Сыана ыарыыр диэн суланымыаҕыҥ
Сыанабыт үрдүүр, олохпут ыарыыр, араас дьаҥ-дьаһах элбии турар кэмигэр олоробут. Хамнас да, биэнсийэ да сыананы хаһан да ситэр санаата суох, сиппэтэ да буолуо. Бу тиэмэ күннээҕи сонуммутугар, кэпсэтиибитигэр куруук баар, аргыс буолан сылдьар. Ол эрээри санааларын түһэрбэт, олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыр, үтүөнү түстүүр ааҕааччылар бааллара үөрдэр.
“Биэнсийэ үрдүүр үһү, уматык сыаната эмиэ өрө барбыт, ээ, ол аата сыанабыт, килиэппит, төлөбүрбүт эмиэ тэҥинэн үрдүүр буоллаҕа”, – диэн өрө тыыныылаах кэпсэтиилэр ордук нэһилиэнньэ саастаах өттүн таарыйаллар. Килиэппит, эппит-аспыт эрэ буолуо дуо, эмп-томп, уоппут-гааспыт төлөбүрүн эмиэ киһи сиппэт үлүгэрэ.
Соторутааҕыта Дьокуускайга буолан ааспыт өрөспүүбүлүкэтээҕи ас-үөл дьаарбаҥкатыгар сылдьыбыт дьон сыана эккэ-аска наһаа үрдүгүн салла кэпсээбиттэрэ. Ынахпыт этэ 1000 солкуобайга тиийэр этэ. Кыһын идэһэ өллөҕүнэ, суол аһылыннаҕына сыана лаппа түһүө диэн дьону уоскуталлар. Оннук эрэ буоллун. Ынахпыт арыыта ыараабыта ыраатта, ити этэр ынахпыт этиттэн мыннары ыарахан. Билигин 900-1000 солкуобайга буллахпытына, туох эрэ көһүйэ көмүһү булбут курдук үөрээхтиибит. Ол курдук 1300 солк. тиийэ үрдээтэ. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн билигин ынах арыытын сиэбэт да буоллулар.
Ол быыһыгар сорох сыана син халбаҥнаабакка турара киһини үөрдэр.
Мария Иванова:
– Мин биэнсийэлээх да буолларбын, тэрилтэҕэ үлэлиибин, хамнастаахпын. Кирэдьиитим диэн суох, бу саас сабан бирээмэ бырааһынньык тэрийбитим. Онон дохуотум барыта бэйэбэр хаалар. Ааспыт нэдиэлэлэргэ буолбут ас-үөл дьаарбаҥкатыгар сырыттым, күннээҕи аспын-үөлбүн атыыластым. Урут күһүҥҥү кэмҥэ уоппуска кэнниттэн кэлэн маннык дьаарбаҥкаларга ымсыырар эрэ буолар этим. Бу сырыыга биэнсийэм эҥин олус көмөлөстө, онон, этэргэ дылы, “достойно”, ымсыырбакка, сөбүлүүр, таптыыр астарбын атыыластым.
Биллэн турар, сыана ыарыыр, ону тэҥэ олохпут эмиэ. Ол да буоллар былааспыт, бырабыыталыстыбабыт биһиэхэ сүрдээҕин көмөлөһөр эбээт. Аҥаардас оҕо босуобуйатын да ылан көрүөҕүҥ, мин үс оҕолоох кыыһым 60-ча дуу, онтон тахса дуу тыһыынчаны ылар. Биллэн турар, ону таһынан кыралаан үлэлиир, дохуот киллэринэр. Сорохтор оҕо босуобуйатыгар олоробут, судаарыстыба көмөлөһөр дии-дии түөстэригэр силлии-силлии, таах сиэптэригэр уктан баран хаамсаллар. Оҕолорбут иитэллэр диэннээхтэр. Ити олох сыыһа. Оҕо босуобуйата оҕоҕо толуйуллуохтаах. Кини таҥаһа-саба, аһа-үөлэ, уһуйаанын, оскуолатын, куруһуоктарын төлөбүрэ. Бээ, онно да балачча барар ээ. Мин кыыһым оҕолорун босуобуйаларын бэйэлэригэр эрэ туттар, уурар, олох туора-маары халбаҥнаппат. Онон сөпкө гынар диэн хайҕыыбын.
Билэр дьүөгэлэрим, тыаҕа да олорор билэр дьонум ким да аччыктаан, быстан-ойдон олорорун билбэппин. Онон, сыана ыарыыр диэн суланымыаҕыҥ, күннээҕи аһыыр аспыт-үөлбүт, санныбытыгар уурунар таҥаспыт-саппыт баар, хас күнү уруйдуу, тыыннаах көрсөрбүт – ол буоллаҕа дьол диэн, бу орто дойдуга да хаама, саҥаран чуопчаара сылдьарбыт. Дойдубутугар буола турар тыҥааһыннаах балаһыанньа оннооҕор буолуох дьону аймаата, хараҕын уутунан сууннарда. Онон санааны түһэрбэккэ иллээхтик-эйэлээхтик олоруохха диэн ыҥырабын!
Айталина:
– Сыана ыарааһынын тиэмэтэ хал буолбата дуо? Куруук ыйытаҕыт, суруйаҕыт дии. Төһө да баҕардарбыт халлааҥҥа баар ыйга, сулуска тиийбэппит курдук, сыананы харбаан ылан тохтоппоппут буолуо дии саныыбын.
Бэйэм үлэлиибин-хамсыыбын, үс оҕолоохпун. Кэргэним ыраах рейстэргэ сылдьар. Ыал буолуохпуттан дьонум дьиэтиттэн тута тахсан, сүктэн, көһөн барбытым, онтон ыла хаһан да кинилэртэн көмө көрдөөбөтөҕүм, төттөрүтүн, билигин сааһыраннар, бэйэм көмөлөһө сатыыбын. Оҕолорбун да илдьэн быраҕан, хаалларан кэбиспэт этим. Онон хаһан да миигиттэн тэйбэтэх, ырааппатах оҕолор. Сайын да барар буоллахпытына, билигин даҕаны хайаан да бэйэм барсабын, тэҥҥэ оттуубут, отоннуубут. Дьонум сүөһүлэрин эспиттэрэ, онон эппитин-аспытын кыттыһан ылабыт. Кыттыһан диэн, биһиги төлөөн дьоммутугар бэрсэбит. Мин, уопсайынан, кыра сааспыттан бэйэбин бэйэм көрүнэ улааппытым, дьиҥэр, соҕотох оҕобун эбээт. Атаах да буолуохпун сөп этэ, ол эрэн дьонум иитиилэригэр билигин олус махтанабын. Кимиэхэ да сэлээннээбэккэ барытын бэйэм оҥоруохтаахпын дии саныырым. Сарын-санныга өйөнсөр бииргэ төрөөбүтүм суоҕа. Онон уол, кыыс оруолун барытын толорорум, үлэни да көрөн турбат этим. Билигин да оннукпун. Ытыыр-соҥуур, кимиэхэ, туохха эрэ сэлээнниир дьону олох сөбүлээбэппин. Баары баарынан диэн олохпор девизтээхпин. Суох буоллаҕына суох, онтон өлөн барбат буоллахпыт дии. Сыана ыарыыр да ыарыыр диэн ол айдаана, онуоха диэри сыана ыарыырыгар үөрэммэттэриттэн сөҕөбүн. Күннээҕи аспыт баар буоллаҕына, оҕолорбут, дьоммут тот сырыттахтарына, онтон ордук туох нааданый. Уопсайынан, санааны түһэрэр, дьону муннарар-тэннэрэр, бэйэлэригэр эрэммэт тиэмэлэри таарыйымаҥ, суруйумаҥ диэхпин баҕарабын. Олох, биллэн турар, киһи аайы саахар, мүөт буолбатах, кыһалҕа да баар, ону күүстээх санаанан туораан истэххэ, инникигэ эрэннэххэ барыта этэҥҥэ буолуо, биһиги да уулуссабытыгар күн тыгыа, бырааһынньык буолуо.
Михаил Боппуок:
– Дьэ, араспаанньалыын Боппуок диэммин, боппуок соҕус киһибин. Хата дьэ суруйан иһиҥ, сыана үүнэ-тэһиинэ суох барда, туох да, ким да көмөлөспөт, арбаҕастаах да абыраабат диэҥҥит. Бу соторутааҕыта биир маҕаһыынтан күөрчэх оҥостоору чөчөгөй ыла таҕыстым. Атахтарым мөлтөөннөр, ыраах барбаппын, айаннаабаппын. Биир киоскалаах этибит, онтубут сабыылаах буолан, омуктар улахан маҕаһыыннарыгар киирдим. Баһаалыста, 25 бырыһыаннаах чөчөгөйүм 350 солкуобай буолан турар! Дьэ мин сөҕүү бөҕөтүн сөхтүм, каассаҕа кэлэн кэлии омук атыыһытыгар “Бу туох айылаах ыараттыгыт, 40 бырыһыаннаах сүөгэй маннык сыаналаах буолааччы, күөрчэх оҥорор арыый чэпчэки, иһэ үлүннэҕинэ 260 буолуон сөп, ону да суол сабылыннаҕына, ынах кытарыыр эҥин кэмигэр”, – диэн быһаара сатаатым. Онуоха иккис атыыһыт, саха уола эбит: “Бу олох натуральнай”, – диэн быһаарааччы буолла. Ол мин бэйэ сүөгэйин, аһын билбэппэр дылы, оттон син атыылаһан-атыылаһан кэллэҕим дии. Хата, хаһыаккар таһаараргар хаартыскатын ыытыам, хайаан да бэчээттээр.
Биэнсийэм кыра, бу сүһүөх эмтэрэ, маастара олус сыаналаахтар, сылга иккитэ хайаан да иһиллиэхтээх да, атыылаһар кыаҕым суох. Хата, отунан-маһынан соттор буолан эрэбин, ити төлөпүөҥҥэ ол-бу сүбэ ыыталлар дии. Онтум абырыыра дуу, алдьатара дуу. Соҕотоҕун олоробун, эмээхсиним дьоллоох ити куһаҕан хамсык ыарыытыгар ылларан өрүттүбэтэҕэ, өбүгэлэригэр бараахтаабыта. Оҕолорум, сиэннэрим кэлэн көмөлөһөллөр, сууйаллар-тарыыллар, астыыллар. Ол барахсаттарбын туох да диэн хаарыйар кыаҕым да, быраабым да суох.
Сыана ыарыырыгар, биллэн турар, салалта, дьаһалта буруйдаах, тэһиинин сатаан туппаттар, оттон биһиги курдук эрэйдээхтэр өр олорбот да буолларбыт син сири-дойдуну киртитэ сылдьарбыт тухары аһыахпытын, таҥныахпытын, киһилии олоруохпутун баҕарабыт. Дьиэм-уотум төлөбүрүн оҕолорум төлөөбөттөрө, көмөлөспөттөрө буоллар олох да аччыктаан, ыалдьан бүппүтүм ыраатыа эбит. Тойоттор, хотуттар кыра-хара, кыаммат дьоҥҥо өрөһүлтэ буолан санаабытын көтөҕөн биэнсийэбитин үрдэтэллэрэ буоллар үйэбит, олохпут уһуо этэ дии саныыбын.
Былырыын, 2022 сыл олунньу 28 күнүгэр СӨ сыана политикатыгар Судаарыстыбаннай кэмитиэт сүрүн табаардарга хонтуруол уонна мониторинг ыытарын туһунан иһитиннэрии таһаарбыта.
Өрөспүүбүлүкэҕэ социальнай суолталаах аска-үөлгэ сыананы үрдэтиини тохтоторго, тутарга судаарыстыба уорганнара хонтуруол ыыталлар.
Сыана социальнай суолталаах аһылыкка үрдээбитин көрдөххүтүнэ олохтоохтор сыананы, каасса чегин хаартыскаҕа түһэрэн, маҕаһыын аадырыһын ыйан Госкомцен иһитиннэрии ыытыаххытын сөп.
сайт gkcp.sakha.gov.ru/cabinet/statements/create
соцсети:
• Одноклассники
ok.ru/profile/573454003524
• Фэйсбук www.facebook.com/groups/369660220105629
• Вконтакте
vk.com/public168766379
• Телеграм: t.me/goskomtsen
Маны таһынан бассаап нүөмэригэр суруйуоххутун, хаартыска ыытыаххытын сөп: +7(984)118-01-05.
Госкомцен РС(Я) аска-үөлгэ суһал линията: +7(984)118-01-05; 8 (4112) 508-026 үлэ күннэригэр, үлэ бириэмэтигэр.
Гражданнар ыыппыт иһитиннэриилэринэн бэрэбиэркэ баран, сыананы чахчы үрдэппит буоллахтарына, административнай миэрэ ылыллар – сэрэтии, ыстараап:
- дуоһунастаах сирэйдэргэ, ол иһигэр урбаанньыттарга – биэс уон тыһыынча солкуобай;
- юридическай сирэйдэргэ – ыараппыт сыаналарыттан киирбит харчы икки бүк ыстараап сүктэриллэр.