаһан да атаарбаппын. Син биир тугу эрэ тобулан, толкуйдаан таһаара турабын. Маастар-кылаастары, араас туһалаах сүбэлэри, кэпсэтиилэри бүөмнээн тэрийэбин. Дууһам тугу баҕарар да, онно барытыгар түргэнник үөрэнэбин. Холобур, музыкаларбын бэйэм быһан холбуубун, фотошоп, сценарий буоллун, уопсайынан, барытын бэйэм оҥостобун. Иллэҥ кэммэр макияж, причёска оҥоробун. Үҥкүүм таҥастарын бэйэм тиктэбин. Киһи үйэтин тухары үөрэнэр.

–55 сааскын туолар үбүлүөйдээх кэнсиэриҥ буолаары турар. Ол туһунан кылгастык сэгэтиэҥ дуу?

- Кулун тутар 31 күнүгэр Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр киэһэ 18-30 чаастан үбүлүөйдээх кэнсиэрим буолар. Уонна «Сыдьаайа» үҥкүү оскуолатын тэрийбитим 15 сыла туолар. Манна миэхэ дьарыктанар бөлөхтөр, биирдиилээн үҥкүүһүттэр мин туруорбут үҥкүүлэрбин арыйан көрдөрүөхтэрэ. Үҥкүү туруорар эмиэ айар талаан арыллыытын биир көрүҥэ буоллаҕа. Ырыа, хоһоон айар курдук. Бу 15 сыл тухары олус элбэх айымньым дьоҥҥо көстүбэккэ хааллаҕа. Бу кэнсиэргэ талыллыбыт үҥкүүлэрим дьон дьүүлүгэр тахсыаҕа. Мин үҥкүүнү айарбар тустаах быраабыланы эрэ тутуспакка, ис дууһабын, кистэлэҥ эйгэбин эмиэ холбоон туруорабын. Дьарыктанар дьонум бары кэриэтэ үйэлэригэр үҥкүүлээбэтэх дьон. Онон кинилэр баҕа санааларын толорон, дьарыгынан эрэ тохтообокко, бу дьон ытыс таһынар кэрэ ситим түгэнигэр таһаартыыбын.

Куорат олохтоохторо, үбүлүөйдээх кэнсиэрпин кэлэн сэргээҥ. Мин тус туругум сырдык сыдьаайдаах суһумугар куустаран, дьолго уйдаран, эрчим ылан барыаххыт диэн ыҥырабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Сонуннар | 20.12.2024 | 18:51
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар кэлэр 2025 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнэ олорор. «Бу саалаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа дьоруойдара, «Эр санаа» уордьанын, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин...