04.07.2024 | 16:00

Светлана Дьяконова: «Саҥаттан ыал буолан эрэр курдукпут...»

Светлана Дьяконова: «Саҥаттан ыал буолан эрэр курдукпут...»
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

Быйылгы халаан Хатырык нэһилиэнньэлээх пуунун олох үөйбэтэх өттүттэн ылан, олохтоохтору ууга-уокка түһэрбитин ааһан, уйулҕаларыгар да охсуу ыллылар, күн бүгүн ол содулун туоратыыга күүскэ үлэлииллэр, кэлэн ааспыт иэдээни оһоруналлар.

Светлана Васильевна Дьяконова, Хатырык олохтооҕо, биэнсийэлээх, култуура эйгэтигэр 35 сыл үлэлээн, “Култуура туйгуна” бэлиэлээх үлэ бэтэрээнэ, бүгүн ааҕааччыларга халаан иэдээнин туһунан кэпсиир:

– Ыам ыйын 18 күнүгэр сарсыарда 10-11 чаас саҕана уу кэлэн эрэр диэн иһитиннэрдилэр, онтон үөһэттэн көтөр аалынан кэрийэн көрүү кэннэ «харыы суох» диэтилэр, онон уоскуйан хааллыбыт. Урут да халаан уута ситинник аллараа сыырга кэлэн баран түһэр этэ. Бу сырыыга соҕурууттан, хотуттан, арҕаанан, тула өттүттэн эмискэ, соһуччу кэллэ.

Биһиги дьиэбитигэр баар этибит, уу кэлэн иһэрэ билиннэ, аллараа көрдөхпүт дии, хаатын толорбут этэ, сыыр анныгар кэлбит. Ааһар ини, саатар эбэбитин толорор ини дии санаатыбыт. Мин музейга арҕаа суолбунан иистэнэ баран испитим. Арай уубут түргэн баҕайытык кэлэр, элбээри гынна дуу диэммин кэргэммэр эттим, дьиэбэр төнүннүм. Малбытын-салбытын син уурталаан киирэн барбыппыт, остуол үрдүгэр эҥин быраҕаттаан, хомуннубут. Ол да буоллар ситэ хомумматыбыт. Чаас иһинэн муостабыт аннынан умуһахха куппутунан барбыта, наһаа түргэнник кэлбитэ. Итинник толорон баран бүтэр ини дии санаабыппыт, эбиллэ турбута. Аймахтарбытыгар Василий Николаевичтаахха «корпустаах буоллаххына, кэлэн ыл» диэн эрийдибит, кинилэр арыый соҕуруу олороллор. Биһиги олох эбэ үрдүгэр Аччыгый Атамай диэҥҥэ олоробут. Биһигини таһынан Кырдалы ылааччы. Аҕабыт «биһиги дьиэбитин ыллаҕына, Хатырыгы барытын ылар» диир этэ. Онон ыксал буолла. Киһибитин чаас курдук кэтэстибит. Ол икки ардыгар уубут дьиэбит иһигэр киирэн барда. Саппыкы кэттим, атаҕым дэлби тоҥно. Онтон, дьэ, Баһылайбыт кэллэ, күүлэбит аанын нэһиилэ аһан корпуска олордубут. Дьиэ иннигэр сааһыламмыт мастар көтөҕүллэн, ааммытын бүөлээн кэбиспиттэр этэ. Кроликтардаах этибит, онтуларбытын үөһээ соҕус таһаарбыппыт да, син биир бары ууга былдьаммыттара. 

Биһиги уулуссабыт бастакы дьиэтин ылбыт, көстүбэт да буолбут этэ. Ол дьиэ тэпилииссэтин үрдүнэн корпуһунан айаннаан бөһүөлэк арҕаа өттүгэр аспаалга тахсыбыппыт. Онно күргэ баар. Арҕаанан икки уу силбэһэн, тохтобул таһыгар баар күрүөнү тоҕута сынньан, бөһүөлэги ылан киирэн барбыта.

Ол курдук массыынаттан массыынаҕа көһөн эҥин дьоммутугар тиийбиппит, биир элбэх сүөһүлээх кыыс ынахтарын көһөрө сатыы, ньирэйдэри оҥочонон таһаара сылдьаллар этэ. Киһи бөҕөтө. Аймалҕан, айдаан. Ама да ааспытын иһин дьулаан хартыына этэ.  Оскуола арҕаа өттүгэр эрэ кураанах сир хаалбытыгар сүөһүлэри төһө кыалларынан онно илдьибиттэрэ.

Дьиэбитин үс күн көрбөтөхпүт, оннук турбута. Дьиэм иһин муостаттан балтараа миэтэрэ, миигин аһарар гына ылбыт этэ. Сайыҥҥы дьиэбитин эмиэ ортотунан ылбыта.

Уопсайа түөрт эрэ дьиэ барбатаҕа. Арҕаа, арыый үрдүк сиргэ турааччылар.

***

Малбыт-салбыт туох да ордубата, барытын бырахтыбыт, миэбэл, холодильниктар быраҕылыннылар, ларьдар син турбуттар. Туох баар барыта иҥнэл-таҥнал түспүт, хаартысканы, кинигэни куурда сатаабыппыт даҕаны, чөлүгэр түспэтэ буолуо, таҥас-сап этэ да барыллыбат, кыһыҥҥы соммут, этэрбэспит барыта хаалла. Билигин даҕаны сууйа-сууйа куурда сатыыбыт.

***

Бастакы көмө ааспыт нэдиэлэҕэ түстэ, 110 тыһыынча солкуобай. Гуманитарнай көмө сүрдээҕин кэлбитэ. Иккис, үһүс күннэргэ салайааччы бөҕөтө кэлбитэ, Арассыыйаттан кытта ЫБМ миниистирэ тус бэйэтинэн кэлэн көрөн-истэн, олохтоохтору кытта кэпсэтэн барбыта. Биллэн турар, санаабыт көтөҕүллүбүтэ, көмө кэлэригэр эрэл үөскээбитэ.

***

Биһигини урут ылбат буолан, бэлэмэ суох олордохпут дии. Күөлбүтүн ыраастаан, толорон эрэ барааччы. 1968 сылга, мин оҕо сырыттахпына, уу кэлэ сылдьыбыта, билигин ол дьиэм таһыгар олоробун. Урукку наһаа маннык буолбатаҕа, муостатын таһыйа кэлбитэ. Мин анныбар сэттэ оҕо баара, оҥочонон илдьибиттэрин өйдүүбүн. Онно Аччыгый Атамайы улаханнык ылбыта. Быйыл оннооҕор икки бүк улахан уу кэллэ.

Билигин ыал аайы оһорунуу, оҥостуу, ыраастаныы, өрөмүөн үлэтэ бара турар. Оһохпут алдьаммытын оҥордубут. Акылааппыт эмэҕирэн турар этэ, олох буорайда, эһиил хапытаалынай өрөмүөҥҥэ наадыйар буолла. Сайыҥҥы дьиэбит бетон акылаат буолан, линолеумун куурдан, кэм чөлүгэр түстэ. Бу дьиэбит абыраата. Сорохтор хотоҥҥо, подсобкаҕа олороллор, күрээтинньиккэ хоно сылдьааччылар кытта бааллар, балаакканан олорооччулары этэ да барбаккын. Сүүс ынахтаах бааһынай хаһаайыстыбалаах дьон ынахтара барыта барбыта, кинилэргэ бастакынан көмөлөспүттэрэ, сүөһүлэри эҥин аҕалтаабыттара.

Гуманитарнай көмө абыраата, таҥас-сап, утуйар таҥас эҥин. Миэхэ куораттар бэтэрээннэрин сэбиэтэ матараас, суорҕан, сыттык биэрбиттэрэ. Быйыл норуот талан бэтэрээн сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ буолбутум. Түөрт тыыл бэтэрээнигэр эмиэ итинник көмө кэлбитэ.

Дьон, биллэн турар, уйулҕата хамсаата, стресс да ыллылар, балыыһаҕа кииртэлээн таҕыстылар, сүрэхтэрин эпэрээссийэлэттилэр эҥин.

***

Маннык иэдээн бэлэммит суоҕуттан таҕыста. “Сүтүктээх сүүс айыылаах” диэбиккэ дылы, дьону эрэ буруйдуур буоллахпыт. Ол эрээри саҥа үйэҕэ саҥаттан диэн буолуохтаах, ыраастаныы курдук оҥорон барда диэн тойоннуохха эмиэ сөп. Наһаа элбэх бөҕү мустубут, биһигиттэн биэс КАМАЗ тиэйилиннэ. 50 сыл муспут малбытын барытын тутан олорбуппут.

Иккис өттүнэн, бу иэдээн норуоту сомоҕолоото. Дьиэтэ, ыала суохтар оскуолаҕа олордубут, остолобуойга көрсөн үөрэ-көтө кэпсэтэбит, сорохтор пандемия эҥин кэннэ көрсүбэтэхпит да ырааппыт эбит. Аймах баара билиннэ, табаарыс, доҕор баара билиннэ. Биир кууруска, биир кылааска үөрэммит оҕолорум көмөлөстүлэр, санаабытын көтөхтүлэр. Куһаҕан үчүгэйдээх диэбиккэ дылы, аҕам өттүнэн саҥа аймахтарым көһүннүлэр. Салгыны куурдар диэн тиэхиньикэни ыытан абыраатылар. Сииги бэртээхэйдик оборор эбит, куурдар, онон сүрдээҕин туһалаата. Этинэн-аһынан, харчынан, ким төһө кыайарынан көмө кэллэ. Аспыт-үөлбүт барыта буорту буолбута.

