12.04.2024 | 16:00

Сыаллаах-соруктаах үлэ оонньуур, оонньотор таһымы үрдэттэ

(Д.Ф.Наумов «Режиссердар күөн көрсүһүүлэрэ» күрэҕин холобуругар олоҕуран)
Сыаллаах-соруктаах үлэ оонньуур, оонньотор таһымы үрдэттэ
Ааптар: Наталья РУФОВА, Хатас
Бөлөххө киир

Кэлиҥҥи кэмҥэ ыччат, оҕо дьоҥҥо уус-уран тылынан умсугуйууну, тыл амтанын амтаһыйыыны иҥэрэргэ туһуламмыт иитэр-үөрэтэр үлэ хабар эйгэтэ кыараан, кыччаан иһэрэ кистэл буолбатах. Дьэ бу түгэҥҥэ норуот тыйаатырын суолтата улаатар, эппиэтинэһэ хас эмит төгүл үрдүүр.

Норуот суруйааччыта, Алампа бириэмийэтин лауреата, драматург Дмитрий Федосеевич Наумов – Миитэрэй Наумов толкуйунан, өйөбүлүнэн эрэ буолбакка, үбүлээһининэн кытта “Режиссердар күөн күрэстэрэ” диэн маныаха олус тоҕоостоох бырайыак 2019 сылтан, ол иһигэр 2021, 2022, 2024 сылларга Хатаска “Тускул” КК ыытыллар.

Ол туһунан Дмитрий Федосеевичтыын сэһэргэһиим маннык буолла.

– «Режиссердар күрэхтэрэ» норуот тыйаатырдарын үлэтигэр суолтата туохха сытарый?

– Норуот тыйаатыра баар сиригэр хаһан баҕарар тылга, сиэргэ-туомҥа,  норуот, дойду устуоруйатыгар, бэйэ-бэйэҕэ сыһыан үрдүк таһымнаах буолар. Ол аата тыйаатыр баар сиригэр култуура сайдыыта баар, култуура сайдыыта баар буоллаҕына, дьон олоҕун хаачыстыбата тупсар. “Тускул” КК туһунан этэр буоллахха, бастатан туран, бу сүрдээх көхтөөх, алтыһыыга аһаҕас, этэргэ дылы, туругас-олоругас, толоругас уонна ситимнээх үлэлээх кэлэктиип. Мин суруйааччы, драматург быһыытынан “Режиссердар күөн күрэстэрэ” бырайыагым киэҥ эйгэҕэ тахсыытыгар, дьоҥҥо-сэргэҕэ тиийэн биһирэбили ылыытыгар  “Тускул” КК төһүү күүс буолан кэллэ. Күрэх сыала-соруга, идеята, аатыгар да баарын курдук, режиссердарга ананар, өссө чуолкайдаатахха,  көмө буолар. Манна «тускуллар» аныгы үйэ технологиятын күүскэ баһылаабыттара эмиэ кырата суох оруолу ылар, быһа эпиирдэр, видео, аудио устуулар, афишалар, биллэриилэр, архыып үлэтэ уо.д.а. киэҥ хабааннаахтык барар. Бу чааһыгар билигин салайан олорор Валентин Азотович Чепаловы бэлиэтиэхпин баҕарабын. Култуура эйгэтигэр бу курдук технология өттүнэн күүстээх, саҥаттан саҥаны, сонунтан сонуну оҥорор дьон баара хайҕаныан эрэ сөп.  Ол курдук, мин “Саллаат дьылҕата” диэн пьесам “саҥарар уонна көрдөрөр кинигэ” буолан тахсан соһутан даҕаны, үөрдэн даҕаны турардаах, буолаары буолан хамсыкка хаайтаран олордохпутуна. 

Күрэхпитигэр төнүннэхпитинэ, ханнык баҕарар күрэхтэр, күөн көрсүһүүлэр сайдарга, атын таһымҥа тахсарга кымньыылыыллар. «Режиссердар күөн күрэстэрин» биир уратытынан кэлэктииптэр бары биир айымньыны оонньууллара буолар. Бастаан утаа көрөөччүлэргэ эрэ буолбакка, оонньооччуларга даҕаны “эс, хайдах наар биири күнү быһа көрүөхпүтүй” диэччилэр аҕыйаҕа суохтара. Онтон дьэ биир айымньыны атын-атын режиссер олох атыннык ылынан, биир хартыынаны олох атыннык ойуулаан-дьүһүннээн, араас ньыманан күүһүрдэн, тэтимирдэн биэриэн сөбүн илэ көрөн, санаалара уларыйбыта.

– Быйылгы күрэх эмиэ уратылаах буолла.

– Быйылгыбыт уратыта диэн – моноиспэктээк буолла. Биллэрин курдук, моноиспэктээк диэн оонньооччу (артыыс) маастарыстыбатын чыпчаала буолар. Моноиспэктээккэ күрэхтэһэҕит диэбиппитигэр, ким даҕаны аккаастаммакка, саҥата суох бэлэмнэммитинэн барбыттара.  Ол аата биһиги ыытар үлэбит мээнэҕэ буолбатах, үүнүү-сайдыы баар эбит диэн санаа киирэр. Үөрүөхпүт туһугар, кэлбит испэктээктэр таһымнара үрдүк, сүрэҕи өрүкүтэр, дууһаны хамсатар түгэннэрдээх, толкуйдатар, долгутар... Биир соҕотох киһи испэктээк устата көрөөччүнү ытыһын иһигэр суулаан, айымньы долгунугар киллэрэрэ, дьон  болҕомтотун  тутара сатабылтан, талаантан, дьоҕуртан уонна сыаллаах-соруктаах үлэттэн тутулуктаах. Манан сибээстээн бу бырайыак хара саҕаланыаҕыттан күн бүгүҥҥүгэ диэри биһигини кытта бииргэ буолар СӨ култууратын үтүөлээх үлэһиттэрэ А.В.Титигировка, С.С. Адамоваҕа махталым муҥура суох.

Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ Александр Титигиров:

– Урукку күрэхтэри ыраҥалаан-ырытан ааһар буоллахха, бастакы күрэспитигэр уонна бүгүн чыҥха атын хартыына, атын тыын, атын таһым. Сайдыы, дириҥээһин баара харахха быраҕыллар. Көрөөччү субу баарынан, баар туругунан ылынар эбит буоллаҕына, биһиги анал үөрэхтээхтэр ону таһынан балаһыанньаҕа суруллубут ирдэбиллэри таһынан идэбит ирдэбилинэн көрөр боппуруостарбыт эмиэ бааллар. Киһи үөрэрэ диэн, бу үөһээ этиллибиккэ барытыгар эппиэттэһэр үлэлэри көрдүбүт. Олус үчүгэй таба тайаныылар, сонун көрүүлэр бааллар. Хорсун, хотоойу санаалар көстөн ааһаллар. Онон мин биир бэйэм бу тэрээһиҥҥэ сыанабылы таһынан айар-тутар сибиэһэй салгынын астына эҕирийэбин. Биһиги тугу этэрбитин-тыынарбытын, үөрэтэрбитин субу тутан туран утаппыттыы ылыналларын көрөн, ис сүрэхпиттэн үөрэбин.

Кылаан бириис хаһаайына Валерий Лобанов, Амма улууһун Алтаннааҕы норуот тыйаатырын режиссера:

– Мин, бастатан туран, бэйэтин өркөн өйүнэн, мындырынан, сатабылынан билиҥҥи кэм сахатын сүгүрүтэр үлэлэрдээх норуот суруйааччыта Миитэрэй Наумовка сүгүрүйүүбүн, махталбын тиэрдэбин. Билиҥҥи кэм сахата диэн чопчулаан этэбин, тоҕо диэтэххэ хас биирдии кэм-кэрдии туспа тыыннаах, туспа дьоруойдардаах. Тылбыт-өспүт олох хардыытынан уларыйар-тэлэрийэр, өйбүт-санаабыт биир оннук. Онон тыйаатырга үлэлэһэр дьон репертуар боппуруоһугар мунарбыт-тэнэрбит үгүс. Дьэ бу түгэҥҥэ мин кини хайдах курдук барҕа баай сахатын тылын бүөбэйдээн, таптаан туттарын, хайдах курдук мүөттээх тылларыгар суулаан даҕатан, таайтаран, таарыйан ааһан, кэм-кэрдии тыынын суруйарын син да билэр этим гынан баран, моноиспэктээк диэн көрүҥҥэ саҥа ылсан баран, ону өссө сытыытык, өссө чугастык ылынным, биллим. Кырдьыгынан билинэр буоллахха, бастаан кимнээх кэлэллэрин, бэлэмнэнэ сылдьалларын ыраахтан чуҥнаабытым. Иван Бушков, Алена Филиппова, эһиги Евдокия Семеноваҕыт уо.д.а. күүстээх дьон ылсыбыттарын билэн баран, «ээ, чэ барбат инибин дуу» дии санаабыттааҕым. Ол эрээри хайдах туруоралларын, онтон туох тахсан кэлбитин билиэхпин баҕарарым биир оччо этэ. Ити курдук «дугдуруй да – оҕус» диэн өйдөбүлүнэн тугу кыайарбынан, өйдүүрбүнэн, бүүс-бүтүннүү бэринэн оонньоотум. Кэтэспитим, сэрэйбитим курдук, дьикти кэрэ, дириҥ, толкуйдатар, долгутар туруоруулар бааллар. Бу тэрээһин биир саамай туһалаах өрүтэ – ааттаах-суоллаах, улахан дьон биһигини кытта биир остуолга олорон ырытан, сүбэлээн-кэпсээн биэриилэрэ эбит. Александр Васильевичтаах тугу этэллэрин-тыыналларын, сүбэлииллэрин-амалыылларын, ыйан-кэрдэн биэрэллэрин иһиттим, көрдүм. Хас биирдии хамсаныыбытыгар тиийэ ырыталлара бэрт бөҕө буоллаҕа. Бэйэбэр сыһыаннааҕы, туһалааҕы элбэҕи биллим-көрдүм, биллэн туран, ол билиибин  төһө кыайарбынан үлэбэр, олохпор туттуом.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...