Саҥаттан ыал буолан эрэр курдукпут. Санааны көтөҕөн итинник дэһэбит. Айылҕа бэйэтэ үөрэтэр, хомуна соҕус олоруҥ, бэлэм буолуҥ диэн. Арбыннар сыл аайы барар буоланнар бэлэмнэр эбит, биһиги улаханнык оҕустардыбыт, соһуйдубут, уолуйдубут.

Волонтердар, тутар этэрээттэр кэлэн, ойууру эҥин хомуйдулар. Дьиэлэр алдьаныылара наһаа элбэх, хоромньу бөҕөтө буолла. Биһигиттэн икки дьиэ нөҥүө сабыс-саҥа дьиэ акылаатыттан хамсаан, гаас оһоҕун турбатыттан эрэ иҥнэн хаалбыт этэ. Ону көннөрбүттэрэ. Биир ыал барахсаттар туохтара да суох хаалла.

Салайааччыларбыт эдэрдэр, сүрдээҕин сүүрдүлэр-көттүлэр. “Ойуурдаах куобах охтубат, дьонноох киһи тутайбат” диэни биллибит. Үчүгэй үчүгэйинэн, үтүөнү оҥорбутуҥ үтүөнэн кэлэр эбит. Бииргэ төрөөбүт ахсыабыт, манна биэс оҕо олоробут, биир – куоракка, биир – Намҥа, биир – Сииттэҕэ. Оҕолорум Тааттаттан, Чурапчыттан кэлэн көмөлөстүлэр, күн бүгүн ахсыс кылааска үөрэнэр сиэним Тааттаттан кэлэн эһээтигэр көмөлөһө, илин-кэлин түсүһэ сылдьар. Санаабытын түһэрбэппит, оҕуруот олортубут, тэпилииссэ тутуннубут, уолаттар, улахаттарбыт көмөлөһөн абыраатылар, бэйэбит күүспүтүнэн чөлбүтүгэр түһэбит. Кырааскаланабыт, өрөмүөннэнэбит, тэрээһэбитин сэргэхситэбит, эргэ тутуулары, күөрэ-лаҥкы барбыт баанньыкпытын көтүрэбит эҥин. Акылааппытын оҥосторго эһиил тугу эрэ тобулбут киһи. Дьиэбит иҥнэйээри гыммыт. Улахан дьиэбитигэр 1989 с. киирбиппит.

***

Бырабыыталыстыбаҕа, өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар, бар дьоммор, доҕотторбор, урууларбар бука барыларыгар махтанабын. Киһи эрэллээх буолар, санаата көтөҕүллэн, инникигэ тардыһыыҥ күүһүрэр эбит. Бу эн эрийэн сырҕан бааспын таарыйдыҥ, иккистээн бу иэдээни ааспыт курдук буоллум...

Бэтэрээннэргэ, кырдьаҕас дьоҥҥо эҥин чэпчэтиилээх кирэдьиит  дуу, туох эрэ атын көмө дуу баара буоллар. Матырыйаал эҥин ылынарга. Бетонунан акылаат оҥостор ордук эбит, сытыйбат буолан, дьиэҥ хамсаабат. Түгэнинэн туһанан кэргэним Владимир Лазаревич Дьяконов, СӨ Бочуоттаах тутааччытын, туһунан этиэхпин баҕарабын. Дьиэбитин хаачыстыбалаахтык туппута маннык түгэҥҥэ билиннэ. Аҕабыт нэһилиэк ытык киһитэ, Хатырыкка таас дьиэни барытын тутуста, быйыл киирбит элбэх хайысхалаах спортивнай-култуурунай киини, Нам педагогическай колледжын, оскуоланы эҥин. Бэйэм үйэм тухары култуураҕа үлэлээн кэллим, билигин нэһилиэк тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттабын. Биэс оҕолоохпут, уонтан тахса сиэн, биир хос сиэн бааллар.

... Ама да ааспытын иһин, санаатахха ыарахан эбит. Улахан стреһи аҕабыт барахсан ылла дии санаатым, мин, дьахтар киһи, бэйэбин харыстана сатыырым күүһүнэн сылдьабын. Өбүгэлэрбиттэн көрдөһөбүн, махтанабын. Барыта этэҥҥэ буолуо. Итинник тургутууну ааһыахтаахпыт быһыылаах, билиҥҥи уустук кэм буола турдаҕына.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...